Киир

Киир

Биллэрин курдук, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн күрэс бөҕө ыытылла турар. Ол курдук, 202 микро-оройуоҥҥа, Өлүөнэ өрүспүт үрдүгэр, муус уонна хаар оҥоһуктарга куонкурус былаһаакката тэриллэн үлэлии турар.

Ахсынньы 1 күнүгэр, күрэс туһунан билсэ, оҥоһуктары көрө, дьэндэтиллэ турар «муус куоракка» тиийдибит. Номнуо, киһи хараҕа кэрэхсиир ураты муус оҥоһуктар турбуттар. Дьэ, бу паарка сотору үлэтин саҕалаатаҕына, остуоруйа дойдутун курдук олус ураты көстүүлээх буолуо турдаҕа.

«Парк «Северное сияние» тэрилтэ дириэктэриттэн Алексей Прокопьевич Демьяновтан ыытылла турар күрэс уонна «муус куорат» үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсииригэр көрдөстүбүт.

– Үтүө күн буолуохтун, «Кыһын Саха сирэ саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн ыытылла турар «Саха сирин бирилийээннэрэ» куонкурус туһунан баһаалыста сырдата түс.

– Бу куонкуруһу Дьокуускай куорат култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтата уонна биһиги тэрилтэбит ООО «Парк «Северное сияние» буоламмыт ыытабыт. Бастакы күрэхпит, муус оҥоһукка блиц-турнирбыт, Орджоникидзе болуоссатыгар буолла, манна 20 хамаанда кыттыыны ылла. Күрэхпит уопсайа 5 күннээх – сэтинньи 28 күнүттэн ахсынньы 2 күнүгэр диэри. Мууска күрэхпит бэҕэһээ киэһэ түмүктэммитэ. Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ көрөн кыайыылаахтары быһаардылар. Билигин, бу сарсыардаттан хаарынан оҥоруу күрэҕэ буола турар, бу түмүгүн сарсын киэһэ билиэхпит.

– Куонкуруска кыттар оҥоһуктаргыт темалара ханныктарый?

– Блиц турнирбытыгар тематиката – “Саҥа Дьыллааҕы Дьокуускай”. Оттон бу 202 микро-оройуоҥҥа буола турар мууһунан оҥоһукка күрэхпит киэнэ – «Аан дойдутааҕы кинематография матыыптара». Хаар оҥоһуктар күрэхтэрин тиэмэтэ – «Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыла». Таһырдьа, бу көрөргүт курдук, муус оҥоһук күрэҕэр кыттааччыларбыт киинэ матыыптарынан дьоруойдары уонна персонажтары оҥорбуттар. Ол курдук, эһиги манна «Аватар», “Чаплин”, “Пираты карибского моря” уо.д.а. киинэ персонажтарын көрөҕүт.

IMG 2357

– Ханнык муус оҥоһугу ордук чорботон бэлиэтээтиҥ?

– Мин бэйэм дьүүллүүр сүбэҕэ баарбын. Онон, хас биирдии муус оҥоһугу барытын сыныйан көрдүм уонна «Пираты карибского моря» киинэнэн чочуллубут оҥоһугу чорботтум. Бу эриэккэс оҥоһук маастара – Үөһээ Бүлүүттэн Николай Петров.

IMG 2324

– Эйиигин кытта дьүүллүүр сүбэҕэ кимнээх үлэлээтилэр?

– “Арчы” дьиэтин дириэктэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Лариса Константиновна Андреева; СӨ норуодунай худуоһунньуга, Арассыыйа Федерациятын ускуустубатын үтүөлээх деятелэ, косторез-маастар Федор Иванович Марков; скульптордар Л. А. Ким аатынан оҕо ускуустубатын оскуолатын преподавателэ, СӨ култууратын туйгуна Егор Егорович Степанов, Арассыыйа худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ Николай Егорович Чоччасов уонна мин буоламмыт дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтибит.

IMG 2316

– Быйылгы күрэх туох уратылаах буолла? Саҥа кыттааччы төһө элбэҕий?

– Быйыл хамсыктан сылтаан тас дойдуттан кыттыыны ылбатылар, онон, күрэх өрөспүүбүлүкэбит эрэ иһинэн ыытылынна. Уопсайа, 8 улуустан 20 хамаанда кыттыыны ылла, кыттааччы 70%-на саҥа, эдэр маастардар, устудьуоннар эмиэ бааллар. Бары бэйэлэрин олус үчүгэйдик көрдөрдүлэр, аксакал кыттааччыларбытын кытта тэҥҥэ тилэх баттаһан иһэллэр. Быйыл онус үбүлүөйдээх сылбыт буолла.

IMG 2406

– Оттон эн бэйэҥ быйыл муус оҥоһукка холонон көрдүҥ дуо?

– Хомойуох иһин, соло суох буолан уонна тэрийээччи да буоларым быһыытынан оҥорботум. Дьиҥинэн, оҥоруохпун олус баҕарабын.

IMG 2409

IMG 2368

– Бу паарка үлэтин инники былааннарын туһунан кэпсии түс.

– Быйыл пааркабытыгар, көрөөччүлэрбитин кэрэхсэтэр туһуттан улахан былааннардаахпыт. Уопсайынан, көрө, сынньана кэлээччи дьон куттара-сүрдэрэ тохтоон, дуоһуйа сынньалларын туһугар, пааркабытын кэрдиистэринэн, саас-сааһынан араартаан оҥордубут. Ортотугар оҕо сынньалаҥын комплекса баар буолуоҕа, араас элбэх сыырдары оҕолорго анаан туруоруохпут. Былырыын кафебыт ортотугар баар этэ, оттон ити тула куонкуруска кыттыбыт оҥоһуктарбыт турар этилэр. Быйыл оннук гымматыбыт, иэнинэн кэҥээбит кафебыт кытыы сыҕарыйда. Уһун сыырбытын быйыл өссө кэҥэтиэхтээхпит, отучча тус-туһунан, кэрдиис сыырдары оҥоруохпут. Бу манна тюбинынан хатааһылыахха сөп буолуоҕа. Ол аттынан мотоснегоходтар сылдьыахтара, бу тиэхиникэлэри дьон бэйэтэ ыытыаҕын сөп буолуоҕа. Манна эбии бананканан хатааһылааһын эмиэ үлэлиэҕэ.

IMG 2331

– Паарка үлэтин болдьоҕо хайдах буолуоҕай? Хаһааҥҥыттан үлэлээн саҕалыаҕай?

– Былаан быһыытынан, Саҥа Дьылга диэри арыллыахтаахпыт, үлэбитин Саҥа Дьылга диэри түмүктүөхтээхпит. Онон, Саҥа Дьылга ыалдьыттары үөрэ көрсөргө бэлэм буолуохтаахпыт. Онуоха диэри мууһунан-хаарынан күрүө-хаһаа оҥорон бүтэриэхтээхпит. Оттон паарка үлэтин түмүгэ дьылтан тутулуктаах буолуоҕа. Уопсайынан холоон көрдөххө, муус устар ый ортотуттан үлэбит түмүктэнэр.

– Киирии билиэт сыаната быйыл төһө буолуоҕай?

– Киирии билиэти быйыл уларытар былааммыт суох – улахан дьоҥҥо 300 солк., оҕолорго – 200 солк., оттон биэс саастарын туола илик оҕолорго киирии босхо.

– Алексей Прокопьевич, аҕыйах ыйытыыбар хоруйуҥ иһин махтал.

Ираида Коркина-Чугдаара

IMG 2350

IMG 2351

IMG 2346

IMG 2344

Бүтэһик сонуннар