Киир

Киир

Тимир суол дойду сайдыытыгар, олох таһыма үрдүү­рүгэр сүҥкэн суолталааҕын бары билэбит. Оттон киэҥ иэннээх, тыйыс айылҕалаах, мөлтөх суоллаах-иистээх Сахабыт сиригэр бу тыын суолталаах боппуруос диэххэ сөп. Ол да иһин, тимир суолбут сайдыыта сыллата тэти­ми­рэн иһэр буоллаҕа. Биһиги табыллар быабытыгар, 1995 с. «Саха сирин тимир суоллара» аахсыйалаах хам­паан­ньа тэриллэн, Аллараа Бэстээххэ диэри тимир суол тутуллан, дьону тиэйэр элбэх хайысха арыллыбыта, та­һа­ҕаһы тиэйии кээмэйэ балысханнык улааппыта. Онон, би­лигин тимир суол өҥөтүнэн нэһилиэнньэ киэҥник туһанар.

Тимир суол сайдыытын өссө биир үтүө өрүтэ – элбэх үлэ миэстэтэ тахсыыта. Ол курдук, «Саха сирин тимир суолларыгар» 1 тыһ. тахса хоһуун, эрчимнээх дьон үлэ­лиир. Олортон биирдэстэрэ – «Аллараа Бэстээх – Алдан» хайысханан таһаҕас тиэйэр тепловоз машиниһа, Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтин ыччата Александр ДАНИЛОВ. Тэрилтэҕэ төрдүс сылын үлэлиир, номнуо оло­ҕун оҥостубут, кэргэннээх, оҕолоох, 25 эрэ саастаах эдэр киһи, сындалҕаннаах үлэ­титтэн быыс булан, ыйытыыларбытыгар хоруйдаата.

Кылгас ыйынньык:

Алдан ыстаансыйатыгар бастакы таһаҕастаах пуойас 1992 сыл тохсунньу 19 күнүгэр кэлбит. Манна локомотивтары көрөр-истэр депо 2003 с. тэриллибит. Дьону тиэйэр бастакы пуойас Аллараа Бэстээххэ Алдан ыстаансыйатыттан 2019 сыл от ыйын 27 күнүгэр айаннаабыт. «Саха сирин тимир суоллара» аахсыйалаах хампаанньа сүрүн офиһа билигин Алдаҥҥа баар.

– Дьэ, Александр, ханна, хайдах ыалга төрөөн-үөскээн, хайдах оскуолаҕа үөрэнэн, туох санаалаах-оноолоох бу тимир суол эйгэтигэр киирэн хааллыҥ?

– Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр үс оҕолоох Елена Романовна, Евгений Егорович Даниловтар дьиэ кэргэннэригэр ортоку оҕонон төрөөбүтүм. 2-с №-дээх орто оскуоланы үчүгэй сыанаҕа үөрэнэн бүтэрбитим. Успуорт бары көрүҥнэринэн дьарыктанарым, ордук мини-футболу сөбүлүүрүм.  2014 c. оскуоланы бүтэрээт, “тимир суол кэскиллээх, чопчу манна киириэхтээхпин” диэн икки сыл инниттэн былааннаабытым курдук, Аллараа Бэстээххэ арыллыбыт Р.И. Брызгалов аатынан Тырааныспар техникумугар докумуоммун туттарбытым.

– Техникуму хаһыа буолан бүтэрбиккитий? “Тепловоз машиниһа” диэн туох идэний?

– Үөрэхпитин тохсуо буолан бүтэрбиппит. Улахан аҥаарбыт бу «Саха сирин тимир суоллара» тэрилтэҕэ үлэлии сылдьабыт. Тепловоз диэн эриэлсэнэн айанныыр, вагоннары соһор массыына. Оттон машинист диэн ону ыытар, айаннаан иһэн көрөр-истэр исписэлиис.

– Тепловоһу аан маҥнай ыытаргар төһө долгуйбуккунуй?

– Тепловоһу аан маҥнай 2019 cыллаахха, өссө машинист көмөлөһөөччүтүнэн үлэлии сырыттахпына, аҕа кэллиэгэм кыратык ыыттаран көрбүтэ. Оттон аан бастакы, бэйэм эрэ ыытан тиийбит айаным, чахчы, долгутуулаах этэ. Оччолорго “үчүгэйдик ыыттым” дии санаабытым. Саҥардыы ыытар киһиэхэ оннук да буолуо.

– Эн санааҕар, үлэҥ төһө уустугуй? Машинист буоларга туох ирдэнэрий?

– Бу олус эппиэтинэстээх үлэ. Машинист диэн ыытааччы эрэ буолбатах. Кини 3-4 тыһ. туонналаах таһаҕас былаан быһыытынан тиэллэн тиийиитигэр эппиэттинэһи сүгэрин таһынан, айаҥҥа тахсыан сөптөөх араас уустук боппуруостары сатаан быһаарар, сөптөөх дьайыылары оҥорор киһи буолуохтаах. Онон, машинистан элбэх билии-көрүү, тулуур, чөл өй-санаа, бигэ турук ирдэнэр. Бастатан туран, кытаанах доруобуйа. Маны таһынан, кини соһуччу тахсар уустук быһыыны-майгыны, бы­һы­лааны этэҥҥэ туоруур кыахтаах, күүстээх санаалаах буолуохтаах.

– Үлэлиир усулуобуйа­ҕы­тын төһө үчү­гэйдик тэрийэллэрий?

– Күҥҥэ 12 чаас үлэлиибит. Онтубут “кү­нүскү” уонна “түүҥ­ҥү” диэҥҥэ арахсар. Холобур, сарсыарда 9 чаастан киэһэ 9 чааска диэри. Алдан-Бэстээх хайысханан түөрт киһилээх икки локомотивнай биригээдэ буолан айанныыбыт. Ол эбэтэр, икки машинист уонна икки көмөлөһөөччү. Онон, икки биригээдэнэн солбуһаммыт, Бэстээххэ диэри 18-20 чааһынан тиийэбит. Онно таһаҕастаах пуойаспытын хаалларан бараммыт, кураанах пуойаһынан төттөрү Алдаҥҥа айанныыбыт.          

Үлэлиир усулуобуйа барыта баар диэххэ сөп. Айаннаан иһэн сынньанарга аналлаах туспа, толору хааччыллыылаах вагоннаахпыт. Үлэттэн – дьиэҕэ, дьиэттэн үлэҕэ дьуһуурунай массыына таһар. Тэрилтэ сулумах үлэһиттэри уопсай дьиэҕэ – хоһунан, ыал дьону кыбартыыранан хааччыйар. Доруобуйабыт туругун сыл ахсын тэрилтэбит поликлиникатыгар босхо көрөллөр, эмтииллэр. Хамнаспыт үлэбит кээмэйин толуйар, биир бэйэм мыыммаппын.

– Үлэлиир кэлэктиибиҥ хайдаҕый?

– Локомотивнай сулууспабыт 100-тэн тахса үлэһиттээх: 70 машинист уонна 60 көмө­лөһөөччү. Машинистар үгүс­тэрэ орто саастаахтар, оттон көмөлөһөөччүлэр – эдэр уолаттар. Араас омук дьоно мустан бэрт иллээхтик үлэлии сылдьабыт.

– Айаҥҥар туох эмэ ураты, дэбигис умнуллубат түгэн баара дуо? Талан ылбыт үлэҕэр ордук тугу астынаҕын?

– Айаҥҥа араас буолар... Холобур, соһуччу алдьанан хаалан тохтоон өрөмүөннэнии, тыа араас кыылыгар-сүөлүгэр түбэһии. Ону киһи син биир умнубат. Оттон саамай астынарым: дьыл кэмнэринэн айылҕа уларыйыытын, кэрэ миэстэлэрин көрүү. Күн тахсыыта, киириитэ – барыта кэрэ, ураты.

– Саха сирин тимир суолун инники сайдыытын хайдах көрөҕүн? Туох баҕа санаалааххыный?

– Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэ тутуллан, Дьокуускайга тимир суол ыстаансыйата баар буолуон баҕарабын. Уонна Магадаҥҥа диэри тимир суолу тутуу былаана олоххо киирэн, хоту сир хааччыллыыта, олоҕо тупсуо этэ дии саныыбын.

Түгэнинэн туһанан, миигин пуойаһы ыытарга үөрэппит, машинист үлэтин ымпыгын-чымпыгын барытын көрдөрбүт, элбэх сатабылы биэрбит аҕа кэллиэгэбэр, тепловоз машиниһа Станислав Владимирович Рамзаевка махтаныахпын баҕарабын.

0f15121f e09c 4651 bfbb 107327dead9a

– Александр, бар дьоҥҥо улахан туһалаах үтүө үлэҥ иһин эйиэхэ эмиэ улахан махтал. Айаныҥ алгыстаах, суолуҥ көнө буоллун.

 

Кэпсэтиини суруйда КҮНДЭЛИ.