Аныгы кэмҥэ үгүс ыал оҕо кыайан үөскээбэт кыһалҕатын көрсөр. Бу төрүөтэ хайдах элбэҕин курдук, быһаарыыта уонна эмтэнэр ньымата эмиэ олус киэҥ буолар. Дьахтар уонна эр киһи төрүүр-ууһуур уорганнарын эмтээһин уонна оҕону «пробиркаттан» үөскэтэр ЭКО (экстракорпоральное оплодотворение) диэн аныгы ньыма туһунан отуттан тахса сыл ыстаастаах үрдүк категориялаах акушер-гинеколог, РФ доруобуйа харыстабылын туйгуна, “ВитаПлюс” чэбдигирдэр киин салайааччыта Варвара ВОРОНЦОВАЛЫЫН кэпсэттибит.
– Варвара Александровна, оҕо үөскээбэт төрүөтүн быһаарыынан уонна эмтээһининэн хаһааҥҥыттан дьарыктаммыккыный?
– Акушер-гинеколог буолар санаа миэхэ өссө устудьуоннуу сырыттахпына киирбитэ. Онно дьахтар төрүүрүн аан маҥнай көрбүтүм. Кыайан тахсыбакка эрэйдэммит оҕону оройуттан ытарчанан тутан тардыбыттарыгар наһаа да аһыммытым. Күн сиригэр саҥа киһи кэлэригэр көмөлөһөр күүстээх баҕа итинник үөскээбитэ.
1986 cыллаахха интернатураны бүтэрэн бараммын, биир сыл оройуоҥҥа, ол кэннэ 2 №-дээх поликлиникаҕа үлэлээбитим. Онтон 1992 c. 1 №-дээх поликлиника иһинэн тэриллибит «Брак и семья» кииҥҥэ үлэлээбитим. Оччолорго бу Киин оҕо үөскээбэт кыһалҕатын быһаарар соҕотох тэрилтэ этэ. Онон, СӨ Мэдиссиинэ национальнай киинин гинекологияҕа уонна акушерствоҕа сыһыаннаах салаатын тэрийиини биһиэхэ сүктэрбиттэрэ. Ол курдук, сэбиэдиссэйим – дьахтар консультациятыгар, мин эмбриология уонна репродукция лабораторияларыгар олук уурбуппут.
Билигин санаатахпына, наһаа да хорсун эбиппит. Јссө сиэмэни буоһатыыга Килиэккэ баана диэни тэрийээри гыммыппыт. Онтубут кыайтарбатаҕа. Оччолорго бу хайысха, уопсайынан, Арассыыйаҕа да сайда илик буоллаҕа. Холобур, мин Москубаҕа Арассыыйа үрдүнэн ЭКО ньыматынан оҕону үөскэтэр үлэһиттэри бэлэмниир уонна лиссиэнсийэ биэрэр соҕотох тэрилтэҕэ – РФ Доруобуйатын харыстабылын «Академик В.И.Кулаков аатынан Акушерствоны, гинекологияны уонна перинатологияны чинчийэр национальнай мэдисиинэ киинигэр» – стажировканы 1995 c. саҥардыы ааспытым.
Төһө даҕаны Саха сиригэр оҕо үөскээбэт буолуутун эмтиир саҥа салаа тэриллиитигэр үлэлэспитим иһин, Мэдиссиинэ киинигэр үлэлии барбатаҕым. Ол курдук, 1997 c. Саха сиринээҕи научнай киин балыыһатыгар дьахтар консультациятын сэбиэдиссэйинэн үлэлии киирбитим. Манна 2011 cылга диэри салайааччы быһыытынан буспутум-хаппытым, дьону кытта үлэлииргэ улахан уопуту ылбытым. Онон, оччотооҕу салайааччыларбар Виктория Смоленскаяҕа уонна Людмила Кривогорницынаҕа билигин махтана саныыбын.
– Чааһынай практикаҕа туох санааттан көспүккүнүй?
– Дьахтар консультациятыттан ыла алтыһар киһилээх этим. Кини миигин 2008 сылтан саҕалаан “чааһынай килииньикэ тэриниэххэ” диэн үс сылы быһа хаайбыта. Бэйэм тус суолбун тэлэр бүөмчү санаалаах буоламмын, кэмниэ-кэнэҕэс сөбүлэспитим. Ол түмүгэр, «Центромед» диэн килииньикэни тэрийбиппит. Билигин даҕаны ситиһиилээхтик үлэлии турар. Дьэ, онно үлэлии сырыттахпына, 2012 c. миигин Новосибирскай куоракка Аан дойдутааҕы репродуктивнай технологияларга (ЭКО), генетикаҕа уонна оҕону төрөтүүгэ «Авиценна» киинигэр ыыппыттара. Онно тиийиэхпиттэн ыла, бу Киини кытта дуогабар түһэрсэн, таһаарыылаахтык үлэлээн 129 ыалга оҕолонор дьолу биэрбиппит.
– Оҕо үөскээбэт кыһалҕатыгар уонна ЭКО ньыматынан оҕолонууга дьон сыһыана хайдаҕый?
– Сэбиэскэй кэмҥэ ыаллар оҕо үөскээбэтиттэн, бырааска тиийэн көрдөрүнэртэн олус кыбыстар, ону дьонтон кистиир эбит буоллахтарына, “билигин сыһыан уларыйда” диэххэ сөп. Ол эрээри, билигин даҕаны нэһилиэнньэ бу хайысхаҕа билиитэ-көрүүтэ тиийбэт. Чуолаан, ханна, хайдах эмтэнэри, тугу гынары билбэккэ, саарбахтаан, кэтэмэҕэйдээн сылдьан хаалаллар, эмтэнэр күннэрин-дьылларын куоттаран кэбиһэллэр. Кыһалҕалаахтар үгүстэрэ дьахтар консультациятын нөҥүө квота ыланнар, Мэдисиинэ национальнай киинигэр ЭКО ньыматынан оҕо үөскэтиигэ уочаракка тураллар. Ол, дьиҥинэн, сөп эрээри, ситэтэ суох. Дьиҥэр, онно таһымнаах эмтэниини, бэлэмнэниини ааспыт киһи тиийиэхтээх.
– Оҕо үөскээбэт буолуутун сүрүн төрүөттэрэ ханныктарый?
– Төрүөт олус элбэх. Тыйыс кыһыннаах сиргэ олорор буоламмыт, үксүгэр төрүүр-ууһуур уорганнара тымныйан уустуктары көрсөллөр. Бу дьахтарга да, эр киһиэхэ да элбэхтик көстөр. Иккис төрүөт: сэрэҕэ суох хоонньоһууттан сыстыганнаах ыарыыга хаптарыы уонна эмтэммэккэ сылдьыы. Төрүкү кыһалҕалаахтар эмиэ бааллар. Холобур, ситэ сайдыбатах маткалаах, яичниктаах кыргыттар, ситэ сайдыбатах сымыыттаах уолаттар баар буолаллар.
Ол иһин оҕолору эрдэттэн көрдөрөр, кэтээн көрөр наада. Сороҕор уолаттар сымыыттара аллара түспэккэ хаалар, оччоҕо сымыыт үөһэ сылдьан, үрдүк тэмпэрэтиирэттэн сперманы оҥорон таһаарар дьоҕурун сүтэрэр. Ол да иһин, ону билэр эр дьон, хоонньоһуохтарын иннинэ, итии паардаах баанньыкка сылдьан оҕо үөскүүрүн сэрэтэр ньыма оҥостоллор.
Өссө паротит (свинка) диэн ыарыы эмиэ төрүөт буолуон сөп. Ол иһин паротиты утары быһыы ылыта – булгуччулаах. Уопсайынан, эр киһи оҕо үөскэтэр кыаҕа суоҕун биллэҕинэ, ону олус ыараханнык ылынар. Онон, уол оҕо төрүүр-ууһуур уоргана этэҥҥэ буоларыгар кыратыттан ыла болҕомто ууруллуохтаах.
Сороҕор «зоб» диэн хааҥҥа йод тиийбэтиттэн үөскүүр ыарыы төрүөт буолар. Уопсайынан, ийэҕэ ханнык эмэ микроэлемент тиийбэт буоллаҕына, ол оҕотугар эмиэ бэриллэр кутталлаах. Зоб үөскүүр өссө биир төрүөтэ – тимир бэссэстибэтэ тиийбэт анемията.
– Кэргэнниилэр оҕо үөскээбэт кыһалҕатын бырааска хаһан этиэхтээхтэрий?
– Кэргэнниилэр биир сылтан ордук бииргэ олороллорун, тугунан да харыстаммакка хоонньоһоллорун үрдүнэн оҕо үөскээбэтэх буоллаҕына, толкуйданаллара уонна уталыппакка бырааска тиийэллэрэ ордук. Төһөнөн эрдэ тиийэллэр да – оччонон үчүгэй. Баҕар, кинилэргэ адьас кыра көмө ирдэнэрэ эбэтэр төттөрүтүн улахан кыһалҕа баара буолуо.
Кэргэнниилэр иккиэн тиийэллэрэ ордук. Тоҕо диэтэххэ, онно эр киһи эмиэ интэриэстээх буолуохтаах. Кини “спермограмма” диэн анаалыһы хайаан да туттарыахтаах. Кыра кэһиллиилээх буоллаҕына, ону гирудотерапиянан (“ынах тылынан” эмтээһин) көннөрүөххэ сөп. Уопсайынан, ити ньыма эр киһи дьахтары таптыыр уонна оҕону үөскэтэр күүһүгэр олус үчүгэй дьайыылаах. Тоҕо диэтэххэ, эр киһи ууһатар уоргана бүтүннүү тымыртан турар буолан, туруга хаан эргиирэ тупсарыттан олус улахан тутулуктаах.
Биһиги, холобур, уонча сылы быһа урологтарга наһаа элбэх харчыны төлөөн эмтэнэ сатаан баран, үтүөрбэтэх киһини үтүөрдэн турабыт.
– Поликлиникаҕа эмтэнии уонна эһиэхэ эмтэнии туох уратылаахтарый?
– Поликлиникаҕа эмтэнии ОМС (булгуччулаах мэдисиинэ страховката) былааныттан тахсыбат. Ол эбэтэр, поликлиника бырааһа итиннэ киирбэт анаалыстары уонна дьайыылары кыайан анаабат. Оттон биһиги оҕону ситиһиилээхтик үөскэтиигэ чахчы ирдэнэр уустук анаалыстары аныыбыт, эмтээһин бары көрүҥнэрин толору туһанабыт, чахчы туһалыыр битэмииннэри аныыбыт.
Аны туран, хас эмэ тыһыынчанан нэһилиэнньэни көрөр-истэр поликлиника барыларын тиһэҕэр диэри толору эмтиир кыаҕа суох. Оттон Мэдисиинэ киинигэр ЭКО ньыматынан оҕону үөскэтиигэ үчүгэйдик эмтэммит, бэлэмнэммит пациент тиийиэхтээх. Оҕолонуон баҕалаах дьон, үксүгэр бэлэмэ суох буоланнар, соруктарын ситиспэккэ хаалаллар.
Сөпкө эмтэнии, бэлэмнэнии түмүгэр, ЭКО ньыматыгар тиийбэккэ, кыһалҕаларын быһаарбыт, оҕоломмут дьон биһиэхэ элбэхтэр.
– Эһиэхэ кэлэн эмтэнии уонна ЭКО-ҕа бэлэмнэнии туохтан саҕаланарый?
– Биһиги чопчу эмтиир соруктаах тэрилтэ буоламмыт, анаалыстары туппаппыт. Оҕолонуон баҕалаах дьон биһиэхэ туох баар көрдөрүммүт түмүктэрин, анаалыстарын илдьэ кэлиэхтэрин сөп. Ону барытын көрөн-истэн бараммыт, туох тиийбэтин этэн биэрэбит. Дьон анаалыһа суох кэлбит буоллаҕына, барытын аныыбыт. Оттон диагностара биллэр буоллаҕына, тута эмтээбитинэн барабыт. Эбэтэр ЭКО ньыматынан оҕону үөскэтиигэ бэлэмнэниини саҕалыыбыт. Холобура, дьахтар яичнигар баар фолликуллары үүннэрэбит (анал препараттарынан). Сорох сааһыран эрэр дьахталларга ол аҕыйах буолар. Олортон биирэ эмэ буоһатыыга бэринэр эбэтэр букатын да бэриммэт. Оччоҕо донор килиэккэтин угаллар. Эр киһиэхэ эмиэ оннук.
– Оҕо үөскээбэт буолуутун эмтииргэ өссө туох ньымалары туһанаҕытый?
– Ньымабытын барытын ытыска ууран биэрэрим табыллыбат. Тоҕо диэтэххэ, ол мин тус бэйэм ааптарыскай ньымам. Кыратык сэгэтэн этэр буоллахха, аутоплазменнай терапияны туһанабыт, анал препараттарынан ванналары оҥоробут, хаан састаабын тупсарар, эдэримситэр систиэмэлэри туруорабыт, гинекология туһанар бары дьайыыларын талан оҥоробут. Ол эбэтэр, төрүүр-ууһуур уоргаҥҥа үөскээбит, эмтэнэр кыахтаах бары ыарыыны эмтиибит, хас биирдии пациеҥҥа ураты сыһыаннаах ньыма тиһигинэн.
– Биир блогер-быраас “эндометриоз уонна миома диэн ыарыылары эмтиир суолтата, наадата суох” диэн этиитин наһаа сөхпүтүм. Эн санааҥ?
– Киһи төрүүр-ууһуур уоргана ыраас буолуохтаах. Онно үөскээбит туора эттик син биир мэһэйи уонна кутталы үөскэтэр. Миома уоргаҥҥа баарын биллэрэ сылдьарын таһынан, хаан барыытыгар, ону ааһан, искэҥҥэ тиэрдиэн сөп. Онон – эмтэниллиэхтээх. Оттон эндометриоз – өссө куһаҕан. Дьиктитэ диэн, хайа баҕарар уоргаҥҥа үөскүүр уонна дьахтар ыйданарын кытта тоҕо тэбэн тахсар. Эндометриоһу аҥаардас УЗИ-нан туруоралларын “сыыһа” диибин, итини сэргэ, анал анаалыс ылыллыахтаах. Эндометриоз диэн диагноз ардыгар адьас атын ыарыы бэлиэтэ буолуон сөп. Манна болҕомтолоох сыһыан, чинчийии ирдэнэр.
– Дьахтар төрүүр-ууһуур кыаҕа гормонун састаабыттан төһө тутулуктааҕый?
– Гормон арааһа наһаа элбэх, ахсаана туһунан нуормалаах. Биллэн турар, гормон кэһиллиитэ сороҕор дьайыылаах буолуон сөп. Ону чинчийии дьахтар ыйданар уонна буоһуур кэмигэр ыытыллыахтаах. Дьиҥэр, гормон кэһиллиитинэн эндокринолог дьарыктанар. Ол эрээри биһиги бэйэбит хайысхабытынан син биир көрөбүт. Манна биири тоһоҕолоон этиэхпин баҕарабын: гормон кэһиллиитэ, ыарыы үксэ стрестэн үөскүүр, стресс мөлтөх сиргин булан сиир, ол эбэтэр дьахтар төрүүр-ууһуур уоргана мөлтөх буоллаҕына, стресс аан маҥнай онно охсор.
– Пациены ЭКО ньыматынан оҕону үөскэтиигэ бэлэмнээн бараҥҥыт салгыы ханна ыытаҕытый?
– Пациент ЭКО-ны ханна оҥорторорун бэйэтэ быһаарар. Биһиги Арассыыйа бастыҥ килииньикэлэрин кытта үлэлэһэбит. Холобур, 2012 сылтан Новосибирскай куорат Аан дойдутааҕы репродуктивнай технологияларга (ЭКО), генетикаҕа уонна оҕону төрөтүүгэ «Авиценна» киинин кытта. Манна ЭКО ньыматынан оҕону үөскэтэр эрэ буолбакка, дьахтар төрүүр-ууһуур уорганыгар уустук эпэрээссийэлэри эмиэ оҥороллор. Салайааччы – биллиилээх акушер-гинеколог, мэдиссиинэ билимин хандьыдаата Ирина Айзикович.
2018 сылтан Москуба куорат «Арт-эко» репродуктивнай доруобуйа клиникатын кытта үлэлиибит. Төрүттээччи уонна салайааччы – мэдисиинэ билимин дуоктара, РФ бырабыыталыстыбатын Бириэмийэтин лауреата Елена Калинина. Кини – өссө ССРС саҕана ЭКО ньыматынан оҕону үөскэтиини олоххо киллэрбит дьонтон биирдэстэрэ. Ґгүстэр кинини 1986 c. «пробиркаттан» оҕону бастакынан сатаан үөскэппит уонна төрөппүт биллиилээх быраас быһыытынан билэллэр.
Оттон биһиги ити килииньикэлэргэ пациеннары бэлэмнээн ыытабыт, кинилэр улахан ороскуота суох, ситиһиилээхтик сылдьан кэлэллэригэр кыһаллабыт.
– Уопсайа төһө элбэх ыал оҕолоноругар көмөлөспүккүнүй? Саамай аҕа саастаах эмтэммит пациеныҥ хастаах этэй?
– Көмөлөспүт дьонум ахсаана аһара элбэх. Кыбыстыам иһин, ону чопчу бэлиэтэнэн испэтэх, аахпатах эбиппин. Арай “2012-тэн 2016 сылга диэри 100-тэн тахса ыал оҕолоноругар көмөлөспүтүм” диэн билэбин. Оттон миэхэ бэлэмнэнэн баран ЭКО ньыматынан оҕоломмут саамай аҕа пациеным 45-46 саастаах дьахтар этэ. Сорох 50 саастарыгар чугаһаабыт дьахтар килийиэннэрим, миэхэ эмтэнэн баран, ЭКО-ҕа да тиийбэккэ, бэйэлэрэ оҕоломмуттара.
– Кыайан оҕоломмокко сылдьар эбэтэр оҕолоно сатаан баран бэриммит дьоҥҥо тугу этиэҥ этэй?
– Киһи хаһыс да төгүлүн холонон баран кыайан оҕоломмотоҕуна, санаата улаханнык алдьанар, хоргутар-хомойор. Ону мин олус бэркэ өйдүүбүн. Ол эрээри, талан ылбыт үлэм уонна олох бэйэтэ көрдөрөрүнэн, «Дьол хараҕа суох» диэн санаанан салайтарар, бэриллэр түгэни барытын толору туһана сатыыр дьон түмүгэр тиийэн син биир кыайыылаах тахсаллар. Ардыгар, дьолго диэри биир хардыы хаалбытын билбэккэ, бэринэн кэбиһэн түгэни мүччү тутуохха сөп. Онон, оҕолонорго күүскэ баҕарыы, сүрэх этэрин истии уонна үчүгэй түмүккэ итэҕэйии быһаарар суолталаахтар. Оттон биһиги оҕолонуон баҕалаах дьоҥҥо тиһэҕэр диэри көмөлөһөр соруктаахпыт.
Кэпсэтиини суруйда КҮНДЭЛИ