Киир

Киир

“Кэлэр сылбыт хайдах буолуой?” – диэн, үгүс киһи долгуйар буолуохтаах. Хас сыл аайы “Кыым” хаһыат ааҕааччыларга анаан айылҕалаах дьоммутуттан анаан-минээн кэлэр сылы ыйытан билгэлэтээччи. Бу сырыыга эмиэ кинилэртэн саҥа сыл хайдах буолуоҕун, тугу тосхойуоҕун ыйыталастыбыт.

Юлия НИКОЛЕВА-Намылҕа, Арчы дьиэтин иһинэн үлэлиир “Сандаар” түмсүү салайааччыта, норуот эмчитэ, уйулҕаһыт:

– Кэлэр сыл – чорбохтоох сыл, сорохтор үрдүк сыл дииллэр. 2024 сылга барыта түөрт Ый өлүүтэ, Күн өлүүтэ буолуохтаах. Кулун тутар 25 уонна балаҕан ыйын 18 күнүгэр Ый өлүөхтээх. Онтон Күн өлүүтэ муус устар 8 уонна алтынньы 2 күнүгэр буолуохтаах. Биһиэхэ Айыыһыт сылынан биллэр, киһи аймаҕы, дьиэ кэргэни араҥаччылыыр айылгылаах. Онон санаабытын олус түһэрбэппит. Элбэх ситиһии, уларыйыы күүтэр. Кэлэр сыл хаһаайына албынныыры, бэрт буолары, ньыла түһэри, ордук саныыры, бэрт былдьаһары олох сөбүлээбэт. Онон чиэһинэй буолуу, кырдьыгы этии элбиир буолуохтаах. Үлэһит, сүрэхтээх дьон элбэх ситиһиилэнэр кэриҥнээхтэр, хас да сыллаах акылааты уурар сыл. Онон олорон биэрбэккэ, былаан оҥостон, харса суох киирсэн иһиэххэ наада.

Аан дойдуга күүстээх уларыйыылар буолаары тураллар. Айылҕа иэдээнэ бөҕө, дойдулар икки ардыларыгар сэрии өссө да элбиэх, дьон айманыыта күүһүрүөх курдук. Харчы, ас кэмчитийиитэ, сыана үрдээһинэ лаппа биллиэ. Арассыыйаҕа даҕаны арыынан соппут курдук буолбатах. Быыбарынан сибээстээн, араас киирсии буолуоҕа. Үрдүкү салалтаҕа – уларыйыы-тэлэрийии. Үп-харчы да өттүнэн балаһыанньабыт мөлтөһүөр буолсу, онтубут сааскыттан биллэр чинчилээх. Ол гынан баран тугу эрэ тобулан, сыл иккис аҥаарыгар күлүүс аһыллыах курдук. Арассыыйаҕа икки-үс саҥа министиэристибэ баар буолуоҕа. Путин былааска салгыы олоруо, ол гынан баран, дьэ, наһаа элбэх утарсыыны көрсүө. Кини сылайа быһыытыйар: эмиэ инчэҕэй эттээх, күүрэр ньиэрбэлээх, тыгар хааннаах киһи буоллаҕа. Күһүҥҥүттэн арыый сэниэлэнэн барыа. Онуоха диэри Аҕа баһылыкпытын харыстыахпытын наада.

Украина иирсээнин көрдөхпүнэ, намыраан ыла-ыла, 2024 сыл бүтүөр диэри салҕаныыһы. “Дьэ бүттэ” диэтэхпит аайы эмиэ күөдьүйэн тахса турууһу. Арҕааҥҥылар араас албаһы туттан, син биир куһаҕан сураҕы-садьыгы тарҕата, оҥоро сылдьыыһылар. Ол албастарыгар киирэн биэриэ суохха наада. Таҥнарыахсыт аатырбат наадатыгар сураҕы барытын итэҕэйиэ суохха, уопсайынан, барытыгар сэрэхтээх буолуохха.

Көмүс, уматык сыаната өссө үрдүүр чинчилээх. Урукку курдук дьадаҥылар, баайдар диэн арахсыы бөҕө буолуо. Дьон өйө-санаата уларыйыан наада. Билигин муммут курдук олоробут.

Итэҕэлбитигэр утарыта турсуу бөҕө буолууһу. Ислам итэҕэллээхтэр тахса сатаан, аҕыс айдааны таһаарыыһылар. Биһиэхэ омук кэлиитэ өссө да элбиир чинчилээх. Онон саха дьоно, чуолаан кыргыттарбыт, бэйэ бодолорун тардыналлара ордук этэ. Уопсайынан, омук быһыытынан тылбытын, култуурабытын, итэҕэлбитин тута сылдьыахтаахпыт. Дьон-сэргэ омук кэлиитигэр бэлэм буолуон наада.

Саха сиригэр сэрии толоонугар уолаттарбытын сүтэрбиппититтэн ураты улахан аймалҕан тахсарын көрбөппүн. Тыа хаһаайыстыбата тупсуох курдук. Былааска икки-үс саҥа киһи тахсыыһы. Тэрилтэлэр икки ардыларыгар айдаан тахсыыһы, бэйэ-бэйэлэрин сиэһэ сатыыллар, өйдөспөт быһыы-майгы үөскүүһү.

Сайын сөбүгэр ардахтаах буолуо. Уу кэлэр сиригэр син биир кэлэр. Хара ууттан сэрэниэххэ. Ардахтаах, сииктээх күһүн буолуо, оттон кэлэр кыһын тымныы буолуо. Баһаарбыт эмиэ кыралаан тахсыыһы. Үксэ Илин Эҥээр, Бүлүү улуустарын уонна Кэбээйи диэки тыа умайарын көрөбүн. Айылҕабытын харыстыыр туһунан боппуруос күүскэ турууһу.

Анисия СТАРОСТИНА-Сайыы Кута, уйулҕаһыт, айылҕа­лаах:

– Сыл аайы буоларын курдук, кэлэр сыл хайдах буолара буолла, туох кыһалҕаны, үөрүүнү аҕалар диэн ыйытыы, баҕар-баҕа­рыма, киһи өйүгэр-са­наатыгар охсуллан ааһар. Бу сылга дойдубутун сааҥсыйалаан туора туппуттара. Хата, биһиэхэ, дойдулаах дьоҥҥо, харысхал буолбута бэрт үчүгэйдик биллиэ. Дойдубут ис кыаҕын сайыннаран, атын дойдулартан тутулуга, көмөтө суох, бэйэбит наукабыт, бырамыысыланнаспыт, туризмыт сайдан иһиэ уонна өйөбүллээх буолуо. Аныгы кэм ыарыыларын түргэнник кыайар эмп-томп элбээн иһиэ. Анал байыаннай дьайыы туһунан эттэххэ, тохтотор туһунан кэпсэтии саҕаланарыгар үлэ бөҕө ыытыллыа.

Саха сиригэр күргэ тутуутугар хамсаныы саҕаланыа да, син биир Хотун Эбэбит көҥүл биэрдэҕинэ биирдэ ол оҥоһуллуоҕа. Улахан алгыс түһэриэххэ. Уопсайынан, быйыл уу эйгэтигэр үлэ барыан наада. Халаан уута наһаалыах курдук, сорох сир үллэҥнэс буолуор диэри сиигириэ. Ууттэн сэрэниэххэ. Ууну кытта кэпсэтэ-ипсэтэ, ууну киртиппэккэ, Уукуҥҥа, Күөх Боллоххо, эбэлэр иччилэригэр сүгүрүйэ, көрдөһө, ааттаһа сылдьыахха. Халаан уутун хоруутунан илдьэ барарын курдук.

Харчы чааһыгар кыра үрдэтии баар буолуо. Кэлэр сыл үлэ дьонугар үчүгэй. Харчыны баһан ылыаххытын баҕарар буоллаххытына, куттаммакка, халбаҥнаабакка иннигит диэки баран истэххитинэ, ситиһиини кытта сиэттиһиэххит. Пиэрмэрдэргэ олох үчүгэй кэм кэлэр. Онон иннигит диэки баран иһиҥ. Күүс-сэниэ баар буолуо. Кэлэр уу, салгыны хамсатан, ньэҥир (энергия) бөҕө буолуоххут. Эһигиттэн эрэ тутулуктаах, ол ньэҥири хайдах туттаргыт. Ытырыктата, кыыһыра, ким да көмөлөспөт дии сылдьаргыт дуу, сырдык санааҕытыгар куустаран, үтүөнү үксэтэн, иннигит диэки баран иһэргит дуу. Кэлэр сылы бигэ санаалаах көрсүҥ! Айыыһыккыт аргыстастын! Алгыһын анаатын! Туску!

Клавдия КЮНДЯЙЦЕВА, Дьокуускайга олорор көр­бүөччү:

– Кэлэр сылга харчы сыы­йа-баайа уларыйыа. Нэһи­лиэн­ньэҕэ биллэрбэккэ, соһуччу ула­рытыахтара. Онно бэлэмнэнии бара турар. Бааҥҥа уурунуулаах дьон харчылара таах хаалар чинчилээх. Онон, уурунуулаах дьон, харчыгытын ылан хамсаабат баайга-дуолга кубулутаргыт ордук. Сыана кыыл барар. Онон, кыаллар буолла­ҕына, дьиэтэ-уота суох дьон, кытаатан, саатар, ипэтиэкэнэн атыылаһа охсуоххутун наада. Кэлэр сылга дьиэ сыаната тиэрэ баран түһүөххүтүгэр диэри омуннаахтык үрдүөҕэ.

Кытайтан элбэх ас-үөл киириэ. Кытайдар түгэни мүччү туппаттар, кинилэр биһиги доруобуйабытыгар наадыйбаттар. Ол-бу синтиэтикэни, сымыйаны, албыны булкуйбут астарын, бородуукталарын куду анньыахтара. Онон төрүт аспытын астанан, ынах-сылгы, көтөр ииттэн аһаабыппыт быдан ордук. Бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын күүскэ сайыннарыахха. Хомойуох иһин, бэйэбитигэр даҕаны харчыга хараҥарбыт дьоммут дьиҥнээх үүт оннугар бороһуогу булкуйан, дьиҥ сир аһын оннугар кисиэли оҥорон атыылыыллар.

Дьиҥэ, сэрии урут-уруккуттан атын тас дойдуларга буола турар ээ. Оттон бу бэйэбитигэр тиийэн кэлбитин кэннэ, дьэ, биирдэ “бабат” диэтибит. Хомойуох иһин, бу аан дойдуну аймаабыт сэриибит, үбү-харчыны хамсатар биисинэскэ кубулуйда. Мантан кимнээх эрэ байаллар-тайаллар. Сэбилэниилээх иирсээн кэлэр сылга тохтуур чинчитэ суох. Дьон ньиэрбэтин күүрдэн, дьон хаанын иһэн, син биир кыралаан күөдьүйэ туруо. Харчылаһар туһугар уоруйах буолбатах эрээри уоруйах, сымыйаччы буолбатах эрээри сымыйаччы дьон элбиир чинчилээх.

Сахам дьоно, сырдык өйдөөх, үтүө дууһалаах, күүстээх санаалаах, бигэ тирэхтээх буолуҥ. Олохпут төһө даҕаны уустук буоллар, онтон санааҕытын төрүт түһэримэҥ. Хас биирдии киһи бэйэтин күрүөтүн-хаһаатын оҥостуохтаах, доруобуйатын абырахтана, суолун мэлдьи ыраастана, сиир аһылыгын көрүнэ сылдьыахтаах. Кэлии аһылыгынан үлүһүйбэккэ, төрүт аскытын аһааҥ.

Игнат БЕРЕЖНЕВ-Кынат Ойуун:

– Арассыыйа быыбарын кэнниттэн Путин бэрэсидьиэннии сылдьара көстөр. Ол аата, “кыайар” диэн. Ол кыайар кэмигэр сэрии тохтообут курдук буолуоҕа, дьон уос­куйуо. Ол кэннэ Дьобуруопа саба түһэн, эмиэ улахан иирсээн сал­ҕа­ныа. Тоҕо ала-чуо, Дьобуруопа диэтэргит, элбэх омук Арассыыйаны утары турбут холбоһуга көстөр. Манна Арассыыйа, элбэх сүтүктээх, ол эрээри кыайыылаах тахсыа.

Инникини эмиэ көр­дөрбүттэрэ. Онно көс­төрүнэн, тимир суол Хаптаҕай диэкинэн эргийэн, өрүһү нөҥүөлээн Дьокуускайга тиийэр. Саха сириттэн сир баайын хостуурга күүстээх үлэ барыа, көмүһү, тимири толору таһыахтара.

Билигин Арассыыйа Кытайы кытары бииргэ курдук эрээри, ол доҕордоспута буолбут албын сыһыаннара кэлин тиэрэ эргийиэн сөп. Дьэ, оччоҕо тыҥааһыннаах балаһыанньа буолуо.

Афанасий ПАВЛОВ-Күн­дүмэн, көрбүөччү, түүл­дьүт, парапсихолог. Саха си­ринээҕи “Битва экстрасенсов” бырайыак финалиһа:

– Дорооболоруҥ, бар дьо­нум. Тус көрүүлэрбин үллэс­тэргэ сананным. Кэлэр 2024 сыл саха халандаарынан – Айыыһыт сыла. Бу сылга элбэх уларыйыы күүтэр. Бары да билэргит курдук, дойду үрдүнэн соччо бэрдэ суох балаһыанньа бүрүүкээн турар. Анал байыаннай дьайыы хаһан бүтэрин элбэх киһи туоһулаһар. Мин көрүүбүнэн, бу дьайыы кэлэр сылга салҕанар. Маннык ыарахан түгэҥҥэ сахалар бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн, харыстаһан, биир сомоҕо курдук буолан сырыттахпытына эрэ, аҕыйах сүтүктээх тахсыахпыт. Киһиэхэ кыра да наада, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолат­тарбытыгар күүс-көмө буолуоҕуҥ. Биир хайысханы тутустахпытына, биһиги кыайыылаах тахсыахпыт.

Кэнники сылларга айылҕа араас дьайыыта тахсыталыыр. Холобура, иллэрээ сыл бүтүн Саха сирин үрдүнэн улахан баһаар турбута. Былырыын эмиэ кыралаан баара. Уопсайынан, баһаар тоҕо элбээтэ? Кэнники сылларга айылҕаҕа сынньаныы, туризм олус элбээтэ. Дьон-сэргэ, эдэр дьон сиэри таһынан сылдьаллар, айдаараллар, аһыы утаҕы иһээччи да элбэх. Маннык “сынньаныыны” бобуохха диэбэппин эрээри, айылҕаҕа сынньанар киһи сиэрдээх соҕустук туттан-хаптан, өйдөөн-төйдөөн сылдьыан наада. Сиэри-туому тутуһан, сир иччитин аһатан, көрдөһөн, алы гынан, хомунан-иминэн.

Халаан уута эмиэ өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх хоромньуну аҕалар. Урукку сылларга холоотоххо, быйыл хаарбыт быдан чараас. Онон эһиил улахан халаан уута кэлэрин көрбөппүн.

Кэлэр сыл сайыныгар улахан ардаҕы көрбөппүн. Сайын саҕаланыыта бириэмэтигэр үчүгэйдик ардаа­таҕына, өлгөм үүнүүлээх буолуо, сир аһа эмиэ силигилии үүнүөҕэ.

Кэлэр сылга харчы боппуруоһа кытаатыа, сыана туохха барытыгар лаппа үрдүө. Билиҥҥи үйэ хардыытынан, элбэхтик үлэлиир киһи харчыланар кэмэ. Уопсайынан, үлэни өрө тутар киһи үчүгэйдик олоруо.

Балаһаны бэлэмнээтэ Туйаара СИККИЭР.