Киир

Киир

“Центромед” – аныгы технологиялары, саҥа аппарааттары туһанар, киэҥ билиилээх, уопуттаах быраастар үлэлиир килииньикэлэрэ. Дьокуускайга онус сылын хас биирдии киһиэхэ тус сыһыаны олохтоон, кичэйэн көрөн-истэн, сүбэлээн-амалаан үлэлиир, дьон-сэргэ биһирээн эмтэнэр, доруобуйатын тупсарынар сирэ буолла.

Бу килииньикэҕэ киэҥник тарҕаммыт проктология ыарыытын – геморройу – аан дойдуга саамай туһалааҕынан биллибит ньыманан (лазерынан тыктаран – вапоризация) эмтиир буоллулар. Ол туһунан “Центромед” килииньикэҕэ үлэлиир проктолог-быраас, мэдиссиинэ билимин дуоктара, мэдиссиинэ бу салаатыгар отуттан тахса сыл үлэлээбит Александр Васильевич Тобоховы кытта кэпсэттибит.

toboxov 1

– Александр Васильевич, геморрой диэн туох ыарыыный? Ордук кимнээх ыалдьыахтарын сөбүй?

– Судургутук быһаардахха, геморрой диэн көнө оһоҕос тахсан, тымыр үллэн ыарыыга кубулуйуута ааттанар. Киһи туругун лаппа мөлтөтөр ыарыы. Эмтээбэтэххэ, сыл аайы улаатан, бэргээн иһэр. Буулаатар эрэ, сүтэн-оһон хаалбат. Сааһыттан, эр киһи да, дьахтар да буоларыттан тутулуга суох ким баҕарар ыалдьыан сөп. Мөлтөх аһы-үөлү, хамсаммат олоҕу кытта сибээстээх ыарыы. Оһоҕосторун үлэтэ кэһиллиилээх (хойуулара хатар эбэтэр, төттөрүтүн, убуур), ыараханы сүгэр-көтөҕөр үлэлээх дьон ыалдьаллар. Төрөөбүт дьахталларга, варикозтаах дьоҥҥо барыларыгар кэриэтэ баар. Маҥнай соччо биллэримиэн, арай кыратык хааннырыан сөп (геморрой хаана мэлдьи сырдык буолар). Онтон төрдүс кэрдиискэ таҕыста да, кыайан киирбэт, хаан бөлүөхсэн, олус күүскэ ыарытыннарар. Күүскэ ыалдьар кэмигэр эпэрээссийэ оҥоһуллубат. Ыстатыыстыка көрдө­рө­рү­нэн, геморройтан эрэйдэнэр киһи сыл аайы элбии турар.

– “Центромед” килииньикэ үлэ­һиттэрэ, үрдүк технологиялаах лазер аппараатын туһа­нан, киһи до­руо­бу­йатыгар охсуута суох эм­тиир кыахтанныгыт. Бу аппараатынан хайдах эмтиигитий?

– “Центромед” килииньи­кэҕэ геморройу HAL-RAR дезартеризация уонна ЛАЗЕРНАЙ ВАПОРИЗАЦИЯ диэн икки саҥа ньыманы туһанан эмтиибит. Маныаха УЗИ датчиктаах аноскоптаах аныгы прибору туһанабыт. Көнө оһоҕоско датчик киллэрэбит. Лазеры эмсэҕэлээбит тымырга даҕайабыт. Судургутук быһаардахха, ууну оргутан эмтиибит. Лазер аппараата, үрдүк технологиянан оҥоһуллубут буолан, киһи этигэр-сиинигэр туох да суолу-ииһи хаалларбат. Өссө биир уратыта – улахан чэри хаалларбат. Лазерынан эмтэнии улахан ыарыыта суох (тымыры быһан ылыы курдук буолбатах).

Геморройу бэйэ эмтэнэрэ сэрэхтээх, хонтуруола суох эми иһэр ыарыыны өссө уустугурдуон, доруобуйаҕа охсуулаах буолуон сөп. Маннык сибики баар буоллаҕына, бырааска суһаллык көрдөрүҥ диэн сүбэлиибит:
– хойуу уларыйдаҕына (хойдоро, убуура);
– хойуу тахсар сиригэр искэн таҕыстаҕына;
– көнө оһоҕоһуҥ эбэтэр иһиҥ түгэҕэ ыалдьар буоллаҕына;
– хойуу хаанырдаҕына;
үгүстүк гаас тахсар, хойуу чалахайдаах, ириҥэлээх буоллаҕына;
– хойуу тахсар сирэ истэҕинэ.
– Бу эпэрээссийэҕэ хайдах бэлэмнэнэллэрий? Ыарыһах төһө кэминэн чөлүгэр түһэрий?
 

– Маҥнай ыарыһахха диагноз туруорабыт, ыарыыта төһө ырааппытын быһаарабыт. Көнө оһоҕос атын ыарыыларын (искэни, полибы уо.д.а.) туоратабыт. Ирдэнэр анаалыстары барытын ылабыт, анестезиолог-быраас көрөр. Эпэрээссийэ муҥутаан чаас аҥаара барар. Эпэрээссийэ кэннэ туруохха, хаамыахха, ууну иһиэххэ сөп. Хамсанарга-имсэнэргэ хааччах суох. Арай икки нэдиэлэ устата ыараханы көтөҕөрө көҥүллэммэт.

Геморрой, урукку ньымаларынан эмтээтэххэ, 5–6 сылынан иккистээн тахсыан сөп. Онтон лазер (вапоризация) ньыматынан эмтээтэххэ, ыарыы иккистээн көппөт. Бу – аан дойдуга киэҥник тарҕаммыт, үгүстүк туттуллар, саамай көдьүүстээх ньыма.

Эһигини мэдиссиинэ билимин дуоктара, хирург-быраас, 30-тан тахса сыл ыстаастаах үрдүк квалификациялаах колопроктолог-быраас Александр Васильевич Тобохов көрүөҕэ.
 
“Центромед” сыһыарыы нөҥүө онлайн суруйтарыаххытын сөп. 
 
Билсэр төл.: 42-42-22
 
Бассаап: +7(924)765-73-33
 

 Ыарыыны тулуйумаҥ, суһаллык эмтэтэ охсуҥ!

*Төлөбүрдээх матырыйаал 

Бүтэһик сонуннар