Киир

Киир

Бу сыл биир күүтүүлээх тэрээһиннэриттэн биирдэстэрэ – ахсыс төгүлүн ыытыллар Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” успуорт оонньуулара буолуон иннинэ АЛРОСА генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Дьячковскайдыын кэпсэтэр санааланныбыт. Санатар буоллахха, алмаас хампаанньата оонньуу ыытыллыбыт отучча сылын усталаах туоратыгар “Азия оҕолоругар” генеральнай партнёр буолан кэллэ.
 
 
– Алексей Прокопьевич, эйигин уонна хампаанньа кэлэктиибин Ыһыаҕынан уонна “Азия оҕолоро” оонньуулар саҕаланалларынан эҕэрдэлиибит! АЛРОСА быйылгы тэрээһини эмиэ өйүүргэ быһаарбыт төрүөтүн кэпсиэҥ буолаарай?
 
– “Азия оҕолоро” оонньуулар биһиги хампаанньаҕа – өрүү да тутаах суолталаахтар. Оҕо уонна эрдэҕэс оҕолор успуортарын сайыннарыы, үүнэр көлүөнэ туһугар кыһамньы – АЛРОСА хампаанньа тутуһар социальнай бэлиитикэтин биир быстыспат сорҕото. Ол да иһин, өссө 1996 сыллаахха, Оонньуу аан бастаан ыытылларыгар хампаанньа тута партнёр буолбута. Бу кыттыы биһиэхэ – успуорду тарҕатыыга, успуорка ыччат дьону сэҥээрдиигэ уонна өрөспүүбүлүкэ эдэр спортсменнара ис кыахтарын-күүстэрин норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа холонон көрөллөрүгэр көмөлөһөр кыаҕы биэрэр. Аҕыс сыл буолан баран, “Азия оҕолоро” оонньуулара олохтоммут төрүт сиригэр эргиллэннэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыытыллалларыттан биһиги олус үөрэбит.
 
2. 2013 с. Чурапчыга элбэх хайысхалаах успуорт холбоһуга тутуллубута. Сыаната 2004 мөл2013 с. Чурапчыга элбэх хайысхалаах успуорт холбоһуга тутуллубута. Сыаната 2004 мөл.
 
 
Ыспыраапка: АЛРОСА көрөр үбүлээһинэ туохха туттуллуой?
 
АЛРОСА хампаанньа үбүн суотугар Дьокуускайга баар успуорт эбийиэктэрэ уонна куорат туоналара тупсарыллаллар, Оонньуулар иһитиннэрэр-тэхиниичэскэй өттүнэн хааччыллаллар. Алмаас хампаанньата көрөр үбүгэр тэрээһиҥҥэ кыттар дэлэгээссийэлэри көрсүү, арыаллаан илдьэ сылдьыы уонна култуура бырагырааматын тэрээһиннэрэ ыытыллыахтара. Ону таһынан хампаанньа “Азия оҕолорун” үөрүүлээх аһыллыытын уонна сабыллыытын үбүлүүр.
 
 3 Чурапчы успуорт оскуола интэринээтин2013 с. Чурапчыга успуорт интэринээт-оскуолатын 400 оҕо үөрэнэригэр сөптөөх, сыһыары тутуллубут успуорт саалалаах тутуута үлэҕэ киирбитэ. Үбүлээһинэ - 290 мөл. солк.
– Үгэс курдук, Мииринэйтэн элбэх спортсмен бу Оонньууга кыттарын билэбин.
 
– Кытталлар эрэ буолбатах, кыайыы кынаттанааччылар эмиэ бааллар! Биһиги чөмпүйүөннэрбитинэн киэн туттабыт, сыаналыыбыт. Холобур, чэпчэки атлетикаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар Светлана Рогозина баар. Кини “Азия оҕолорун” IV Оонньууларыгар кыттан баран, успуорка карьератын салгыы сайыннаран, Москубаҕа Олимпийскай эрэсиэрбэ училищетыгар үөрэнэ киирбитэ. Кэлин 800 м уһуҥҥа сүүрүүгэ Арассыыйа чөмпүйүөнэ буолбута. Европа уонна аан дойду чөмпүйэнээтэригэр кыттыбыта. Ону тэҥэ үһүс “Азия оҕолоругар” буоксаҕа 1-кы уонна 2-с миэстэни ылбыт Кирилл Исаевы уонна Ивана Ерыгины этиэхпин сөп. Волейболист кыргыттар, художественнай гимнастикаҕа, путбуолга кыттааччыларбыт олус үчүгэйдик киирсэн тураллар...
 
4. Нам Кириэс Кытылыгар ааркалыы быһыылаах успуорт саалата туттуллубута. Сыаната 67 мөл. солкНам Кириэс Кытылыгар ааркалыы быһыылаах успуорт саалата туттуллубута. Сыаната 67 мөл. солк.
 
 
– Итинник түмүк ситиһиллэригэр туох олук буоларый?
 
– Уопсайынан, Мииринэй успуорка тыыппалаах, сыстаҕас оройуон. Манна бары кэриэтэ – эдэриттэн эмэнигэр тиийэ – успуордунан сөбүлээн дьарыктаналлар. Биһиги хампаанньабыт успуорка тардыһыыны, чөл олоҕу тутуһууну өрө тутар. Ол быһыытынан, араас өттүттэн өйүүр дьүккүөрдээх. Холобур, АЛРОСА култуураҕа-успуорка холбоһуга (мантан салгыы КСК – аапт.) күн бүгүн успуорт 23 араас көрүҥэр дьарыктыыр. Саахыматтан, остуол тиэнниһиттэн саҕалаан хаккыайга, харбыырга тиийэ үөрэтэр, көҕүлүүр. КСК матырыйаалынай-тэхиниичэскэй базатын сыллата саҥардан, бөҕөргөтөн биэрэбит. Саҥа инбэнтээринэн, тэрилинэн хааччыйабыт, саҥа, сонун сиэксийэлэри уонна хайысхалары киллэрэбит. Билигин успуорт сиэксийэлэригэр 2250 оҕо сылдьар. Кинилэри дьарыктыыр ороскуоту олоччу кэриэтэ АЛРОСА сабар. Ол түмүгэр оҕолор сөбүлээбит куруһуоктарыгар, сиэксийэлэригэр ый дьарыктаналларыгар баара эрэ 100 солк. төлүүллэр. Биэнсийэлээхтэр уонна бэтэрээннэр КСК-ҕа дьарыкка ыйга 150 солк. төлүүллэр. Оттон “Профалмаз” идэлээх сойууһун чилиэннэрэ АЛРОСА үлэһиттэрэ сиэксийэлэргэ босхо дьарыктаналлар. Култуура-успуорт холбоһугун үгүс дьарыктанааччыта Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах күрэхтэһиилэргэ тиһиги быспакка кытталлар. Былырыын кинилэр уопсайа 240 мэтээллээх эргиллибиттэрэ. Итинтэн аҥаарын кэриҥэ – кыһыл көмүс.
 
5 2016 с. Нерюнгритааҕы путбуол интэринээттээх оскуолатыгар оҕолор утуйар куорпустара тутуллубута. Үбүлээһинэ 164 мөл. солк2016 с. Нерюнгритааҕы путбуол интэринээттээх оскуолатыгар оҕолор утуйар куорпустара тутуллубута. Үбүлээһинэ 164 мөл. солк.
 
 
– Быйылгы “Азия оҕолоругар” да кыайыыга суоттанар буоллаххыт?
 
– Биллэн турар. Быйылгы оонньууга КСК-тан 15 оҕо кыттыаҕа: буоксаҕа, дзюдоҕа, курешка, харбааһыҥҥа, тхэквондоҕа, путбуолга уонна чэпчэки атлетикаҕа. Кинилэргэ бүтүн кэлэктиибинэн ыалдьарбыт, долгуйарбыт чуолкай. Маннык оонньууларга кыттыы оҕолорбут успуордунан өссө кыһанан, дьаныһан туран дьарыктанар санааларын күүһүрдэр. Хомуур хамаанда чилиэннэрэ КСК иитиллээччилэригэр үтүө холобур буолаллар. Тус холобурдарынан дьаныардаах буоларга, бэрээдэк уонна күүстээх дьарык үрдүк ситиһиигэ тиэрдэрин дьэҥкэтик көрдөрөллөр.
 
6 2017 с. Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи саахымат дуобат киинин тупсаран оҥорбуттара. Үбүлээһинэ 38 мөл2017 с. Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи саахымат-дуобат киинин тупсаран оҥорбуттара. Үбүлээһинэ - 38 мөл. солк.
 
 
– Хампаанньа социальнай ороскуотун көрдөххө, Мииринэй оройуонун тас өттүгэр буолар үгүс бырайыагы, ол иһигэр успуорт эйгэтигэр сыһыан­нааҕы, АЛРОСА быһаччы буолбакка, СӨ Үүнэр көлүөнэ пуондатын нөҥүө үбүлүүр. Итинник үлэлэһии көрүҥүн тоҕо талбыккыт сэҥээрдэр.
 
– Итинник дьаһаныы биһиэхэ да, өрөспүүбүлүкэҕэ да табыгастаах. Саха сирэ киэҥнэлэмэн сир. Үүнэр көлүөнэ пуондата кимнээҕэр да ордук муниципальнай тэриллиилэр наадыйыыларын билэр, ордук ханнык бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар улахан туһаны аҕалыан сөбүн өйдүүр. Хас сыл аайы үбүлээһин көрүллэр бырайыактарын АЛРОСА көрөн, бигэргэтэр. Бырайыактара дьиҥ олохо киириилэрин отчуоттатар. Хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ Үүнэр көлүөнэ пуондатын Үрдүкү сэбиэтигэр үлэлэһэллэр, онон хампаанньа Пуонда быһаарыытыгар быһаччы кыттар. Биһиги бастатан туран исписэлиистэр эспэртиисэтигэр суоттанабыт уонна хампаанньа сыллата ити сыалга көрөр үбэ тус аналыгар туттулларыгар эрэнэр буолан, холкубут. Сыллата ортотунан млрд солк. кэриҥэ үп көрүллэр.
 
Үүнэр көлүөнэ пуондатын кытта хара тэриллиэҕиттэн бииргэ үлэлэһэбит. Социальнай инфраструктура эбийиэктэрин тутабыт, оҕо аймах уонна ыччат бары өттүттэн дэгиттэр сайдар, ис кыахтарын толору арыйар усулуобуйаларын тэрийэбит. Ити иһигэр успуорт хайысхата эмиэ киирэр.
 
7. 2019 с. Амма улууһун Бөтүҥэр успуорт адаптивнай көрүҥнэригэр анаммыт Элбэх хайысхалаах успуорт саалата. Үбүлээһинэ 130 мөл2019 с. Амма улууһун Бөтүҥэр успуорт адаптивнай көрүҥнэригэр анаммыт Элбэх хайысхалаах успуорт саалата. Үбүлээһинэ - 130 мөл. солк.
 
 
– Ордук чорботон ханнык кыттыгас бырайыактары бэлиэтиэҥ этэй?
 
– Бырайыактарбытынан барытынан да киэн туттабыт. Успуорт эбийиэктэрин этэр буоллахха, холобур, Чурапчы сэлиэнньэтигэр баар өрөспүүбүлүкэтээҕи успуорт орто оскуолатын уонна Элбэх хайысхалаах успуорт холбоһугун тутуутун үбүлээбиппит. Нам Кириэс Кытылыгар ааркалыы моһуоннаах успуорт саалатын үлэҕэ киллэрбиппит. Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи саахымат-дуобат киинин тутуута тупсаран оҥоһуллубута. Арба, быйылгы “Азия оҕолоругар” саахымат күрэҕэр киирсээччилэргэ анаан, эрчиллэр киин үлэлээбитэ. Ити курдук элбэҕи ааттыы туруохха сөп. Аны успуорт инфраструктуратын тутуунан эрэ муҥурдаммаппыт. Холобур, Үүнэр көлүөнэ пуондатын нөҥүө, Саха Өрөспүүбүлүкэтин талааннаах оҕолорун көрдөөн булан, кинилэри өйүүр эрэгийиэннээҕи кииҥҥэ көмөлөһөбүт. Тустаах киин исписэлиистэрэ улуустарынан, куораттарынан сылдьан, “Медасс” диэн биоимпеданскай аппараатынын оҕолор эттэрин-сииннэрин туругун, туохха кыахтаахтарын быһаараллар. Ол түмүгүнэн оҕо-ыччат успуордун эйгэтигэр оҕолору дьарыктыыр тириэньэр-преподавателлэргэ мэтиэдьикэ өттүнэн көмө оҥоһуллар. Сыала-соруга – өрөс­пүүбүлүкэ ыраах муннугар тиийэ олорор оҕолор талааннарын кэмигэр таба тайанан, ол кыахтарын сайыннаран, үрдүк ситиһиилэнэллэригэр көмөлөһүү. Ону ситиһии булуллубутунан алмааһы кырыылаан-наардаан, ураннаан-нарылаан, уон араас өҥүнэн күлүмнүүр бирилийээни оҥорон таһаарар кэриэтэ үгүс сыраттан, дьаныартан, үгүс үлэттэн тахсар.
 
8. 2021 с. Үөһээ Халыма Зырянкатыгар Култуура успуорт холбоһуга тутуллубута. Үбүлээһинэ 276 мөл2021 с. Үөһээ Халыма Зырянкатыгар Култуура-успуорт холбоһуга тутуллубута. Үбүлээһинэ - 276 мөл. солк.
 
 
– Алексей Прокопьевич, интервьюҥ иһин махтанабыт, алмаас эйгэтин үлэһиттэригэр үлэҕэ-хамнаска уонна успуорт эйгэтигэр чаҕылхай ситиһиилэри, кыайыылары баҕарабыт.
 
– Махтанабын. Түгэни туһанан, “Азия оҕолоругар” кыттар спортсменнарга бастыҥ хаачыстыбаларын уонна кыайыыга дьулуурдарын көрдөрөллөрүгэр баҕарыам этэ. Оттон уонна, биллэн турар, сиэрдээх киирсиигэ чаҕылхай кыайыылары! Эдэр спортсменнарга бу оонньуу үрдүккэ ыстанарга бигэ үктэл тэҥэ буолан, успуорка, олоххо саҥаттан саҥа ситиһиилэнэ турдуннар. “Азия оҕолоро” Саха сирин бары олохтоохторугар успуорт дьоро бырааһынньыга буолуоҕа, талааннаах саҥа ааттары арыйан, успуорт сулуһа буола үүнэн-сайдан тахсалларыгар бигэ олугу ууруоҕа диэн эрэнэбин. Оттон биһиги кинилэргэ ыалдьабыт уонна кинилэри өйүөхпүт. Саха сириттэн көстүбүт хас биирдии алмаас таас үүнэр көлүөнэ араас өттүттэн дэгиттэр талааннаах, чөл уонна ситиһиилээх, кыахтаах буоларыгар көмөлөһөрүн туһугар бу курдук хайаан да салгыы үлэлэһэ туруохпут.
 
 

АЛРОСА КЭННИКИ СЫЛЛАРГА ҮБҮЛЭЭБИТ ЭБИЙИЭКТЭРЭ:

 
  • 2013 с. – Дьокуускайга “Чолбон” бассыайыны араас тэрилинэн хааччыйбыта,
  • онно 39,1 мөл. солк. туттуллубута.
  • 2013 с. – Чурапчыга элбэх хайысхалаах успуорт холбоһуга тутуллубута. Сыаната – 200,4 мөл. солк.
  • 2013 с. – Чурапчыга баар өрөспүүбүлүкэтээҕи успуорт орто оскуолатын 400 оҕо үөрэнэригэр сөптөөх, сыһыары тутуллубат успуорт саалалаах тутуута үлэҕэ киирбитэ. Үбүлээһинэ – 290 мөл. солк.
  • 2014 с. – Нам Кириэс Кытылыгар ааркалыы быһыылаах успуорт саалата туттуллубута. Сыаната – 67 мөл. солк.
  • 2016 с. – Нерюнгритааҕы путбуол оскуолатыгар интэринээккэ олорор оҕолоро утуйар куорпустара тутуллубута. Үбүлээһинэ – 164 мөл. солк.
  • 2017 с. – Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи саахымат-дуобат киинин тупсаран биэрбиттэрэ. Үбүлээһин кээмэйэ – 38 мөл. солк.
  • 2019 с. – Амма улууһун Бөтүҥэр успуорт адаптивнай көрүҥнэригэр анаммыт Элбэх хайысхалаах успуорт саалата үлэҕэ киирбитэ. Үбүлээһинэ – 130 мөл. солк.
  • 2021 с. – Үөһэ Халыма Зырянкатыгар Култуура-успуорт холбоһуга тутуллубута. Үбүлээһинэ – 276 мөл. солк.
 
СИА суруйуута, Т.Захарова-ЛОҺУУРА тылбааһа.