Киир

Киир

Алтынньы 21 күнүттэн худуоһунньук, дизайнер, уус уонна талааннаах урбаанньыт Вячеслав Васильевич Яроев «Айар кутум абылаҥа» диэн айар үлэтин көрдөрөр ураты быыстапката саҕаламмыта. Биир үтүө күн Дьокуускай куоракка «Комдрагметалл» дьиэтигэр тэриллибит галереяҕа айар үлэтин кытта билсэ-көрө таарыйа, кинилиин атах тэпсэн олорон сэһэргэстим.

Кылгас биографията.

Вячеслав Васильевич Яроев 1971 сыллаахха алтынньы 10 күнүгэр, Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэр Анны Ефремовна уонна Василий Капитонович Яроевтар дьиэ кэргэннэригэр күн сирин көрбүтэ.1990 сыллаахха П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищены, онтон 2004 сыллаахха Красноярскай кыраай судаарыстыбаннай үнүстүтүүтүн живопись салаатын бүтэрбитэ (А.Д. Васильева мастарыскыайа).

Кини билигин:

  • Живописец худуоһунньук;
  • Саха сирин уонна Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ;
  • Арассыыйа худуоһунньуктарын творческай сойууһун чилиэнэ;
  • Саха Республикатын култууратын туйгуна;
  • «Гражданская доблесть» бэлиэ хаһаайына;

- Валериан Васильев аатынан эдэр худуоһунньуктар өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-куонкурустарын дипломана уонна лауреата;

- Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын «Барҕарыы» национальнай пуондатын стипендиата;

- Бүтүн Арассыыйатааҕы, эрэгийиэннээҕи, зональнай уонна норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкалар кыттыылааҕа.

Вячеслав Яроев «Уран» Дизайн-устуудьуйа генеральнай дириэктэрэ. 2011 сылтан Олоҥхо Ыһыахтарын тутууларын бырайыактарын оҥорууга, дьэндэтэн таһаарыыга үлэлиир. Бу тэрилтэ көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ 40-н тахса улахан эбийиэктэр ис барааннара өрөмүөннэннэ уонна дизайн-бырайыага оҥоһулунна (оскуолалар, оҕо уһуйааннара, социальнай бырайыактар уонна да атыттар).

Вячеслав Васильевич саха төрүт култууратын тарҕатааччы, бэйэтин бырайыактарыгар сахалыы тыыны, саха норуотун омук быһыытынан уратытын көрдөрөр.

Кэргэннээх, 3 оҕолоох, 4 сиэннээх.

 


дьиэ кэргэнэ

 

– Ойуулуур-дьүһүннүүр, уруһуйдуур талааныҥ хаһааҥҥыттан арыллыбытай? Бу кэрэ эйгэҕэ хаһан киирбиккиний?

– Үчүгэйдик уруһуйдуур талааммын оскуолаҕа сырыттахпына ИЗО учуутала Анна Васильевна Мандарова бэлиэтии көрбүтэ уонна миигин тута куруһуокка ылбыта. Оччолорго мин 8-9 саастаах уолчааммын. Эһиилигэр муусука уонна художественнай хайысхалаах оскуола арыллыбыта. Ол онно маҥнайгы кылааска киирэн үөрэнэн саҕалаабытым. Онно мин кырдьык үөрэх эрэ туох эрэ диэҥҥэ олох кыһаммат уол сүгүн мэниктээбэт даҕаны үһүбүн. Уолаттар перемена кэмигэр оонньуу, мэниктии сүүрэн хаалар кэмнэригэр мин уруһуйдуу-уруһуйдуу олоробун. Ол сыл игирэм аҥаарын кытта Владиславтыын тустууга сылдьар этибит. Итиннэ дьарыктанарбытыгар иккиэн тэбис-тэҥ ыйааһыҥҥа сылдьарбыт эрээри кини убай буоларын быһыытынан миигин наар кыайара. Мин иккис миэстэҕэ тиксэбин, кини бастыыр, тириэнэрбит НВК «Саха» урукку бэрэсидьиэнэ Уйбаан Михайлович Андросов этэ. Оҕолору олус астыктык дьарыктыыр этэ. Биирдэ учууталым Анна Васильевна Уйбаан Михайловичтыын аҕабын ыҥыран ылбыттар уонна мунньахтаабыттар. Ол түмүгэр игирэм аҥаарын тустууга, оттон миигин уруһуй кылааһыгар хаалларбыттар. Дьэ ол курдук уруһуйдьут буолар дьылҕам суола арыллыбыта. Ахсыс кылааска оскуолабын бүтэрэн баран 1986 сыллаахха П.П. Романов аатынан художественнай училищеҕа туох баар бары тургутугу, эксээмэни туйгуннук туттаран үөрэнэ киирбитим. Онтон кэлин 2004 сыллаахха Красноярскай кыраай судаарыстыбаннай үнүстүтүүтүн живопись салаатын бүтэрбитим, субу манна А.Д. Васильева мастарыскыайыгар дьарыктаммытым. Түгэнинэн туһанан, миигин бу кэрэ эйгэҕэ уһуйбут ытыктабыллаах дьоммор, оскуолатааҕы учууталбар Анна Васильевна Мандароваҕа, орто үөрэҕим кыһатын уһуйааччыларыгар Вячеслав Дмитриевич Артамоновка, Азалия Львовна Соргоеваҕа, Красноярскай филиалыгар үөрэнэрбэр сүбэ-ама буолбут киһибэр Артур Дмитриевич Васильевка улахан махталбын тиэрдэбин.

Эдэр сылдьан

– Оттон игирэҥ аҥаара Владислав спорду талбатаҕа буоллар эмиэ эн курдук худуоһунньук буолуо эбит дуо?

– Буолуо эбит. Кини эмиэ уруһуйдуур талааннаах этэ даҕаны спорт өттүгэр үчүгэй диэн тустууга булгуччу хаалларбыттара, онон художественнай оскуоланы быраҕарыгар тиийбитэ. Ол эрэн, билигин кини тутуу маастара, олус бэркэ уһанар, син уруһуйдуур, ону-маны айар.

– Бука, төрдүгүтүгэр тарбахтарыгар талааннаах, худуоһунньук дьон бааллара буолуо.

– Төрдүбэр уус, худуоһунньук талааннаах дьон бааллар этэ диэххэ сөп. Аҕам Яроев Василий Капитонович Үөһэ Бүлүүттэн Яроевтар диэн аҕа ууһуттан төрүттээх. Кини олус үчүгэйдик уруһуйдуур эбитэ үһү. Маслянай кыраасканан Бүлүү өрүһү хаста даҕаны ойуулаан турардаах. Үөлээннээхтэрэ кэпсииллэринэн кини таһыччы таһымнаахтык, олох үүт-үкчү айылҕаны түһэрэн ылар эбит. Кини ити талаанын сайыннаран илдьэ сылдьыбыта буоллар ааттаах худуоһунньук буолара хаалбыт. Аҕам дьиэ кэргэнин иитэр-аһатар туһуттан атыы-эргиэн үлэтигэр оҕуннаҕа. Маны таһынан, кини уус киэнэ ааттааҕа этэ, тэлгэһэбитигэр турар дьиэни-уоту бэйэтин илиитинэн уурбут-туппут курдук чочуйан таһаарара. Биһигини, уолаттарын куруук батыһыннара сылдьан үөрэтэр-такайар этэ. Кыра сырыттахпытына мастан саа, автомат оҥорон үөрдэрэ. Аны туран ийэм иистэнньэҥ бэрдэ, тугу барытын тигэр. Кини Таатта Баайаҕыгар төрөөбүтэ, сыдьааннарыгар эмиэ тарбахтарыгар талааннаах уус дьон бааллар эбит.

ээдэр сылдьан

– Айымньыларгын көрөн олус сэргээтим. Бу ханнык истиилгэ уруһуйдуугунуй? Ордук тугу ойуулуургун ордороҕуҥ?

– Мин сүрэхтиин-быардыын айылҕаны сөбүлүүбүн. Ол иһин хартыыналарбар Саха сирин кэрэ көстүүлэрэ көстөллөр. Дьон мэтириэттэрин уруһуйдуур да буоллахпына хайаан даҕаны айылҕалаах гынабын. Ити – дойду ахтылҕана. Мин бэйэм тыаттан төрүттээх киһи дойдубун куруутун ахтабын. Оҕо сааһым күндү күннэрэ онно күлүм гынан аастахтара, оччолорго кэм-кэрдиис ааһара даҕаны бытааҥҥа дылыта, күнүм даҕаны сырдык, үтүө буолара. Ол күндү кэм ахтылҕана сүрэхпэр иҥэн сылдьар буолан ойуубар көстөр быһыылаах. Оттон билигин мин арыый хорсун хартыыналары суруйуохпун саныыбын, ол курдук дьон мэтириэттэрин хайдах баарынан ойуулуохпун былаанныыбын.    

IMG 0542

хайа4

– Бэйэҥ ханнык чулуу уруһуйдьуттары холобур оҥостоҕунуй? Ким айар үлэтин кэрэхсии көрөҕүнүй?

– Үөрэппит учууталым Васильев Артур Дмитриевич айар үлэтин ордук сэргии, кэрэхсии көрөбүн. Бу бачча сааспар диэри олус элбэх түмэллэри, быыстапкалары көрөн кэллим ини кэлбэтим ини, кини буочарыгар майгынныыр худуоһунньук суоҕун кэриэтэ дии санаатым. Учууталым үлэтин олус хайҕыыбын уонна маннык курдук чулуу киһиэхэ үөрэммиппинэн киэн туттабын. Кини аатырбыт хартыыналарынан «Мама», «Волейбол», «Мой ангел», «Девочка с одуванчиками», «Несущие свет», «Паутина», «Разбитое зеркало» триптих буолаллар. Билигин уһуйааччым биир улахан үлэтин оҥоро сылдьар, онон, сотору кэминэн Артур Дмитриевич өссө биир саҥа шедеврын долгуйа күүтэбит.

– Ханнык түгэҥҥэ эйиэхэ иэйии, муза киирэрий?

– Миэхэ иэйиим олус хомойдохпуна, үөрдэхпинэ, санаам көтөҕүлүннэҕинэ киирэр. Холобура, үлэбинэн дьону кытары эҥин туох эми мөккүһүү, өйдөспөт түгэн үөдүйдэҕинэ эмискэччи хоһоон тыллара көтөн кэлэллэр. Арба даҕаны, хоһооннорбун мунньан кинигэ таһааттарбыттааҕым ээ. Маны таһынан, туох эрэ уратыны уонна кэрэни көрдөхпүнэ иэйиим тиллэр. Таҥара табатыныныы кыраһыабай кыргыттартан эмиэ музам уһуктар. Кистэл буолбатах, кэрэ кыргыттары харахтыын наһаа хайҕыы көрөбүн, кинилэр мэтириэттэрин тута ойуулуу охсуохпун баҕаран кэлэбин.

хартыына 7

– Ойуулуур кэмҥэр хайдах иэйии эйиигин абылыырый? Туох эмит дьикти турукка киирэҕиҥ дуо?

– Мин уруһуйбун ис дууһабыттан саҕалаатахпына олох дьикти эйгэҕэ киирэн хаалабын, онно киирэн хаамса сылдьар курдук буолабын. Нууччалыы этэр буоллахпына атын реальноска көһөргө дылыбын. Ардыгар олох күнү күннээн, үстүү күн сүгүн-саҕын утуйбакка эрэ уруһуйдуубун. Ол аата сарсыарда биэскэ-алтаҕа диэри ойуулуубун уонна икки эрэ чаас утуйан ылан баран ойон тураат үлэбэр барабын. Ол кэннэ киэһэ ыксаан аҕай уруһуйбар кэлэбин. Маннык курдук дьэ үстүү-түөртүү күн сүгүн аһаабакка, утуйбакка айар үлэбэр охтобун. Ити кэнниттэн биир күн олох бухатыырдыы утуйар ууга охтон хаалабын. Оттон ол ылларан уруһуйдуу турдахпына өйбөр-санаабар араас идеялар көтөн түһэллэр. Маннык курдук турук кинигэни таттаран туран ааҕар кэммэр эмиэ буолар ээ. Өссө сороҕор наһаа үчүгэй хоһоон тыллара кутуллан кэлэллэр. Арааскыта ардыгар уруһуйдуохтааҕым оннугар хоһоонунан таһааран кээһэбин быһыылаах.

хартыына

– Киэн туттар, сүрэххэр чугас айымньыларыҥ ханныктарый?

– Хартыыналарбын барыларын сөбүлүүбүн. Сүрэхпэр ордук чугас хартыынана «Малая родина» диэн айымньым буолар. Бу мин маҥнайгы улахан үлэм, оччолорго эдэр сылдьан ойуулаабыт буоламмын сыыһалардаахпын, ол даҕаны буоллар олус табыллыбыт дии саныыбын. Өссө «Полевые цветы» диэн хартыынабын сөбүлүүбүн. Бу уруһуй устуоруйатын сэгэтэр буоллахха, хаһан эрэ кэргэмминээн балыктыы барбыппыт уонна биири даҕаны хаптарбатахпыт. Ол оннугар кэргэним хонууттан сибэкки бөҕөтө хомуйан кэлбитин вазаҕа уурбуппут. Оттон арай омурҕанныы олордохпутуна сибэккилэрбитигэр наһаа үчүгэйдик күн сардаҥата тыкпыта. Ону олус кэрэхсии көрөммүн ойууга түһэрэргэ санаммытым. Өссө биир истиҥник саныыр хартыынам – «Золотой урожай». Бу уруһуйбар бурдук буолатыгар аттаах уолаттар тураллар. Бу хартыынам олохпор үчүгэй уларыйыы буоларын түстээбитэ. Оччолорго икки кыыстаахпын эрээритин уол оҕом суох этэ буоллаҕа, ону бу хартыына кэннэ биһиги ыалга аҕыс кырыылаах уол оҕо төрөөбүтэ.

IMG 0551

– Быһа холоон хас хартыыналааххыный?

– Этюдтары эҥин барытын ааҕан туран сүүсчэкэ баар. Ол эрэн манна биэс уонча хартыына турда. Урут устудьуоннуу сырыттахпына харчыга кыһарыйтараммын сорох хартыыналарбын атыылаабыттааҕым. Ол атыылаһан ылбыт дьон сорохторо быыстапкабар хартыыналарбын кыайан аҕалбакка хааллылар.

– Маннык дьиибэ боппуруоһу ыйытыым: эн тугу хаһан даҕаны ойуулаабаккыный? Ханнык тиэмэттэн эн дьалты ыраах сылдьаҕыный?

– Миигиттэн абааһы, хараҥа күүс уонна өлүү-сүтүү тиэмэтэ ыраах. Холобура, олоҥхо абааһыларын уруһуйдуур санаам кэлбэт. Олоҥхо темаларыгар ойуулуур күннээх эбит даҕаны буоллахпына сырдык күүһү, айыы дьонун хартыынаҕа түһэриэхпин сөп. Маны таһынан, арыгылыы, табахтыы олорор дьону уруһуйдуурга илиим барбат. Олох ыраас, сырдык өттүн көрөн ойуулуурбун ордоробун.

хартыына6

– Дьэ, оччотугар маннык ыйытык күөдьүйэн тахсар: эн хартыыналаргынан, айар үлэҕинэн дьоҥҥо тугу тиэрдэ, кэпсии сатыыгыный?

– Хартыынаны көрөн киһи үөрүөхтээх, чэпчиэхтээх, дуоһуйууну ылыахтаах дии саныыбын. Худуоһунньук айымньыта истиэнэҕэ ыйанан туруохтаах, дьоҥҥо кэрэни, үтүөнү кэпсиэхтээх. Киһи хартыынаттан үчүгэйгэ үөрэниэхтээх, олох сырдык араҥатын көрөн сүргэтэ көтөҕүллүөхтээх.

– Дьэ, чахчы оннук эбит дии. Эн хартыыналаргын көрөн киһи айылҕаҕа тахсан сынньаныах санаата көтөн түһэр эбит. Бу, холобура, хатыҥ чараҥнаах хартыынаҕыҥ көрөн дойдубар Чурапчыга баран кэлиэхпин баҕардым ээ.

– Бу хартыынаны одуулуу туран ким эрэ бэйэтин дойдутун хатыҥ чараҥын быыһыгар дьэдьэннии сылдьарын, ким эрэ тапталлааҕын кыыттар дьаарбайа сылдьарын, ким эрэ сайылыкка хааман иһэрин саныыр эбит.   

хартыына3

– Эдэр көлүөнэ худуоһунньуктарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Эдэр көлүөнэ худуоһунньуктарга аныгы муоданы батыһан наһаа абстракцияҕа, «мультяшнай», «анимэ» уонна авангард истииллэргэ охтумаҥ диэм сүбэлиэм этэ. Дьиҥинэн, бу биһиги олохпутугар дьиҥнээх классика, реализм сыаналанар. Бу көрүҥнэргэ таһыччы хартыынаны уруһуйдуурга уустугун, ол эрэн кыайа тутары сатыы үөрэниҥ диэн этиэм этэ. Уонна бэйэ-бэйэни үтүктүһүмүөххэ наада дии санаатым. Мин биир бэйэм реализмы ордоробун, киһи олоххо баары ойууга түһэрэн үйэлэргэ хааларыахтаах дии саныыбын.

– Тэрилтэҥ эмиэ айар үлэни кытта быһаччы ситимнээх дии. Кылгастык үлэҥ хайдах, хаһан тэриллибитин туһунан устуоруйатын кэпсии түһэргин көрдөһүөм этэ.

– Уһаныы уонна уруһуйу түһэрии иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр дьүөрэлэр. Мин училищебын бүтэрээт даҕаны оруобуна 90-с дьалхааннаах сылларыгар тутуу үлэтигэр барбытым. Оччолорго бастакы улахан мас дьиэлэри, кэттиэстэри туппуппут, үлэ бөҕөтүн үмүрүппүппүт. Ол быыһыгар бэйэбин көрдөөммүн огранщик үөрэҕэр үөрэммитим. Дьэ ити курдук «холтууралыы» сылдьан реставратор, архитектор идэлэрин интириэһиргиир этим. Ити сылдьан тутууларбын бэйэм дизайнердыыр этим. Оттон сотору кэминэн уруһуйдут үөрэхтээх кэргэммин көмөҕө ыҥырбытым, онон кини дизайнер оттон мин тутааччы буолан үлэлээн саҕалаабыппыт. Итинник үлэлии-хамныы сылдьан, 2012 сыллаахха бэйэбит «Уран» диэн тэрилтэ тэриммиппит. Манна инженердэри, архитектордары, буҕаалтырдары ыҥырбыппыт. Сүрүн үлэбитинэн оскуолалары, оҕо уһуйааннарын сахалыы ойуулаах-мандардаах киэргэтиинэн дьарыктанар этибит. Сакаас бииртэн биир киирэн испитэ. Ол курдук, «Модун» спорт-комплекс, «Кэскил» оҕо уһуйаанын, «Дэлэй» атыы-эргиэн киинин, бырабыыталыстыба дьиэтин актовай саалатын уонна даҕаны атын дьиэлэри сахалы тыыннаах истииллээн биэрбиппит. Оттон 2014 сылтан саҕалаан өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыахтарын тутууларын оҥорууга миигин дизайнер быһыытынан ыҥырбыттара. Дьэ итинтэн ылата биһиги тутууларбыт улахан ыһыахтары киэргэтэллэр. Бу аал луук мастарбыт дизайнын оҥоруу бэйэтэ туспа уһун устуоруйа ээ. Оҥорон таһаарыам иннинэ олоҥхоһуттары истибиттээҕим, онуоха өйбөр-санаабар туспа уобарастар көтөн кэлбиттэрэ.

– Биир улахан баҕа санааҥ тугуй?

– Дьиҥинэн, баҕа санаам олус элбэх. Ол эрэн, мин биир улахан баҕа санаам диэн Үөһээ Бүлүү улууһун Яроевтар аҕа уустарын ааттатыы, хаҥатыы. Хаһан эрэ, ким эрэ тэлэбииһэргэ: «Үөһээ Бүлүүгэ Яроевтар аҕа уустара билигин адьас суохтар», - диэбитин истэн олус хомойбуттааҕым. Онон, аҕа ууһум бука бары дьонун мунньан, бу баарбыт дэттэриэхпин баҕарабын. Бу баҕа санаам кутуйах хаамыытынан да буоллар туолан эрэр ээ.  

– Вячеслав Васильевич, кэпсэтииҥ иһин барҕа махтал. Айар үлэҕэр митиһиилэри баҕарабын. Өссө даҕаны саҥа бырайыактары, хартыыналары кэтэһэбит.

Ираида Коркина-Чугдаара

IMG 0528

IMG 0572

хартыына8

Бүтэһик сонуннар