Киир

Киир

Билигин эниэргийэни, уоту-күөһү кэмчилээһин биир тоҕоостоох боппуруос буолла. Уоту-күөһү кэмчилээн туһанар ресурсабыт ороскуотун хонтуруоллуур кыахтаахпыт, ону тэҥэ үппүтүн-харчыбытын кэмчилиибит.

Ороскуоту хонтуруоллуур анал тэриллэр (прибордар) бааллар. Балар ититии, уу, гаас уо.д.а. ресурсалар ороскуоттарын кэтээн көрөллөр, анаалыстыыллар. 23.11.2009 с. тахсыбыт ФЗ 261-с №-дээх Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, туһаныллар энэргиэтикэ ресурсаларын ороскуотун анал тэриллэри туһанан учуоттуур, ааҕар-суоттуур булгуччу ирдэнэр.

Счётчигы хааччыйыы дьон олорор элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрин (салгыы – МКД) бас билээччилэригэр сүктэриллэр. Ол туһугар МКД-лар кэлэктиибинэй үтүн дьиэни ааҕар-учуоттуур, салгыы – ОДПУ), ону тэҥэ кыбартыыра иһигэр ресурсалары учуоттуур тэрилинэн (салгыы – ИПУ) хааччыллыбыт буолуохтаахтар.

Анал тэриллэри хайдах туһанар (эксплуатациялыыр) туһунан быраабыланы билэр уонна кэмиттэн кэмигэр бэрэбиэркэлиир наада (бэрэбиэркэ оҥоһуллар болдьоҕо счётчик тэхиниичэскэй пааспарыгар ыйыллар). Инньэ гымматахха, тэрил алдьанар-кээһэнэр түгэнигэр сыыһа ааҕыан-суоттуон сөп, ол түмүгэр бас билээччигэ да, өҥөнү оҥорооччуга да хоромньу тахсар. Холобур, сөбө суох дааннайдар эбии төлөбүрү ааҕыахтарын эбэтэр, бэл, нуорманы тутуспаккыт диэн ыстараапка да тиэрдиэхтэрин сөп.

Кыбартыыра иһигэр ИПУ-ну туруордахха, тэриллэри хонтуруоллуур эппиэтинэс бас билээччигэ сүктэриллэр. Бас билээччи бэйэтэ атыылаһар, туруортарар уонна бэрэбиэркэлэтэр, төлөбүрүн ороскуотун бэйэтэ уйунар.

ОДПУ элбэх кыбартыыралаах дьон олорор дьиэтин уопсай баайыгар-дуолугар киирэр, ол иһин бас билээччилэр бары түмсэн мунньахтаан быһаарыахтаахтар. Маны таһынан бас билээччилэр үбүлээһин боппуруоһун эмиэ бэйэлэрэ быһаараллар, ый аайы туттарар усунуостарын уонна дьиэ өрөмүөнүн төлөбүрүттэн биэриэхтэрин сөп.

ОДПУ үлэтин уонна хомунаалынай төлөбүр дааннайын көрдөрөргө мэлдьи бэлэм буоларын дьиэни көрөр-истэр, дьиэ уопсай баайыгар-дуолугар эппиэтинэстээх сирэй – салайар хампаанньа (ТСЖ, ЖСЖ) – хааччыйар.

Элбэх кыбартыыралаах дьиэ уопсай счётчигин көрүүнү-истиини, өрөмүөннүүрү, ол иһигэр бэрэбиэркэни оҥорторууну салайар хампаанньа былааннаан ыытар уонна олохтоохтор дьиэни көрөллөрүн иһин ый аайы төлүүр харчыларыттан төлөһөр.

Счётчик алдьаннаҕына, салайар хампаанньа өрөмүөннэтэр. Өрөмүөн кэннэ кыайан үлэлээбэт буоллаҕына, ОДПУ алдьаммытын туһунан ааҕы толорор уонна эргэни саҥа тэрилинэн солбуйар.

Өскөтүн бас билээччилэр уонна салайар тэ­рилтэлэр болдьоммут кэмҥэ кыбартыыраларын (дьиэни) ааҕар-суоттуур тэрилинэн хааччыйбатах буоллахтарына, бу эбээһинэс хомунаалынай өҥөнү оҥорооччуларга (поставщиктарга) сүктэриллэр. Бас билээччилэр, салайар тэрилтэлэр тэрили туруоралларын көҥүллүөхтээхтэр уонна ороскуотун төлүөхтээхтэр. Ороскуоту баҕа өттүнэн төлүүртэн аккаастанар түгэннэригэр, сокуоҥҥа олоҕуран, күһэлэҥинэн төлүүргэ модьуйаллар.

Төһө ресурсаны туттаргытын чуолкай билэр уонна хомунаалынай өҥөлөр төлөбүрдэрин хонтуруоллуур туһугар маннык тэриллэри туруортараргыт булгуччулааҕын санатабыт.

“#ВместеЯрче” эниэргийэни кэмчилээһин уонна экология Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлин чэрчитинэн СӨ «Центр ЖКХ и энергоэффективности» тэрилтэтэ 2024 сыл балаҕан ыйын 1–30 күннэригэр оҕолорго уруһуй күрэҕин тэрийэр.
 
Тиэмэтэ – эниэргийэни кэмчилээһин уонна эниэргийэни сөпкө туһаныы көдьүүһүн улаатыннарыы. Күрэх дистанционнай ньыманан ыытыллар.
 
https://centerjkh.ru/ официальнай сайтка сиһилии билсэргитигэр ыҥырабыт.