Соторутааҕыта Муома улууһун Улахан Чыыстай бөһүөлэгиттэн кэлэ сылдьар түс-бас көрүҥнээх, аҕыйах саҥалаах, сэмэй бэйэлээх эдэркээн икки табаһыт уолу көрсөн, атах тэпсэн олорон кэпсэттим. Иккиэн Ямалтан төрүттээх, омугунан ненец Николай Васильевич Худи Харючи хос-хос сиэннэрэ буолаллар.
Дьиэ кэргэнинэн табаһыттарбыт
Семён ГРОМОВ, 20 саастаах табаһыт:
– Худи Харючи диэн хос- хос эһэбит аатынан ыстаадаҕа табаһытынан үлэлиибин. Былырыын Красноярскайга “зверовод-охотник” идэтигэр үөрэнэн, дойдубар кэлэммин үлэлии сылдьабын. Ыстаадаҕа 6 буолан үлэлиибит. Бары аймахтыыбыт. Аҕам Николай Валерьевич уонна убайым Иван Валерьевич Громовтар иккиэн бииргэ төрөөбүттэр. Кинилэр салайан үлэлэтэллэр.
– Дьэ, төһө табалааххытый?
– 2000 кэриҥэ табалаахпыт. Табабыт элбээн, инники диэки сайдыы (прогресс) баран эрэр. Онтон, биллэн турар, астынабыт.
– Төрүөх саҕаланан эрдэҕэ?
– Саамай тыҥааһыннаах, түбүктээх кэммит сааскы төрүөх кэмэ буолар. Төрүөх муус устар ортотуттан саҕаланар.
– Омуккутунан эбээн буоллаххыт. Тылгытын билэҕит дуу?
– Сааһыыр бөһүөлэгэр оскуолаҕа үөрэнэрбит саҕана, кыратык да буоллар, 9-с кылааска диэри биридимиэт быһыытынан үөрэтэр этибит. Онон кыратык билэбин диэххэ сөп. Учуутал тиийбэт буолан, салгыы үөрэппэтэхпит.
– Төрөппүттэргитин кытта эбээннии кэпсэтэҕит дуу?
– Ыстаадаҕа сылдьан, кырдьаҕастары кытта “диалог” таһымынан эрэ.
– Оччотугар сүрүн кэпсэтэр тылгыт ханныгый?
– Саха тыла.
– Төрөппүттэриҥ тугу үлэлииллэрий?
– Иккиэн ыстаадаҕа үлэлииллэр, ийэм – чуум үлэһитэ.
– Тус бэйэҥ хамнаскын төһөнү ылаҕыный?
– Ыйга 40 000 тыһ.солк. илиибэр ылабын. Хамнаспыт үчүгэй.
– Семён, табаһыт биир күннээх үлэтин кэпсиэҥ дуу?
– Сарсыарда 8 чааска турабыт. Уолаттар үспүт. Симиэнэнэн табалары маныы сылдьан аһатабыт, хайа диэки баралларын кэтии-маныы сылдьабыт. Базаҕа дьиэбитигэр тимир оһоҕу отторго мас аҕалабыт, көлүүр сыарҕаларбытын көрүнэбит. Сайыҥҥы өттүгэр үлэбит хайысхата арыый атын. Ол курдук, күнүскү уонна түүҥҥү бостуук диэн баар. Холобура, күнүскү бостуук күнүс 12 чаастан киэһэ 18 чааска диэри табалары көрөр-истэр, маныыр. Табалар мээнэ баран хаалбакка, бары биир чөмөх сылдьыахтаахтар. Онтон түүн 12 чааска түүҥҥү бостуук көрөр-истэр. Таба ыаммат эрэ уонна этиттэн саҕалаан тириитигэр тиийэ барыта туһаҕа тахсар.
– Кыһыҥҥы 50 кыраадыс тымныыны хайдах тулуйан үлэлиигит?
– Мэлдьи хамсана-имсэнэ сылдьабыт. Оҕо эрдэхпититтэн сылдьа, олоро үөрүйэхпит. Үөрэнэн хаалбыппыт. Атын дьон кэллэҕинэ, биллэн турар, үөрүйэҕэ суохтарыттан ыарырҕатар буолуохтаахтар.
– Инники олоххун ыстааданы кытта сибээстиир буоллаҕыҥ?
– Биллэн турар.
– Ыал буолан, “дойду” сиригэр олохсуйбат буоллаҕыҥ. Арай үөс сиргэ олохсуйуон баҕалаах кыыс түбэстин?..
– Дойдубар олохсута аҕалыам эбитэ буолуо.
– Куоракка олоруоххун баҕарбаккын дуу?
– Суох. Куорат тыаһын-ууһун, сүпсүлгэнин, дьон тоҕуоруһа мустар сиригэр сылдьарбын олох сөбүлээбэппин. Ыстаадаҕа курдук аҕыйах киһилээх-сүөһүлээх сиргэ дууһам тардыһар.
Ааспыт үйэ 30-с сылларыгар Ямал-Ненец автономнай уокуругар ненец норуотун биллэр бэрэстэбиитэллэрэ, чаҕылхай дьоно эрэпириэссийэҕэ түбэһэн хаайыллыбыттара. Эр дьону биллибэт хайысханан илдьэ барбыттара. Үгүстэрэ дойдуларыгар төннүбэтэхтэрэ. Ненец норуотун дойду араас сиринэн ыһыталаабыттара. Олортон биирдэстэрэ, 1898 сыллаах төрүөх Харючи Худи – Громов Николай Васильевич. Кинини 37 саастааҕар 1935 сыл балаҕан ыйын 11 күнүгэр Омскайдааҕы суут анал кэллиэгийэтэ сууттаан, хаайыыга уураахтыыр. 1942 сыллаахха босхоломмутун кэннэ, “Дальстрой” салалтата кинини Муома улууһун Сааһыыр бөһүөлэгэр олохсутар. Манна Евдокия Григорьевна Громованы кэргэн ылан олохсуйар. Бэйэтигэр болҕомтону тардымаары, кэргэнин араспаанньатын ылар. Харючи Худи 1978 сыл ыам ыйын 10 күнүгэр аата чөлүгэр түспүтэ (реабилитирован). Николай Васильевич 1980 сыллаахха 81 сааһыгар олохтон барбыта.
Сүрүн кыһалҕабыт – бөрө
Валерий ГРОМОВ, 22 саастаах:
– Сааһыырга оскуоланы үөрэнэн бүтэрээт, ыстаадаҕа үлэлии кэлбитим. Онтон Дьокуускай куоракка Т.Г. Десяткин аатынан бырамыысыланнай колледжка сыбаарсык идэтигэр үөрэммитим. Үөрэхпин бүтэрэн, ыстаадабар үлэлии төннүбүтүм. Аҕам Иван Валерьевич ыстаадабытыгар биригэдьиирдиир. Ийэм Оксана Семеновна көс оскуолаҕа учууталлыыр.
– Хас сааскыттан ыстаадаҕа сылдьаҕыный?
– 10 ыйдаахпыттан, онон төрүт олохтоохпун.
– Ол аата, 22 сыл устата ыстаада оҕотоҕун. Көс олохтон сылайбаккын дуо?
– Суох буоллаҕа дии. Билигин бу төрөппүттэрбит куоракка күүлэйдэтэ, сынньата диэн ааттаан ыыппыттара даҕаны, дэлби сылайбыт курдукпун. Ыстаадабар хаһан төннөн барарбын кэтэһэбин. Онно наһаа үчүгэй, туохха даҕаны атастаспаппын. Хайалара, айылҕата кэрэтэ, аны хайаттан түһэр уу ырааһа... Киһи тылынан судургутук кэпсээбэт кэрэ көстүүтэ. Биһиги, сүрүннээн, хайалаах сирдэринэн көһө сылдьабыт.
– Ыстаада олоҕо уустуга биллэр... Табаттан чаҕыйбакка миинэҕит, ыҥыырдыыгыт дуу?
– Кыһын тымныыны, буурҕаны, сайын ардаҕы, бырдаҕы аахсыбакка, сылы эргиччи аһаҕас халлаан анныгар олорор, үлэлиир манан аҕай дьыала буолбатах. Аны ыстаада сирэ наһаа тэпсиллибэтин диэн, сотору-сотору көһүү эмиэ сыанан аҕаабат. Табалары көлүйэбит, сыарҕа оҥоробут. Аҕаларбыт туохха барытыгар үөрэтэллэр-такайаллар. Кинилэртэн үөрэнэбит.
– Эн эмиэ төрүт дойдугар олохсуйаҕын дуу?
– Олохсуйан буоллаҕа.
– Балыктыыгыт дуу?
– Байыҥа, Бугурчаан, Булчакаан, Омчук күөллэригэр балыктыыбыт. Бары эбээннии ааттаахтар. Балык, таба этэ – сүрүн аһылыкпыт.
– Оччоҕуна ынах, убаһа этин сиэбэккит дуу?
– Сии үөрүйэҕэ суохпут. Дьокуускайга кэлэрбитигэр табабыт этин илдьэ кэлэбит.
– Эһиги диэки ынах-сылгы суох дуо?
– Ынах олох аҕыйах. Сылгы син баар. Сылгыһыттар диэн туспалар. Биһиги көлүнэр аҕыйах аттаахпыт.
– Бөрө табаны тардар түбэлтэтэ баар дуу?
– Саамай сүрүн кыһалҕабыт – бөрөлөр. Табаны тардаллар. Бураанынан күнү супту кэриэтэ эккирэтэн бултууллар. Бөрөнү мэнээк киһи бултаабат, улахан уопуттаах эрэ киһи сананар дьыалата. Сүрүннээн, аҕаларбыт бултууллар. Биһиги – суох. Былырыын дьоммут 5 бөрөнү бултаабыттара. Бу сылга киирэн баран, биир бөрөнү өлөрдүлэр.
– Валера, оттон эн хос-хос эһэҥ устуоруйатыттан тугу эмэ кэпсиэҥ дуу?
– Хос-хос эһэбит – Ямалтан төрүттээх ненец Николай Васильевич Худи Харючи диэн киһи. 6 ини-бииттэн убайдара холкуоска киирбэккэ сылдьарыттан сылтаан, 30-с сылларга ненецтэр бастакы эрэпириэссийэлэригэр түбэһэн, “норуот өстөөҕө” аатыран, 1935 сыллаахха Омскайга 6 сыл, кэлин Халымаҕа Магадаан тыраассатын оҥорор ГУЛАГ-ка ыыталлар. Сэрии кэмигэр хаайыыттан босхолонон, хаайыылаахтары аһатарга ананан тэриллибит Үөһээ Халыма “Олень” сопхуоһугар 6000 таба үөрүн көрөр ыстаадаҕа биригэдьииринэн ананан үлэлээбит. Табаһыттара үксэ – хаайыылаахтар. Үлэ, олох ыараханыттан өлбүттэр. Биһиги хос-хос эһэбит айылҕаттан бэйэтин кыанар, доруобай буолан, тыыннаах ордон хаалбыт. Барыга-бары дьоҕурдаах табаһыт хаайыылаах табаһыттарын табаны күнүстэри-түүннэри маныырга, быа-туһах, наарта оҥорорго, таба тириитин имитэн, саҕынньах, этэрбэс, о.д.а. таҥас тигэргэ үөрэппит, үрүҥ тыыннарын өллөйдөөбүт. Сэрии кэнниттэн “Олень” сопхуоска үлэлиир биһиги хос-хос эбэбит Евдокия Григорьевна Громовалыын холбоһон ыал буолбуттар. Онтон биһиги Громовтар аймах тэнийэн сылдьабыт.
– Дьэ, уолаттар, хос-хос эһэҕит аатын-суолун түһэн биэрбэккэ, өбүгэлэргит үгэстэрин салҕаан, табаһыт уустук идэтин салгыы сайыннаран, ситиһиилээхтик үлэлииргитигэр баҕарабын.
Саргылаана БАГЫНАНОВА.