Киир

Киир

Соҕуруу Кэриэйэҕэ сүрүн идэтийбит харах балыыһата – “Хангиль” офтальмологическай килииникэ – 1985 сыллаахха төрүттэммитэ. Тэриллиэҕиттэн хас да аккредитацияны ааста, үгүс бастыҥ бириэмийэни, наҕарааданы ылла, олохтоох ырыынакка да, тас дойдуларга да үрдүк таһымнааҕын итэҕэттэ.

Logo Hangil

Доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы министиэристибэтэ бастыҥ мэдэссиинэ тэрилтэтин, идэтийбит харах балыыһатын быһыытынан түөрт төгүллээн билиммитэ, маны таһынан тас дойду олохтоохторун тардыыга үрдүк көрдөрүүлээх тэрилтэ диэн сыаналаабыта.

Быраас уопсай ахсаана – 45

Офтальмолог – 37
 
Терапевт – 3
 
Анестезиолог – 2
 
Резидент – 3
Тэрилтэ сүрүн дьиэтэ сир аннынан 10 этээстээх, үөһээ 4 этээстээх.
Уопсай иэнэ – 8,900m2
 
Саҥа куорпуһа сир аннынан 10 этээстээх, үөһээ 4 этээстээх.
Уопсай иэнэ – 6,400m2
 
Тэхиниичэскэй-материальнай база:
амбулаторнай кэбиниэт – 29
диагностикалыыр кэбиниэт – 29
эпэрээссийэлиир хос – 6
87 куойка миэстэлээх 

Сыл аайы 230.000 тахса ыарыһах амбулаторнайдык эмтэнэр.

 

Стационарга сыл аайы 9,490 тахса ыарыһах эмтэнэн доруобуйаларын бөҕөргөтөр.

 2022 с. катарактаны эмтииргэ 6000 тахса эпэрээссийэни оҥорбуттар.

 

Сетчатканы эмтииргэ сылга 1500 тахса эпэрээссийэни ыыталлар.

 
Кэлиҥҥи сылларга тас дойду дьоно Соҕуруу Кэриэйэ мэдэссиинэтин тэрилтэлэрин сэҥээрэллэрэ күүһүрдэ. Бу дойду эмтиир тэрилтэрин сүрүн уратыларынан мэдэссиинэ өҥөтүн үрдүк хаачыстыбалаахтык оҥороллоро уонна сөбүгэр сыаналаахтара буолар. Маны таһынан өссө да үгүс үтүө өрүттээх: үрдүк технологическай тэриллэринэн хааччыллыылаахтар, мэдэссиинэ үөрэҕин кыһаларыгар, 5 сыллаах резидентураҕа үөрэммит, АХШ, Канаада, Дьобуруопа биллэр мэдэссиинэ тэрилтэлэригэр булгуччулаах стажировканы ааспыт киэҥ билиилээх, таһымнаах быраастардаахтар. Омук пациеннара быраастар таһымнаах үлэлэрин сэргэ аһыныгас майгыларын, истиҥ сыһыаннарын уонна орто персонал күннэри-түүннэри өйөбүл-көмө буолалларын олус хайҕыыллар.
 

MedicalKorea BI 기본 

Соҕуруу Кэриэйэ биир саамай бастыҥ офтальмологическай килииникэтэ – “Хангиль” балыыһа – хас биирдии пациеҥҥа олус кыһамньылаахтык сыһыаннаһар, үрдүк хаачыстыбалаах мэдэссиинэ көрүүтүн-истиитин тэрийэр, Кэриэйэҕэ үктэниэхтэриттэн саҕалаан дойдуларыгар көтүөхтэригэр диэри арыаллыыр. 220 көрүҥ үрдүк технологическай мэдэссиинэ тэрилинэн хааччыллыбыт килииникэ Кэриэйэҕэ офтальмология салаатыгар бастакы күөҥҥэ турар.

Арассыыйа олохтоохторугар табыгастааҕа диэн килииникэ Инчхон куоракка (Сеултан омук дойдуларыгар көтүтэр эаропорт) баар. Аэропортан килииникэҕэ диэри 30-40 мүнүүтэнэн айаннаан тиийиэххэ сөп.

“Хангиль” килииникэ 6 идэтийбит кииннээх:

– араас харах ыарыытын, ол иһигэр катарактаны, харах дьэҥкир бүрүөтүн (роговицаны) эмтиир терапия киинэ;
– харах сетчаткатын ыарыыларын эмтиир киин;
– наадалаах бары тэрилинэн хааччыллыбыт глаукоманы эмтиир идэтийбит киин;
– харах үлэтин уонна тас көрүҥүн тупсарар пластическай хирургия киинэ;
– оҕо офтальмологиятын, кылардыы көрүүтүн эмтиир, амблиопия, нейроофтальмология киинэ;
– хараҕы лазерынан коррекциялыыр, “кураанах харах” (“сухой глаз”) киинэ. 

Кииннэр бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса сибээстээхтик хардарыта үлэлиир буоланнар уустук ыарыылары кэлимник көрөн түргэн кэм иһигэр эмтииллэр. “One-Stop Total Care” систиэмэ көмөтүнэн харах ыарыытын бары көрүҥүн биир сиргэ биир күн иһигэр эмтэтиэххэ сөп.

Үрдүк технологиялаах тэриллэри – HRT, OCR сетчатка томографиятын, “Pentacam”, “Visykam” харах туругун быһаарар – туһанан көрөллөр. Бу тэриллэр көмөлөрүнэн, бэл, кырачааннары 6 ыйдарыттан ситиһиилээхтик эмтииллэр.

Толору диагностиканы ааһар буоллаххына, 16 көрүҥ араас анаалыһы туталлар. Балары 2-3 чаас иһигэр ааһаҕын. Килииникэ “биир түннүк” систиэмэнэн үлэлиир буолан элбэх процедураны биир күҥҥэ барар кыахтааххын.  Эпэрээссийэ кэннэ чөлгө түргэнник түһэҕин. Соҕуруу Кэриэйэҕэ харах быраастара араас ыарыыны (ырааҕы, чугаһы таба көрөрү, астигматизмы, харах дьэҥкир бүрүөтүн кэһиллиитин, харах сетчаткатын эбэтэр “хрусталигын”, миопияны, кылардыы көрүүнү, глаукоманы, катарактаны уо.д.а.) ситиһиилээхтик эмтииргэ сэдэх үөрүйэхтэри туһаналлар. Диагноһы туруораллар, сиһилии көрөллөр-истэллэр, суһаллык эмтииллэр. Пластика хирургиятынан эмиэ ситиһиилээхтик дьарыгыраллар.

“Хангиль” килииникэ норуоттар икки ардыларынааҕы отдела тас дойду пациеннарын олус кичэллээхтик көрөллөр-истэллэр. Хас биирдиилэригэр тус сыһыаны олохтуур буоланнар эмтэнии үтүө түмүктээх, үрдүк көрдөрүүлээх буолар, балыыһаҕа бэрт кичэллээхтик көрөн сытыараллар.

сертификат медицинского учреждения привлекающее иностраных пациентов

 Офтальмология норуоттар икки ардыларынааҕы отделын үлэһиттэрэ тас дойдуттан кэлбит пациеннары өйдүүллэр, туох уустуктары көрсөллөрүн, санааларын-оноолорун, туохтан куттаналларын быһаарсарга кыһаллаллар. Ыарахаттары көрсүбэккэ табыгастаахтык, холкутук этэҥҥэ эмтэнэллэрин туһугар кэккэ өҥөнү оҥороллор. Гостиницаҕа эрдэттэн миэстэни уурдараллар, аэропорка киирэн көрсөллөр, трансфер тэрийэллэр, сынньалаҥ хоһунан хааччыйаллар, диагноһу туруортарарга, эмтэнэргэ туспа палаатаны биэрэллэр, иҥэмтэлээх аһынан аһаталлар, ноутбуктары арыандалыыллар.

Маны таһынан отдел тас дойдуларга да, Кэриэйэҕэ да бииргэ үлэлэһэр партнердардаах, үрдүк таһымнаах мэдэссиинэ бырагыраамаларынан толкуйдааһынынан дьарыгырар, олору киэҥ эйгэҕэ тарҕатар, рекламалыыр. Үрдүк таһымнаах идэтийбит харах балыыһата өссө сайдарын туһугар мэлдьи саҥа идиэйэлэри тобуларга үлэлиир.

Килииникэ норуоттар икки ардыларынааҕы киинин координатордара араас омук тылын баһылаабыттар, онон пациеҥҥа араас өрүттээх көмөнү – приемҥа суруйтарыыга, консультацияны ыларга, хараҕы эмтэтэргэ уо.д.а. – ыйан-кэрдэн, сүбэ-ама буолан толору көмөлөһөр кыахтаахтар.

“Хангиль” килииникэни пациеннар хайҕыыллар, эмтиир ньымаларын олус астыналлар. Быраастартан саҕалаан орто персоналга тиийэ үлэһиттэр бары идэлэрин баһылаабыттар, киһи быһыытынан үтүө майгылаахтар. Кинилэр пациеннар сөҕүүлэрин-хайҕалларын, махталларын ылыахтарын ылаллар.

Тас дойдулары  кытта үлэлэһэр отдел:

▪ Tel: +82-32-717-5726
▪ HP: +82-10-9342-0495
▪ Fax: +82-32-503-0801
▪ E-mail: Этот адрес электронной почты защищён от спам-ботов. У вас должен быть включен JavaScript для просмотра.
Кэриэйэ бастыҥ эмтиир киинигэр“Хангиль” килииникэҕэ – чопчу диагноһы туруортара, эмтэтэ барыан баҕалаахтар бу нүөмэргэ билсэн сиһилии билсэргитигэр ыҥырабыт: 8-914-292-07-72.
“Хангиль” офтальмология эһиги доруобуйаҕыт, дьоллоох олоххут туһугар үлэлиир! 
 

Соҕуруу Кэриэйэҕэ диагноһы туруортара, эмтэтэ илдьэллэр

Соҕуруу Кэриэйэ Инчхон куоратын бастыҥ килииньикэлэригэр эмтэнэ, чуолкай диагноһы туруортара барыан баҕалаахтары нобуордуубут. Өҥө араас көрүҥүн оҥоробут:

Incheon medical tourism logo 1

– барыах иннинэ консултаассыйалыыбыт, сүбэлиибит;
– гостиницаҕа миэстэни уурдарабыт, аэпорка көрсөбүт, атаарабыт;
– быраастарга суруйтарабыт, диагноһы туруортарарга, эмтэниини тэрийэргэ көмөлөһөбүт;
– координатордар, тылбаасчыттар өҥөлөрүнэн босхо хааччыйабыт;
– Дьокуускай – Инчхон (Соҕуруу Кэриэйэ) – Дьокуускай толору арыаллыыбыт (ол иһигэр маҕаһыыннары кэрийтэрэбит).

 “Инчхон” аан дойдутааҕы аэропортан килииньикэҕэ диэри 30-40 мүнүүтэнэн айаннаан тиийэллэр. 

“Хангиль” офтальмологическай килииньикэҕэ чуолкай диагноһы туруораллар, харах араас ыарыытын үрдүк таһымнаахтык эмтииллэр. Маны таһынан гостиницаттан аҕыйах хардыылаах сиргэ турар, Инчхон атын бастыҥ килииньикэлэригэр эмиэ көрдөрүнүөххүтүн, уустук ыарыыны эмтэтиэххитин, доруобуйаҕытын чөлүгэр түһэриэххитин сөп.

Бу килииньикэлэргэ көрдөрүммүт, эмтэммит Саха сирин олохтоохторо үллэстибит санааларын (отзывтарын) кытта билсиэххитин сөп.

Сибээстэһэр төл.: 8-914-292-07-72.  

Дьон туһаныаҕа диэн санааттан суруйабын 

Соҕуруу Кэриэйэҕэ эмтэммитин туһунан сонуна сойо илигинэ санаабын үллэстиим. Суруйуубун хаһыат эрэдээксийэлэригэр ыыппытым да, тэрилтэни эрэкэлээмэлээһин диэн, кылгатан бэчээттииргэ сөбүлэһэллэр. Ол иһин дьон туһанныаҕа диэн санааттан сурукпун бассаабынан тарҕатарга быһаарынным. 
 
2017 сыллаахха Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһаҕа  харахпар маннык диагноһы туруорбуттара: глаукома, уустук катаракта. Бу сыл балаҕан ыйыгар эпэрээссийэ оҥоруохтаахтар этэ. Суруйбут хааппылалара туһалаабатаҕа, ыарыы күн-түүн ыга ылан испитэ, хараҕым мэлдьи туманынан бүрүллэрэ, бээтинэлэр көстөллөрө. Барыам иннинэ уонча хардыылаах сиртэн билэр дьонум сирэйдэрин кыайан араарбат буолбутум. Толкуйданан баран уонна билэр дьон сүбэлэринэн “Айыыһыт” (“Ангел хранитель”) аһымал пуонда дириэктэрэ, өрөспүүбүлүкэбитигэр Соҕуруу Кэриэйэ пиирмэтин официальнай бэрэстэбиитэлэ Петр Николаевич Егоров көмө буоларыгар көрдөспүтүм. Кэриэйэҕэ эмтэнэ барыан баҕалаахтар бөлөхтөрүн түргэнник хомуйа охсубута уонна айаммытын тус бэйэтинэн тэрийбитэ.
 

чуҥ чаҥ

Биһиги эмтэммит балыыһабыт “Хангиль” Инчхон куоракка баар, тас дойдуларга сөмөлүөттэри көтүтэр аэропортан ырааҕа суох. Балыыһа уопсайа 14 этээстээх, онтон түөрдэ – сир анныгар. Балыыһа иһигэр кафе, оптика маҕаһыына, сынньанар сирдэр бааллар. Этээс аайы туһунан отделениелардаах. Маҥнайгы этээскэ (манна пациеннар регистрацияны ааһаллар) биһигини нууччалыы саҥарар координатордар Виктория уонна Эльвира көрсүбүттэрэ. Мэдиссиинэ бороссодуураларыгар барыларыгар, ол иһигэр диагностикаҕа, эмтиир быраас приёмугар уонна эпэрээссийэҕэ, арыаллаабыттара.

Көтөн тиийбит күммүтүгэр тута икки быраас көрбүтэ, 2-3 чаас иһигэр харахпытын толору диагностикалаабыттара. Кылгас кэм иһигэр хас биирдиибит хараҕа туохтан ыалдьарын быһаарбыттара, эмтэнэр былааммытын суруйбуттара. Уочарата суох, түргэн кэм иһигэр маннык элбэх бэрэбиэркэни ааһар, бастыҥ быраастарга көрдөрөр туһунан өйбүтүгэр да оҕустарбатахпыт. Нөҥүө күн сарсыардатыгар анаалыһы барытын туттарбытым уонна дьэ эпэрээссийэҕэ бэлэмнээбиттэрэ. Быраастар хат көрбүттэрин, туһааннаах докумуоҥҥа илии баттаабытым кэннэ хаҥас харахпар эпэрээссийэлииргэ туруммуттара. Бэлэмнэнии кэннэ эпэрээссийэ 15 мүнүүтэ барбыта. Пациены эпэрээссийэ кэннэ киллэрэр балааталарыгар босхо сыппытым. Үс күн арытыаллаах харахпар иккиэннэригэр икки эпэрээссийэни оҥорбуттара. Ол кэннэ кэтэбилгэ, көрүүгэ-истиигэ сыппытым, быраас рекомендациялары биэрэрэ.

Диагностика уонна эпэрээссийэҕэ бэлэмнэнии кэмигэр Глаукома килииньикэтин кииинин бэрэпиэссэрэ, быраас Чой Джин Ёнг эпэрээссийэ хайдах барыахтааҕын, ол туох түмүктээх буоларын сиһилии быһаарбыта, баҕа санаабын болҕойон истибитэ. Приём кэннэ бырааска толору эрэммитим. Куттанар, саарбахтыыр санаа төрүт сүппүтэ, ол иһин эпэрээссийэҕэ олус холку туруктаах, түмүгэ хайаан да үчүгэй буоларыгар эрэнэнэн киирбитим. Икки эпэрээссийэм түмүгүн толору астынным. Бары кыһамньытын уурбут хирурбар орто дойду олоҕун, чугас дьоммун чуолкайдык көрөр дьолломмутум, массыынаны хааччаҕа суох ыытар кыахтаммытым иһин махталым муҥура суох.

чуҥ чаҥ2

Биһиги, эмтэнэн кэлбит дьон, Кэриэйэ дойдутун мэдиссиинэтин таһыма үрдүгүн бары олус сөхтүбүт. Бэрэбиэркэ, эмтэнии туох да хааччаҕа суох, хаачыстыбалаахтык, суһаллык ааста.

Хайдах олорбуппут туһунан кылгас суруйуум. Иккиэ буолан Тойоуо-Инн отель икки киһилээх нүөмэригэр түспүппүт. Килииньикэ отели кытта дуогабардаах буолан чэпчэтиилээх сыананан сууккаҕа 1700 солк. төлөөбүппүт. Гостиница олус ырааһа, барыта орун-оннугар, уурбут-туппут курдук этэ. Сарсыарда аһаталлара. Итиэннэ, сүрүнэ, эмтэнэр килииньикэбит аттыгар турара.

Килииньикэ координатордара Виктория уонна Эльвира,  арыаллааччыбыт Петр Николаевич үтүө сыһыаннарын, кичэллээх үлэлэрин, кыһамньыларын түмүгэр Кэриэйэҕэ олус табыгастаахтык эмтэнэн, сыалбытын-сорукпутун толору ситэн кэллибит. 

Түмүкпэр айаммытын тэрийбит, Кэриэйэҕэ чуолкай диагноһы туруортарар, эмтэтэр кыаҕы тосхойбут, пациеннары кытта олус чуолкайдык, болҕомтолоохтук, эппиэтинэстээхтик үлэлиир, Инчхон уонна Сеул куораттарга иллэҥ кэммитин тэрийбит Петр Николаевич Егоровка ис сүрэхтэн тахсар барҕа махталбын тиэрдэбин. Айымньылаах, үтүө үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын!

К.А. Васильев, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, Бүлүү улууһа.
 
Көмөҕө наадыйар, ыйытыылаах буоллаххытына, 8-914-292-07-72 эрийэн сиһилии билсэргитигэр ыҥырабыт.