Киир

Киир

Аныгы үйэҕэ үп-харчы туһунан билии (финансовая грамотность) бэйэ үбүн-харчытын ситиһиилээхтик салайарга ирдэнэр сүрүн сатабыл буолар.  Бүддьүөтү сатаан торумнааһын, харчыны уурунуу уонна кыаҕы сөпкө туһаныы – үп-харчы өттүнэн туруктаах уонна кэнэҕэскитин байылыат олохтоох буолуу төрдө.

Үп-харчы туҺунан билии диэн тугуй?

Манна, бастатан туран, харчыны салайыы сүрүн бириинсиптэрэ, кирэдьиит, инбэстииссийэ уонна уурунуу хайдах үлэлиирин билии, ону сэргэ үпкэ-харчыга сыһыаннаах быһаарыылары сөпкө ылынарга көмөлөһөр сатабыллар киирэллэр. Бу түөрүйэ өттүн эрэ буолбакка, ылбыт билиини күннээҕи олоххо сөпкө туһаныыны эмиэ хабар.

Харчыны уурунуу туох суолталааҕый?

1. Үп-харчы өттүнэн «көмүскэл сыттыгы» үөскэтэр

Уурунуу биир сүрүн төрүөтүнэн күүтүллүбэтэх быһыыны-майгыны – үлэни сүтэриини, мэдиссиинэ ороскуоттарын эбэтэр атын ыксаллаах түгэни – туоруурга көмөлөһөр «көмүскэл сыттыгы» үөскэтии буолар. Кыра даҕаны уурунуу кириисис кэмигэр истириэһи аччатар кыахтаах.

2. Үпкэ-харчыга сыһыаннаах соруктары ситиһэргэ көмөлөһөр

Уурунуу үпкэ-харчыга сыһыаннааҕы – олорор дьиэни атыылаһыыны, үөрэх төлөбүрүн эбэтэр бэйэ дьарыгын тэриниини  уһун кэмҥэ торумнуурга төһүү буолар. Уурунуута суох ити соруктары, өр сылларга ситиспэккэ, ыра санаа эрэ оҥостон сылдьан хаалыаххытын сөп.

3. Иэстэн тутулуктаныыны аччатар

Кэмиттэн кэмигэр уурунуу иэс мунньуллуутуттан босхолуур. Эһиги күүтүллүбэтэх ороскуоттары бэйэ үбүнэн-харчытынан төлүүр кыахтаннаххытына, кирэдьииккэ киириэххит суоҕа, ол эбэтэр үп-харчы өттүнэн ноҕоруускаҕыт намыһах буолуо. 

4. Инникигэ инбэстииссийэни оҥорор

Уурунуу – ситиһиилээх инбэстиис-сийэҕэ бастакы хардыы. Муспут харчыгытынан дохуот биэрэр активтары атыылаһыаххытын сөп. Холобура, акциялары, облигациялары эбэтэр хамсаабат баайы-дуолу. Төһөнөн эрдэ уурунаҕын да, оччонон инникитин инбэстииссийэлииргэ элбэх кыах үөскүө.

5. Үп-харчы өттүнэн тутулуга суох оҥорор

Уурунуу инникигэ эрэли үөскэтэр уонна талар кыаҕы биэрэр. Үп-харчы туруга хайдаҕыттан тутулуга суох быһаарыылары ылынар усулуобуйаны үөскэтэр. Ол түмүгэр быдан көхтөөх уонна интэриэһинэй олохтонуоххут.

Харчыны хайдах уурунабын?

1. Бүддьүөттэ толкуйдаа

Дохуоттаргын уонна ороскуоттаргын ырытан көр. Ороскуоту туохха аҕыйатары уонна харчыны туохха уурары өйдүүр туһугар.

2. Чопчу соруктары туруор

Туохха анаан – айаҥҥа дуу, массыына ыларга дуу, эбэтэр көннөрү хаһаастаах буоларга дуу – харчы уурунуоххун баҕараргын өйдөө.

3. Уурунууну аптамаакка туруор

Сүрүн счеттан уурунар счекка чопчу суумманы көһөрөр аптамаатта туруор. Бу, харчыны барыыр үөрүйэхтэн босхолоон, уурунар үөрүйэҕи олоххо киллэриэ.

4. Үпкэ-харчыга билиигин үөрэт уонна тупсар.

Үбү-харчыны салайыы ньыматын төһөнөн элбэҕи билэҕин да, оччонон бэйэҕэр эрэллээх буолуоҥ. Кинигэтэ аах, куурустары аас, үп-харчы эйгэтин сонуннарын кэтээн көр.

Үп-харчы туһунан билии уонна уурунуу – бу көннөрү сатабыл эрэ буолбакка, инники байылыат уонна туруктаах олоххо ааны арыйар тутаах үстүрүмүөн буолар. Сарсыҥҥы олоххутугар тупсаҕай усулуобуйаны тэринэргэ бүгүҥҥүттэн саҕалаан хамсаныҥ. Оттон биһиги ону ситиһэргэ үөрүүнү кытта көмөлөһүөхпүт! Биһиэхэ сылга 21%-ҥа тиийэ дохуоттаах уурунуу табыгастаах усулуобуйатын талыаххытын сөп. 

Холобура, «Чыпчаал» уурунуу. Сууммата: 30 000–2 000 000 солк. Болдьоҕо: 6 ый. Сыллааҕы бырыһыана: 10/21%*. Бырыһыан ааҕыллыыта – ый ахсын. Бырыһыаны уһулуу – ый ахсын көрдөһүү суругунан. Угуу – муҥутуур суумаҕа диэри. Кыралаан уһулуу – көрүллүбэт. Уһатан биэрии – көрүллүбэт. Болдьоҕун иннинэ көтүрүүгэ толуйуу ыстаапката сыллааҕы 0,01%-нан ааҕыллар.   *Сыллааҕы 21% ыстаапка икки инники ыйга тус уурунуу дуогабардаах сууммата Кээпэрэтиип тус уурунуу атын дуогабардарыгар сыппатах буоллаҕына ананар. Тус уурунуу дуогабарын аһыллыан иннинээҕи 2 толору халандаардаах  ыйа учуоттанар.  Холобура, от ыйын 10 күнүгэр арыйар буоллаххытына, сылга 21%-наах ыстаапка буолар, өскөтүн уурдарааччы ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар тус уурунууларын атын дуогабардарыттан тугу да уһулбатах уонна көһөрбөтөх буоллаҕына.

*Реклама. Только для пайщиков СКПК "Ссудо-Сберегательный Союз". Права и обязанности членов кооператива, а также порядок их приема в члены кооператива установлены Федеральным законом № 193-ФЗ. "О сельскохозяйственной кооперации". ИНН 1435140164. Данные актуальны на 24 октября 2024г.

Биһиги саайпыт: ssscredit.ru

Билсэр нүөмэр: 32-50-90

Бүтэһик сонуннар