Киир

Киир

Сөрүүн салгын сайа охсон күһүммүт тыына биллэн эрэр. Сотору эмиэ кыдаан кыһыммыт көп хаарын үллэктээн тиийэн кэлиэ турдаҕа. Саха дьоно таҥаспытын-саппытын бэрийэн, кыһыҥҥыга бэлэмнэнэр үгэстээхпит. Кыстык хаар түһэрин күүппэккэ кыах баарынан эрдэттэн дьаһаммыт ордук. Оннук гынан бириэмэни да, үбү-харчыны да сүүйэҕин.

Ааҕааччыларбытыгар анаан кэминэн мэктиэлэммит бастыҥ хаачыстыбалаах “Ичигэс” унтуу маҕаһыынын сырдатабыт. Саха сиригэр бородууксуйаны оҥорон таһаарар ырыынакка эрэллээхтик киирбитэ 20-тэн тахса сыл буолла. Онон, унтууну тигэн-атыылаан саҕалаабыт тэрилтэлэртэн биирдэстэринэн буолар. Маҕаһыын унтуулара уурбут-туппут курдук тупсаҕай быһыыларынан, киһи сөҕө-таптыы көрөр кэрэ көстүүлэринэн, кырасыабай билэлэринэн уратылаахтар. Итиэннэ, саамай сүрүнэ, Саха сирин биллэр уран тарбахтаах маастардарыгар сакаастаан тиктэрэр буоланнар, бигэ хаачыстыбалаахтар.

“Ичигэс” унтууларын анаан-минээн токкоолоһон ыйыталаһарга сорунан, тэрилтэ салайааччыта Лола Андреевна Герасимованы кытта кэпсэттибит. Кыһыммыт чугаһаата, дьэ, онон сэҥээрэн ааҕыаҕыҥ!

– Лола Андреевна, эһиги унтууларгытын хаачыстыбалаахтар диэн  үгүстүк билиэтииллэр. Хайдах тигэҕитий? Барыта илии үлэтэ буоллаҕа?

Унтууга тыс улахан суолталаах. Кэлии тыһы сүүмэрдээн, саамай үчүгэйдэрин талан сакаастаан ылабыт. Иистэнньэҥ маастардарбыт бары сүүрбэччэ-отучча сыл илиилэрин иннэлээх саптан араарбатах улахан уопуттаах, талааннаах дьон. Сорохтор 8 тыһы туһанар эбит буоллахтарына, биһиги собуонньуга суох уон тыһы туттабыт.

Унтууну ГОСТ ыстандаарка олоҕуран, аныгы технологияны тутуһан уонна өбүгэлэрбит төрүт үгэстэрин, үөрүйэхтэрин учуоттаан барытыгар натуральнай матырыйаалы туһанан тигэбит. Унтуу биэтэһигэр “Хара шинель” диэн саамай халыҥ натуральнай сукунаны атыылаһабыт. Киһи атаҕа сиигирбэт, сылааһы бэркэ тутар. Уллуҥар натуральнай буойлагы сакаастыыбыт. Уллаттарарбытыгар бастыҥ маастардары талабыт, барыта эмиэ илии үлэтэ буолар. 5-6 сыл улларбакка кэтиэххэ сөп. Кичэллээхтик кэтэр дьон 7-8 сыл кэтэллэрин билэбин. Унтуу уһун, кылгас буолара тыстан тутулуктаах. Биһиги унтууларбытын уһун гына сатыыбыт. Төһөнөн уһун да, оччонон көстүүлээх, ичигэс буолар.

Маҕаһыыммытыгар дьахтар, эр киһи унтууларын атыылыыбыт. Оҕо киэнэ, көрүҥэ олус элбэҕэ суох да буоллар, атыыга эмиэ баар, сөптөөҕү талан ылыахха сөп. Бэйэ оҥорон таһаарар буойлак тилэхтээх, замша кыһыҥҥы атах таҥаһын дьон сөбүлээн атыылаһар, кэтэр буолла. Маҕаһыыммытыгар олор араас көрүҥнэрэ бааллар.

– Кэлии тыстар олохтоох таба тыһыттан уратылаахтар дуо?

– Тоҕо олохтоох таба тыһын туһаммаппытый диэтэххэ, бастатан туран, Саха сиригэр таба олус аҕыйаата. Иккиһинэн, маннааҕы табалар тыстара сырдык буолар. Дьон үксэ хара тыстаах унтууну сөбүлүүр. Хараҥа табалар Ямалга, арыый хараҥа, күрэҥнийэр өҥнөөхтөр Мурманскай диэки бааллар. Өлөөн табалара – сырдыктар. Урут дьон син атыылаһар буолан Өлөөнтөн үлэһэн сакаастыыр этибит.

Саха сиригэр унтуу тигэн атыылыыр улахан да, дьоҕус да тэрилтэлэр бары кэриэтэ кэлии тыстары сакаастаан ылабыт.

– Унтуу киэргэлэ – кэрэ билэтэ. Эһиги унтууларгыт билэлэрэ олус кэрэлэр, оһуордара-мандардара уратылар. Илиинэн тиһэҕит дуо?

– Кыыс оҕо, дьахтар айылҕаттан аналынан кэрэни сөбүлүүр, кэрэҕэ тардыһар. Ол иһин унтууларбыт хаачыстыбалаах, ичигэс буолалларын таһынан көстүүтүгэр ураты болҕомтобутун уурабыт. Билэ унтууну чахчы олус киэргэтэр. Маастарбыт анал идэлээх, оҕуруо үлэтигэр олус талааннаах кыыс. Оһуорун-мандарын бэйэтэ наардыыр, өҥүн-дьүһүнүн табатык дьүөрэлиир. Үс хос анал сабынан тигэр, инньэ гынан быстан хаалбат, бөҕө-таҕа. Өссө кэрэтийэн көһүннүн диэн чешскэй, сваровскай оҕуруолары туттабыт. Биһиги билэлэрбит ханна да суох эксклюзивнай, илии үлэлэрэ буолаллар. Унтуу билэтин харыстыырга хаачыстыбалаах нуорка кутуруктарын сакаастаан ылабыт.

Илиинэн тигиллэр билэлэр үлэлээх буоланнар сыаналара эмиэ ботуччу. Арыый удамыр буоллуннар диэн масыыҥканан тигиллибит, ону тэҥэ Кытайтан сакаастаабыт билэлэрбитин киллэрэн, унтуулары эмиэ тигэн атыыга таһаарабыт.

– Ааҕааччыларбыт кэтэһэр ыйытыылара буолуохтаах. Сыанаҕыт хайдаҕый?

– Унтуу сыаната сүрүннээн билэтиттэн уонна кээмэйиттэн тутулуктаах. Аны туран билигин табаларбыт кыралар, улахан тыһы судургутук булбаккын. Тыс, оҕуруо, буойлак, сукуна, нуорка кутуруга, уопсайынан, туттар матырыйаалбыт барыта ыараата. Ол иһин, баҕарбатахпыт да иһин, унтуу сыаната үрдүү турар. Ортотунан 35-75 тыһ. солк. атыылаабыт. Ким хайдаҕы баҕарарыттан, төһөнү уйунарыттан көрөн сөптөөҕү талан ылыан сөп.

Сахабыт сирин олохтоохторугар анаан аахсыйа биллэрдибит: уу харчынан эбэтэр мобильнай баанынан төлөһөр буоллаххытына, унтуу көрүҥүттэн көрөн 5-8 тыһ. солк. диэри чэпчэтиини оҥоробут. Нэдиэлэ аайы саҥа унтуулар атыыга тахса тураллар. Маастардарбыт сылы эргиччи тохтообокко үлэлииллэр, ордук сайыҥҥы кэмҥэ таларга көрүҥ элбэх. Кыһын атыыга таҕыстар эрэ бүтэ турар. Онон, билигин атыыласпыт быдан табыгастаах уонна үпкэ-харчыга экэниэмийэлээх буолар. 

Бу эйгэҕэ мин 20-тэн тахса сыл утумнаахтык үлэлээн кэллим. Онон, Саха сирин тыйыс кыһыныгар сөп түбэһэр хаачыстыбалаах унтууну хайдах тигэри үчүгэйдик биллим. Үлэбэр тутуһар сүрүн ирдэбилим – хаачыстыба. Ол туһугар, бастатан туран, маастардарга улахан болҕомтобун уурабын. Уопуттаах маастар үлэтэ төрүт атын таһымнаах буолар. Чахчы хаачыстыбалаах үлэни туттарыа диэн эрэммит маастардарбын эрэ кытта үлэлэһэбин. Иккиһинэн, сукунаттан саҕалаан оҕуруоҕа тиийэ натуральнай матырыйааллары туттабыт. Натуральнай матырыйаал быдан ичигэс, киһини этин-сиинин тыыннарар уонна уһун үйэлээх, бөҕө-таҕа буолар.

IMG 2716

Күндү ааҕааччылар, “Ичигэс” маҕаһыын кэрэ унтууларын кэтэн томороон тымныылары ичигэстик туорааҥ. 

Аадырыстара: “Якутяночка” атыы-эргиэн дьиэтэ (Рыдзинскай уул., 24), 2-с этээс, 18-с павильон.

           

           

 

Бүтэһик сонуннар