Хаһыакка, үгэс курдук, Үөһэттэн айдарыылаах, эмтиир дьоҕурдаах дьону кытары кэпсэтээччибит. “Баҕар, биир эмэ киһи туһаныа, эмтэниэ” диэн. Бу дьон бары кэриэтэ манна олорор буолан, төлөпүөнүнэн кэпсэтэн, күн болдьоһон эмтэнэллэр, билгэлэтэллэр быһыылаах.
Оттон бүгүн кэпсэтэр киһибит, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр олорор. Сунтаартан төрүттээх Эдуард Соколов-Тулусхан диэн биллэр суруйааччы төрөппүт уола Спартак СОКОЛОВ. Иркутскай уобалас Ангарскайыгар олохсуйбута быданнаабыт.
– Иркутскай уобалаһыгар олохсуйбутуҥ ырааппыт. Хайдах онно тиийэн хаалбыккыный?
– Мин, дьиҥэ, Сунтаар улууһуттан төрүттээхпин. Аҕам Эдуард Соколов-Тулусхан – суруйааччы. Ийэм Таммах Өксүү диэн аатынан хоһоон суруйар этэ. 1986 сыллаахха Ангарскайга мэдиссиинэ училищетыгар үөрэнэ сылдьаммын, кэргэннэнэн, устунан олохсуйа хаалбытым. Бастаан балыыһаҕа мед-бырааттаабытым, онтон бэйэ дьыалатын арынан үлэлээбитим. Өр урбаанньыттаабытым, биисинэстээх этим. Бу эйгэҕэ кэлиэм иннинэ тус суолбун көрдөөммүн, өр муна сылдьыбытым. Кистээбэккэ эттэххэ, ыарахан олоҕу олорбутум: түһүү да, тахсыы да баара. Кэлин өйдөөтөхпүнэ, Үөһээҥҥилэр миигин тургута, бэлэмнии сылдьыбыттар эбит.
– Эрдэттэн айылҕалааҕыҥ, дьоҕурдааҕыҥ биллэр этэ дуу?
– Суох, төрүт бүтэй киһи этим. Биирдэ оҕо сылдьан этиҥнээх ардах түспүтүн кэннэ, эмискэ таһырдьа сүүрэн тахсан, халлааны өрө көрөн туран: “Адрыы халлаан”, – дии-дии, хаһыытаабытым. Оччолорго туох диэн хаһыытыырбын ким даҕаны өйдөөбөтөҕө, бэйэм да өйдөөбөтөҕүм. Онтум ити тыл бүрээттэргэ “аадыр” диэн этиҥнээх ардах кэнниттэн этиллэр эбит. Түҥ былыргы өбүгэлэрбит бу сиртэн Байкал күөл кытылыттан силис тардан, Саха сиригэр кэллэхтэрэ. Бука, түҥ былыргы үйэтээҕи төрүттэрбит дойдуларыгар кэлэн олохсуйуохтаахпын өтө билэн, итинник саҥа таһаарбыт буолуохпун сөп эбит. Дьиҥэ, түүллээх-биттээх эбиппин да, онно улахан болҕомтону уурбакка сырыттаҕым дии.
– Төрдүгүтүгэр уустар, ойууннар, удаҕаннар бааллар этэ дуо?
– Бааллара. Эһэм Миитэрэй Бытыков диэн Хадан, Илимниир олохтооҕо баара. Кырабар киниэхэ иитиллибитим. Олус күүстээҕэ, бэйэтин кыанар киһи этэ. Сорсуннаах булчут, мас ууһа, тутааччы идэлээх этэ. Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа. “Төрдүбүтүгэр ойууннар, удаҕаннар бааллар үһү” диэччилэр да, оччолорго сэҥээрбэт, ыйыталаспат этим. Кэлин бу эйгэҕэ сыстан баран билбитим.
– Онтон хайдах баардааҕыҥ биллэн барбытай?
– Биир кэмҥэ тугум да табыллыбат буолан хаалбыта. Аны доруобуйам айгыраан, ыарытыйар буолбутум. Оннук ыар санааҕа ыктара, ыарытыйа сырыттахпына, билэр дьонум: "Бүрээт ойууна кэлэ сылдьар, баран көрдөрбөккүн дуо?" – диэбиттэригэр, ыксааммын барбытым. Артур Цыбиков диэн бүрээт ойууна. Ол саҕана Үөһээ Айыылар, ойууннар, абааһылар диэни соччо-бачча итэҕэйбэт этим. Сэбиэскэй тутулга улааппыт оҕо буоллаҕым, кэлин эрэ аныгы киһи быһыытынан үлэлии-хамсыы сырыттаҕым. Киһим миигин тургутардыы көрөн-истэн баран: “Эн бэйэҥ ойуун буолуохтаах киһи сылдьар эбиккин. Хара Ойуун буолуоҕуҥ", – диэбитигэр мин, биллэн турар, соһуйа истибитим. Онтум "Хара Ойуун" диэн, кинилэргэ үрдүк таһымҥа турар, ыарыы төрдүн ыраастыыр, сүдү өбүгэлэри кытары алтыһар ойууну этэллэр эбит. Оттон "Маҥан Ойуун" диэн дьону көннөрү эмтиир, алгыс этэр ойууну этэллэр. Мин бастаан чараас эйгэ диэни төрүт билбэт киһи батына сатаабытым. "Билиҥҥи олоххун, балаһыанньаҕын астынар буоллаххына, буолума ээ. Оттон Ойуун буоллаххына, оҕолоруҥ үтүө олоххо барар суолларын аһан биэриэҕиҥ”, – диэтэ. Толкуйдуу түһэн баран, оҕолорбун санаан, сөбүлэһэргэ тиийбитим. Эрдэтээҕи олохпуттан аккаастанан, биисинэспин эҥин барытын быраҕаммын, ойуун олоҕун олорорго быһаарыммытым.
– Тыый?!
– Ол курдук, Байкал күөлгэ турар Ольхон арыыга бүрээттэр 99 таҥараларыгар үҥэр-сүктэр, ас кээһэр, алгыс ылар "тайлаган" диэн туомнарыгар барыстым. Тиийээппин кытары "ойуун сылдьар эбиккин" диэн быһаара оҕустулар. “Сүдү өбүгэлэриҥ ааттарын билиэххин наада” диэн, Агинскайга олорор удаҕан дьахтарга ыыттылар. Удаҕан биир өбүгэбин булан, миэхэ кини аатын иҥэрдэ. Өбүгэҕин ааттааҥҥын күн аайы ас кээһэ сылдьыахтаах эбиккин. Аны ыйга иккитэ баар аймахтаргын барыларын испииһэгинэн ааттыы-ааттыы, кинилэр үчүгэйдик сылдьалларын туһугар алгыс тылын этиэхтээххин. Чэ, ити курдук киниэхэ кутуруксуттуур кэммэр ойуун туттар араас сиэрин-туомун ымпыгар-чымпыгар тиийэ уһуйбуттара.
– Сорох айдарыылаахтар унньуктаах уһун эттэтиини ааһаллар, хас эмэ сыл ыалдьаллар үһү. Оттон эн эттэтиини ааспытыҥ дуо?
– Сыл курдугунан маҥнайгы эттэтиибин ааспытым. Түһээтэхпинэ, көстүбэт эйгэттэн эппин-сииммин бүүс-бүтүннүү эттээн, испин-үөспүн, сүрэхпин-быарбын хостоон ылбыттара. Олус ыарахан этэ... Үһүс эттэтиим кэннэ, икки сылынан, ойуун таба муостаах тимир хоруонатын (оргойто) кэтэрдибиттэрэ. Төрдүс сылбар эһэ саҕынньаҕын (саарин) санныбар бырахпыттара. Дьиҥинэн, алтыс сылгар ойуун быһыытынан ситтэххинэ-хоттоххуна, эһэ саҕынньаҕын кэтиэхтээххин. Миэхэ эрдэ кэтэрдибиттэрэ.
– Ыарыы, кыһалҕа туох төрүөттээҕий? Хайдах эмтэниэххэ, кыһалҕаттан тахсыахха сөбүй?
– Өбүгэлэриҥ, төрүттэриҥ оҥорбут хара дьыалалара, санаалара, ордук санаабыттара дуу, кими эмэ сэнээбиттэрэ дуу эйиэхэ ыар баттык, санаа-оноо, хаһан да бүппэт кыһалҕа буолан эргиллэн кэлэр эбит. Сорох дьон тугу да гыммыттарын иһин, төрүт туохтара да табыллыбат буолан хаалар, бииртэн биир кыһалҕаҕа анньылла тураллар. Ыар тургутууну ааһаллар. Ол оннук хатыланан бара турар. Ордук саныыр, сэниир, албынныыр, түөкүннүүр, уорар-талыыр, өлөрөр-өһөрөр, уопсайынан, аньыыны-хараны оҥоруу – барыта сыдьааннарыттан иэстиир. Онон тугу барытын өйдөөн-дьүүллээн саҥарыахтааххын, оҥоруохтааххын, аньыыга-хараҕа киирэн биэриэ суохтааххын. Бу дойдуга биһиги эрэ баар буолбатахпыт. Аттыбытыгар иччилэр, Айыылар, кырамаҥҥа көппөтөх дууһалар бааллар. Олор аһаҕас эттээх эрэ дьоҥҥо дэҥҥэ көстөн ааһаллар.
– Киһи ыарыыга ылларара эмиэ өбүгэлэриттэн кэлэр дуо?
– Киһи ыарыыга ылларара эмиэ өбүгэтэ олорон ааспыт олоҕун кытары ыкса ситимнээх, ыйаахтаах. Тымныйыы итиннэ туораттан "көмө" эрэ буолар. Мээнэ саҥаҕынан, дьайыыгынан ыар кыһалҕаҕа киирэн хаалыаххын сөп. Онтон устунан киһи бэйэтин санаатыттан, ис туругуттан ыарыыны үөскэтэр. Хом санаа, ордук санааһын, күнүү, сэнэбил, баттык буолбут ыар санаа барыта киһини иһиттэн киирэн сии, кэбийэ сылдьар. Онтон ыарыы үөскүүр.
– Эн хайдах быһыылаахтык үлэлиигиний, дьону эмтиигин дуо?
– Өбүгэбин кытары ситими тутан үлэлиибин. Барыларын ааттарынан билэттиибин. Бэйэлэрэ даҕаны биллэн ааһаллар. Сороҕор түүлбэр биллэллэр. Ардыгар турукка киирдэхпинэ, эппэр-хааммар киирэн, ыарыһаҕы эмтииллэр. Нукаай курдук олоробун, хайдах эмтээбиттэрин, тугу саҥарбыттарын-иҥэрбиттэрин бэйэм билбэппин. Мин эппин-хааммын туһанан үлэлииллэр. Уһуктан кэлэн баран, тугу да өйдөөбөппүн. Ол эрээри эмтээбит буолаллар.
Мин сүрүн сыалым-соругум – олохторугар табыллыбакка сылдьар дьоҥҥо сөптөөх суолу арыйыы, хайысханы ыйыы. "Тоҕо сыыһа суолу тутуһалларый?" диир буоллахха, Орто дойдуга урут олорон ааспыт Үөһэттэн айдарыылаах өбүгэлэрин кытары ситимнэрин быспыттар, ол иһин саргы-сатаҕай олохтоноллор. Мин ону маннык быһаарабын: омугуттан тутулуга суох хайа да киһи хааныгар былыр олорон ааспыт ойуун, удаҕан өбүгэтин хаана сүүрэр. Бу Үөһэттэн айдарыылаах өбүгэ төһө да былыр үйэҕэ өлбүтүн иһин, кини тыына, иччитэ хас эмэ үйэ тухары удьуордарын, аймахтарын харыстыы, араҥаччылыы сылдьар оҥоһуулаах. Үгүс саха ол ситимэ быстан, олоҕун оҥоһуута бөрүкүтэ суох түгэннэргэ тиэрдэр.
– Ол аата, эн дьону ыарыыларын чопчу эмтээбэккэ, ыарыыларын төрүөтүн булан ыраастыыр, суолларын көннөрөр, ыйар буоллаҕыҥ? Ыарыы төрүөтүн буллаххына, үтүөрэн хаалаллар дуу?
– Төрүттэрин кирдэрэ-хохторо, аньыылара-харалара бу дьонунан ааһар. Ол иһин кинилэр эрэйи-муҥу көрсөллөр, сор олохтоноллор, ыалдьаллар. Сорохтор ол ноҕуруускатын тулуйбакка, арыгыһыт буолаллар, атыттар ыарыыга ыллараллар, сорохтор бэйэлэригэр тиийинэллэр. Сахаҕа бэйэҕэ тиийинии элбэх ээ. Тоҕо итиннигий? Сүрүн хоруйа биир: үөһэттэн кэлэр ноҕуруусканы туһаҕа таһаарарга сөптөөх суолу тобулбакка, муунтуйууттан муҥур уһукка тиийии. Итинник дьоҥҥо сиэри-туому толоруллуохтаах, өбүгэлэрин кытта ситимнэниллиэхтээх, суолларын-иистэрин арыйыллыахтаах. Оччоҕо өбүгэлэрин ситимин тутан, аймахтарын, төрүттэрин араҥаччылыырга көрдөһөн көнө суолга үктэнэллэр. Дьэ, ол иһин мин олохторо сатамматах, суолларын сүтэрэн муна-тэнэ сылдьар, санаалара кылгаабыт, ыар баттыкка ылларбыт дьоҥҥо сүдү өбүгэлэрин кытары ситимниибин.
– Дьиҥэ, киһи барыта оҕолоругар, сиэннэригэр төһө кыалларынан көмөлөһө сатыыр, үчүгэйи эрэ баҕарар.
– Оҕобут дьоллоох буоларын туһугар тугу барытын оҥоро сатыыбыт, кыһалҕаны билбэтин диэн, сөбүлээбитин ылабыт, дьиэтин-уотун тутан биэрэбит. Дьиҥинэн, ити барыта – көмө буолбатах. Саамай сүрүнэ: киниэхэ суолу ыйан, ааны аһан биэрии! Хас биирдии киһи былыр үйэҕэ олорон ааспыт өбүгэлэрин аньыыларын-хараларын илдьэ сылдьар. Аньыы-хара өлбүт киһини кытта барсан хаалбат. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ барсан иһэр айылгылаах. Ол иһин киһи оҕолоругар, сиэннэригэр, сыдьааннарыгар үчүгэйи баҕарар буоллаҕына, аньыыны оҥорбокко буола сатыахтаах. Сүрүн көмө бу буолар! Кыһалҕаҕа бэлиэр ылларбыт, туохтара да табыллыбат оҕолорун суолларын айылҕалаах, идэлээх дьонунан өбүгэлэрин кытары ситим тартарыахтаахтар, суолларын ыйан бэрдэриэхтээхтэр, аартыктарын арыйтарыахтаахтар.
– Сорох эмчит ыарыыны ыарыһах дьонугар көһөрөн кэбиһэр дииллэр. Оннук буолуон сөп дуо?
– Үөһэттэн айдарыы таһыма эмиэ араас. Көннөрү алгыс этэр, дьону эмтиир-томтуур, отоһуттуур, уҥуох тутар, көрүүлэнэр айдарыылаахтар бааллар. Холобур, эмчит киһи сүрэ (энэргиэтикэтэ) улахан. Эмтииригэр дьаҥҥа ылларбыт киһи ыарыылаах сүрүн бэйэтигэр ылан ыраастыыр, эмтиир. Итиннэ эниэргийэ атастаһыыта барар. Кыра сүрдээх эмчит ыарыһахтан ылбыт кирин-хоҕун кыайан үтэйбэккэ, хаан уруу аймахтарыгар утаарар. Ол иһин аймахтара ыарытыйаллар, өлөллөр-сүтэллэр, олохторо алдьанар. "Аймахтарын сиэтэлээбит ойуун" диэн ону этэллэр. Оттон үрдүк таһымнаах айдарыылаахтар, былыргы сүдү өбүгэлэрин кытары сибээһи тутан, дьоҥҥо туһаны аҕалаллар. Дьэ, бу дьон ыарыһахтан ылбыт кирдэрин-хохторун, ыарыһахха бэриллибит өбүгэтин аньыытын-харатын барытын ыраастаан, төннүбэт сиргэ үтэйэр кыахтаахтар. Итиннэ, дьэ, били, ситими туппут сүдү өбүгэлэрэ көмөлтө буолаллар. Ол аата, ыарыһах да, олоҕо сатамматах да киһи тоҕо итинник буолбут төрүөтүн төрдүттэн түөрэн суох оҥороллор. Ол кини быарын дуу, бүөрүн дуу эрэ эмтээбэттэр, биитэр туга эрэ сатамматаҕын ону эрэ туораппаттар. Биир кэлим дьайыыны оҥороллор.
– Эн итиннэ олорон үлэлииргэр биир үксүн атын омуктар сылдьаллара, эмтэнэллэрэ буолуо. Эйигин атын итэҕэллээххин диэн атыҥыраабаттар дуо?
– Дьону омугунан көрөн эмтээбэппин. Кыһалҕалаах кэлбит киһи миэхэ барыта биир. Баҕарбат, итэҕэйбэт дьону эмиэ ылбаппын. Бүрээттэр итэҕэллэрэ – тенгри. Бары биир буоллахпыт, төрдүбүт биир, төрүт бэйэбит өбүгэбит эрэ бэйэбит киэнэ.
– Сахаҥ дьонугар тугу баҕарыаҥ этэй? Саха дьонун кытта хайдах үлэлиигиний? Киһи барыта итиннэ тиийэр кыаҕа суох буоллаҕа.
– Биллэн турар, киһи барыта манна тиийэн кэлбэт. Сахалар миэхэ бассаап нөҥүө тахсаллар. Төлөпүөнүнэн буолбакка, турукка киирэн ыраахтан үлэлиибин. Сахам дьоно түптээх олоҕу олороллоругар, сыыһаны-халтыны оҥостубаттарыгар баҕарабын.