Киир

Киир

От ыйын 28 күнүгэр пресса туурунан Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах нэһилиэгэр ыалдьыттаатыбыт. Биһигини СӨ Туризм сайдыытын ааҕыныстыбатын салайааччыта Дмитрий Громов уонна Булгунньахтаах нэһилиэгин баһылыга Айталина Васильева барытын көрдөрөн, кэпсээн-ипсээн билиһиннэрдилэр. Дьэ, манна туризм бэркэ сайдар эбит. Саамай сүрүнэ – куораттан чугас. Икки чаас аспаал суолунан бэрт түргэнник айаннаан тиийэҕин. Манна баар: экоферма, элбэх араас сынньанар база, оҥочо тохтуур ыстаансыйата. Саҥа тутуллан бүппүт бириистэнтэн аатырбыт Өлүөнэ очуостарын, Тукулаан кумах хайатын, Буотаманы уонна бизоннары баран көрүөххүтүн сөп. Салгыы сылдьыбыт сирдэрбин сиһилии кэпсиим.

Булгунньахтаах “Тоҥуһай” сайылыгар экоферма

WhatsApp Image 2023 08 02 at 15.02.26

Сайылыгы туризм хайысхатынан сайыннарыахха сөп эбит. Биһиэхэ Петровтар дьиэ кэргэн холобур буолаллар. Ол курдук, Пан уонна Галина Петровтар ыам ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри араас куһу-хааһы, кууруссаны, үндүүгү, ынах сүөһүнү, сылгыны, козаны иитэллэр эбит.

Галина Михайловна:

– 4 оҕолоохпут, 3 сиэннээхпит. Оҕолорбут биһиэхэ көмөлөһөллөр. Сарсыарда аайы сымыыт хомуйаллар, көтөрдөрбүтүн аһаталлар. Хаһаайыстыбабытын дэлэппиппит биэс-алта сыл буолла. Бастаан биэс хаастан саҕалаабыппыт, онтон үндүүк ииппиппит. Бэйэбит чоппуускалары таһааран улаатыннарабыт. Онтон күһүн идэһэ буолан, атыыга бараллар. Сүрдээх үчүгэй сайылык, эбэбит соболоох, сир аһа этэҥҥэ үүннэҕинэ, барыта баар диэххэ сөп. Ыалдьыттар сайылык ыраас салгынын, айылҕа кэрэтин уонна, биллэн турар, кыылларбытын сэргээн бараллар. Баҕа санаабыт диэн, суолбут оҥоһуллан, уот-күөс киирдэр, сүрдээх элбэх үлэ-хамнас тахсыа этэ. Сахалыы балаҕан уонна сынньанар дьиэлэри тутуохпутун баҕарабыт, сайылыкпытын өссө да тупсара турар санаалаахпыт.

Айталина Васильевна:

– Тыа дьоно тыа хаһаайыстыбатыттан ураты өссө эбии туризмынан дьарыктаныан сөп. Саха дьоно хайдах олороллорун билиһиннэрии, төрүт култуурабытын көрдөрүү – бу туризм биир хайысхата. Манна элэктэриичэстибэ сыл бүтүөр диэри киириэхтээх, суолбутун улуус дьаһалтатын кытта көмөлөөммүт, быйыл түмүктүөхтээхпит. Оччоҕо эһиил ыалдьыттарбыт үчүгэй суолунан кэлиэхтэрэ диэн, бигэ эрэллээхпит. Онон “Тоҥуһай” сайылыгар кэлиҥ, ыалдьыттааҥ!

Дмитрий Громов:

– Сайылык, уопсайынан, биһиэхэ хааммытыгар баар. Биһиги дьоммут бары сайылыкка киһи-хара буолбуттара. Ол эрээри билигин сайылыгы өссө туризм хайысхатынан туһаныахха сөп диэн өйдөбүлэ суох олоробут. Хас биирдии улууска, хас биирдии нэһилиэккэ сайылык баар, онно эмиэ тыа хаһаайыстыбатын туризмын оҥоруохха сөп.

WhatsApp Image 2023 08 02 at 15.00.55

WhatsApp Image 2023 08 02 at 15.18.18

Булгунньахтаах саҥа бириистэнэ

WhatsApp Image 2023 08 02 at 15.04.44

Салгыы Булгунньахтаахха саҥа тутуллан бүппүт бириистэни баран көрдүбүт. Улуус уонна олохтоох дьаһалта субсидия биэрэннэр, урбаанньыт Сергей Емельяненко ону кытта олохтоохтор бары бииргэ субуотунньуктаан, улаханнык сыралаһан, дьону көрсөр саҥа бириистэн туппуттар. Бириистэн туризм хайысхата сайдарыгар улахан суолталаах. Мантан Өлүөнэ очуостарыгар, Тукулааҥҥа, Буотамаҕа уо.д.а. сирдэргэ тиийиэхпитин сөп.

Урут биир мас далаһа эрэ сытар буоллаҕы­на, билигин сынньанарга олорор сирдээх, күн­тэн, ардахтан хах­халыыр сабыылаах, сүрдээх үчүгэй бириистэн буолбут.

Булгунньахтаах “Берег легенд” турбазатыгар “Глэмпинг-парк”

WhatsApp Image 2023 08 02 at 15.05.24

WhatsApp Image 2023 08 02 at 15.05.12

Эбиэт кэннэ турбазалары кэрийэ барбыппыт. “Берег легенд” диэн турбазаҕа сырыттыбыт. Манна кыстыыр да дьиэлэр бааллар, ону кытта аныгы “Глэмпинг-парк” диэн балаакка курдук дьиэлэр баар буолбуттар. Бу туһунан Дмитрий Громов кэпсиир:

– Саха сиригэр үксүн турбаза туттар буоллахпытына, хайаан да үүтээн курдук кыра дьиэлэри тутуохпутун наада дии саныыллар. Булгунньахтаах урбаанньыттара биһиэхэ аныгы “Глэмпинг-парк” диэн тугун көрдөрдүлэр. “Глэмпинг-парк” диэн судургутук эттэххэ, мас муоста үрдүгэр балаакка-шатер турар. Бу иһигэр остуол, орон, оһох, иһит-хомуос – барыта баар.

Онтон Булгунньахтаахха аан бастакынан аһыллыбыт “Аартык” диэн турбазаҕа тиийдибит. Тукулаан кумах хайатын уун-утары көрөн олорор дьиэлэр бааллар эбит. Турбаза аттыгар кэккэлэһэ турар дьиэҕэ “Сахачэй” чэйи оҥорор сир баар. Сүрүн технолог Заморщикова Алина чэйи хайдах оҥороллорун кэпсиир:

– Бастатан туран, биһиги кучу чэй отун хомуйабыт. Оппутун от ыйыттан са­ҕалаан, атырдьах ыйын ортотугар диэри хомуйабыт. Быйыл сезоммутун эрдэ саптыбыт. Иккиһинэн, оппутун хатарабыт, ол кэннэ аппараакка эрийэбит. Онтон от көөнньөр, ол аата күөх чэйтэн хара чэй буолар. “Сахачэй” 2017 сылтан үлэлиир, биһигини төрөппүттэрбит үөрэппиттэрэ, онтон 13 сааспытыттан бэйэбит дьарыктанабыт. Сайын аайы устудьуоннары, оҕолору үөрэтэбит, бэйэтэ лааҕыр курдук.

Мас үрдүгэр турар дьиэ

WhatsApp Image 2023 08 02 at 15.07.18

WhatsApp Image 2023 08 02 at 15.05.46

Салгыы олус интэриэһинэй, ханна да суох мас үрдүгэр тутуллубут дьиэлэри көрдүбүт. Урбаанньыт Анатолий Габышев, федеральнай грант сүүйэн, дьикти турбазаны арыйан эрэр эбит. Билигин 6 дьиэ тутуллар, кэлэр сылга өссө 12 дьиэ уонна үөһэнэн дьиэттэн дьиэҕэ диэри хаамар далаһа тутуохтаахтар. Мас үрдүгэр турар дьиэлэри Анатолий аҕата Василий Габышев тута сылдьар эбит. Василий Габышев туризмҥа хайдах кэлбитин кэпсиир:

– Биһиги 2016 сылтан туризм хайысхатынан үлэлээбиппит. Кэргэним Альбина Васильевна “туризм диэн баар, онно үлэлээн көрүөххэ” диэбитэ. Бэйэм үйэм тухары газовиктаабытым, билигин биэнсийэҕэ тахсан баран, сөбүлүүр дьыалабытыгар ылыстыбыт. Үчүгэй, интэриэһинэй үлэ эбит, барыы-кэлии, сүүрүү-көтүү, таах дьиэҕэ сыппаккын. Өлүөнэ очуостарын утары “Лунный свет” диэн турбаза баар, онно 3 дьиэлээхпит, аһыыр сирдээхпит уонна баанньыктаахпыт. Бу сиргэ саас уу ылар буолан, толкуйдаан-толкуйдаан баран, мас үрдүгэр дьиэ тутарга санаммыппыт. Дьиэ тас уонна ис көстүүтүн кэргэним Альбина Васильевна бэйэтэ дизайннаан оҥорбута. Дьиэ 4 миэтэрэ үрдүктээх, канадскай технологиянан тутуллубута, аллараа өттүгэр сынньанар сирдээх. Атырдьах ыйыгар 6 күнүгэр дьиэбитин тутан бүтэриэхтээхпит. Үлэ диэн дьол буоллаҕа!

Дмитрий Громов:

– Саха сирин олохтоохторугар этиэхпин баҕарабын: хайа баҕарар улууска туризмы саҕалыахха, сайыннарыахха сөп. Саҥа суолу-ииһи арыйарга, бассыайын тутарга, туристыыр тэрил атыылаһарга, аудиогидтары оҥорорго уонна да атыттарга, федеральнай грант баар. Сайаапканы атырдьах ыйын 14 күнүгэр диэри ылабыт. Толору иһитиннэрии саайпытыгар, телеграм-ханаалбытыгар барыта сурулла сылдьар. Хас биирдии улууска туризмынан дьарыктаныан баҕалаах, туризмынан дьарыктана сылдьар дьон кыттыахтарын сөп.

Дьэ, ити курдук Булгунньахтаах нэһилиэгиттэн холобур ыламмыт, Сахабыт сирин сайыннара туруохха!

Арина Стручкова.

Санааҕын суруй