“Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр”, “Кэҕэ”, “Оҕо, оҕо эрдэххэ” диэн “норуот ырыата” диэн ааттанар, уостан түспэккэ ылланар, саха эрэ нохтолоох сүрэҕин долгутар ырыалар матыыптарын айбыт, саха бастакы национальнай хуорун тэрийбит, 1945 сыллаахха Москубаҕа Кыайыы параадыгар ньиргийбит “Кыайыы маршын” дьиҥнээх ааптара ким буоларын билэбит дуо?
Ол – саха саарына, чаҕылхай мусукаан, бастакы мэлэдьиис Адам Васильевич Скрябин.
Саха сиригэр муусука, ускуустуба сайда илигинэ, тыйаатыр, араадьыйа суоҕар, үөрэҕэ суох атыыһыт дьиэ кэргэҥҥэ маннык талааннаах, киэҥ далааһыннаах киһи үөскээн-төрөөн хаалбытын билигин сөҕө саныыгын. Дьон гиэньийдэри, чулуу дьону, үйэлэр ааспыттарын кэннэ биирдэ өйдүүр... Ол курдук, саха муусуката сайдарыгар уһулуччу кылаатын киллэрбит Адам Скрябины оччолорго, бэл, кырдьаҕас дьон “бу хайдах эт өйдөөх киһи итинник буолуон сөбүй? Ханна да үлэлээбэт, күнү быһа искириипкэҕэ эрэ оонньуур! Арааһа, төбөтүнэн бырахтарар дуу?” диэн атыҥырыы көрөрө... (Г.Кривошапко, “Адам Скрябин”, 1973 с.)...
Дьоно
Адам Скрябин 1896 с. ыам ыйын 30 (18) күнүгэр Арҕаа Хаҥалас Нөмүгүтүттэн төрүттээх сэниэ ыалга төрөөбүт. Аҕата, атыыһыт Василий Скрябин, уола 5 саастааҕар өлбүт. Ийэтэ Александра Игнатьевна, үөрэҕэ суох эрээри, сүрдээх дьаһаллаах, сатабыллаах, өйдөөх дьахтар, хаһаайыстыбаны бэйэтэ бэрийэн, иилээн-саҕалаан олорбут. Дьиэ тутан, онтун куортамҥа биэрэр эбит. Билигин Дьокуускайга Залог эргин туттарбыт сүрдээх баай оҥоһуулаах, тупсаҕай дьиэлэрэ урукку устуоруйа кэрэһитэ буолан тураллар.
Александра Скрябина 18-та оҕоломмутуттан икки оҕото тыыннаах хаалбыт: уола Адам уонна кыыһа Евдокия. Онон ийэ барахсан бу икки оҕотун туһугар олорбут: кинилэри атахтарыгар туруоран, үөрэттэрэн, олохторун хааччыйан, төрүт удьуордаах сис аймахтары кытта холботолоон. “Александра Игнатьевна үксүн эр дьону кытта алтыһара. Эр дьон киниэхэ баһыйтараллара, кини этэрин кытта сөбүлэһэллэрэ”, – диэн сиэнэ Николай Соловьев ахтыбыта баар. Ийэтэ Адамы “дьиэ кэргэн дьыалатын салгыа, атыыһыт буолуо” диэн эрэнэ саныыра.
“Муусуканан айаххын ииттиммэккин!”
Онто баара, Адам кыратыттан ордук уран-кэрэ эйгэҕэ тардыһан барбыт. Уолчаан олоҥхоһуттары, тойуксуттары батыһа сылдьан истэрэ, алдьаммыт үстүрүмүөннэри хомуйан, балык хабаҕынан килиэйдээн, өрөмүөннээн, гитараҕа, мандолинаҕа, хомуска, кырыымпаҕа оонньуурга үөрэммитэ. Саамай сөбүлүүр үстүрүмүөнэ искириипкэ этэ, араас матыыбы төһө баҕарар таһаара олоруон сөбө.
Биллэн турар, атыы-эргиэн дьарыктаах ийэтэ “бу эр киһи дьарыга үһү дуо?” диэн ончу сөбүлээбэтэ. Дьиҥэ, Александра Игнатьевна бэйэтэ олус үчүгэй меццо-сопрано куоластааҕа, ыллыырын бэркэ сөбүлүүрэ, дьиэтигэр кэнсиэр тэрийэрэ үһү. Баҕар, уола муусука алыбыгар ону истэн ылларбыта буолуо. Ол эрээри ийэтэ “мусукаан айаҕын ииттиммэт” диэн, уолун дьарыгын бопсо сатыыра, бэл, уола оҥостубут үстүрүмүөннэрин тоҕута сынньан, уматан кэбиһэрэ үһү. Духуобунай сэминээрийэ 4-с кылааһын бүтэрээтин кытта ийэтэ Адамы атыы-эргиэн пиирмэтигэр үөрэнээччинэн киллэрбит. Ол эрээри Адам кистээн муусуканан дьарыктанарын тохтоппотох.
Эдэр мусукаан
Уол куоракка мусукаан быһыытынан биллэн барбыта айылҕаттан дьоҕурун көрдөрөр. Кини муусуканы, литэрэтиирэни сэргээччилэр куруһуоктарыгар киирбитин Г.Кривошапко суруйар. Сэрэйдэххэ, ол – Алампа тэрийбит куруһуога. Нуучча норуодунай үстүрүмүөннэрин аркыастырыгар киирбитэ, искириипкэҕэ оонньоон, ыллаан, үҥкүүлээн, бэйэтэ сольнай кэнсиэр биэрэрэ. Ыҥырыкка сылдьан араас бырааһынньыкка оонньуура, киһини тиһэх суолугар атаарарга эмиэ ыҥыран оонньотоллоро. Доҕотторунуун араас үстүрүмүөннээх ансаамбыл тэриммиттэрэ.
Адамы “кими да өһүргэппэт сытыары-сымнаҕас, үтүө-сэмэй майгылааҕа” диэн билэр дьоно да, аймахтара да ахталлар. Ол эрээри бэйэтин эргимтэтигэр, тугу эмэ тэрийэригэр, кэнсиэр нүөмэрин бэлэмнииригэр уларыйан хааларын, саҥата-иҥэтэ чиҥиирин, салайар-тэрийэр кыаҕын бэлиэтииллэр. Чахчы, биир баһылыыр идиэйэҕэ ылларбыт, соҕотох сыаллаах киһи оннук буоллаҕа.
Агриппина
1914 сыллаахха ийэтэ “18 сааһын туолла, ситтэ-хотто, оннун булуон наада” диэн, Шадриннар диэн атыыһыттар аччыгый кыыстара Агриппинаны кэпсэтэн, ыал гыммыт. Бу кэргэн кэпсэтиигэ Ксенофонтовтар ийэлэрэ Екатерина Максимовна оруолун сиэнэ Панкратий Петров суруйар (“Адам Скрябин – первый якутский самодеятельный композитор”. – Бичик, 2011 с.). Бу икки сис ыал далбар хотуттара, Е.М. Ксенофонтова уонна Адам ийэтэ, чугастык билсэллэрэ. Агриппина уонна Адам саҥа холбоспут хаартыскаларын киһи манньыйа көрөр. Килбиктэрэ, кэрэлэрэ-маанылара, кыырпах да кир-хох сыстыбатах ыраас-сэмэй сэбэрэлэрэ... Эдэркээн дьон иннилэригэр туох силлиэ-хахсаат күүтэрин билбэттэр, илии-илиилэриттэн тутуһан, долгуйа үөрэн тураллар. Агриппиналыын 14 сыл бииргэ олорбуттара, түөрт оҕоломмуттарыттан Дуня диэн кыыс хаалбыта.
Шадриннар
Шадриннар – туспа кэпсээн. Бу Арҕаа Хаҥалас Хахсыгыттан төрүттээх аҕа ууһа Эллэйтэн, Тыгынтан силис тардара биллэр.
Оччотооҕунан бу уопсастыбаҕа үрдүк ыстаатыстаах дьиэ кэргэн буоларын П.Д. Петров кинигэтиттэн билиэххэ сөп. Шадриннар саха чулуу дьонун, интэлигиэнсийэтин, үөрэхтээхтэрин кытта билсэллэрэ, оччотооҕу саха уопсастыбаннай олоҕор кытталлара. Кыыс аҕата Иван Петрович Шадрин В.В. Никифоров-Күлүмнүүрү, Ксенофонтовтары кытта чугастык алтыһара. 1904 с. кини бэйэни салайыы уорганнарын бастакы сийиэһигэр кыттыбыта. 1912 с. Арҕаа Хаҥалас олохтоохторо И.П. Шадрины уонна В.Н. Ксенофонтовы Романовтар дьиэлэрин 300 сылынан тэриллибит I сийиэскэ дэлэгээтинэн талбыттара. И.П. Шадрин үөрэхтээх, киэҥ билиилээх киһи этэ, ону сэргэ араас үстүрүмүөҥҥэ оонньуура, хоһоон суруйара. Кэргэнэ Александра Николаевна эмиэ аныгылыы кэрэ-мааны, сэргэх дьахтар этэ. Адам кэргэнин дьонун кытта биир тылы тута булан, Шадриннарга уолларын курдук буолбута. Маннык ыалга күтүөт буолбута оччотооҕу уопсастыба саамай “прогрессивнай” араҥатыгар киирэригэр, саха чулуу интэлигиэнсийэтин кытта билсэригэр олук буолбута. Адам аҕа кынна Иван Шадрин “Сарсыарда” уонна “Киэhэ” диэн хоһоонноругар матыыбы суруйбута норуот ырыата буола сылдьар.
Бастакы хуор. “Саха аймах”
Дойдуга уларыйыы тахсан, сэрии саҕаланан, өрөбөлүүссүйэ силлиэтэ биллибитэ. 1917 с. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэннэ, саха интэлигиэнсийэтэ нэһилиэнньэ ортотугар сырдатар үлэни саҕалаабыта. 1917 с. бэс ыйын 16 күнүгэр С.А. Новгородов салайар “Саха аймах” култуурунай-сырдатар уопсастыба тэриллибитэ. Бэйиэт Анемподист Софронов манна тыйаатыр сиэксийэтин салайара. Кини сүбэтинэн Адам Скрябин эмиэ уопсастыбаҕа киирэн, саха бастакы хуорун тэрийбитэ. 1917 сыл “Саха аймах” түмсүү Саҥа дьылы көрсөр киэһэтигэр хуор Адам Скрябин Анемподист Софронов тылларыгар суруйбут “Саргылардаах сахабыт” ырыатын толорбута бэлиэ түгэн буолбута. Бу – саха бастакы хуора сахалыы ырыаны бастаан толоруута.
Ити кэннэ Адам Скрябин саха национальнай ротатын духобуой аркыастырын тэрийэн, өрөбөлүүссүйэ марштарын уонна ырыаларын миитиннэргэ, демонстрацияларга, мунньахтарга толороллоро. Оччотооҕу кэм күүрээнин, тэтимин, норуот уларыйыыларга дьулуурун муусуканан тиэрдэрин, сырдатар-тэрийэр үлэтин сэбиэскэй былааһы туругурда сылдьар Былатыан Ойуунускай, атын да бассабыык салайааччылар үрдүктүк сыаналыыллара. 1921 с. Скрябин национальнай хуор тэриллэрин туһунан биллэрии таһаарбыта баар: “Урукку хуор чилиэннэрэ, үс хонук иһигэр регистрацияланыҥ” диэннээх. Хуор олох кылгас кэм иһигэр тэриллэ охсубута.
Москубаҕа, Улахан тыйаатырга
1923 с. Москубаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбатын I быыстапката буолбута. Скрябины саха дэлэгээссийэтин култуурунай бырагырааматыгар муусукаҕа эппиэттээҕинэн анаабыттара. Алтынньы 8 күнүгэр Улахан тыйаатырга “Омуктар дьоро киэһэлэрэ” ыытыллыбытын туһунан оччотооҕу “Правда” хаһыакка, атын да олохтоох хаһыаттарга суруйбуттара: “Сценаҕа араас омук 200 бэрэстэбиитэллэрэ таҕыстылар. Манна бүрээттэр уонна кыргыстар, алтаай ойроттара уонна ыраах сахалар, Кавказ уонна Крым араас омуктара бааллар. Кыргыыстар тэбиэннэрин, Кавказ омуктара арбаларын илдьэ кэлбиттэр, сахалар араас кыыл тириитэ ыйаммыт тордохторун туруорбуттар (...). 5 чааһы быһа сүүрбэ омук үҥкүтүн, ырыатын, үгэстэрин, национальнай үстүрүмүөннэрин аркыастырдарын көрдөрдүлэр”. Скрябин салайар хуора “Сардаҥалаах сахаларбыт” уонна “Үлэһит дьоннор ырыатын” толорбут. Адам Скрябин уонна Феня Корнилова хоһоон аахпыттар, кыһыл бартыһаан К.Сокольников эмиэ ыллаабыт. Бүтэһигэр бары оһуокайдаабыттар. Сахалар нүөмэрдэрин көрөөччүлэр биһирээбиттэр, оттон РСФСР Үөрэҕириитин наркома Анатолий Луначарскай Скрябины кытта илии тутуһан, эҕэрдэлээбит, махтаммыт. Саха дэлэгээссийэтэ I истиэпэннээх дьупулуомунан наҕараадаламмыт. Бу саха ускуустубатын улахан сыанаҕа бастакы тахсыыта этэ.
Саха матыыбын – нуотаҕа
Бу иннинэ “саха матыыба нуотаҕа кыайан түспэт” дииллэрэ. Москубаҕа сырыытыгар Адам Васильевич муусука улахан исписэлиистэрин кытта көрсүбүт. “Кини саха муусуката үөрэхтээх нуучча исписэлиистэрин көмөтүнэн эрэ сайдар кыахтааҕын өйдүүрэ”, – диэн суруйар Г.Кривошапко. Сүүрэн-көтөн, Муусука билимин судаарыстыбаннай институтугар киэҥ дьүүллэһиини тэрийтэрбит, Москуба композитордара саха матыыптарын нуотаҕа суруйан, оҥорон биэрэллэрин, нуота гектограбыгар түһэрэллэрин ситиспит. Дьэ хайдаҕый? Онно “Үтүргэннээх үйэ” диэн А.Софронов хоһоонугар (“Песня автономии”), К.Сокольников хоһоонугар “Үлэһит-хамначчыт дьоннору” (“Песня рабочих”), “Как белые снегири” норуот ырыатын фонографка суруйтарбыта.
1925 сыллаахха Адам Скрябин Москубаҕа баран, 36 саха ырыатын нуоталаах бастакы хомуурунньуктарын бэлэмнэттэрбит. Бу 36 ырыаны барытын бэйэтэ ыллаан биэрбитэ. Хомуурунньук 1927 с. ССРС Кинигэ киин кыһатыгар тахсыбыта. Хомуурунньукка ааптарын аата ыйыллыбакка, Скрябин бэйэтин ырыалара эмиэ киирбиттэрэ. Кэлин ол ырыалар “норуот ырыалара” эбэтэр атын дьон киэнэ диэн буолбут. “Yрүҥ туллук курдук дуу?”, “Саргылардаах сахабыт”, “Кэҥсик-муҥсук сыттардаах”, “Туллук-туллук доҕоттор”, “Кыыллаах Арыы” диэн А.Софронов тылларыгар суруллубут ырыалары бары билэллэр эрээри, ким матыыба буоларын үгүстэр билбэттэр.
Үҥсүү
1925 с. Саха АССР Үөрэҕириитин наркомата Скрябины Москубатааҕы консерваторияҕа үөрэххэ ыыппыта. Кини “экстернинэн” эксээмэннэри туттаран, билим-композитор факультетыгар, муусука түөрүйэтин кылааһыгар киирбитэ. Сотору консерваторияны “кылаассабай өстөөхтөртөн ыраастыыбыт” диэн, Саха сириттэн “баайдар сыдьааннара” буоларын туһунан үҥсүү киирбитин сылтах гынан, Адам Васильевиһы үөрэҕиттэн ууратан кэбиспиттэрэ. Бэрэпиэссэрдэр утара сатаабыттара да, кыайбатахтара. “Сурук суруйааччылар “Скрябин оннугар дьадаҥы төрүттээх дьону консерваторияҕа үөрэххэ ыытыҥ” диэбиттэр этэ. Биир оннук киһини үөрэттэрэ ыыппыттар да, онтон туһа тахсыбатах. Оттон Адам Скрябиҥҥа муусукаҕа үөрэнэр суола сабыллыбыт”, – диэн сиэнэ, устуоруйа дуоктара, политолог Ю.Д. Петров ахтыбыт (интервью).
Дьокуускайга төннөн Наркомпроска иниспиэктэринэн үлэлээбит, оскуолаҕа уонна техникумнарга муусука уонна ырыа уруогун үөрэппит, Дьокуускайга байыаннай оскуола аркыастырын салайбыт. 1931 с. хомусчуттар ансаамбылларын тэрийэн, хомуһунан сольнай ырыаны, хуору доҕуһуоллуохха сөбүн көрдөрбүт. Пединститут тэриллибитигэр норуот үстүрүмүөннэрин аркыастырын тэрийээри гыммытын өйөөбөтөхтөр. Үлэтиттэн үүрэллэрэ элбээбит.
“Тыгын кырдьаҕас саҕаттан” диэн Анемподист Софронов тылларыгар суруйбут ырыата Саха сирин автономиятын быраабын кэҥэтэри туруорсар конфедералистар хамсааһыннарын гииминэ буолбута. “Бу хамсааһыҥҥа кыттыста” диэн, доҕоро Алампа буруйдаммыт этэ. Элбэх киһи хаайыллыбыта, ытыллыбыта. Скрябин, куттал суоһаабытын өйдөөн уонна соҕотох кыыһын быыһаары, кэргэнин кытта арахсан, дьонун Уус Алдан ыраах нэһилиэгэр көһөрөн илдьибитэ.
Магадаантан эргиллибэтэҕэ
Скрябины 1936 с. олунньуга хаайбыттара. Сиэнэ Панкратий Дмитриевич Петров архыыптартан булбут докумуоннарыгар кинини “Саха омук” националистыы тэрилтэ кыттыылааҕа уонна сэбиэскэй тутулу утары бырапагаанданы ыыппыта” диэн, иккиһинэн, Певзняк диэн обкуом сэкирэтээригэр саба түһүүнү былааннаабыт, террорист диэн буруйдаабыттар. Дьиҥэ, Адам Васильевич Певзнягы кытта көрсөн, хаайыллыбыт табаарыстарын туһугар көрдөһөөрү гыммыт этэ... Кини баартыйа чилиэнэ буолбатах, онон Певзнякка приёмҥа киирэр кыаҕа суох буолан, дьиэтин таһыгар күүтэ сылдьыбыт. Доппуруостуулларыгар, саагыбарга кимнээх баалларын билиннэрэ, ааттарын ааттата сатаабыттарын, кими даҕаны ааттаабатах, уган биэрбэтэх. Ону кытта “контрреволюционердары: Василий Леонтьевы, Анемподист Софроновы, Василий Слепцовы кытта чугастыы сыһыаннааҕа” диэбиттэр. Кинини 3 сыл хаайыыга бириигэбэрдээбиттэр уонна “Севвостлаг” диэн Бугаево бухтаҕа (Магадаан уобалаһа) баар лааҕырга ыыппыттар. Онтон 1939 с. сэтинньитигэр босхоломмута эрээри, дьиэтигэр тиийэн кэлбэккэ, сураҕа суох сүппүтэ. Ханна көмүллэ сытара биллибэт.
Өрөгөй марша – иккистээн тиллии!
Кини ырыа гынан айбыт матыыба 1945 сыллаахха, бэс ыйын 24 күнүгэр буолбут Кыайыы параатыгар ньиргийбитэ – бу Адам Скрябин иккистээн тиллиитэ. Ол эрээри “кини муусуката тоҕо атын киһи аатынан сылдьарый?” диэн үгүстэр дьиктиргээбит буолуохтаахтар. Ааптара суруллубакка, хомуурунньукка киирбит ырыаны, композитор Давид Салиманов-Владимиров “норуот матыыба” дии санаан, “Сахалыы Кыайыы марша” диэн ааттаан, Кыайыы параадыгар оонньонуохтаах муусука куонкуруһугар анньыбыт. Хамыыһыйа киһи сүргэтин көтөҕөр, күүрээннээх муусуканы сөбүлээн, ол куонкуруска хабыллан, Кыайыы параадыгар ньиргийбит.
Оттон, дьиҥэ, бу өссө 1919 с. Алампа хоһоонугар Адам Скрябин суруйбут “Үлэһит-хамначчыт дьоннору” ырыатын матыыба сылдьар. Хайдаҕын да иһин, фащистары кыайбыт Кыһыл Аармыйа Кыһыл болуоссатынан бу марш доҕуһуолунан ааспыта, сахалар бастакы мусукааммыт айбыт матыыба Кыайыы параатыгар мөлүйүөнүнэн дьон сүргэтин көтөхпүтэ хайдах курдук киэн туттуунуй!
Дьонун туһунан
Адам Скрябин ийэтэ Александра Игнатьевна 1942 сыллаахха 93 сааһыгар олохтон барбыт. Сиэнэ Евдокия кэргэн тахсарын көрбүт. Евдокия – Адам Васильевич уонна Агриппина Ивановна соҕотох кыыстара. Кини Д.Д. Петров диэн киһиэхэ кэргэн тахсан, сэттэ оҕоломмуттар. Дмитрий Дмитриевич Петров – сахалар Аҕа дойду сэриитигэр кылааттарын үөрэппит биллиилээх устуорук-учуонай. Кинилэр сэттэ оҕолорун барыларын үөрэхтээн, үтүө дьон гына иитэн таһаарбыттар. Биир уоллара, Адам Скрябин сиэнэ Ю.Д. Петров – ХИФУ устуоруйа факультетын бэрэпиэссэрэ, политология дуоктара. Оттон биир сиэнэ П.Д. Петров “Адам Скрябин – первый якутский самодеятельный композитор” диэн архыып докумуоннарынан, былыргы хаартыскаларынан, бэртээхэй альбом-кинигэни оҥорон хаалларбыт. Петровтар 53 сыл бииргэ олорбуттар, олохтон утуу-субуу барбыттар.
“Ийэбит муусукаҕа олус дьоҕурдаах этэ, үчүгэйдик ыллыыра, үстүрүмүөннэргэ ооньуура да, эбэбит кини муусука өттүгэр барарын бопсубут этэ. Аҕабытыгар да норуот өстөөҕүн күтүөтэ буоларын туһунан саната тураллар этэ”, – диэбит Ю.Д. Петров. 1973 сыллаахха, Галина Кривошапко “Адам Скрябин” диэн кинигэтэ тахсыбытыгар, дьэ, аата ааттанар буолбута. 1989 сыл тохсунньутугар Адам Скрябин реабилитацияламмыта. Төрөөбүт уонна улааппыт уулуссатыгар, Чепалов уулуссатын 4-с нүөмэрдээх дьиэтигэр, өйдөбүнньүк-бэлиэ ыйаммыта.
Устуоруйа кэрэһитэ
Бу соторутааҕыта Покровскайга Г.В. Ксенофонтов аатынан түмэлгэ А.В. Скрябин сиэн балта Виктория Николаевна Будниковалыын, көрсүһүү буолла. Кини уруккуну сэгэтэн кэпсээбититтэн кылгастык.
– Бу туһунан мин аан бастаан кэпсээн эрэбин. Биһиги Чепалов уулуссаҕа турар дьиэҕэ олорбуппут. Дьиэбитигэр Адам Скрябин аатын олох ааттаабат этилэр. Ол эрээри эбэбит, Адам эдьиийэ Евдокия Васильевна даҕаны, ийэтэ, биһиги хос эбэбит Александра Игнатьевна даҕаны араспаанньаларын уларыппатахтара, ким да кимтэн да аккаастамматаҕа. Биһиги аҕабыт Николай Соловьев, Адам быраата, Москубаҕа консерваторияҕа үөрэнэ сылдьыбыта эрээри, 1,5 сыл үөрэммитин кэннэ ууратан кэбиспиттэрэ. Төннөн кэлэн, уруһуй, чэрчиэнньэ учууталынан үлэлээбитэ. Ону сэргэ баай, харчылаах дьон сылдьар сиригэр, эрэстэрээҥҥэ киэһэ искириипкэҕэ оонньоон харчылаһан, искириипкэтин хаатыгар харчылаах кэлэрэ. Биһиги билэр дьоммут, аймахтарбыт Оросиннар, бары хаайыллыбыттара. Дьоннорун ким да үлэҕэ ылбата, онон кырыымчыктык олорбуттара. Эбэбит ол “искириипкэ харчытыттан” дьонугар көмөлөһөрө. Мин кыра сылдьан эбэбин кытта барсарбын, онно маҥан жаболаах былаачыйалаах чүөчэ Прасковья олорорун өйдүүбүн. Эбэм киниэхэ кистии-саба харчы биэрэрэ...
Дьэҥдьиир
– Адам Скрябин хаайыллыбытын да кэннэ, дьиэбитигэр кэлэн, дьэҥдьиир оҥорон, үлтү ыһан кэбиһэллэрэ. Биирдэ аҕабыт остуол тула олордохпутуна арай “олохпут дьэ чэпчиирэ дуу” диэтэ. Ол Сталин өлбүтүн биллэрбиттэр эбит. Ол эрээри дьэҥдьиир син биир салҕаммыта. Биирдэ дьэҥдьийбит киһи аҕабыт остуолуттан швейцарскай чаһытын ылан барбыт этэ... Ийэбит Надежда Дмитриевна Давыдова-Оросина эрдэ олохтон барбыта. Аҕабыт иккиһин нуучча дьахтара Елизавета Ивановна Рукавишникованы кэргэн ылбыта. Огдообо, байыаннай кэргэннээҕэ сэрии толоонуттан эргиллибэтэх, икки оҕото өлбүт этэ. Биһиги дьиэбитигэр киириэҕиттэн дьэҥдьиир дьэ тохтообута. Нуучча, учуутал эҥин диэн буолуо. Бу дьиэттэн тугу да булан ылар суоҕун уонна өйдөөтөхтөрө дии. Онон “баба Лиза” (сааһырбытын кэннэ итинник ааттыырбыт) биһигини быыһаан турар.
* * *
– Кэлин кыыһым Марина улаатан, үлэһит буолбутун кэннэ дьэ көрдөөн барбытым. Олох көһүппэккэ эрэ, Москубаҕа Мария Петровна Скрябинаны, булан ылбытым. Кини Москубаҕа төрөөбүт, Адам Васильевич Скрябин иккис кэргэнэ этэ. Дьокуускайга кэлэ сылдьыбыт, олорбут эбит, онтон Адамы манна кэлэ сырыттаҕына тутан хаайбыттар. “Ол туһунан ахтыыта суруй” диэн көрдөспүппүн суруйбута, билигин ону кыыһым Марина Александровна таһаараары үлэлии сылдьар. Кинилэр кыыстара Наталья Адамовна үрдүк үөрэхтээх, химия билим-чинчийэр институтугар исписэлииһинэн үлэлиирэ.
Биирдэ “А.В. Скрябин туһунан матырыйааллар КГБ архыыбыгар баар буолуохтаахтар” диэн эрийбиппэр, ыҥыран дьыалатын көрдөрбүттэрэ. Паапкаҕа “Адам Скрябин. 58-с ыстатыйа А” диэн сурулла сылдьара. Билсэн баран, “кими да таҥнарбатах, ким да аатын ааттаабатах эбит” диэн үөрэ, чэпчии санаабытым.
Онон биһиэхэ ааны саппыттара – кэлин барыта аһыллыбыта, муусуканы истимэҥ диэбиттэрэ, ускуустуба сабыылааҕа – биһиги онно профессионал быһыытынан киирбиппит, кыыһым – балет артыыһа. Судаарыстыбаннай тэрилтэлэртэн үүрэллэрэ, оттон мин үйэм тухары судаарыстыбаннай тэрилтэҕэ үлэлээн кэллим. Онон олоххо эрдэтэн суруллар эбит: бастаан маннык буолар, онтон оннук буолар диэн. Биһиги ону барытын ааһыахтаах эбиппит, – диэн түмүктээтэ Виктория Николаевна. Чахчы, оннук.
“Мин саҕалаатым — оттон ону сүһүөҕэр туруоран утумнааччылар баар буолуохтара. Саха култуурата муҥутуурдук сайдыа, саха дьоно бэйэлэрэ тыйаатырданыахтара, муусукаланыа, балеттаныа, аркыастырданыа. Саха ыччата атын омуктары кытта тэҥҥэ култууратын, ускуустубатын уһулуччу сайыннарар кыахтаах. Эрдэ төрөөбүппүттэн кэмсинэ саныыбын – итинник балысхан сайдыыны илэ харахпынан көрбөппүттэн” (А.Скрябин)