Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан от ыйын 8 күнэ Бүтүн Арассыыйатааҕы Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн бигэргэтилиннэ.
Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бэйэтин эҕэрдэтигэр «Саха сирэ өбүгэ саҕаттан халыҥ аймахтааҕынан аатырар. Биһиэхэ элбэх оҕолоох буолуу олохпут нуормата буолар, биир дьиэҕэ тапталга уонна өйдөһүүгэ бигэнэн хас да көлүөнэ аймах олороро сонун буолбатах. Ол түмүгэр, дириҥ силистээх, өлбөт-сүппэт төрүт үгэстэр көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэллэр, өбүгэлэрбитин кытта ситим сүппэт, дьиэ иһинээҕи сыһыан бөҕөргүүр. Аҥаардас бэс ыйыгар өрөспүүбүлүкэбитигэр 978 оҕо төрөөтө! Биһиги Саха сирэ бүтүн Россиятааҕы демографичекай рейтиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьарынан киэн туттабыт» диэн этэр.
Ил Дархан этиитэ олохтооҕун бүгүн Дьокуускайга буолан ааспыт дьиэ кэргэнинэн күргүөм хаамыы туоһуулуур. Хаамыыга дьиэ кэргэттэр эдэрдиин-эмэнниин олус көхтөөхтүк кытыннылар. Бастакытын ыытыллар тэрээһин диэтэххэ, олус элбэх киһи кыттыбыта сөхтөрдө. Манна саҥардыы ыал буолбут сыбаайба таҥастаах пааралар, кэлээскэ күрэҕэр кыттар кырачааннар төрөппүттэрин кытта, элбэх оҕолоох ыаллар, уһуннук бииргэ олорбут аҕа саастаах ыаллар, көҥүл түмсүүлэр, тэрилтэлэр хаамтылар.
Кэлээскэ күрэҕэр Аллараа Бэстээхтэн кытта кэлбит Александра уонна Николай Костроминнар бүгүн бар дьон, СМИ болҕомтотун күүскэ тартылар. Кинилэр кыыстарыгар оҥорбут "Ураһа"кэлээскэлэрэ, биһиги көрүүбүтүнэн, барыларыттан улахан, дьэрэкээн уонна баай ис хоһоонноох. Кэргэнниилэр ураһа-кэлээскэни эбэ-эһэ сүбэтинэн үлэлэрин быыһыгар биир нэдиэлэ кэриҥэ оҥорбуттар. Ыал аҕа баһылыга маннык күн олохтоммута дьиэ кэргэн түмсүүлээх буоларыгар, тапталы уонна бэриниилээх буолууну үтүө холобур оҥосторугар олус суолталаах диэн этэр.
Оттон кырачаан Анастасия дьиэ кэргэнинэн күргүөм хаамыыга Хатас курдук тэйиччи сиртэн эһэтэ оҥорбут атын миинэн ийэтэ Нинаны, эбэтэ Галинаны уонна убайын кытта, сахалыы таҥнан-симэнэн, дьиэ кэргэн күнүн бэлиэтии кэлбит.
Бүгүн Дьокуускайга сөрүүн күн буолан, кыттааччылар бэрт холкутук сылдьар көрүҥнээхтэр. Кэлээскэнэн айаҥҥа бигэнэн, салгыҥҥа угуттанан, утуйан хаалбыт кырачааннар элбэхтэр. Сорохторо сылайан ытаһан да ылаллар, сорохтор соһуйан мустубут дьону тонолуппакка одуулууллар. Кинилэр тустарыгар дьоллоох дьиэ кэргэн, үйэлээх таптал мэлдьи баар буоллун.
Тэрээһини сырдатта Күндэли
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ