АЛРОСА хампаанньа “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” бырайыак аан бастакы кыттааччыларыттан биирдэстэрэ. Хампаанньа 2017 сыллаахха 2021 сылга диэри 1400 олохтоох каадыры үлэнэн хааччыйар сорудахтаммыта. Омос көрүүгэ бу дьиҥ олоххо киириитэ уустук буолуох курдуга. Ол гынан баран, ылыллыбыт былаан букатын да икки сыл иһигэр бэлиэр таһынан туолбута. Ол кэмтэн саҕалаан, хас сыл аайы алмаас хампаанньата өрөспүүбүлүкэ бу олус туһалаах бырайыагыгар үлэлиир бырамысыланнас тэрилтэлэрин ортолоругар эрэллээхтик инники күөҥҥэ сылдьар.
2018 сыллаахха АЛРОСА уонна Саха сиринээҕи нэһилиэнньэ дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэтин кытта дьоһун суолталаах “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” бырайыагы 2018–2022 сылларга олоххо киллэрэр гына, бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ.
Бу этиллэр кэм устата АЛРОСА хампаанньа бөлөҕөр, ол иһигэр “Анаабыр алмаастара” тэрилтэҕэ, Саха сирин 10 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо үлэҕэ киирдэ. Итинтэн аҥаардас 2022 сылга – үс тыһыынчаҕа чугаһыыр киһи үлэнэн хааччылынна.
Өрүү – инники күөҥҥэ!
СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Калашникова кинилэр кэмитиэттэрэ хас сыл аайы, үгэс курдук, “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” бырайыак бастыҥ кыттааччыта” диэн куонкуруһу ыытарын этэр. Оттон ол куонкуруска АЛРОСА олохтоох нэһилиэнньэни үлэнэн хааччыйыыга өрүү да инники күөҥҥэ сылдьар.
– Бырайыакка кыттааччылар үлэлэригэр түмүк сыанабылы оҥоруох иннинэ кэккэ киритиэрийдэри булгуччу учуоттуубут, – диэн Елена Виссарионовна анаан бэлиэтиир. – Биир бастакынан, тэрилтэҕэ олохтоох дьон төһө үлэҕэ киирэрин, аны кинилэртэн төһө бырыһыаннара олохтоохтук үлэлии хааларын көрөбүт. Иккиһинэн, эдэр исписэлиистэргэ анаан, хампаанньалар стажировканы хайдах быһыылаахтык ыыталлара учуоттанар. Үсүһүнэн, дьарыктаах буолуу сулууспаларын нөҥүө анал үөрэҕи ааһан, идэ ылбыт дьону үлэҕэ ылыыларын эмиэ көрөбүт. Төрдүһүнэн, тустаах бырайыагы олоххо киллэрии туһунан иһитиннэрэр-маассабай сириэстибэлэргэ төһө сырдаталлара да болҕомтоҕо ылыллар. 2017 сылтан 2022 сылга диэри кэм иһигэр “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” бырагыраама нөҥүө 49079 киһи кэлэн ааспытыттан 10 тыһыынчата АЛРОСА-ҕа үлэҕэ киирбит.
2022 сыл ситиһиилэриттэн биирдэстэрэ – биһиги “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” бырайыакпытын федеральнай таһымҥа үтүө өттүнэн сыаналаабыттара буолар. Ол курдук, Москубаҕа, ахсыннньыга “Ыччат дьону үлэҕэ ылыы бастыҥ быраактыката” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус кыайыылаахтарын уонна бириистээхтэрин бэлиэтиир улахан тэрээһин буолбута. Куонкуруска дойду 73 араас субъегыттан 574 кыттааччы 9526 быраактыкатын билиһиннэрбит этэ.
Бу куонкуруһу 2030 сылга диэри кэмҥэ ыччат дьарыктаах, үлэлээх буолуутугар көмөлөһөр сыаллаах федеральнай бырагырааманы олоххо киллэрии былааныгар олоҕуран, РФ Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ министиэристибэтэ тэрийэн ыытар. Үөрүүлээҕэ, бу куонкурус “Эдэр исписэлиис үөрүйэхтэниини ааһарыгар, кинини арыаллааһыҥҥа уонна карьератын оҥорсоругар көмөлөөх бастыҥ быраактыка” (Лучшие практики адаптации, сопровождения и построения карьерной траектории молодого специалиста) диэн номинациятыгар АЛРОСА үһүс бочуоттаах миэстэни ылбыта. Бу номинацияҕа алмаас хампаанньатын бэрэстэбиитэллэрэ Юлия Карманова уонна Антон Попов бэйэлэрин быраактыкаларын туһунан иһитиннэриини чиэстээхтик көмүскээбиттэрэ. Бу көрүҥ номинацияҕа уопсайа 23 быраактыка киирбититтэн түмүк түһүмэххэ (финалга) баара эрэ 5 быраактыка ааспытын, онтон биирэ АЛРОСА киэнэ буоларын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Бииргэ үлэлэһиини кэҥэтэн...
Елена Калашникова эппитинэн, “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” бырайыагы салгыы үлэлэтии чэрчитинэн, үлэтэ суох сылдьааччылары бырамыысыланнас тэрилтэлэрин сайаапкаларыгар олоҕуран, ордук наадалаах, ирдэнэр идэлэргэ үөрэттэрии салгыы ыытыллар:
– Былырыын, 2022 сылга, Дьарыктаах буолуу сулууспаларын нөҥүө үлэтэ, дьарыга суох 384 киһи эбии идэҕэ үөрэнэн, бырамыысыланнас тэрилтэтин үлэһитэ буолбуттара – диэн иһитиннэрэр Елена Виссарионовна. – Быйыл бырамыысыланнас кэккэ тэрилтэлэрин, ол иһигэр, АЛРОСА бөлөҕөр киирэр “Анаабыр алмаастара”, сайаапкаларыгар олоҕуран, 342 үлэтэ суоҕу үлэнэн хааччыйар былааннаахпыт. Холобур, СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолууга кэмитиэтэ “Анаабыр алмаастарын” кытта “грохотовщик”, компрессторнай установка массыньыыһа, урууданы сууйар массыынаны үлэлэтээччи, суол оҥоруутугар, тутууга үлэлиир массыыналары өрөмүөннүүр уонна алмаас хостуурга туттуллар араас эгэлгэ тэриллэри өрөмүөннүүр силиэсэр курдук идэлэргэ 30 киһини үөрэттэрдибит.
Ону тэҥэ бырайыакка идэҕэ уонна эбии үөрэххэ үөрэтии бырагыраамалара, эдэр исписэлиистэр стажировкаларын тэрийии киирэр. Ол курдук, 2022 сылга 16 устудьуон Саха сирин үөрэҕин тэрилтэлэригэр тус сыаллаах үөрэтиини ааспыта. Мииринэйдээҕи эрэгийиэн таһымнаах тэхиньиичэскэй коледжка 156 устудьуон бэлэмнэниини ааспыта. Ону таһынан АЛРОСА 18 эдэр исписэлиискэ Айхаллааҕы, Мииринэй–Ньурба Хайа байытар кэмбинээттэригэр стажировкаланалларын хааччыйбыта.
АЛРОСА кэнники сылларга устудьуоннар быраактыкаларын барар уонна стажировкаланар интэриэстэрин тардар туһуттан үөрэх тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлэһиитин биллэ кэҥэттэ. Хампаанньа кинилэргэ быраактыкаланааччылар айаннарын төлөбүрүн толору уйунарын таһынан үрдүк үөрэҕи бүтэрдэхтэринэ үлэ миэстэтинэн хаачыйары мэктиэлиир. 2021 сыллаахха алмаас хампаанньата Иркутскайдааҕы национальнай тэхиниичэскэй университекка тирэх хаапыдыраны арыйбыта. Мантан инньэ атын, бииргэ үлэлэһэр үрдүк үөрэх кыһаларын кытта эмиэ үөрэтии кииннэрин арыйары былаанныыр.
Үлэтэ суохтан – БелАЗ суоппарыгар
Игорь Ксенофонтов Амма улууһуттан төрүттээх. Эрдэ ыраах айан суоппарынан үлэлээбит. Хамсык хааччаҕа сабардаабытыгар үлэтэ суох хаалан баран, салгыы тугунан дьарыктанар туһунан толкуйга түспүт. Бэрт сотору карьерга үлэлиир БелАЗ самасыбаал суоппардарын үөрэтэр куурус баарын истэн, онно суруйтарбыт. Игорь кэпсиир:
– АЛРОСА хампаанньаҕа самасыбаал суоппарынан 2022 сыл балаҕан ыйыттан үлэлии сылдьабын. Мин эбээһинэһим – “Юбилейнай” карьертан Айхаллааҕы Хайа байытар кэмбинээтин 14-с №-дээх баабырыкатыгар кимберлиттээх урууданы тиэйэн илдьии. Бу үлэ лоп курдук кэмиттэн кэмигэр кэлэр үрдүк хамнастааҕа, аны, хампаанньа социальнай өттүнэн өйөбүллээҕэ сэҥээрдибитэ. Холобур, хас биирдии үлэһит кэлэктиибинэй дуогабары түһэрсэр, онно уонунан хааччахтаммат чэпчэтии, мэктиэ баар. Саҥа үлэ миэстэтигэр үөрүйэхтэнэрбэр миэхэ кэллиэгэлэрим уонна Айхаллааҕы ХБК уонна АТТ-1 салалталара көмөлөспүттэрэ.
Айхалы мин сөбүлээтим, амарах-сайаҕас, бэйэ-бэйэлэригэр үтүө сыһыаннаах дьон олорор. Бөһүөлэк улахана суох, бары бэйэ-бэйэлэрин билсэллэр. Үгүстэр бэйэм курдук, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан хамнастаах үлэҕэ үлэлии кэлбиттэр. Уопсай дьиэҕэ олорор усулуобуйа үчүгэй. Кэллиэгэлэрбин кытта уопсай тылы булан, алтыһабыт.
АЛРОСА курдук бөдөҥ хампаанньа биир чааһа, бэрэстэбиитэлэ буолуу диэн, ол аата – тус бэйэ эрэ интэриэһинэн салайтарбакка, бииргэ үлэлээччи дьонуҥ, уопсай дьыала туһунан толкуйдуохтааххын. Манна үлэҕэ дьулуурдаах, энтузиаст буолуохха наада, оччотугар ханна да, хаһан да буолларгын эйиэхэ наадыйаллар.
Үлэттэн тохтообокко үөрэнии
Ньургун Татаринов Таатта Уолбатыгар төрөөбүт. Оҕо эрдэҕиттэн силиэсэр буолуон ыралыыра үһү. Ол баҕа санаата кинини ХИФУ Автодорожнай факультетыгар сирдээн аҕалбыт. 2021 сылтан “Анаабыр алмаастара” “Маят” бириискэтигэр автосилиэсэринэн үлэлээн саҕалаабыт. Манна даҕатан этэр буоллахха, Ньургун биһигин ыйаабыт Уолба бөһүөлэгиттэн алмаас хампаанньатыгар күн бүгүн уонтан тахса киһи үлэлиир.
– Аҕа саастаах кэллиэгэлэрим уонна настаабынньыктарым хайаттан хостуур тэрилтэ араас суол уратыларын үөрэтэрбэр, билэрбэр улаханнык көмөлөспүттэрэ, – диир Ньургун. – Карьерга үлэлиир массыынаны, сири хаһар тиэхиньикэни өрөмүөннүүргэ үөрэппиттэрэ. Оҥорон таһаарыыга үлэлээн көрөн баран, дойду иһигэр оҥоһуллубут эрэ буолбакка, тас дойду, тастан киирии оҥоһуктары, хайа тиэхиньикэтин өрөмүөннүүргэ атын, идэтийиигэ сыһыаннаах билиини хаҥатыы наадатын өйдөөбүтүм.
2022 сылга “Маякка” сылдьан, хампаанньа үлэлии-үлэлии үөрэнэри өйүүрүн истибитим. Ону тута сэргээн, сэҥээрэн, хайа инженер-мэхээнньигэр үөрэнэргэ быһаарыммытым. Мииринэйдээҕи политехническай институту сүбэлээбиттэрэ. Онтубар үөрэнэ сылдьабын. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ, стажировкаланыы түһүмэҕэ кэлэр. Дьэ, ол кэнниттэн хайа инженер-мэхээнньигэ буолабын.
Сөптөөх бэлиитикэ
СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэсссэдээтэлэ өрөспүүбүлүкэ салалтата биир бастакынан олохтоох каадыры өйүүр, үксэтэр бэлиитикэтин олус сөптөөҕүнэн ааҕар, бырайыак дьиҥ көдьүүстээҕин бэлиэтиир.
Бастаан утаа эрэгийиэн иһигэр олох хаачыстыбатын үрдэтэн эрэ баран, дьэ, атын үлэ күүһүн сэҥээрдэр туһунан толкуйдуохха сөп, – диэн, Елена Калашникова бүк эрэлээх. – Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана тас дойдуттан кэлэр үлэ күүһүн олохтоох каадырынан солбуйар уонна ону олоххо киллэрэргэ чуолаан “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” бырайыак олук буолуохтааҕын этэр.
Айсен Николаев быйылгы 2023 сылы Саха сиригэр Үлэ сылынан биллэрэн турар. Хас сыл аайы СӨ Ил Түмэнигэр туһаайан этэр Анал этиитигэр быйыл кини кэлэр сылларга үлэ киһитин үрдүк аатын сөргүтэри, суолталыыры биир тутаах соругунан бэлиэтээбитэ. Анал этиигэ киирбит тыын суолталаах балаһыанньаларын олоххо киллэрии тэрээһиннэрин былааныгар биһиэхэ олохтоох нэһилиэнньэттэн үлэнэн хааччыллааччы ахсаанын элбэтэргэ сорудахтаабыта.
2017 сылтан үлэлиир дьоһун суолталаах «Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска» бырайыак ситэн-хотон, тупсарыллан иһэр. Аан бастаан саҕаланарыгар сиртэн хостуур бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ эрэ хапсар эбит буоллахтарына, күн бүгүн бырайыакка энергетиктэр, тырааныспар, тутуу уонна суол тэрилтэлэрэ, уопсайа 45 тэрилтэ кыттар. Хас биирдиилэрин кытта Саха сирин олохтоохторун үлэнэн хааччыйыы былаанын уонна үлэнэн хааччыйааччы уонна судаарыстыба уорганнара тэрээһиннэр үбүлээһиннэригэр кытталларын көрдөрөр бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэ түһэрсиллэр.
“Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” бырайыак Саха сиригэр олохтоох уонна регистрацияламмыт дьоҥҥо барытыгар суоттанан оҥоһуллубут. Бастакы уочаратынан үлэтэ суох буолан, учуокка турбут дьону үлэҕэ ылаллар. Ол гынан баран бырагыраамаҕа өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо бэйэтэ баҕарар буолла да, кыттар кыахтаах диэн бэлиэтиир тоҕоостоох.