Киир

Киир

Бүтүн Арассыыйатааҕы “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаата баар буолбута уонча сыл буолла. Кинилэр ылсан дьарыктанар тутаах хайысхаларыттан биирдэстэрэ – Хоту сир усулуобуйатыгар дьахтар уонна оҕо аймах доруобуйата харысхаллаах, көмүскэллээх буолуутун ситиһии. Бу дьоһуннаах үлэҕэ кинилэргэ АЛРОСА хампаанньа төһүү көмө, өйөбүл буолара кэрэхсэбиллээх.

“Бу дьыл балаҕан ыйыгар биһигини СӨ Мэдиссиинэ национальнай киинин репродуктивнай технологияларга отделениетыгар ыҥырбыттара. Онно Москуба куорат “Линия жизни” диэн репродукция киинин акушер-гинеколог бырааһа, мэдиссиинэ билимин хандьыдаата Любовь Ефремова кэлэ сылдьыбыта. Анал репродуктолог идэлээх эмчит оҕолонор кыаҕа суох уонна онно төрүөт буолар ыарыылаах 20 дьахтары икки күн устата ыҥыран көрбүтэ-истибитэ. Ыҥырыллыбыттар бары туһааннаах УЗИ-ны барбыппыт. Ол кэнниттэн Любовь Дмитриевна салгыы хайдах эмтэнэрбитигэр сүбэ-ама биэрбитэ», – диэн биһиэхэ Мария (аата уларыйда) кэпсиир. Кини – “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын көмөтүнэн үрдүк кылаастаах бырааска көрдөрүнэр уонна хамсааһын анал бырайыагын чэрчитинэн ыарыыны кыайар кыахтаммыт кэрэ аҥаардартан биирдэстэрэ.

Биһиэхэ кэпсээбиттэринэн, Любовь Дмитриевна “экстракорпоральное оплодотворение” диэн оҕо кыайан үөскээбэт дьахталларыгар оҥоһуллар эпэрээссийэҕэ сылдьан, билсэн баран, Саха сирин быраастара үрдүк таһымнаах бэлэмнээхтэрин бэлиэтээбит.

photo 2023 10 27 14 16 57

Дьахтар доруобуйатыгар сыһыаннаах бу бырайыак – “Арассыыйа ийэлэрэ” ЯРО маннааҕы салаата толорор дьоһуннаах, дириҥ суолталаах мииссийэтиттэн сыччах биир холобур. Уопсастыбаннай хамсааһын үлэтин-хамнаһын туһунан Саха сиринээҕи “Арассыыйа ийэлэрин” салаатын бэрэссэдээтэлэ Прасковья Петровна Борисова маннык билиһиннэрдэ:

– Саха сиригэр ийэ буолуу уонна оҕо аймах харыстабыллаах, көмүскэллээх буолуутугар, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүргэ, демографияны тупсарыыга сүҥкэн болҕомто ууруллар.  Ол быһыытынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас бырагыраама, бырайыак ылыллан үлэлиир. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ сир учаастага бэриллэр, олорор дьиэтин оҥосторугар, тупсарынарыгар табыгастаах усулуобуйа олохтонор, араас чэпчэтии, субсидия көрүллэр уо.д.а. үлэ барар.

Ийэ буолуу диэн – бочуоттаах, ытык анал (миссия), толору дьолу билии эрэ буолбатах, ону сэргэ улахан эппиэтинэс, үтүмэн үлэ, сыралаах түбүк.  Ол да иһин судаарыстыба ийэ буолууну уонна оҕо аймаҕы араас өттүттэн көмүскүүр, харыстыыр. “Арассыыйа ийэлэрин” Саха сиринээҕи салаата  2014 сыллаахтан баар буолбута, оттон  2017 сылтан биһиги хамсааһыммытыгар АЛРОСА хампаанньа көмөлөһөр буолбута.

Уопсастыбаннай хамсааһын үс сүрүн хайысхаҕа күүскэ ылсан үлэлэһэр. Бастакыта, Хоту сир усулуобуйатыгар дьахталлар уонна оҕолор доруобуйаларын харыстааһын, көмүскэллээх оҥоруу. Иккиһэ, төрөппүтү оҕону иитии, педагогика өттүнэн сырдатыы. Ону тэҥэ ыччаты дьиэ кэргэн олоҕор бэлэмнээн, дьиҥнээх ийэ-аҕа буолар кыахтаах гына иитиллэн тахсарыгар, төрөппүт быһыытынан эппиэтинэстээх буоларыгар көмөлөһүү.

АЛРОСА хампаанньа 2016 сыллаахха көстүбүт 83,59 карааттаах бөдөҥ, ювелирнай алмааска “Матери России” диэн ааты иҥэрбитэ.
Бу манан хампаанньа салалтата иэримэ дьиэни иччилиир, алаһа дьиэни араҥаччылыыр, уопсастыба күүһүн-күдэҕин төрүттүүр Ийэҕэ дириҥ ытыктабылын биллэрдэҕэ.

Идэлэригэр бастыҥнар көмөлөһөллөр

“Чэгиэн ийэ – чэгиэн оҕо” бырайыак иһинэн идэтийиилээх эмп үлэһиттэрэ Саха сирин хоту сытар чиэски нэһилиэктэринэн сылдьан, олохтоохтор доруобуйаларын көрөллөр-истэллэр. Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ үрдүк таһымнаах, киэҥ билиилээх исписэлиистэрэ олохтоохторго мэдиссиинэ өҥөтүн оҥороллор. Ону тэҥэ ийэлэргэ, оҕолорго анаммыт тэрээһиннэри ыыталлар. Бу туһунан Прасковья Петровна кэпсиир:

 – Сыл аайы Дьокуускайга Арассыыйа биллиилээх, сүрүннүүр исписэлиистэрин ыҥыртаан, ыараханнык ыалдьар оҕолорго уонна оҕолоноллоро уустук дьахталларга мэдиссиинэ өҥөтүн оҥорторобут, сүбэ-ама бэрдэрэбит. Ол курдук, нэһилиэктэринэн сырыыга онколог, гастроэнтеролог, маммолог, гинеколог, уролог, аллерголог-иммунолог курдук олус наадалаах быраастар кытталлар.

Прасковья Петровна бэлиэтээбитинэн, бу бырайыак чиэски сытар нэһилиэктэр олохтоохторун ыарыы буулаабытын эрдэттэн быһааран, эмтиир-томтуур, үтүөрдэр соруктаах. Ол туһугар өрөспүүбүлүкэ хоту улуустарыгар чопчу ыарыыларга быһаччы идэтийбит (узкопрофильнай) эмчиттэри миэстэтигэр илдьэн, нэһилиэнньэни көрөллөрүгэр усулуобуйа оҥороллор. Ол түмүгэр эмчиттэр ыарыы саҥа саҕаланан эрдэҕинэ быһааран, кэмигэр эмтээн-томтоон, үгүс киһи доруобуйата тупсар, олоҕо уһуур, ким эрэ олоҕо быыһанар. Ити курдук сыллата хоту нэһилиэктэринэн сырытыннарыыга, эмп үлэһиттэригэр ортотунан 1000-тан тахса киһи, ол иһигэр оҕолор эмиэ, көрдөрүнэллэр.

– Былырыын биһиги Өлөөн эбэҥки национальнай оройуоҥҥа уонна Аллараа Халыма улууһугар сылдьыбыппыт. Тиийбит исписэлиистэргэ 1100-тэн тахса киһи көрдөрбүтэ. Оттон бу ааспыт алтынньыга быраастар бөлөхтөрө куһаҕан суоллаах-иистээх бөһүөлэккэ –  Кэбээйи улууһун  Сэбээн Күөлүгэр – баран кэллилэр.  Бу сырыыга эмчит өҥөтүн 300-тэн тахса киһи туһанна. Кинилэртэн  11 киһини салгыы чинчийиини баралларыгар анаан, Дьокуускайга ыҥырбыттара”,  – диир бэрэссэдээтэл.

photo 2023 10 27 16 03 45

“Чэгиэн ийэ – чэгиэн оҕо” бырайыакка хайдах кыттыбытын туһунан Нам улууһун олохтооҕо Наталья (аата уларыйда):

– Түөспэр куһаҕан искэн тахсыбытын быһааран, Дьокуускайга ыҥыран, уустук эпэрээссийэни ыытан туран, эмтээн-томтоон, чахчыта да, олохпун уһаттылар. Ханна да ыраах бара сатаабакка, төлөбүрдээх эмтэниигэ тиийбэккэ, киин куоракка эпэрээссийэлэнним. Кинилэр көмөлөрүнэн мин курдук салгыы олорор дьолу билбит ыарыһах элбэх буолуохтаах.  Уопсастыбаннай хамсааһын салалтатыгар  көмөлөрүн уонна өйөбүллэрин иһин улаханнык махтанабын.

Прасковья Борисова эппитинэн, Арассыыйаттан билиилээх, сүрүннүүр исписэлиистэр чиэски сытар улуустарга сылдьан, олохтоох эмчиттэргэ араас сэминээр ыыталлар, ыарахан ыарыылаах ийэлэр, оҕолор доруобуйаларын көрөллөр.

Ол курдук, 2020 сыллаахха Арассыыйа сүрүннүүр гастроэнтеролога, мэдиссиинэ билимин дуоктара, Арассыыйа доруобуйа харыстабылын «НМИЦ здоровья детей» ФГАУ гастроэнтерологияҕа отделениетын сэбиэдиссэйэ Андрей Николаевич Сурков гепатология бөлөҕүн кытта кэлэн барбыт.

Прасковья Борисова:

– Андрей Николаевич быардара уонна оһоҕосторо аһааҕырыылаах 15 оҕону көрбүтэ уонна олохтоох эмчиттэргэ кинилэри хайдах салгыы эмтиир туһунан сүбэлэри биэрбитэ. Алта ыарыһаҕы Москубаҕа, “НМИЦ здоровье детей” ФГАУ-га, кини салайар отделениетыгар анал эмтэниигэ ыҥырбыттара. Ону таһынан Андрей Николаевич Саха сиринээҕи кэллиэгэлэригэр сэминээр ыыппыта.

АЛРОСА хампаанньа Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрэр, үлэ миэстэтин таһаарар, сайдыыга туһуламмыт араас бырайыакка көхтөөхтүк кыттар, араас социальнай көҕүлээһини олоххо киллэрэргэ көмөлөһөн, быһаччы кыттар. Оттон ол тэрээһиннэр биирдиилээн дьоҥҥо уонна бүтүн нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар үтүө дьайыылаахтар. АЛРОСА “Арассыыйа ийэлэрэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаата ыытар, тэрийэр үлэтигэр көмөлөһөрө алмаас хампаанньа өрөспүүбүлүкэҕэ оҥорор өҥөтө-туһата киэҥ хабааннааҕын туоһулуур.

– Эмчит идэлээхтэр тиийбэт, суох сирдэрин – өрөспүүбүлүкэ ыраах, чиэски сытар нэһилиэктэрин – ийэлэригэр, бары олохтоохторугар олус наадалаах тэрээһиннэри ыытарга көмөтүн, өйөбүлүн иһин, АЛРОСА хампаанньаҕа махтанабыт. Нэһилиэнньэ өттүттэн үчүгэй сыанабылы ылабыт, оттон саамай сүрүнэ, эмчиттэр дьахтар уонна оҕо ыарыыларын эрдэттэн быһааран эмтииллэрэ, үтүөрдэллэрэ буолар. Бу – сүҥкэн көмө. Тоҕо диэтэххэ, былыр-былыргыттан дьахтар оҕону күн сиригэр көрдөрөр, иитэн-такайан таһаарар кыаҕа – кини  айылҕаттан анала, айылгыта, ытык иэһэ. Урут да, аны да ханнык кэмҥэ олорорбутуттан тутулуга суох, хас биирдии киһиэхэ ийэтэ – олоҕун туллар тутаах, күндү киһитэ. Дьахтар ийэ буоллаҕына, туох баар бастыҥ хаачыстыбата – үтүө санаата, таптала, кыһамньыта – барыта аһыллар, арыллар, – диир Прасковья Петровна.

photo 2023 10 27 14 12 54 1

Андрей Шилов суруйуутун ЛОһУУРА тылбаастаата.

Бүтэһик сонуннар