Саха народнай суруйааччыта Егор Неймохов аатынан литератураны уонна кыраайы үөрэтэр музейга биир хаартыскаҕа хараҕым иҥиннэ. Бу 60 сыллардааҕы үс инвалид-фронтовик хаартыската. Арааһа, туох эрэ тэрээһиҥҥэ саас хаардаахха түспүттэр. Барахсаттар үһүөн аҥаар атахтаахтар, аҥаардара - мас. Тэлэгириэйкэ сонноохтор, ортоку киһи суппуун сонноох курдук. Оччолорго тыа дьоно бары да тэлэгириэйкэнэн сырыттахпыт.
Хаҥастан бастакы Степан Степанович Чириков диэн Мэҥэ Алдан киһитэ. Үһүс Иван Власьевич Севастьянов диэн Кириэс Халдьаайы киһитэ. Ортоку киһиэхэ мунаардыбыт. Ким да үчүгэй аҕайдык билбэт буолан биэрдэ. Эмиэ да Кириэскэ биэрэккэ олоро сылдьыбыт кэлии, мас атаҕа тоһугураан тыаһаан хаамарын иһин Тоҥсоҕой диэн хос ааттана сылдьыбыт киһи дииллэр. Соҕотоҕун олорбута үһү, “саппыкы эҥин алдьаннаҕына өрөмүөннүүр этэ” дэһэллэр. Эмиэ да Мэҥэ Алдан олохтооҕо, сэрии ветерана Данил Львович Тегерюков быраата дииллэр. Дьиҥэр, кимин өссө да чуолкайдык билэ иликпит.
Бу хаартысканы киһи долгуйбакка эрэ кыайан көрбөт. Саха сирин тыатын уолаттара барахсаттар, Аҕа дойду улуу сэриитигэр баран хорсуннук сэриилэһэн, аҥаар атахтарын Арҕаа хааллардахтара. Киһи уйадыйар, бу оччолорго эдэркээн уолаттар уоттаах сэриигэ тыын тыыҥҥа харбас киирсиигэ инвалид буолан төнүннэхтэрэ. Бары да сахаҕа сэргэх мөссүөннээх дьон.
С.С. Чириков сэриигэ 1942 сыл от ыйын 7 күнүттэн 1944 сыл балаҕан 10 күнүгэр диэри сылдьыбыт. Арҕаа 2-с Украинскай фроҥҥа Харьков, Киев куораттарга, Курскай тоҕойго сэриилэспит. Түөртэ бааһырбыт, төрдүһүн уҥа атаҕар улаханнык бааһыран быстарбыт. Дойдутугар кэлэн колхуоска, сопхуоска араас үлэҕэ үлэлээбитэ. Аҕата кинини 4 кылааһы бүтэттэрэн баран, салгыы үөрэҕин тохтотон, булка уһуйбута. Сорсуннаах булчут бэрдэ, бэйэтин туйаҕын хатарар уол гыммыта.
Мин кинини көрөр этим. Ыраас хааннаах, кыыс кэрэ сэбэрэлээх, киһини сэргэхситэр кэпсээннээх, сороҕо, омуннаах соҕус да буоллар, интэриэһинэй этэ. Бэйэтэ кэргэнэ, оҕото суох буолан, үлэ лааҕырыгар уһуйааччы, наставник быһыытынан сылдьыбыта. Оҕолор кинини наһаа сөбүлүүллэрэ, батыһа сылдьаллара. Онно кини хайдах үлэлиири эрэ буолбакка, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны, сиэри-туому тутуһары үөрэтэрэ, такайара. Быйылгы Педагог уонна наставник сылыгар фронтовик Степан Чириков туһунан ахтан ааһар тоҕоостоох.
И.В. Севостьянов сэриигэ 1942 сыл от ыйыгар ыҥырыллыбыта. Кини туһунан үлэ ветерана Н.С.Николаев суруйуутуттан ааҕабыт. Кыратык байыаннай дьыалаҕа үөрэтээт, Арҕаа фроҥҥа ыыппыттара. 1943 с. саас Харьков анныгар сэриигэ станковай пулемёту сосуһан, Мэҥэ Алдантан Александр Афанасьевич Колодезниковтыын бииргэ сылдьыбыттара. Кинилэр, бааһыран санчааска эмтэнэ сытан, 1943 с. кулун тутар 20 күнүгэр билиэҥҥэ түбэспиттэр. Хаартыскаттан көрдөххө, сахаҕа бөдөҥ-садаҥ киһи. Бэйэтин кыанар, күүстээх буолан, станковай пулемёту соһо сылдьан сэриилэстэҕэ. Өлөксөөн Колодезников да күүстээх, кыанар киһи быһыылаах. Станковай пулемёту урукку ''Максим'' пулемёт оннугар оҥорбуттар. Онон ыйааһына ыарахана, 40 кг тиийэрэ. Ол иһин бөдөҥ, күүстээх, бэйэтин кыанар саллааттары аныыллара. 5-7 киһи ананара, сэрии кэмигэр - 2-3 саллаат. Оннук, ыарахан ыйааһыннаах, станковай пулемёту сосуһа сылдьан бааһыраллара да ханна барыай?! Сулумах сүүрэн, хаххаҕа саһар курдук буолбатах буоллаҕа. Харьков куоракка эргэ түрмэҕэ хаайбыттар. Онно сахалар балай эмэ элбэх эбиттэр. Мэҥэ Алдантан А.А. уонна В.П. Колодезниковтар, П.И. Николаев. Кириэс Халдьаайыттан И.В. Севостьянов, К.Н. Мекюрдянов, С.Е. Бравин. Билиэҥҥэ ньиэмэс хирурдара уҥа атаҕын быспыттарын туһунан уос номоҕо баар диэн Н.С. Николаев суруйар. Аны “власовец үһү” диэн үһүйээн курдук кэпсээн баар. Ол олоҕо суох кэпсээн курдук. Андрей Власов генерал армията төгүрүктээһиҥҥэ 1942 с. саас, сайын түбэспитэ. Бэйэтэ от ыйын 11 күнүгэр Туховежи дэриэбинэҕэ биир дьиэҕэ киирбитэ, староста дьиэтэ буолан хаалар. Баанньыкка ас тардан киллэрэн баран, таһыттан хатыыр уонна ньиэмэстэргэ тыллаан туттарар.
Иван Севостьянов ол кэмҥэ саҥа армияҕа ыҥырыллар. Онон хайдах да кини армиятыгар киирэр кыаҕа суох. Аны генерал Власов ньиэмэстэргэ армияны 1944 сыл бүтэһигэр тэрийэр. Биһиги киһибит ол кэмҥэ аҥар атахтаах билиэҥҥэ сылдьар. Оннук киһи ол армияҕа киирэр кыаҕа суох. Биирдэ санаан көрдөххө, көннөрү саллаат сулууспалыыр армиятыттан ханна соҕотоҕун туспа барыай, уопсай маассаҕа сылдьан власовец да диэн аатырыан сөп буоллаҕа. Онно кини буруйа суох дии саныыбын.
Севостьянов Иван Власьевич диэн ааттаах. Ону саха киһитэ Власьевиһы Былаасабыс диэн ааттыан, устунан билиэҥҥэ түбэспит киһини “власовец” да диэн сөп.
Сэрииттэн кэлэн баран, Н.С. Николаев суруйарынан, биһиэннэригэр хаайыыга олорботох курдук. Дьэ, итиннэ биир дойдулаахтара туораппакка, үҥсүбэккэ олорор, үлэлиир кыах биэрбиттэрин хайҕыахха эрэ сөп. Сир аайы оннук буолбатаҕа. Холобур, ССРС народнай учуутала М.А. Алексеевы концлагерь кэннэ аны бэйэбит хаайыыбытыгар сыппыта. Ол кэннэ Үөһээ Бүлүүгэ Далырга учууталлаабыта, миигин, үнэ сылдьар оҕону, тымныы муостаттан ылан көтөҕө сылдьан уруогун ыытара үһү. Ийэбит, оскуола остуораһа буолан, оскуола биир кыра хоһугар олорорбут. Кыра хоско тулуйан олорбокко, оскуола көрүдүөрүнэн сыыла сырыттаҕым. Онно да билиэҥҥэ сылдьыбытынан сирэй- харах анньаллара дииллэр. Аны кини сэрии иннинэ хоту үлэлии сылдьан, ньиэмэс тылын бэйэтэ үөрэтэн холкутук кэпсэтэр буолбут. Онон билиэҥҥэ тылбаасчыттаабыта дииллэрэ. Перемышль куоракка кырыктаах кыргыһыыга бааһыран, өйүн сүтэрэн ньиэмэстэргэ түбэспитэ. Михаил Андреевич, киһи киэнэ килбиэннээҕэ буолан самныбакка, санаатын түһэрбэккэ, ыарахаттары тулуйан, харса суох айымньылаахтык үлэлээн, билиэҥҥэ сылдьыбыт хара мэҥин боруостаан, сырдык аата тилиннэҕэ.
Оттон И. Севостьянов, бэйэтэ да хаартыскаттан көрдөххө, бэрт холку көрүҥнээх, хадаара суох киһи. Оннук да буолан, ити үлүгэртэн тыыннаах дойдутугар эргилиннэҕэ. Онон дьону кытта эйэ-дэмнээх сыһыаннаах буолуохтаах. И.В. Севостьянов 1970 с. ''В.И. Ленин 100 сылын көрсө килбиэннээх үлэ иһин'' мэтээлинэн наҕараадаланар. Улуу Кыайыы 40 сылыгар 1985 с. эрэ ветеран дастабырыанньатын саҥа тутар. Дойдутун дьоно чахчы үлэһит, киһи быһыытынан ытыктааннар, ити мэтээли бэрдэрдэхтэрэ, ветеран оҥордохторо. Сэрииттэн кэлэн баран холкуоска, сопхуоска араас үлэҕэ бостууктаан, сибиинньэ көрөн, оттоон, эргиэҥҥэ бырадабыастаан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Тус олоҕор бастакы кэргэнэ эрдэ өлбүтэ, онтон Елена диэн кыыстаах. Иккис кэргэниттэн үс оҕону (Екатерина, Матрена, Власий) уонна кэргэнин кыыһын Евдокияны иитэн атахтарыгар туруорбуттара, дьоһун дьон гына ииппиттэрэ. 2008 с. Биэрэпиһинэн 5 оҕо амарах аҕата, 19 сиэн, 19 хос сиэн үтүөкэн эһэтэ буолбута.
Кини туһунан Таатта Баайаҕатыттан Николай Данилович Сыромятников- Куочун “Мас атах” диэн хоһоон суруйбута.
МАС АТАХ
Хоһоон сэрии кыттыылааҕар, бэтэрээн буойуҥҥа, сэрии кэнниттэн эргиэҥҥэ эҥкилэ суох үлэлээбит үтүө киһиэхэ И.В. Севостьяновка ананар.
Онтон ортоку турар куудара баттахтаах ис киирбэх көрүҥнээх киһини ким билэр? Бу барахсан эмиэ кэргэннэммэтэх, оҕо-уруу төрөппөтөх быһыылаах. Тоҥсоҕой эрэ диэн хос аата хааллаҕа. Рыбзавокка үлэлии сылдьыбыта үһү дииллэр. Тегерюковтартан ыйытыаҕы? чугас аймахтара суохтар быһыылаах.
Биһиги, музей үлэһиттэрэ, көрдүүр-чинчийэр үлэбитин салҕыахпыт. Ким кинини билэр биһиги музейбытын кытта билсиэххитин сөп. Улуу сэрии ветераннара умнуллуо суохтаахтар, хас биирдиилэрэ дорҕоонноохтук ааттаныахтаахтар. Итинник историябыт ''үрүҥ бээтинэлэрин'' чинчийэн булан олохтоохторго көрдөрөрбүт биһиги, музей үлэһиттэрэ, ытык иэспит буоллаҕа.
Степан Чириков уонна бу киһи, кырыыстаах сэрии буолбатаҕа буоллар, кэргэннэнэн, оҕолонон-урууланан төһөлөөх дьоллонуохтара, тэнийиэхтэрэ этэй?!
Барахсаттар Степан Степанович уонна ортоку турар киһи атах таҥаһа ыллахтарына, бэйэ бэйэлэригэр аҥаарын бэрсэллэрэ үһү. Таах хаалыа дуо? Оччолорго дефицит кэмэ буоллаҕа. Кинилэртэн, хата, Иван Севостьянов кэргэн, аҕа, эһэ буолар дьолу биллэҕэ. Кини кийиитэ, Кириэс Халдьаайыга Дьоруой Охлопков аатынан музей директора Любовь Дмитрьевна Севостьянова кини туһунан матырыйаал биэрэн, ''История одной фотографии'' диэн быыстапканы музейбытыгар туруордубут. Онон махталбыт муҥура суох.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Мария Неймохова.