Киир

Киир

Бу суруйуу төрөппүттэргэ, учууталларга, иитээччилэргэ, салайааччыларга, урбаанньыттарга, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар эбэтэр тус бэйэҕэ дохуот киллэринэн эрэр киһиэхэ, интэриниэт ситимин туһанан, харчыны оҥоруон баҕалаах эдэр дьоҥҥо туһалаах. Күн сиригэр киһи барыта син биир туох эрэ кыһалҕалаах: харчыга ыктарыы, доруобуйа, сыһыан мөлтөөһүнэ, бэйэни сүтэрии, мунуу-тэнии, санааҕа ылларыы...

Хайдах ипэтиэкэбин сабабын, кирэдьииппин төлүүбүн, оҕобун иитэбин, эттэнэбин-арыыланабын, дьиэбин-уоппун, уубун-хаарбын, ититиибин, интэриниэппин төлүүбүн? Хантан дохуоттанан үлэһиттэрбин хамнастыыбын, нолуокпун төлөһөбүн? Массыына сапыраапката, өрөмүөнэ, уһуйаан, оскуола, араас тэрээһин...

Харчы туохха да тиийбэт, ороскуот үөһэ ороскуот... Онно эбии таптал, сынньалаҥ, дьарык, бэйэҕэ саарбахтааһын, кыбыстыы, сэнэнии, буруйданыы...

Ким манна бэйэтин биллэ? Кими маннык санаалар үүйэ-хаайа туталларый?

twgwjwk

2019 сыллаахха аан дойду миигин утары турбут курдук буолбута. Ылсыбытым табыллыбат, 20-тэн тахса сыл үлэлээн-хамсаан оҥостубут олоҕум 7 мөлүйүөн иэскэ кубулуйан, онтон төлөрүйээри дьиэбин-уоппун, биисинэспин, аппаратурабын олоччу атыылаан, ыһан-тоҕон, оҕобунуун иккиэйэх таһырдьа туран хаалбыппыт. Кутталга киирэн, ытыы сылдьарым. Устунан ыалдьыбытым. Оннук дьэбэрэттэн, ыарахан туруктан 3 сыл иһигэр хайдах таҕыстым? Тугу билэн, хамсанан, олохпун чөлүгэр түһэрдим? Өссө аһара куоһардым?

1. Бэйэбин кытта үлэлэстим. Ис туругум ыһыллыбытын сааһылаатым. Куттал, долгуйуу, кыбыстыы, буруйданыы, хомойуу туругуттан босхолонон, кинилэргэ төннүбэт ньымалары тобуллум.

2. Доруобуйаны эмэ суох чөлүгэр түһэрэр ньыманы буллум. Чэгиэн, чэбдик эрэ турукка үп-харчы кэлэрин өйдөөтүм. Эт-сиин тоҕо ыалдьарын үөрэтэн, төрдө-төбөтө киһи ис нимигэр баарын билэн, ис турукпун кытта үлэлэһэн, элбэх сэниэни бэйэбэр босхолоотум. Хас да сыл сатаан бырахпакка сылдьыбыт табах, арыгы дьаллыгыттан, аһара уойууттан босхолоннум. Улук буолбут куртах, ноор, сөтөл, бүк түһүү, хондуруос, ис уорган ыарыыларын төрдө кутталга, хомойууга, буруйданыыга сытарын билэн, олору өһүлэн, ыраастаан, 3 ый иһигэр сэргэхтик сүүрэ, хаама сылдьар киһи буоллум.

3. Сэниэ киирэр суолларын тобуллум. Сэниэлээх эрэ киһи, толору бэнсииннээх массыына курдук, бэйэтин кыанар, кэлэр-барар кыахтаах. Ол хантан кэлэрий, ханна сүтэрий? Сэниэ 50 утахтаах. Ол утахтары билэн, сааһылаан, көннөрөн, бэйэбэр эниэргийэни киллэрдим. Манна кылгастык тохтуу түһүүм:

  • Сэниэ ситимэ көлүөнэ устун тыл көмөтүнэн бэриллэр да, сарбыллар да. Тыл күүһүн өйдөөбөт, сыыһа-алҕас туттар киһи бэйэтин сайдыытын сабан кэбиһэр, ол төрүөтэ төрөппүт, учуутал, иитээччи, салайааччы (сабыдыаллыыр дьон) оҕо улаатар кэмигэр сыыһа саҥаран сарбыйбыттарын түмүгэр тахсар. “Тыытыма, уур”, “Айа, лахсыйыма”, “Киэр буол”, “Орооһума”, “Ол-бу буолума”, “Ытаама”, “Улахан дьон кэпсэтиитигэр кыттыһыма”, “Харчы – оҕо оонньуура буолбатах”, “Барытыгар эн аҕай буолан”, “Иһит да сууйахтаан”, “Киһиргээмэ”, “Тыытыма, бэйэм оҥоруом”, “Киһи этэрин истибэт, соруйан өһөстө”, “Дьоҥҥо итэҕэйимэ”, “Тойоттор бэйэлэрин эрэ тустарыгар кыһаллаллар”, “Ас барыта буортулаах” уо.д.а. тыллар киһи уйулҕатыгар ытырыык от курдук ыарыылаахтык хатаналлар. Уонна иһиттэн кэрбии, сэниэтин эһэ сылдьаллар. Киһи мэйиитэ, ис уорган курдук, ыраастанар, таһаарар сирэ суох. Ол иһин хас биирдии кытаанах тыл киһиэхэ иҥэн, толкуйугар толкуй, санаатыгар санаа буолан хатылаһа, быһаарыныы ылынарыгар хос саҥа буолан, мэһэйдэһэ сылдьар. Киһи санаатын үүйэр-хаайар 12 хааччах баар. Олортон босхолонноххо, киһи ситиһиитэ үрдүүр, сатабыла элбиир, оҥороро, туттара-хаптара сыыдамсыйар.
  • Киһини тас дьүһүнүнэн одуулааһын. Бу сахаҕа олус тэнийбит. Оҕону кыра эрдэҕиттэн одуулаан иитии: өспөтөн, ньаспатан, кынньатан, чыппатан, таллатан. Саха ойуулуур-дьүһүннүүр тыла олус баай эрээри, төрөппүт бу тыллары туттан, оҕотун кыбыстанньаҥ оҥорор, бэйэтигэр, тас сэбэрэтигэр эрэлин быһар. Кыбыстар киһи дьиэни-уоту, дьиэ кэргэни сатаан тэриммэт, үптээх үлэҕэ киирбэт. Ол кэннэ “баччааҥҥа диэри хайдах ыал буолбакка сылдьаҕын?”, “Тоҕо хамнастаах үлэҕэ киирбэккин?” диэн соһуйаллар.
  • Көлүөнэ, көлүөнэ ханнык кэмҥэ иитиллибититтэн тус-туһунан сыаннастардаах. Сэрии иннинээҕи, кэминээҕи, эрэпириэссийэ кэминээҕи оҕолор “са­ҥа­рыма, истиэнэ кытта кулгаахтаах” диэн кутталга улаатаннар, улаханнык са­ҥа­рары, бэйэни хайҕанары, дьиэ иһи­гэр сыыһаны-алҕаһы таһаарары сөбү­лээ­бэттэрэ, бопсоллоро. Оччолорго киһи аҥаардас биир тылтан сылтаан олоҕуттан матара. Тыыннаах хаалар туһуттан, дьоннорун, оҕолорун харыстаан бопсубуттарын түмүгэр күүһү­лээһин, этиһии-охсуһуу, үөхсүү-кыраһыы, өлөрсүү, бэйэҕэ тиийинии бүтүн аймах, норуот оспот бааһа буолан, билигин даҕаны киһини сайыннарбат чэр буолан сылдьар. Ол алҕаһы өйдөөн, аныгы киһи чэри оһорон, сэниэтин босхолоон, чэпчээн өрө тыынар, саҥаны саҕалыырга бэлэм буолар. Билиҥҥэ дылы бу куттал үгүс киһини хаайан хамсаппакка олордор, сүүрэр-көтөр, кэлэр-барар эдэр саастарын хааччахтыыр.
  • Сэниэ утаҕа оҕо саастан кэлэр. Хас биирдии киһи окко түспүт оҥоһуута, сиргэ кэлбит силигэ үтүмэн сэниэни биэрэр. Ону билээри нумерологияны, бацзыны, фэншуйу, астрологияны үөрэтэбит. Дьиҥэр, киһи уйулҕата туохтан астынара, тугу ордук сонургуура, хайа эйгэҕэ дьоҕурдааҕа оҕо сааһыгар биллэр-көстөр. Хас биирдии оҕо дьоҕурдаах. Ол дьоҕурун таба тайанан, оҕону кэтээн көрөн, киниттэн ыйытан сайыннарар ордук. Бу оҕо улаатан салгыы улахан киһи буолан бэйэтин иитинэригэр бүтүн олоҕо сэниэнэн хааччыллыа. Оҕону иитэргэ инникитин көрөн, инники олоҕор туһанар өттүн уһуйар ордук. Оттон төрөппүт баҕатынан, эппитинэн эбэтэр кими эрэ үтүктэн идэ ылбыт киһи куруук кыһалҕаланар, сэниэтэ суох буолар, эрэйинэн үлэлиир. Сөбүлээбэт үлэтэ буолан, майгыта хаҕыс буолар.

4. Харчы, биисинэс, атыы-эргиэн ис эйгэтин үөрэтэн, ааспыт кэм сыыһа-алҕас өйдөбүллэриттэн босхолоннум. 40 сааспытын ааспыт дьон Сойуус өйдөбүллэригэр улааппыппыт: барыта босхо, үөһэттэн ким эрэ дьаһайарын кэтэһэн олоруу, былааһы мөҕүү, бэйэҕэ эппиэтинэс ылан, туох эрэ уратыны оҥоруу, саҕалааһын көҥүллэммэт, бобуллар, үҥсүллэр-хаҥсыллар. Бу иитии алҕастарын салҕыы оҕолорбутугар “сөп” диэн тириэрдэбит. Билигин ол ытарча курдук хам ыла сылдьыбыт өйдөбүллэри өһүлэн, төрөппүккэ, аймахха, былааска сөрүү сылдьыбакка, эппиэтинэһи бэйэҕэ ылынан, бэйэ олоҕун бэйэ илиитигэр тутан, сыһыаны олохтуурга үөрэнэн, ыпсарыылаахтык кэпсэтэри сатаан дьарыктаах, хамнастаах буолан ииттинэр ордук. Аныгы олоххо интэриниэт, онлайн ситимнэри таба туһанан, барыска тахсарга кыах арылынна. Бастакы мөлүйүөммүн Хаҥалас улууһун Чапаево дэриэбинэтигэр олорон оҥорбутум. Билигин ханна олороргуттан тутулуга суох, интэриниэт көмөтүнэн бэйэҥ өҥөҕөр, табааргар наадыйар туһааннаах дьоҥҥун булар кыахтааххын. Онно биир сүрүнэ: өҥөҕүн кичэйэн, ааккын-суолгун түһэн биэрбэт гына оҥорору ситиһэн дьон кэлэрин быстыбат утах оҥорорун.

5. Саҥаны, үөрэҕи-билиини бэйэҕэ көҥүллэнэн. Үөрэххэ харчыбын кэрэйбэккэ, саҥа идэни баһылаан, саҥа сүүрээн киирэригэр итэҕэйэн, ылынан. Онон бу суруйууну сэҥээрэн аахпыт буоллаххына, эйигин хааччаххыттан босхолонон, бэйэҕэр саҥа идэни арынаргар, олоҕуҥ саҥа кэрдииһин саҕалыыргар ыҥырабын.

twgwjwk4

Хас биирдии киһи кыһалҕата, сааһыттан, идэтиттэн, статуһуттан тутулуга суох киһи бэйэтин ис эйгэтигэр, кэтэх өйүгэр, иҥэриилэригэр, үөрүйэхтэригэр баар. Тас эйгэҕэ тахсар түгэннэри ЭН хайдах сыһыаннаах ылынаргар. Кыйаханан, кыыһыран дуу, ытаан-соҥоон, өлөн-хаалан дуу, албыннаһан-ньымааттаһан дуу, хомойон-хоргутан, үҥсэн-харсан, баай­сан-сууттаһан, кэнниттэн саҥа­ран, үөҕэн, киртитэн дуу, киһилии көнө­тү­нэн кэпсэтэн, бэйэ-бэйэни истиһэн, өйдөһөн, бырастыы гынан, махталынан ылынан дуу.

*Төлөбүрдээх матырыйаал