Киир

Киир

Хаhан эрэ ньиэп-гаас бырамыысылыннаһа Мииринэй оройуонун балысханнык байытыа диэн үрдүкү сололоох салайааччылар эрэннэрбиттэрэ.

Эбиитин, оройуону хааччыйыы «ындыытын сүгэр». кыахтаахтар дэтэлээбиттэрэ. Дьэ хайдах буолар?

2017 сыллаахха, Мииринэй оройуонун былаастара 17 ньиэп-гаас тэрилтэлэриттэн нолуок үбэ-харчыта киирэрин ирдэспиттэрэ.

Ол эрээри, сорох хампаанньалар, Саха сиригэр нолуок төлүүргэ тиэтэйбэккэ олордулар. Холобур, Иркутскайдааҕы гаас хампаанньатын курдуктар.

Бу хампаанньа, Ичода уонна Улахан Ботуобуйа үрэхтэр быыстарыгар олохсуйбута. Бука, өрөспүүбүлүкэнэн көҥүл бэриллэн киирдэхтэрэ.

Бүгүн, Мииринэй оройуонун сиригэр-уотугар, «Иркутскайдааҕы гаас хампаанньата», «Газпромнар», «Роснефтэр», “Сургууттар” бааллар.                    

Таас-Yрэх эргин ньиэп-гаас хостуур учаастактар чэрчилэннилэр.

Санатан эттэххэ, Мииринэй оройуонугар, 2025 сылга 10 мөл. туонна ньиэп хостонуохтаах диэн былаанныыллар.

«Роснефтегазтар» Бүлүү муоратыттан Чуоналыыр аттыгар тиийэ киэҥ сирдэри баһылаатылар.

«Илин Сибиир» хампаанньа «Иирэлээх» тэрилтэтэ Мииринэйтэн соҕуруу, адьас чугас баар.

Эмиэ Мииринэй куоратыттан үс көстөөх сиргэ, Маччабатааҕы ньиэп-гаас учаастага, киэҥ-нэлэмэн аар тайҕа киэлитин сабардаан сытар. Баахталарын бөһүөлэгэ улахана, былааннара элбэҕэ – өр кэмҥэ кэлбиттэр бадахтаах.

Маны Иркутскайдааҕы ньиэп хампаанньатын тэрилтэтэ хонтуруоллуур.

Сүлдьүкээр тайҕатыгар «Сүлдьүкээр-ньиэп-гаас» хампаанньата баар буолбута ыраатта.

Бэлиэтээн эттэххэ, ньиэби-гааһы кытары үлэлиир тэрилтэлэр уонна хампаанньалар Мииринэйгэ да Ленскэйгэ да үксүү тураллар.

Олортон сорохторун кытары билиһиннэрэбин:

“Сиэрбис уонна скважиналар технологиялара”, “Стройтехбурение”, “Стройинвест”, «Сибиирдээҕи быысканы тутар-таҥар тэрилтэ», Ангарскайдааҕы «Спецмонтаж»,

Илин Сибиирдээҕи инжиниринг хампаанньата, Удмуртиятааҕы сири үүттүүр-дьөлөр хампаанньа .

Ити курдук, билигин, гааска-ньиэпкэ сыһыаннаах тэрилтэ Мииринэй оройуонугар баһаам.

Саха сирэ Тюмены, Ханты-Манси уокуругун, Ямаалы солбуйар сиринэн талыллыбыта дьэҥкэтик көстөр.

Биллиилээх учуонай Е.А.Козловскай, 1998 сыллаахха суруйбутунан, Арассыыйа Аан дойдуга гаас хостооhунугар 34.4 бырыhыан уонна маннык баай саппааhыгар Сир үрдүгэр 27,9 бырыhыан өлүүскэлээх эбит.

Билигин, муҥутуур элбэх ньиэп, гаас саппаастаах сиринэн Саха сирэ ааттанар.

Мииринэй, Ленскэй уонна Сунтаар улуустарын сиригэр биир триллион бэрэбиэркэлэммит гаас саппааһа оттон быһа барыллаан 13,5 триллион гаас уматык саппааһа баара быһаарыллан турар.

Гааска-ниэпкэ интэриэс таһыччы улааппытын, «Росгеология» Бүлүү умнаһын устун, тус илин чинчийэ-тургута сыҕарыйан иһэрэ туоһулуур.

Станислав Алексеев

Мииринэй куората