Былырыын ахсынньы 20 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт физик-учуутала, СӨ үтүөлээх учуутала Виктор Потапов дойду бэрэсидьиэнэ В. Путин тус илиититтэн “Арассыыйа Федерациятын норуодунай учуутала” диэн үрдүк ааты туппута. Санаттахха, сахаттан бүттүүн дойду норуодунай учууталын Виктор Филиппович иннинэ кини үөрэппит учуутала, уһуйааччыта Михаил Алексеев эрэ сүгэр этэ.
Виктор Потапов үөрэппит 9 оҕото СКЭҕэ (ЕГЭ) 100-түү баалы ылбыттарын, хас эмэ уонунан ааҕыллар үөрэнээччитэ улахан куонкуруһу ааһан МГУ, МФТИ курдук дойдубут бастыҥ үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэммиттэрин, 100-нэн үөрэнээччитэ араас таһымнаах улахан олимпиадаларга кыайбыттарын уонна призер буолбуттарын, ол иһигэр 10-тан тахса оҕо Бүттүүн Арассыыйатааҕы физика олимпиадаларыгар призердаабытын истэбит, билэбит.
Бүгүн Виктор Потапов – “Кыым” хаһыат ыалдьыта.
– Виктор Филиппович, бастатан туран, үрдүк ааккынан эҕэрдэ! Мин маннык судургу ыйытыылаахпын... Математиканы ис хаан ылынар кыаҕа суох, өйдөөбөт киһини үөрэтэн өйдүүр, сөбүлүүр, суоттуур гынан таһаарыахха сөп дуо? Холобур, миигин ханнык да учуутал үөрэтэн математиканы-физиканы өйдөтүө дии санаабаппын...
– Ол хайдах учууталга түбэһэргиттэн тутулуктаах. Ханнык баҕарар киһи төбөтүгэр логическай толкуйдуур схема син биир баар буолар. Холобур, нуучча, саха тылларын грамматикатын тутулун өйдүүрүҥ-билэриҥ буолуо дии. Син биир ол тэҥэ... Математиканы хайдах баҕарар оҕоҕо өйдөтүөххэ сөп. Эйиэхэ, баҕар, оҕо эрдэххиттэн “математиканы өйдөөбөппүн” диэн психологическай мэһэй үөскээн хаалбыта буолуо.
– Ол мин ис хаан математиканы билбэппэр-ылыммаппар учууталлары буруйдуур сыыһа буолуо, бука... Оччоҕуна, математикаҕа ис хаан, атыттартан ураты дьоҕурдаах оҕолор баар буолаллар дуо?
– Айылҕаттан ураты дьоҕурдаах оҕолор баар бөҕө буоллахтара. Холобур, киһи барыта сатаан суруйар, ааҕар эрээри, хоһоону киһи эрэ барыта кыайан айбат, суруйбат. Ол курдук, ахсааны-суоту билэр киһи элбэх эрээри, уустук суоту ис-иһиттэн астынан-дуоһуйан туран суоттуур ураты оҕолор эмиэ баар буолаллар.
– “Саха оҕото ахсааҥҥа, туочунай наукаларга ураты дьоҕурдаах” диэн суруйбут буолаллар. Ол чахчы дуо?
– Омугунан араарар, “ким эрэ ордук, онно холоотоххо атыттар мөлтөхтөр” эҥин диэн тэҥниир сыыһа буолуо. Ол гынан баран, саха, чахчы, айылҕаттан дьоҕурдаах. Туохха барытыгар. Онно, бастатан туран, хайдах учууталга түбэһэрэ, бастакы тирэҕэ быһаарар. Син биир ханнык баҕарар успуорт көрүҥэр курдук, үрдүк ситиһиилэнэрин туһугар, оҕону математикаҕа кыра эрдэҕиттэн уһуйуохха, үөрэтиэххэ наада. Холобур, саха оҕолоро дуобакка аан дойду таһымыгар киирсэллэр, кыайаллар дии. Ол да көрдөрөр, саха оҕотун ахсааҥҥа-суокка талаанын-дьоҕурун...
– Соҕуруулуу-Илиҥҥи Азия омуктарын, кытайдары, кэриэйдэри, дьоппуоннары “математикаҕа ураты дьоҕурдаахтар, ол иһин сайдаллар” дииллэр. Чахчы оннуга буолуо дуо?
– Атын омуктартан уһулуччу ураты дьоҕурдаахтара буолуо дии санаабаппын. Кинилэр, бастатан туран, ахсааннара элбэх. Элбэх киһиэхэ талааннаах-дьоҕурдаах дьон бырыһыана эмиэ элбэҕэ өйдөнөр. Онон дьоҕурдаах оҕону булуу кинилэргэ улахан кыһалҕа буолбатах. Ону таһынан үөрэтэр методикалара, систиэмэлэрэ, үлэҕэ сыһыаннара, менталитеттара атын буолуон сөп. Ахсааннара элбэх буолан, баҕар, оҕону харыстаабакка кытаанахтык үөрэтэллэрэ буолуо. Кытайга циркэҕэ оҕолору мөҕөн-этэн, сынньан үөрэтэллэрин кэпсииллэр дии. “Ону тулуйбут – хаалар уонна таһыччы үчүгэй исписэлиис буолан тахсар, тулуйбатах – барар” диэн буолуон сөп. Оттон биһиэхэ балаһыанньабыт атын: аҕыйахпыт, онон баар дьонтон иитэн-үөрэтэн таһаарабыт.
– Эн учууталыҥ, ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев, бука, ураты учуутал буолуо... “Олус кытаанах, тимир курдук бигэ бириинсиптээх киһи этэ” дииллэрин истэбин.
– Оннук кытаанах, кутталлаах киһи буолбатах этэ. Оттон киһи быһыытынан атын дьонтон олох ураты киһи буоллаҕа. Ону кинини аан бастаан кылааска киирэн иһэрин көрөөт да тута билэриҥ, өйдүүрүҥ. Олус уустук, ыарахан олоҕу олорбут буолан, атын дьоҥҥо майгыннаабат этэ, туруорар ирдэбилэ да, таһыма да... Бэйэтигэр туруоруммут сыалын-соругун ситиһэр туһугар олоҕун барытын анаабыта көстө-биллэ сылдьара. Чахчыта да, киһиттэн ураты кытаанах, тулуурдаах буолан ити айылаах уустуктары: фашист концлааҕырын, Сталин лааҕырдарын – төлө түһэн тыыннаах хааллаҕа. Биһиги тэҥнэспэт киһибит этэ.
– Оҕону дэлби куттаан, түүрэйдээн, мөҕөн-этэн биридимиэти эҥкилэ суох билэр туйгун үөрэнээччи оҥоруохха сөп дуо?
– Оҕону куттаан туһа суох, куттаан үөрэппэккин. Оҕо учуутал тугу баҕарарын өйдүөхтээх, киһи быһыытынан сыаналыахтаах, ытыктыахтаах. Оччоҕуна эрэ эн үөрэтэргин ылынар.
– Математиктар-физиктэр атын дьонтон туох уратылаах буолалларый? Баҕар, хас хардыыларын, олох араас көстүүлэрин барытын эрдэттэн ааҕар-суоттуур буолан, олоххо ураты ситиһиилээх буолаллара буолуо? Холобур, тыл үөрэхтээхтэригэр холоотоххо... Оннугу бэлиэтии көрөөччүҥ суох дуо?
– Түөрүйэ быһыытынан, математик тугу барытын ыараҥнатан, ааҕан-суоттаан көрөр буолан, олох ыйытыктарыгар-ирдэбиллэригэр сөпкө хоруйдаһар, туһата суохха күүһүн-кыаҕын бараабат, чахчы көдьүүстээххэ-туһалаахха эрэ хамсанар буолуон сөп эрээри... “Математиктар олоххо атын дьонтон ураты ситиһиилээх буолаллар” диир кыаҕым суох. Оннук буолбатах.
– Эн физик буолбатаҕыҥ буоллар, ханнык идэни талыаҥ этэй?
– Миигиттэн 13 сыл аҕа, миэхэ улахан дьайыылаах-сабыдыаллаах географ эдьиийдээхпин. Кинигэ бөҕөнү ааҕара. Географияҕа сыһыаннаах кинигэ бөҕөнү мунньара. Онон, оҕо сылдьан Үөһээ Бүлүүгэ көһөн кэлбэтэхпит буоллар, географияҕа туттарсан киириэм эбитэ буолуо...
– Ол хантан көһөн кэлбиккиний?
– 7-с кылааска диэри Булуҥ улууһун Күһүүрүгэр үөрэммитим. Оттон 9–10 кылаастарга – Үөһээ Бүлүү физматыгар.
– ЛГУну, Ленинградтааҕы судаарыстыбаннай университеты, бүтэрбиккин. Дойду биир саамай аатырбыт үөрэҕин кыһатыгар үөрэтии таһыма букатын атына буолуо...
– Таһым бөҕө буоллаҕа. “Наука светилолара” дэнэр дьон үөрэтэллэрэ. Холобур, миигин улуу суруйааччы Алексей Толстой уола Никита Толстой диэн билим дуоктара үөрэппитэ.
– Сахалыы иитиилээх саха оҕото нууччалыы тыллаах саха оҕотуттан математиканы ылынара атын буолар дуо?
– Биһиги бигэтик итэҕэйэрбитинэн, төрөөбүт тылынан толкуйдуур оҕо ордук ситиһиилээх буолар. “Ханнык баҕарар уустук наука киһиэхэ атын омук тылынан толору, сүүс бырыһыан кыайан тиийбэт. Төрөөбүт тылынан үөрэх ордук тиийимтиэ. Оҕо бэйэтин төрөөбүт тылынан үөрэммитэ улахан суолталаах” дии саныыбын.
– Уопсайынан, эн математикаҕа-физикаҕа саха оҕолорун эрэ үөрэттэҕиҥ... Үөһээ Бүлүүгэ да, Дьокуускайга да...
– Манна Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ нууччалыы иитиилээх саха да, нуучча да оҕолоро бааллар. Үчүгэй баҕайытык үөрэнэ сылдьаллар. Холобур, биир да нуучча оҕото сөбүлээбэккэ быраҕан барбытын билбэппин. Оттон биһиги кинилэри нууччалыы-сахалыы тылынан үөрэтэбит. Бастаан сахалыы быһааран, өйдөтөн баран, сахалыы билбэт оҕолор баар буоллахтарына, нууччалыы быһаарабыт. Манна саха оҕото ахсаан өттүнэн баһыйар буолан, оҕо барыта сахалыы билэ сатыыр, кыһаллар. Хаһан эрэ оскуоланы бүтэрэн атын сиргэ үөрэнэ-үлэлии барыахтара турдаҕа, сахалыы билбэт буоллахтарына саха оҕолоро онно тиийэн эрэйдэниэхтэрин өйдүүллэр. Атын сиргэ-уокка, дойдуга тиийдэххинэ туора омук дьон бука бары “ханнык баҕарар киһи бэйэтин төрөөбүт тылын-култууратын билэр уонна билиэхтээх” диэн өйдөбүллээх буолаллар.
– “Арассыыйа норуодунай учуутала” аатын ылбыккынан, олоххор туох эрэ көстөр-биллэр уларыйыы таҕыста дуо?
– Эс, туох уларыйыай... Арай, аһара элбэхтик интервью ыллылар.
– Арба, бу үрдүк ааты В.Путин тус илиититтэн ылбытыҥ. Онно киирэргэр бэрэбиэркэ, хонтуруол бөҕөтүн аастаҕыҥ буолуо? Илэ хараҕынан көрдөххө, хайдах киһи эбитий, туох өйдөбүл үөскээтэ? Бука, долгутуулаах түгэн буолуо...
– Хоруона хамсыгын кэмэ буолан, тиийэн баран 10-ча күн харантыыҥҥа сытыарбыттара. Баҕар, сөмөлүөтүнэн көтөн тиийээт да бу үрдүк ааты ылбытым, Путины көрбүтүм буоллар, бука, улаханнык долгуйуом эбитэ буолуо... Ону олус өр харантыыҥҥа сыппыт буолан, уйулҕа өттүнэн толору бэлэм тиийбитим. Саалаҕа Путин киирэн иһэрин көрөн, тута өйбөр “кыра да, улахан да буолбатах, киһи курдук киһи эбит” дии санаа көтөн түспүтэ. Дьиҥинэн, миигин кытта араа-бараа саастаах сааһырбыт киһи эрээри, аһара чэпчэкитик хаамарын бэлиэтии көрбүтүм. Бука, успуордунан дьарыктаммыта дьайара буолуо. “Дзюдоист эҥин буолан илиитэ кытаанаҕа буолуо” дии саныыр этим, оттон илии тутуһан дорооболоспутугар илиитэ сымнаҕаһа сөхтөрбүтэ.
– Үөрэппит оҕолоргут улахан таһымнаах олимпиадаларга мэлдьи кыайар сурахтарын истэбит...
– Дьиҥинэн, олимпиадаларга кыайыы биһиги сүрүн сорукпут буолбатах. Сүрүн сыалбыт-сорукпут: оҕолорбутун аан дойду наукатын эйгэтигэр киллэрии. Онно эрэнэрбитигэр билигин төрүөт баар курдук. Биһиги оскуолабыт тэриллэн үлэлээбитэ 50 сылын туолла, ол кэм иһигэр биһиэхэ элбэх билим хандьыдаата, дуоктара иитиллэн таҕыста. Оттон олимпиада диэн, бэйэтин туһугар, успуорт буоллаҕа. Ким элбэхтик эрчиллибит, кыра эрдэҕиттэн дьарыктаммыт – ол кыайар. Онон, оҕо олимпиадаҕа кыайда да кини хайаан да улуу учуонай, наука “светилота” буолан тахсар диэн буолбатах. Олимпиадаҕа кыайбатах эрээри аа-дьуо, олохтоохтук уонна дьаныардаахтык үлэлиир оҕоҥ кэлин улахан учуонай буолан тахсыан сөп.
Олимпиада туһунан эттэххэ, уопсайынан, биһиги 6 үөрэнээччибит РФ аан дойду таһымнаах олимпиадаларга күрэхтэһэр сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киирэ сылдьыбыта. Аан дойду олимпиадатыгар 3 оҕобут киирсибититтэн 2 оҕо боруонса, 1 оҕо үрүҥ көмүс мэтээлгэ тиксибиттэрэ. Бу биһиги саҕа ахсааннаах норуокка сөҕүмэр ситиһии.
– Виктор Филиппович, эн сааһыҥ хаскыный? Сааһырбыт киһи сиэринэн биэнсийэҕэ тахсар түгэҥҥэр, лицейгэ эйигин солбуйар дьон бааллар дуо?
– Сааһым – 72-м. Ити чааһыгар холкубун, солбуйар дьон бааллар аҕай. Холобур, тус бэйэм учууталбын Михаил Андреевиһы, учуутал быһыытынан, солбуйдум дии саныыбын. Дьиҥинэн, кини киһи тэҥнэспэт, солбуйбат киһитэ этэ эрээри, учуутал быһыытынан кини үлэтин, дьыалатын салгыы сырыттахпыт дии. Өйбүтүн-сүрэхпитин, күүспүтүн-кыахпытын барытын ууран...