Биһиги көхсүбүтүттэн үрдүк мэҥэ халлаан кыырай үрдүттэн сирдээҕи олоҕу айбыт күммүт сардаҥата быалаах (көнтөстөөх) дьоммут диибит. Былыргы өбүгэлэрбит ийэ куппутугар суруллубут төрүт итэҕэллэрэ араас көрүҥнэнэн, тиллэн тахса тураллара сөхтөрөр. Бүгүн “Куйаар күүһэ” диэн Төрүт сиэри сөргүтэр киин диэн көннөрү дьону уонна айдарыылаахтары бэйэлэрин күүстэрин арыйарга үөрэтэр, көмөлөһөр дьикти тэрилтэ салайааччыта, норуот эмчитэ Айыы кыыһа Айыынаны кытта кэпсэтэбит.
1-кы түһүмэх. “Куйаар күүһэ” туохха үөрэтэрий?
– “Куйаар күүһүн” арыйан дьону үөрэтэр санаа хаһан киирбитэй?
– Мэҥэ Хаҥалас Майатыттан сылдьабын, оҕо сааһым сороҕо Томмокко ааспыта, Алдаҥҥа кийииппин. Дьону эмтиир эйгэҕэ үлэлээбитим 15 хас сыл буолла. Олох уларыйдаҕын аайы сайдан иһэҕин. Былырыын сэтинньигэ, эмтэнээччилэртэн ким эрэ кэпсиирбин истэн, “билиигин дьону кытта үллэстибэккин дуо?” диэбитэ. “Ол дьоҥҥо наада үһү дуо?” диирбин, “айдарыылаахтар күүскүт хайдах киирэрин, хайдах дьайарын, олоҕу өйдөтө сатыырыҥ, миэхэ олус тиийимтиэ, оннук дьоҥҥо тиэрдэриҥ наһаа үчүгэй буолуо этэ” диэбитэ. Эмтэнээччилэрим настаабынньык курдук үлэлиэххин наада диэбиттэрин кэннэ, ыйы быһа толкуйдаммытым. Эрдэттэн сэрэйэр этим, билиим эмтээһин эрэ буолбакка, туох эрэ атын үлэ буолуохтаах диэн, атыны күүтэрим.
Тэрилтэбин, үөрэҕим аатын “Куйаар күүһэ” диэн ааттаабытым. Тоҕо диэтэххэ, киһи барыта куйаары, өбүгэни кытта ситимнээх. Өбүгэтэ суох киһи суох, оттон тыыннаах буолар бэлиэбит – куйаар күүһэ. Киһини көрдөххө, ол Үөһэттэн кэлэн тардыы күүс туруору ситим диэн ааттанар. Онтон силис атахтан тахсан сиргэ киирэрэ – өбүгэ ситимэ. Оннук кэнсиэпсийэнэн дьону кытта олох өйдөбүлүн, үс куту хайдах тус бэйэм өйдүүрбүн үллэстэбин – бэйэм хайдах сөптөөх диэбиппин, кинигэттэн, атын киһи үөрэҕиттэн буолбатах. Өйдүүр дьон өйдүүллэр диэбэппин, киһи барыта өйдүүр.
Куйаар күүһэ – эниэргийэ (нэгир күүһэ) диэн көрөбүн. Билигин киһи барыта олоҕун бэйэтин илиитигэр ылыах тустаах. Холобур, билиҥҥи дьону өйдөөн көрдөххө, саамай сүрүн кыһалҕабыт – хайа да киһи олоҕун эппиэтинэһиттэн куотар. Олох сыанабыла суох.
Итэҕэли сөргүтэ сатыыбыт, ол гынан баран итэҕэл диэн тугуй? Итэҕэл биир. Киһи саамай сүрүнэ тыыннаах буоларын, олох олорорун итэҕэйэр. Онтон Үрүҥ Аар Тойон – Куйаар күүһэ. Ислам, христианство, буддизм, саха итэҕэлэ бары биир итэҕэл салаалара буолан тахсаллар. Дьиҥинэн, ханнык итэҕэлгэ бараргар хааччах суох. Оттон итэҕэл саамай сүрүн дьиҥ иһэ киһи бэйэтэ итэҕэйэр олох сыаннаһыгар сытар.
“Куйаар күүһэ” ааспыт сыл ахсынньы 1 күнүттэн саҕаламмыта. Онтон «Көстүбэт эйгэ кистэлэҥэ» ханаалга Акулина Кузьмина интервью ылбыта. Ол барытын арыйбыта. Дьон сүрүн туох эппиэтин көрдүүллэрий диэн үөрэтэр этим. Саамай мунаарар боппуруостара “мин кимминий, хантан кэлбиппиний, туохпунуй, тугу гынар аналлаах төрөөбүппүнүй?” диэн буолааччы. Онон “билиибин эмтэнэ кэлбиттэргэ биир-биир буолбакка, элбэх киһиэхэ таһаарарым тоҕо сатамматый, түмсүү курдук тэрийэн, киэҥ араҥаҕа тарҕатарым ордук көдьүүстээх буолсу” диэн санаабытым.
Бастакы тирэх лиэксийэм “Олох – нэгир (эниэргийэ)”, бастакы чааһа “Олох тыына” диэн. Киһи төрүөҕүттэн өлүөр диэри эниэргийэ хайдах хамсыыра, хайдах киһи санаата эниэргийэҕэр дьайара, установка, психология диэн туга, олох хартыыната, үс кут быһаарыыта кэпсэнэр. Онтон икки чааһа “Олох – нэгир киһи” диэн. Эр киһи эниэргийэтэ (аурата) хайдах үлэлиирин, дьахтар эниэргийэтэ хайдах буоларын, оҕо хас сааһыттан аурата сөпкө үөскүүрүгэр маннык ииттэхпитинэ туох дьайыылааҕый диэн эппиэттэр киирэ сылдьаллар. Барыта тус көрүүлэрим, киһи бэйэтин тылыгар эппиэттиэхтээх буоллаҕа. Сыыһа өйдөттөхпүнэ, сатаан тиэрдибэтэхпинэ, ол тыллар дьон олоҕун алдьаталлар. Онон эппиэтинэс миэхэ, атын киһиэхэ буолбатах. Ол иһин үөрэҕи арыйыым сүрдээх улахан эппиэтинэстээх хардыым этэ.
Билигин истээччилэрим сайдан, бэйэбин кытта улахан хамаанда буоллубут. Бастаан соҕотоҕум, ыарахан этэ. Бастакы лиэксийэбэр 60-ча киһи кэлбитэ. Биллэриитин боруобалаан бассаабынан ыыппытым. Билигин дьону 20-лии гынан бөлөхтөргө араарабын. Наһаа элбэх киһиэхэ иһитиннэрии уларыйан тиийэр, хааһы да саламаат буолуон сөп. Эниэргийэлэрин тутан турарга ыарахан. Саамай сөптөөҕө 10–20 киһи.
– “Куйаар күүһүн” үөрэҕин толору ааһарга киһи хас лиэксийэни истиэн нааданый?
– Мин икки тирэх лиэксийэлээхпин. Ону кэлин 4 чаас устата биир оҥорбутум. Сынньалаҥнаах. Мэйии ылар информациятын сынньата-сынньата биэрэбин. Барыта биир күнүнэн бүтэр. Онтон салгыы саморегуляцияҕа дуу, айдарыылаахтар үөрэхтэригэр ааһарга ити тирэх лиэксийэлэргэ сылдьыы ирдэнэр.
– Бастакы үөрэҕи ааспыт дьон салгыы айдарыылаахтарга тахсаллар дуо?
– Суох, олор туспа үөрэнэллэр. Айдарыылаах элбэх эрээри, ыйаахтара араас, сорохтор аймахтарын эрэ эмтиир кыахтаахтар, сорохтор улахан күүһү илдьэ сырытталлар да, дьоҥҥо үлэлиир ыйаахтара суох. Ол оннугар айылҕаҕа үлэлииллэр. Айдарыылаахтары биир халыып көрөр сыыһа дии саныыбын. Хас биирдиилэрин бэйэлэрин эрэ күүстэринэн иитэбин. Бары бииргэ үөрэнэллэр, ол гынан баран барыларын кэтии сылдьан, кинилэр күүстээх өттүлэрин арыйан таһаарабын. Көрбүөччүлэр, холобур, үс көрүҥнээхтэр, киһи ыарыытын, олоҕун, аан дойдуну өтө көрөр күүстээх дьон бааллар. Үс тэҥ илбииһит араастык эмтиир. Ким эрэ таарыйан илбийиэ, иккис – тас өттүнэн таарыйбакка, үһүс атыннык дьайан ыарыылары усталлар. Ол иһин хас биирдии айдарыы ураты. Ол иһин үөрэнээччилэрим бэрт былдьаспаттар. Онтон олус үөрэбин. Бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөр, үөрэтиһэллэр. Киһи айдарыытыттан көҥөммөт, итинтэн төһөнү биэрэҕин да, соччонон элбэҕи ылаҕын диэн кэнсиэпсийэлээхпин. Билиигин үллэһин – оннооҕор элбэх билии эйиэхэ киириэҕэ.
Миэхэ үөрэммит дьон бары бииргэ сылдьабыт. Дьон ортотугар “куйаардар” диэн элбэх сиргэ иһиллэн эрэбит быһыылах. Сороҕор “куйаардар” интэриэһинэй норуоккут, айдарыылаахтар эһиги курдук бөлөҕүнэн сылдьыбаттар” дииллэр. “Этиһэҕит, бэрт былдьаһаҕыт дуо?” диэн ыйытааччылар, суох диэтэххэ дьиктиргииллэр. Бары бэйэ-бэйэбитин ханнык баҕарар түгэҥҥэ өйөһөр дьоммут. Биир эмчит ыарыыга сатаан киирбэт буоллаҕына, өсөһө-өсөһө олорбот, атын онно сөптөөх дьоҕурдаах доҕорун ыҥыран кыайабыт. Билигин түмсүүбүт уопуттанна, регистрацияланан автономнай, кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ буолуохпутун баҕарабын.
Кырдьык, бастаан дьону кытта билиибин үллэстэргэ быһаарбыппын: “Хорсун сананыы. Бу айдарыылаах киһи кистэлэҥнэрин, өйдөбүллэрин дьоҥҥо хайдах биэрэрий?” диэн дьиктиргээбиттэрэ.
– “Харчытын сүтэрэрин кэрэйбэт эбит дуу” диэн эттэхтэрэ.
2-с түһүмэх. Айыына итэҕэли көрүүтэ
– Итэҕэли уонна религияны арааран ырытыахха. Религия – хааччахха киллэрии. Биһиги көхсүбүтүттэн тэһииннээх күн улууһун дьонобут. Эн итэҕэли хайдах ылынаҕыный?
– Айыыны сырдык тыын диэн көрөбүн. Айыылары, күнү, куйаары, өбүгэни итэҕэйэр сырдык тыын. Ол курдук, атын религиялары хасыһан үөрэтэ сылдьан көрөрбүнэн, бары биири итэҕэйэбит. Ол гынан баран, религиялар дьону тутарга хааччах оҥорон кэбиспиттэр.
Үөрэтэр дьоммор “итэҕэл төрдө – сиэр” диибин. Сиэр диэн эн олох олорор сыаннаһыҥ. Сыаннаска сиэр диэн тылынан быһаарыллар хаачыстыбалар: таптал, махтал, ытыктабыл, киһилии быһыы-майгы – барыта киирэр. Сиэр диэн киһи төрүөҕүттэн өлүөр диэри тутуһар куйаар суруллубатах сокуоннара. Биһиэхэ саха дьонугар эппитигэр-хааммытыгар буолбакка, куппутугар сурулла сылдьар. Сиэрдээх быһыы-майгы өттүнэн, аҕа саастаах киһини кытта кэпсэтэ олорон, мин эн үрдүгэр тахсыбаппын. Дьахтар буолан, мин хайдах да эр киһи үрдүгэр тахсар кыаҕым суох. Ити – суруллубатах сокуон. Коран, Биибилийэ, итэҕэл кинигэтэ барыта “не убей врага своего, возлюби врага своего, иначе попадешь в ад” диэбит курдук сокуоннары тутуһуннараллар. Өйдөөн көрдөххө, ити сокуоннар сиэртэн суруллан тахсыбыт өйдөбүллээхтэр.
Ол эрээри накаастабыллаахтар, холобур, “буруйу оҥордоххуна, аадка барыаҥ” дииллэр, оннук буолбатах. Сиэри, сыаннастары билэр киһи итэҕэлэ күүстээх хааччаҕа суох буолар, саамай кылаабынайа – бэйэтигэр, чугас дьонугар итэҕэйэ үөрэнэр. Билигин дьон кими да итэҕэйбэт буолла. Холобур, биһиэхэ эмтэнэ кэлэн олорон “бу манан ыалдьар, ону хайдах эмтээри гынаҕын, итэҕэйбэппит” диэн саҥара олордохторуна, ыарыыларын бүтүннүү тардан ылаҕын, ончу сүтэр, төннүбэт. “Оо, ити хайаатыҥ, тугу гынныҥ?” диэн, дьэ, итэҕэйэллэр.
“Куйаар күүһэ” киһини “эн өбүгэлэрдээххин, силистээх-мутуктаах киһигин” диэн өбүгэ ситимин сыаннаһыгар үөрэтэр. Киһи тыыннаах буолар бэлиэтэ – сиэр Үөһэттэн кутугар сурулла сылдьара. Киһи Орто дойдуга үөһэ тахсан барбакка, аллара түһэн хаалбакка турдун диэн, төбөтүттэн-атаҕыттан маҕыньыыт курдук куйаар күүһүн ситимэ тутар.
Мин көрөрбүнэн, киһи кут буолан кэлэр. Кини кэлэригэр ханнык омук буолара суруллубат. Кут ханна олоруон баҕарарын талар. Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит киһи ыйааҕа Үөһэттэн суруллан кэлэр диэн этэллэр. Кут бэйэтэ ыйааҕын “мин маннык олоруохпун баҕарабын” диэн талан, суруйан кэлэр.
Кут сүрдээх ыраас куйаар эниэргийэтэ, сиэртэн тутуллан турар. Кут бу олоххо, хас саҥаттан төрөөһүнүн аайы сиэргэ үөрэнэ кэлэр. Бу олоххо эргэ тахсыбатах, оҕоломмотох дьахтар инники олохторугар баҕар, элбэхтэ ойох тахса сылдьыбыта буолуо. Бу сырыыга кута соҕотох олорорун талбыт. Тоҕо? Соҕотох сылдьыы сыаннаһын билиэн баҕарар. Кут куйаарга омук, дьахтар, эр киһи да диэн буолбат.
3-с түһүмэх. Саха индиго оҕолоро
– Киһи кутун хаһан истэр, өйдүүр буолар дии саныыгыный?
– Лиэксийэлэрбэр итини үчүгэйдик наардаан кэпсиибин. Олоҕу икки хартыынанан көрөбүн. Духуобунайа – кут өттө, физическэйэ – аан дойду социальнай хартыыната. Социальнай өттө барыта быраабыла, хааччах. Билигин дьон духуобунай уһуктуу кэмэ кэлэн эрэр дииллэр. Киһи бэйэтин сыаннаһын биллэҕинэ, атын көстүүлэри сыаналыыр буолар. Кут хаамыытын ылынан, өйдөөн эрэллэр. Миэхэ “үйэм тухары соҕотох олордум, кутум оннук таллаҕа” диир оҕонньор-эмээхсин баар буолааччы. Табыллыбакка арахсан баран, соҕотох сылдьар дьон эмиэ баар. Ыйаах оннук. Оттон физическэй өттүн көрдөххө, олох уот кыыма ыстаҥалыырын курдук. Урут барыта хааччах этэ. Былыр төрөппүттэр кыыстарын, 12–13 саастаах оҕону, ыйдааҕыта кэллэ да, “бу киһиэхэ ойох тахсаҕын” диэн биэрэллэрэ. Тус бэйэм билигин оннук гынары өйүм хоппот. Биир өттүнэн, сыаннас быһыытынан оҕо оҕо сааһы билиэхтээх. Билигин киһи үйэтэ уһаата. Онон дьон арыллан куттарын быдан истэр буолан эрэллэр. Биирдэ 90-чалаах оҕонньор кэлбитэ “мин бэйэбин дьэ булуохпун баҕардым, ол эрээри хойутаатым быһыылаах да буоллар, дьэ көрдөнөн эрэбин” диэбитэ. Ити уһуктуу бэлиэтэ, кини олоҕун бэйэтин илиитинэн ылан оҥоруон баҕарар. Киһи хаһан баҕарар уһуктуон сөп.
Итиннэ аныгы оҕолору киллэрбэппит. Билиҥҥи 5–7 саастарыттан аллара саастаахтары мин атын цивилизация дьоно диэн көрөбүн. Кинилэр ураты дьон, эниэргийэлэрэ олус күүстээх. Куйаары, өбүгэлэрин кытта ситимнэрэ олох туруору аһыллыбыт оҕолор төрүүллэр.
– “Индиго оҕолор кэлиэхтэрэ” дииллэрэ саҥа кэллилэр дуо?
– Итинник ураты оҕолор маассабайдык кэллилэр. Биһигини индиголар диэхтэрин сөбө. Мин Томмокко улааттаҕым дии, аҕам үлэтинэн алта сыл олорбуппут, онно нуучча сиригэр миигин “не от мира сего, странная” дииллэрэ. Иитиим атын буолан, туспа эйгэни эрдэ билбитим. Билиҥҥи 5–7 саастаахтар 99% куйаары кытта туруору ситимнээх, олоҕу, аан дойдуну атыннык көрөр оҕолор. Кинилэри айдарыылаахтар да диэн быһаарар уустук. Кыра уолум биэстээх, поликлиникаҕа олорон эрэ “ити дьахтар кыыһырар дии, оччоҕуна тоҕо кытаран хааларый, киниттэн иннэлэр көтөллөр дии” диэн ыйытан соһуппута. Былырыын бииргэ оонньуу сылдьар нуучча оҕотун кытта “эн көрдүҥ, ити кыыс күн курдук сырдыыр, барыта ап-араҕас, киниттэн сылаас кэлэр” диэн улахан киһи истибэтигэр дьиктитик кэпсэтэллэрин истибитим. Оҕолоргутун көрөөрүҥ эрэ. Ити кинилэр олоҕу, дьону итинник дьиктитик көрөллөр, сыаналыыр тылларын өйдөһөллөр.
Хаһыат ааспыт нүөмэрэ тахсыбыт күнүгэр Москубаттан соһуччу үөрүүлээх сонун кэлбитэ. Арассыыйа норуотун эмчиттэрин конфедерациятын Киин Сэбиэтин от ыйын 24 к. быһаарыытынан, Гермогенова Анна Тимофеевна-Айыы кыыһа Айыына конфедерация Саха сиринээҕи салаатын салайааччытынан анаммыт. Норуот эмчиттэрин эдэр, кэскиллээх салайааччыта Айыы кыыһа Айыынаны үрдүк итэҕэли ылбытынан эҕэрдэлиэҕиҥ, ситиһиилээх үлэни баҕарыаҕыҥ!
4-с түһүмэх. Сырдык көлүөнэни иитии уратылара
– Оччоҕо кинилэр улааттахтарына, 20–30 сылынан олох атын аан дойду буолууһу дии...
– Сирдээҕи олох 100% уларыйыа. Ол иһин “Куйаар күүһүгэр” мин “итинник сырдык, ыраас көлүөнэни иитэн таһаарарга оҕолорбутун урукку курдук буойа-хаайа иитиэ суохтаахпыт, бэйэбитин саба баттаан, ити көлүөнэни тулуйан улаатыннаран сөптөөх хайысханан ыытар гына иитиэхтээхпит” диэн кэнсиэпсийэлээхпин.
– Билиҥҥи дьон “оҕолор-бутун төлөпүөн буортулаан, сүрэҕэ суох оҥордо, туохха да наадыйбат дьон үөскээн эрэллэр” диэн дьиксинэллэр. Оннук оҕолору индиго диибит дуо диэхтэрин сөп.
– Бэйэбит сүрэҕэ суохпутугар суотабай оҕо “погремушкатын” курдук буолла. Бэйэм оҕолорбунан холобурдуум. Биэстээх уолум төлөпүөннээх, ол эрээри онтугар өр олорбот. Кинини кытта сиэри тутуһан кэпсэтэбин, ыйытыыларыгар өйдүүр гына тулуйан эппиэттиибин. Ыйытыыларын өйдөөн иһиттэххэ, барыта сиэри таарыйар. Кинилэр сиэринэн сыаннаһы билэ сатыыллар. Олус түргэнник өйдүүллэр. Аныгы оҕолору үөрэтии атын буолуохтаах. Урут хайдах үөрэтэллэрэй? Тугу эмэ минньигэһи ууран баран “дьэ, олох сэрэн, тыытан көрөөр эрэ” диэн буойаллара. Оҕо тулуйбакка ылыан сөбө. Оттон сиэр быһыытынан аныгы иитии хайдах буолуохтааҕый? Сакалаат сытарын оҕолорум истэн турдахтарына кэргэммэр: “Ити сакалааты мин сиэҕим, тыытаайаҕын эрэ, уруккуттан ымсыыран сылдьабын, биир эрэ хаалбыт”, – диибин. Биир да оҕо тыыппат, “ийэм бу сакалааты күүппүтэ ырааппыт, сиэн баҕарар” диэн, сакалаат сыаннаһын билэн, таарыйан да көрбөт. Оттон “сэрэниҥ, бэйикэй” диэтэххинэ, биэс мүнүүтэнэн сиэн баран, улахаттар “ити кырабыт сиэбитэ” диэхтэрин сөп. Аныгы оҕо иитиитэ атын буолуохтаах.
Билиҥҥи оҕолор төрөппүттэрин кытта кэпсэппэккэ эрэ, тоҕо интэриниэккэ бара туралларый? Биһиги ычабыт кыра, көрөрбүт кыараҕас. Сэбиэскэй кэмҥэ хааччаҕынан иитиллэн, оҕолорбутун эмиэ хааччахтыы сатыыбыт. Билигин төрөппүттэр иккиэн үлэлииллэр, оҕолорго бириэмэ хаалбат. Ол да буоллар киэһэ кэлэн оҕоҕун кытта оонньоо, кэпсэт. Кини хараҕынан көрө үөрэн. Билиҥҥи оҕолор сырдыгынан көрөллөр. Хайа да оҕону кытта биир тылы булаҕын. Хас да дьүөгэм оҕолоро миигин “ийээ” дииллэр, төһө да төрөппүт буолбатахпын биллэллэр даҕаны. Кинилэр тылларынан кэпсэтэ үөрэниэххэ наада. Оннукка оҕо олус уларыйар. “Ийэм, аҕам миэхэ наадыйаллар, мин көрөрбүн өйдүүллэр эбит” диэн өйдүүр. Сырдык уоту көрдүм диэтэҕинэ, буойумаҥ. Билиҥҥи оҕолор эттэрэ-сииннэрэ аһаҕас, өйдөрө-санаалара олус киэҥ. Элбэҕи көрөллөр, билэллэр. Сири олус өйдүүллэр.
5-с түһүмэх. Ассимиляцияттан быыһанар суол
– Аан дойду дьоно барыта оҕолорун хааччаҕынан иитэр буоллахтара. Сахалар эрэ атыннык иитэрбитинэн киһи аймах санаатын уларытыахпыт дуо?
– Биир лиэксийэҕэ ким эрэ “урукку олох тутулун ким эрэ, хаһан эрэ алдьатыахтаах” диэбитэ. Ол кэмэ кэллэ. Биир киһини үтүктэн сыапачыка курдук ситимнэнэн барыа диэн олус итэҕэйэбин. Биир төрөппүтү “оҕолоргутун көрө-истэ үөрэниҥ, бэйэҕит бастаан арыйыҥ, оҕолоргут эһигиттэн тэйбэттэрин туһугар бэйэҕитин бастаан иитиҥ” диэн өйдөтүөм. Өйдөөбүт төрөппүттэр бааллар. Оҕолорун кытта сыһыаннара тута тупсар. Ону көрөн ыаллара, аймахтара, доҕотторо үөрэнэн барыахтара, саҕалыахха эрэ наада.
Былыргыттан “Саха сиригэр ураты күүстээх дьон олороллор” дииллэр. Арассыыйаҕа, Сахабыт сиригэр бары атын-атыммыт. Ол эрээри, сахалар айылҕаҕа чугас буоламмыт дуу, олоххо көрүүбүт олох ураты. Бастакынан биһиги уһуктан эрэбит. Оҕолорбутун иитиибитин уларыттахпытына, аһаҕас, сиэри билэр күүстээх дьону таһаарыахпыт. Уларыйыы көстөр. Дьокуускайга 7 ый олордум да, көрдөрөн туран пиибэ иһэр, итирэн охто сытар 35-гэр диэри саастаах ыччаты көрө иликпин. Охто сытааччылар 40-тан үөһэ саастаахтар. Ити уһуктуу барарын көрдөрөр. Билиҥҥи ыччаппыт сиэр диэн тугун Үөһэттэн ылан өйдүүр. Онно өссө бэйэбит өйдөтөн биэрдэхпитинэ, оҕолорбут олус күүстээх, дириҥ итэҕэллээх буолуохтара. Улааттахтарына, омугунан, религиянан күөнтэһии, иирсии суох буолуоҕа диэн көрөбүн. Оҕо доҕордоһууну олус үчүгэйдик ылынар. Бэлиэтии көрдөххө, билигин саастыылаахтарын иһигэр “оннуккун-манныккын” диэн арахсыбаттар. Куоракка омук, саха оҕолоро өйдөһөн, доҕордоһон сылдьар буолаллар. Тоҕо диэтэххэ, доҕордоһуу сыаннаһын өйдүүллэр.
– Оччоҕо атын омугу кытта ыал буолуу элбээн, ассимиляцияланан сүтэр суолга киирбэппит дуо? Улаатан истэхтэрин аайы “омукпут тыыннаах, хааммыт суураллыбакка хаалыахтаах” диэн кытаанахтык өйдүөхтээхтэр.
– Ол иһин норуотун сыаннаһын өйдүүр, норуотун өрө тутар, атын омуктары ытыктыыр гына иитиэхтээхпит. Мин оҕо иитиитигэр “Куйаар күүһүгэр” оҕолору кыра эрдэхтэриттэн сөпкө, бэйэ норуотугар Ийэ дойдуга бэриниилээх дьону иитэн таһаарар саҥа атын бырагырааманы киллэрэр баҕалаахпын. Ити өйдөбүлгэ сөпкө тирэниэхтээхпит. Тоҕо диэтэххэ, наһаа патриот оҥортоотоххо, көрөбүт – омуктары утары “эн оннуккун-манныккын” диэн кыргыһыы тахсар. Иитии саха норуотун киэн туттарга, бэйэ үгэстэрин ылынарга үөрэтиэхтээх. Оҕолорбутун “саха дьоно, чахчы, куйаартан сүрдээх улахан ситимнээхпит, өбүгэлэрбитигэр сүгүрүйэбит, Айыы тыыннаахпыт, Айыыларбытын итэҕэйэбит, онон атын омуктары убаастыахтаахпыт” диэн иитиэхтээхпит. Кыра эрдэхтэриттэн уол, кыыс диэн сөпкө иитэн таһаардахха, хаан булкуһуута наһаа барыа суоҕа. Биллэн турар, “Үөһээттэн суруллан кэлбит аналларынан” кыратык хаан булкуура тахсыа. Ол эрээри норуотун сыаннаһын билбит, сөпкө иитиллибит оҕо сыыһа суолунан барбат. Бэйэм 4 уоллаахпын, сороҕор “омук кыыһын аҕалыахтара” диэн сэрэхэчийэбин. Утарыам суоҕа гынан баран, бэйэм өйүм-санаам уларыйбытын кэнниттэн, өйдөөн көрөн эрэрбинэн, “оҕолорум омук кыыһын ойох ылыахтара суоҕа” диэн итэҕэйэбин. Уолаттарым иитиилэринэн саха кыргыттарын ордук сөбүлүү көрөллөрүн көрөбүн. Саха кыргыттарын эмиэ итинник иитиэхтээхпит. Кыыс ырааһын үрдүктүк туттара үөрэтиэхтээхпит, кэнэҕэски далбар хотун курдук иитиэх тустаахпыт. Итэҕэл төрдө сиэр диибин дии, итэҕэл диэн – эр киһи. Дьахтар хаһан да итэҕэл буолбат, кини – сиэр. Сиэри, олоххо сыаннаһы оҕолорго иитии дьахтартан тутулуктаах, дьахтар сиэри тарҕатыахтаах. Дьахтар эр киһи үрдүгэр тахсыбат. Биһиги хайдах толкуйдуубутуй? Эр киһи дьахтартан төбө үрдүк диибит, ол аата баһылык. Элбэх киһи “дьахтар эр киһиттэн биир харыс намыһах буолуохтаах” диирин истэбин. Оннук буолбатах. Сиэрдээх эр киһи кэргэнэ оҕолорун ийэтэ буоларын билэр, киниэхэ дьиэ-уот тутан биэрэр, аһын-таҥаһын хааччыйар. Ыал аҕата оҥорбут алаһа дьиэтин дьахтар эрэ харыстыыр кыахтаах. Билигин тэҥ бырааптаныы үйэтэ. Итини тэҥ буолуу диэн көрөбүн.
6-с түһүмэх. Тэҥ буолуу, өйдөһүү сыаннаһа
– Дьахтар тэҥ бырааптаныыта сэбиэскэй былааска киирбитэ. Онтон сайдан дуу, төттөрү баран дуу, 90-с сыллартан эмансипацияттан саҕалаан, ЛГБТ-га тиийэ куорҕаллыыр арҕаа сыаннастар киирбиттэрэ төрүт өйдөбүллэрбитин ыспаттар дуо?
– Ити олох сыыһа. Устуоруйаттан көрдөххө, дьахталлар былыр бас бэриммиттэрин да иһин, үгүс үйэҕэ баттанан олорбуттарын утарар өй-санаа тахсан барбыта. Олох уларыйбытыгар дьахталлар былыргыны саныы-саныы, агрессивнай буолан хаалбыттара. Оннук гынан, эр дьону баттаан кэбистибит. Ол баар. “Ким итиннэ сыыһа-халты туттубутай?” диэҥҥэ наар этэбин: буруйдаах суох, ол эрээри бары буруйдаахтар, онон буруйдааҕы көрдүү сатыыр туһата суох. Итини барытын умнан туран, тэҥ бырааптаныы буолбакка, тэҥ буолуохха наада. Тэҥ буолуу – биир буолуу. Дьиэ кэргэҥҥэ биир буолар наада. Биир буолуу сыаннастартан, сиэртэн тахсар. Дьахтар хайдах эр киһилээх буолуохпун баҕарабын дииринэн, бэйэтэ оҥорор. Эр киһитин убаастаан, кинини сүтэриэн баҕарбакка, таптыыр киһитин дьоҥҥо үчүгэйдик көрдөрөр туһугар сиэрдээх буолуохтаах. Оннук дьахтар эр киһитин эр киһи курдук көрүөхтээх, атын дьон иннигэр өрө ыстаммакка, түһэрэн биэриэ суоҕа. Оттон сиэрдээх эр киһи таптыыр дьахтарын итэҕэтиэхтээх, оччоҕо биир буолуохтара. “Күүстээх эр киһи кэннигэр күүстээх дьахтар турар” диэн мээнэҕэ этиллибэт. Оннукка күүстээх ыал үөскүүр. Сиэрдээх, итэҕэллээх эр киһи ойоҕун итэҕэйэр, итэҕэли бэлэхтиир, ойоҕун кухаарка курдук көрбөт. Ойоҕо ыалдьар кэмигэр ас астаатын, дьахтара үтүөрэн дурда-хахха буолуо. Истиҥ сыһыан, итэҕэл төрдө сиэр итиннэ кэлэр.
Эр киһ төрдө – дьахтар, бары ийэттэн тахсабыт. Ол эрээри, ыал аҕа баһылыга, сиэмэни биэрэр эр киһи харыс буолбакка, төбө үрдүк туруохтаах. Дьахтар ол үрдүгэр тахсыа суохтаах. Көлүөнэ икки ардыгар эмиэ өйдөһүү тахсыбат мэһэйин туоруохпутун наада. Аҕа саастаахтар эдэр ыччаты истэ, кинилэр көрүүлэрин ылына үөрэниэхтээхтэр. Эдэр көлүөнэ эмиэ аҕа саастаахтары ылыныахтаах, сүбэлэригэр-амаларыгар, уопуттарыгар үөрэниэхтээх.
“Куйаар күүһүгэр” миэхэ күүс-көмө буолар, сүбэлэһэр дьонум бэйэбинээҕэр быдан аҕалар. Ытыктаан илдьэ сылдьабын. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии аҕа саастаах киһи уопута, олоҕу көрүүтэ мин олоххо билиибэр тэҥнэспэт элбэх. Кинилэртэн үөрэнэрбин көрдөрөн, эдэрдэрбин үөрэтэбин. Хамаандабытыгар эдэр–кырдьаҕас диэн араарсыы суох.
7-с түһүмэх. Куйаар күүһэ – бэйэни арыныы
– Айдарыылаахтары туохха үөрэтэҕиний?
– Үөрэхпэр кэлэр дьон саастарынан араастар: бу уһуктуу кэмигэр, ким эрэ эрдэ, ким эрэ хойут уһугунна диэбэппин, бары биирбит. Бэйэм лиэксийэ ыытабын, араас куурус буолар. Хас биирдии киһи илиитин сылааһынан бэйэтин, оҕолорун эмтиир кыахтаах. Эмтиир дьоҕур дьоҥҥо барытыгар баар. Ол эрээри эмчит буолан, киэҥ араҥаҕа олох аҕыйах тахсар. Билим өттүнэн итини чинчийэ, үөрэтэ турабыт, кэтиибит. Саморегуляцияҕа үөрэммит ийэлэр илиилэрин сылааһынан оҕолорун күөмэйдэрин ыарыытын ылаллар, тэмпэрэтиирэлэрин эмэ суох түһэрэллэр. Ити магия буолбатах, итэҕэл күүһэ оҥорор.
“Куйаар күүһэ” айдарыылаахтарга эрэ буолбакка, бэйэтин күүһүн, тыыннааҕын үөрэтиэн, арыллыан баҕарар, арыллыбыт дьон көрүүлэрин үллэстэллэригэр барыларыгар аһаҕас.
Оттон айдарыылахтары туспа үөрэтэбин, “эһиги норуокка тахсан үлэлииргэ санаммыт буоллаххытына, ыйааххытынан хаһан баҕарар дьон настаабынньыга буолаҕыт” диэн үөрэтэбин. “Учуутал буолбатаххыт, харчыга эмтии-эмтии бара турар дьон буолбатаххыт. Эһиги, бастатан туран, норуот настаабынньыктараҕыт, сиэрдээх быһыыгыт-майгыгыт үчүгэй буоллаҕына, дьон оннук буолан иһиэҕэ”, – диибин. Олох саҥа арыллааччылар кэлэн өр үөрэнэллэр. Бэйэбэр күүс-көмө буолаллар, элбэххэ үөрэнэллэр. Үлэлии сылдьар эмчиттэр манна элбэх эппиэти ылаллар. Дьоҥҥо үлэлииллэрэ, эмтииллэрэ сиэр быһыытынан барыахтаах. Былыр-былыргыттан хайа да норуот айдарыылаахтан куттанар да, ытыктыыр да. Кылаабынайа, дьон кинилэри истэр. Айдарыылаахтар Үөһээ, Аллараа, Орто дойдуну ситимнииллэр. Бэл, сирдээҕи олоххо былааһы норуоту кытта ситимниибит. Былааһы наар үөҕэ сырыттахха, туох аанньа норуот тахсыай! Сиэрдээх киһи барытын ылынар, тэҥҥэ доҕордоһон олоруохтаахтар. Сокуон наада, ити көҥүлгүн хааччахтааһын буолбатах, эн олоххун харыстыыр, бэрээдэк олохтуур быраабыла. Куһаҕантан быыһыырга оҥоһуллар. Икки өттүттэн ылыныы баар буолуохтаах.
Сыаннаһы үөскэтии лиэксийэтин кэннэ, дьон “хайдах маннык буоларый?” диэн мэйиилэрэ эстэ сыһар. Сорохтор “мин урут итини билэр курдугум, эн эппиккэр хайдах эрэ барыта сааһыланан хаалла, дьэ, өйдөөтүм” диэн махтаналлар. “Куйаар күүһэ” үөрэхтэн киһи туһанара элбэх.
– Айыы кыыһа Айыына, сахаҥ дьонун көмүскэлигэр үлэҥ туһунан куйаарынан эргиппит дьикти, ураты кэпсээниҥ иһин улахан махтал!
«Куйаар күүһүн» кытта сибээстэһэргэ: https://t.me/kuyaarkuuhe
Бассаап тел. 8 (968) 150-98-07
Владимир Степанов.