Киир

Киир

Өрөспүүбүлүкэбит соҕотох тэлэбиидэнньэтин көрөөччүлэрэ 2022 сылтан бэттэх оҕоҕо аналлаах сахалыы ойуулуктары (мультиктары)) элбэхтик көрөр буоллулар. Бу – салалта оҕо төрөөбүт тылынан иитиллэр эйгэтин кэҥэтиигэ болҕомто уурбутун бэлиэтэ эрэ буолбакка, маннык уустук хайысхаҕа кэмниэ кэнэҕэс үлэлиэн баҕалаах, кыахтаах уонна таһымнаах исписэлиистэр кэлбиттэрин бэлиэтэ.

Миигин кытта олортон биирдэстэрэ, нуучча омук чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ Таисия Тарабукина сэһэргэһэ олорор. Кини салайар «Мультидитек» (многомерные технологии) тэрилтэтэ биир сыл иһигэр «Саха» НКИХ ханаалыгар хас биирдиитэ элбэхтии түһүмэхтээх 6 сахалыы ойуу киинэни оҥорон туттарда. Сахабыт сиригэр ойуу киинэни оҥорууга маннык таһаарыылаахтык үлэлиир тэрилтэ, арааһа, суоҕа буолуо. Оттон соторутааҕыта Таисия ойуу киинэ оҥорор устуудьуйатын «Ойуулук» диэн сүрэхтээтэ.

Үгүс саха, төрөөбүт тылын атарахсытан, нуучча тылыгар көһө сатыыр кэмигэр Таисия Тарабукина саха тылын сайыннарыыга, оҕо сахалыы иитиллэр эйгэтин кэҥэтиигэ хайыы үйэ тус кылаатын киллэрдэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Онон, кинини кытта арыый чугастык билсиэҕиҥ. Кэпсэтиибит нуучча тылынан барбытын бэлиэтиибин.

– Таисия, төһө да саха эһэлээҕиҥ иһин, киһи эйигин көрөн туран хайдах даҕаны саха хааннаах диэбэт ээ. Этэргэ дылы, көрүҥҥүнэн тоҥ нууччаҕын уонна оттон тылы билбэтиҥ сыттаҕа дии. Бэйэҕин хайа омукпун диигин?

– Кырдьык, ийэм өттүнэн эһэм Намтан төрүттээх Иннокентий Егорович Лукин-Лэгэнтэй Тыын Харбас диэн ааттаах суруйааччы этэ. Биһиги кэккэбититтэн түөрт сыллааҕыта барбыта. Тыыннааҕар эһэбин кытта элбэхтик алтыһарым, олус истиҥ сыһыаннаах этибит. Ииппит аҕам – эмиэ саха, эбиитин олоҥхону сыыппараҕа киллэриинэн бастакынан дьарыктаммыт билим үлэһитэ. Өйбөр-санаабар бу икки чугас киһим дьайыылара баар бөҕө буоллаҕа. Ол эрээри тоҕо эрэ оҕо эрдэхпиттэн тылы үөрэтэрбин ыарырҕатар этим. Онон саха тылын баһылааһын эрдэ кыаллыбатаҕа. Төһө да оннугун иһин, аҥаарым нуучча, аҥаарым саха диэн сананабын.

IMG 0812

Таисия Тарабукина салайыытынан «Саха» НКИХ ханаалыгар анаан оҥоһуллубут ойуулуктар:
 
  • Буукуба эйгэтэ (саха алпаабытын үөрэтэр 6 түһүмэхтээх ойуу киинэ).
  • Билии кинигэтэ (Саха сирин туһунан 5 түһү­мэх­тээх ойуу киинэ).
  • Дуораан уонна Чуо­раан – (киһи күннээҕи олоҕун туһунан 10 түһүмэхтээх ойуу киинэ).
  • Чээлэр-Чээкэлэр (үтүөҕэ үөрэтэр уон тү­һү­мэхтээх ырыалардаах ойуу киинэ).
  • Ахсаан эйгэтэ (ахсааҥҥа үөрэтэр 10 тү­һүмэхтээх ойуу киинэ).
  • Остуоруйа холбуйата (6 түһүмэхтээх ойуу киинэ).
 

– Бу ойуулуктары оҥо­руоҥ иннинэ оҕоҕо аналлаах 3D кинигэлэри таһаарыынан дьарыктаммыт эбиккин. Дьиҥэр, идэҕинэн тыл үөрэх­тээҕэ да, учуутал да буол­батаххын эбээт. Ол эрээри оҕо контенын оҥорууга ис сүрэххиттэн ылсыбыккын. Туохтан саҕаламмытай?

– Оннук, идэбинэн «технарбын». Томскайдааҕы систиэмэлэри салайыы уонна радиоэлектроника университетын (ТУСУР) бүтэрбитим. Ол эрээри оҕо эрдэхпиттэн айар үлэнэн дьарыктаныахпын олус баҕарар этим. Холобура, устудьуоннуу сылдьаммын, киинэни сөбүлүүрүм бэрдиттэн «Киин» киинэ тыйаатырыгар «нон-стоп» диэн саҥа хайысханы киллэрбиттээхпин. Үрдүк үөрэҕи түмүктүүр үлэм эмиэ киинэ тыйаатырыгар сыһыаннаах этэ. «Синема-киин» киинэ тыйаатырыгар эмиэ үлэлии сылдьыбытым. Онон киинэ ырыынагын үчүгэйдик билэбин диэххэ сөп. Кэргэн тахсан, бастакы оҕобун көрөн олорор кэммэр айыах-тутуох санаам өссө күүһүрбүтэ. Аҕам аныгы технологияларынан дьарыктанарбар сүбэлээн, саайт уонна мобильнай сыһыарыылары оҥорор тэрилтэ тэриммитим. Дьэ, онно үлэлээн, араас сакааһы толорон, улаханнык уопутурбутум. Ол эрээри аҥаардас сакаасчыт баҕатынан саайтары, сыһыарыылары оҥорууттан улахан дуоһуйууну ылбатаҕым. Бэйэ киэнин айан таһаарар баҕам батарбатаҕа.

Оччолорго оҕом оскуолаҕа киирэр сааһа этэ, оттон мин күнү быһа үлэбэр сылдьар буоламмын, киниэхэ элбэх болҕомтону кыайан уурбат этим. Эбиитин оҕом биир сиргэ тулуйан олорбот (гиперактивнай) буолан, оскуолаҕа хайдах бэлэмниирбин тобула сатыырым. Быраастар оҕом илиинэн оҥорор дьоҕурун (аччыгый моторикатын) сайыннарарга сүбэлээбиттэрэ. Онтон сиэттэрэн, аныгы оҕо болҕомтотун тардар туох эмэ уратыны оҥорон таһаарарга санаммытым. Биир үтүө күн программистарбар оҕо кырааскалаан баран, онтун төлөпүөн нөҥүө тилиннэрэн көрөр, ол эбэтэр анал сыһыарыылаах кинигэтин оҥоруохха диэн этии киллэрбитим.

Бары сөбүлэһэннэр, толкуйбун «Бичик» кинигэ кыһатыгар кэпсии тиийбитим. Салайааччы Август Егоров, “сэлии туһунан кэпсиир остуоруйа эбитэ буоллар” диэн, баҕа санаатын этэн, суруйааччы Евдокия Иринцеева-Огдону кытта билиһиннэрбитэ. Онуоха кини Саха сирин ирбэт тоҥу үөрэтэр институтугар пробиркаҕа үөскээбит сэлии оҕотун туһунан олус үчүгэй кэпсээн суруйан биэрбитэ. Биллэн турар, кинигэ ойууларын анимацияҕа көһөрөн, төлөпүөн нөҥүө хамсатан көрөр сыһыарыыны балай эмэ уһуннук оҥорбуппут. Ол да буоллар, «Бичиктэр» кинигэни икки тылынан бэлэмнээн, Саҥа дьыл саҕана бүтэрэн, оччолорго олус улахан 7 тыһ. тирээһинэн бэчээттэтэн таһаарбыттара. Сөҕүөхпүт иһин, ону барытын хамаҕатык атыылаан, биһиэхэ бастакы гонорарбытын төлөөбүттэрэ. Уонна, саамай сүрүнэ, оҕом бастакы 3D кинигэбитин олус сөбүлээбитэ – биир сиргэ тулуйан олорбот бэйэтэ дьаныһан туран аахпыта, кырааскалаабыта уонна тилиннэрэн көрбүтэ! Чахчы да, олус үчүгэй ис хоһоонноох, үтүө санаалаах кинигэ этэ. Ити курдук оҕоҕо аналлаах бастакы бырайыакпыт ситиһиилэнэн, сүргэбит олус көтөҕүллүбүтэ. Үлэбитин оннооҕор Канадаҕа олорор биир дойдулаахпыт, кинигэ таһаарааччы, сэҥээрэн, дельфиннэр тустарынан (экологияҕа сыһыаннаах) кинигэҕэ эмиэ ойуулары тилиннэрэр сыһыарыыны сакаастаабыта. Онно эмиэ сыл аҥаарын кэриҥэ үлэлээбиппит. Бу кинигэ, киэҥ эйгэҕэ тахсан биһирэнэн, Канада оскуолаларыгар оҕо хайаан да ааҕыахтаах кинигэлэрин ахсааныгар киирбит этэ.

Мантан кынаттанан, 2016 с. «Мультидитек» диэн тэрилтэ тэринэн, салгыы өссө түөрт ойуу тилиннэрэр сыһыарыылаах кырааскалыыр кинигэни оҥорон таһаарбыппыт. Олор истэригэр, иккис оҕом кыыс буолан, «Северные феи» уонна «Кыыс Куо» (аатын эһэм сүбэлээбитэ) диэн кинигэлэр бааллара. Онтон «Щелкунчигы» уонна интерактивнай (оонньотор, саҥарар) «Буукуба эйгэтин» таһаарбыппыт. Букубаарбыт СӨ Үөрэх министиэристибэтин быһаарыытынан, оҕолору үөрэтэр босуобуйа быһыытынан бигэргэммитэ.

дедушка 1

– Дьэ, кырдьык, аныгы технологиялары сөпкө туһа­нан, кыра оҕо болҕомтотун тардар бэртээхэй кинигэлэри таһаарбыт эбиккит. Аны ойуулуктаргын кэпсээ. Тоҕо сахалыыга ылыстыҥ?

– Бастатан туран, Саха сиригэр олоробут. Дойдубун олус сөбүлүүбүн, кэрэхсиибин. Бэйэбин патриоппун дэнэбин. Онон манна хайдах көлүөнэ улаатан эрэриттэн олус долгуйабын. Ол иһин оҕолору наар кэтээн көрөр идэлээхпин. Төрөппүт сиэр-майгы өттүнэн кыһаллан, киһи быһыытынан ииппит оҕото уонна иитиитэ суох, «потребитель» эрэ буолар чинчилээх оҕо эрдэттэн биллэллэр. Ол иһин оҕолорго сөптөөх эйгэ тэриллиэхтээх, уопсастыба эмиэ кыһаллыахтаах. Өссө, тоҕоостоох түгэн баар буоллаҕына, оҕолортон тугу ааҕалларын, тугу көрөллөрүн билэ сатыыбын. Хомойуох иһин, үгүстэрэ туох да үчүгэйи аахпат, тугу да көрбөт оҕолор буолан биэрэллэр. Онон хайдах көлүөнэ үөскээн иһэрин эрдэттэн сэрэйиэххэ сөп.

Иккис долгуйар түгэним – оҕо төрүт үгэһи уонна култуураны билбэккэ улаатыыта. Бу сыыһа. Уруккуну билбэт киһи инникини сөпкө тутар кыаҕа суох. Киһи кимтэн, хантан төрүттээҕин өйдүөхтээх, омук быһыытынан билиниэхтээх. Ону оҕолорго сөптөөх ойуу киинэлэри элбэхтик оҥорон, кэмигэр көрдөрөн ситиһиэхпитин сөп. Сахабыт сирин ураты устуоруйатын, төрүт омуктарбыт тылларын, үгэстэрин, айылҕабыт кэрэтин, баайын, дьиктитин-дьиибэтин төһө баҕарар ойуу киинэ көмөтүнэн сэргэхтик кэпсиэххэ сөп. Холобура, билигин чороон туһунан ойуулук сценарийын суруйтаран оҥоро сылдьабыт. Мин санаабар, оҕо үксэ чороон диэн тугун билэр эрээри, дьиҥ суолтатын өйдөөбөт. Ол иһин чороону туохха анаан, тугунан уонна ким хайдах оҥорорун остуоруйа ньыматынан кэпсиэхпит. Оччоҕо оҕо ордук өйдүө уонна чугастык ылыныа.

– Салгыы сайдарга, өссө элбэх ойуулугу оҥо­рорго туох тиийбэтий?

– Худуоһунньуктарга уонна аниматордарга олус наадыйабыт. Элбэх худуоһунньугу кытта үлэлээтибит, сорохторун тургутан да көрдүбүт. Ол үрдүнэн тиийбэттэр. Сайдан иһэр буоламмыт, ирдэбилбит эмиэ улаатар. Талааннаах худуоһунньуктар баар бөҕө буоллахтара, ол эрээри үлэҕэ атын хаачыстыба эмиэ суолталаах. Быйыл П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училищены бүтэрбит оҕолор таһымнара үөртэ. Биир кыыһы үлэҕэ ыллыбыт. Өссө иккини ылыах курдукпут. Аниматордары булар өссө уустук. Үчүгэйдэр суохтарын кэриэтэ. Ол иһин үлэһиттэрбин эбии үөрэттэрэргэ кыһаллабын. Соторутааҕыта персонаһы уруһуйдуур кууруһу атыылаһан биэрдим. Ону сэргэ үлэлиир тэрилбитин эмиэ хаҥата сатыыбыт. Кыралаан тиэхиньикэ ылынабыт. Онон судаарыстыба өйөбүлэ биһиэхэ тыын суолталаах. Сылга биирдэ-иккитэ күрэс түмүгүнэн эрэ буолбакка, мэлдьи өйүүр мэхэньиисими толкуйдууллара буоллар. Оччоҕо саха ойуулугун оҥорон таһаарыы күүскэ сайдыах этэ. Холобура, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ этиибитин өйөөн, «Северная мозаика» диэн хотугу төрүт омуктар остуоруйаларынан 6 түһүмэхтээх ойуулуктары оҥоро сылдьабыт. Уонна инники этиллибитин курдук, «Саха» НКИХ кытта дуогабар түһэрсэн күүскэ үлэлээтибит. Бу тэрилтэлэргэ уонна дьиэлээн-уоттаан өрүү тирэх буолар «АйТи-Пааркабыт» салалтатыгар махталбыт улахан.

– Саха тэлэбиидэнньэти­гэр анаан оҥорбут ойуу­лук­таргыт олус үтүө ис хо­һоон­ноохтор, аниматордар үлэлэрин таһыма олус үрдүк. Ютубка киирбит ойуулуктары элбэх киһи көрбүт эбит. Бу барыбытын үөрдэр. Түмүккэ тугу этиэҥ этэй?

о нас

– Оҕолорбутугар төһөнөн элбэх үчүгэй контент оҥоробут да, оччонон кинилэр тастан кэлбиттээҕэр бэйэ киэнин ордорор буолуохтара диэн эрэнэбин. Өйбүтүн-санаабытын онно ууран үлэлиэҕиҥ, айыаҕыҥ-тутуоҕуҥ.

– Таисия, үрдүк соруктаах үлэҥ уонна кэпсээниҥ иһин махтал. Ылсыбыт хайысхаҕын салгыы сайыннаран, оҕолорбутугар өссө да элбэх ойуулугу оҥорон таһаараргар баҕарабын.

Сэһэргэстэ КҮНДЭЛИ.