Киир

Киир

Хотугу Форум мунньаҕар Аляска Анкоридж диэн куоратыгар сылдьабыт. Михаил Ефимовичтыын сарсыарда 6 чаастан күөл кытыытынан асфальт суол устун хаамабыт. Арай биһиэхэ утары Уолтер Хикель иһэр эбит. Хикель Аляскаттан төрүттээх. Эдэр сылдьан Эмиэрикэ ис дьыалаларын миниистирэ киһи. Министирдии сырыттаҕына Въетнамы кытта Эмиэрикэ сэриини биллэрбитигэр Хикель, ол политиканы утаран, тус баҕатынан үлэтиттэн уурайан, Аляскаҕа кэлэн талыллан губернатор буолар. Онон Хикель эдэр эрдэҕиттэн үтүктүүгэ сүгүрүйбэтэх, «ээх» хоту сылдьыбатах, үчүгэйи-куһаҕаны араарар дьоһуннаах киһи.

Дьиэлээх хаһаайыммыт балай да тэйиччи сиртэн хаҥас илиитин иһин туһунан туттан дорооболоһон, биһигини кытта тэҥнэһиэр диэри, хаста да тоҥхоҥноото. Мин киһим суол уҥа өттүнэн, мин суол ортотунан иһэбит. Хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, киһим кэпсии испит саҥатын тугун да уларыппакка, чыначчы соҕус туттан хаампытын кубулуппат. Хайыамый, дойдулаах киһиэхэ эппиэттээн мин тоҥхоҥноотум, ол эрэн бэрэсидьиэним бэрт кыратык кэҕис эрэ гынна быһыылаах диэн көхсүбүнэн сэрэйдим. Оннук ааһыстыбыт.

Ол күн мунньахпыт бастакы аҥаарыгар Хоту дойду хас да регионун губернатордара харахтара кытарбытыттан, баттахтара ыһыллыбытыттан, дьахтар аймах кинилэртэн тэйиччи олорбуттарыттан сылыктаатахха, бэҕэһээ кэлэн көрсүһүү үөрүүтүн балай да күүскэ бэлиэтээбиттэр быһыылаах. Мунньах уку-суку барда. Бэрт аҕыйах киһи тыл эттэ. Олор истэригэр биһиги Александр Кугаевскайбыт этиитин иһиттибит. Онтон Михаил Ефимович трибунаҕа тахсан дьон этиилэрэ аҕыйаҕын, Хотугу цивилизация сайдарыгар олохтоох үлэ барбатын, үчүгэй иллээх түмсүү суоҕун кэриэтэтин тоһоҕолоон, мөҕөр туоннаах тыллары балай да тиийимтиэтик саҥарда. Биһиги эмиэ мөҕүллэр курдукпут. Кырдьык даҕаны, аныгыскы мунньахха Хотугу университеттар устудьуоннарыгар аналлаах национальнай оонньууларга күрэс түһүлгэтин тэрийэн, туризмы сыһыаран этииһикпин диэн санаа киирдэ. Ол эрэн “ити сайдыылаах дойдулар губернатордарын мөҕөттүүр кытаанах санаалаах баһылыктаах эбиппит ээ” диэн санаа таарыйар, ол быыһыгар “сайдыылаах дойду эбиппит буоллар, сүрбүт өссө күүһүрэн, тугу-тугу оҥоруо эбиппит буолла” диэн санаа үөнэ эмиэ оонньоон ылар.   

Биир күһүөрү сайын Хотугу Форум мунньаҕа Дьокуускайга буолла. Ол иннинэ Михаил Ефимовиһы Хотугу Форумҥа салайааччынан талан баран рюкзак кэтэрдибиттэрэ. Ол сүгэһэрин кэтэн олорон бастакы мунньаҕын ыытан турар. Баһылыкпыт миигин хоһугар ыҥыртаран сорудах биэрдэ: «Хикель кэлбит. Ханна эмэ илдьэ баран сахалар тустарынан кэпсээ. Икки чаас курдугунан миэхэ аҕалаар», - диэтэ. Хоноһобутун ылан ыһыахтыыр сиргэ илдьэ бардыбыт. Кыратык кэрийэ түһэн баран, балаҕаҥҥа майгынныыр сарайга киирэн олорон, балаҕан тоҕо халҕана илин диэкитин, тоҕо муостата суоҕун, тоҕо хотон муосталааҕын, көмүлүөк оһох тоҕо кэдэргитин, архитектурата тоҕо шатёр курдугун кэпсээтим. Ыһыах тоҕо бэс ыйыгар тэриллэрин, сэргэ сахаларга туох суолталааҕын, хапсаҕай тустуу бөлүһүөгүн эмиэ таарыйдым. Хоноһобут бастаан улаханнык аахайбат курдук туттан баран син сэҥээрдэ, ону-маны ыйыталаста. Бырабыытаалыстыба дьиэтигэр төннөн кэллибит. Баһылыкпыт мунньаҕа бүтэ илик эбит. Сүүрбэччэ мүнүүтэ курдук күүтүү буолла. Мин ыалдьыппын хаалларан барыахпын санаам буолбата, олорустум. Мээнэ олоруохтааҕар ону-маны ыйытан көрөбүн да киһим санаата олох атыҥҥа быһыылаах. Арай өйдөөн көрбүтүм киһим долгуйбут курдук, илиитэ салҕалыыр, хараҕа сүүрэкэлиир. “Тыый, бачча баараҕай Эмиэрикэ тойоно биһиги баһылыкпытыттан сүр баттатар эбит ээ” диэн санаа кылам гынан ааста.

Бэрэсидьиэни кытта 18 сыл бииргэ үлэлээбит Виктор Ноговицын.
Салгыыта бэчээттэниэ.