Киир

Киир

Бэрт сотору Дьокуускай куоракка алмаас бырамыысыланнаһыгар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүгэр бэлиэ суолталаах тэрээһиҥҥэ анаммыт быыстапка аһыллаары турар. Көрдөрүү быйыл Саха сиригэр бастакы алмаас көстүбүт 75 сылыгар ананар. Ол иннинэ биһиги саха алмааһын арыйыы уонна туһааннаах салаа сайдан испит устуоруйатыттан бэрт кылгастык билиһиннэрэн, санатан ааһарга быһаардыбыт.

Бастакы эспэдииссийэлэр

Илин Сибииргэ алмааһы көрдүүр наадатын туһунан кэпсэтии дьиҥинэн олох эрдэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин быдан инниттэн саҕаламмыта. Ол гынан баран дьиҥ олоххо киириитэ 1946 сыл бүтүүтүн диэки, ССРС Геологияҕа министиэристибэтин этиитинэн, алмаас көрдүүрүнэн дьарыктаныахтаах Тунгускатааҕы геолог көрдүүр эспэдииссийэтин тэрийэр бэлэмнэнии үлэттэн саҕаламмыта. Кэлин, 1949 сыллаахха, ити эспэдииссийэ Амакинкатааҕы диэҥҥэ уларыйбыта. (“Амака” диэн эбэҥки тылыгар “эһэ” диэн суолталаах).

Сибииргэ уонна Саха сиригэр алмааһы көрдүүр үлэни тэрийиигэ академик – үгүстэр “Сибиир алмааһын аҕата” диэн ааттыыр киһилэрэ – Михаил Михайлович Одинцов улахан оруоллаах. Чуолаан кини Бүлүү эбэ туонатыгар алмааһы көрдүүргэ көҕүлээбит. Ол курдук, үөһэттэн быһаарыыны күүтэн олорбокко, эрдэтээҕи үбү-харчыны кэмчилээһин суотугар, бэйэтин кэмигэр туһугар сэрэхтээх (алмаас көстүмүөн да сөбө) быһаарыыны ылынан, алмаас тааһы манна буларга сананар.

Untitled 2024 07 25T120426.126М.М. Одинцов

Геологтар 1947 сыллаахха төһө да алмааһы булбаталлар, өрүс дьапталҕатыгар (речные отложения) биирдиилээн да буоллар, алмаас аргыһынан биллэр платина көстөрүн бэлиэтээбиттэрэ эрэли сахпыт. Дьэ, манна тирэҕирэн, аат ааттаан Бүлүүгэ тиийэр геолог биригээдэтин тэрийэн барбыттара.

1948 сыллаахха Саха сирин арҕаа эҥээригэр, Бүлүү эбэ кытылыгар, алмаастаах сири көрдүүр геолог Георгий Хаимович Файнштейн салайааччылаах Тунгускатааҕы (Амакинкатааҕы) эспэдииссийэ Бүлүүтээҕи баартыйата үлэтин саҕалыыр. Бу сезон сүрүн сыала-соруга – Лухарчаан салаатыттан оччотооҕунан Ньурба сэлиэнньэтигэр диэри кэрчигэр алмаас көстөр кыахтаах, кэскиллээх учаастактарын – ол иһигэр Орто Бүлүү Сунтаар сиринэн ааһар улахан өҕүллүүтүн арҕаа өттүн чинчийии эмиэ киирсэрэ – ол ситиһиллибитэ. 

Untitled 2024 07 25T120437.359Г.Х. Файнштейн

“АЛРОСА – алмазная история Якутии” быыстапка 2024 сыл атырдьах ыйын 7 күнүттэн саҕалаан, алтынньы 30 күнүгэр диэри Дьокуускай куоракка, “Комдрагмет” дьиэтигэр туруоҕа. АЛРОСА кэллиэксийэтиттэн Саха сирин олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар анаан биллиилээх, үтүө үлэһит дьон аата иҥэриллибит алмаастара уонна ураты, ханна да хатыламмат эбэтэр сэдэхтик көстөр дьикти моһуоннаах, тутуллаах алмаастар онно баар буолуохтара.

Алмаас баар!

1949 сыл бэс ыйын саҕаланыыта Георгий Файнштейн баартыйата Бүлүүгэ иккистээн тиийэр. Бу сырыыга кинилэр Бүлүү арҕаа өттүгэр Сунтаар улууһун Бүлүүчээн сэлиэньэтиттэн Сунтаарга диэри кэрчигин чинчийэр уонна түөрт учаастактан тэҥинэн боруоба ылар сыаллаахтара.

Бастакы үс учаастак Бүлүү уҥа кытылын 25-тэн 37 килэмиэтиригэр, Үөһээ Мэйиктэн (Ойууһут) аллараа өттүгэр былааннаммыттара. Үһүөннэригэр алмаас баар сибикитэ көстүбэтэҕэ. Оттон төрдүс учаастак Кириэстээх бөһүөлэгин үөһээ өттүгэр этэ. Онно Бүлүү эбэ таас дьапталҕатыттан үөскээбит (галечные отложения) 2,5 км уһуннаах, сорох сиринэн 400 м тиийэ кэтиттээх чай (коса) баар. Дьэ, бу манна атырдьах ыйын 7 күнүгэр саха бастакы нүөмэрдээх алмааһа – 5 мл ыйааһыннаах, өҥө суох, дьэҥкир алмаас тооромоһо көстөн үөрдэр.

Г.Х. Файнштейн хайаны байытар фабрикаҕаГ.Х. Файнштейн хайаны байытар фабрикаҕа

Устуоруйа бу бэлиэ түгэнин туһунан Георгий Файнштейн “За нами встают города” диэн кинигэтигэр маннык суруйбута баар: “... Первый алмаз на Вилюе найден в канаве № 9 на косе «Соколиной», в 6 км выше наслега Крестях Сунтарского района 7 августа 1949 г. К середине сентября на этой косе из канав № 9, 10, 11 было добыто 22 алмаза. Первые алмазы в Якутии найдены Вилюйской партией Амакинской экспедиции...».

Бу арыйыы туох-ханнык иннинэ Амакинкатааҕы эспэдииссийэ Бүлүүтээҕи баартыйатын дьаныардаах үлэтинэн, Саха сирин алмааһын устуоруйатыгар бэлиэ суолу хаалларббыт Г.Файнштейн сонуну олоххо киллэриитин (новаторство) түмүгэр ситиһиллибитэ. Геолог табыллыыта, соргулаах таба тайаныыта диэн эмиэ баар.

Саха алмааһын бастакынан булбут, Амакинка эспэдииссийэтин 2-с Илиҥҥи холбоһуктаах баартыйатын 1950–1952 сылларга салайбыт начаалынньык Георгий Файнштейн өрөспүүбүлүкэҕэ улаханнык убаастанара. Манна даҕатан эттэххэ, алмаас көрдүүр үлэҕэ олохтоох нэһилиэнньэни күүскэ кытыарары көҕүлээбит – кини. Мохсоҕоллоох чайыгар көстүбүт күн тааһын булууга отучча олохтоох кыттыбыт. Кинилэр истэригэр каюр-сирдээччи Куонаан Кириллин баара.

Этэрээт үлэ үөһүгэрЭтэрээт үлэ үөһүгэр

Кириэстээх Мохсоҕол-лооҕор алмаас баарын арыйыы Саха сирин уонна бүтүн дойду алмааһын көрдүүр салаатыгар улахан уларыйыыны, хамсааһыны таһаарбыта. Бүлүү эбэҕэ алмаас көстүүтэ геологтарга алмаас көстөрө кэскиллээх оройуону эрэ арыйбатаҕа, ону тэҥэ бастакы төрүт алмастаах сирдэри арыйыыга бигэ олугу уурбута.

Интэриэһинэй чахчы: Биир күҥҥэ – икки бырааһынньык

Алмаас хостооччулар идэлээх бырааһынньыктарын хас сыл аайы от ыйын үһүс өрөбүлүгэр, металлурдары кытта биир күн бэлиэтииллэр. Бу икки идэлээх бырааһынньык төрүттэммит устуоруйалара хайаларыгар да 1957 сылы кытта быһаччы ситимнээх. Ити сыл сэбиэскэй бырабыыталыстыба Аҕа дойду металлурдара сэрии кэмигэр уонна сэрии кэннинээҕи сылларга сүҥкэн үтүөлэрин, оруолларын бэлиэтээн, Металлург күнүн олохтоон турар.

 Эмиэ ити сыл дойду хайаттан хостуур бырамыысыланнаһын салайар ССРС өҥнөөх металллургияҕа министиэристибэтин дьаһайыытыгар киирэр “Якуталмаз” трест тэриллэр. Саха сиригэр алмааһы бырамыысыланнай таһымҥа хостуур үлэ саҕаланар, бэрт кылгас кэм иһинэн чопчу алмааһы хостуур туһунан салаа түстэнэр. Бу эйгэ үлэһиттэрэ металлурдары кытта биир күҥҥэ идэлээх күнүн бэлиэтииллэр, ол эрээри атына, чопчу – Алмаас хостооччу күнүн ылаллар.

Өссө да барыта – иннибитигэр

Ол курдук, Саха сиригэр бастакы алмаас көстүбүтүн кэнниттэн биэс сыл буолан баран – “Зарница” кимберлит туруупката, оттон 1955 сыллаахха – “Мир” уонна “Удачнай” баай саппаастаах туруупкалар арыллыбыттара. Ол сыл Амакинка эспэдииссийэтин геологтара таарыйа алмааһы хостооһуну саҕалаабыттара. Оттон 1957 сыл саҕаланыыта алмааһы бырамыысыланнай таһымҥа хостуур гына, “Якуталмаз” трест тэриллибитэ.

Саха сиригэр алмааһы хостуур бырамыысыланнас 70 сыл кэриҥэ уһуннаах устуоруйатыгар бырамыысыланнай таһымҥа сүүрбэттэн тахса төрүт уонна бытархай (россыпной) алмаастаах сир туһаҕа таҕыста, аныгы үрдүк технологиялаах салаа тэрилиннэ, саҥа куораттар, бөһүөлэктэр, уу ыстаансыйалара баар буоллулар, сүүһүнэн килэмиэтир уһуннаах массыына суоллара, уот ситимнэрэ тардылыннылар. Чуолаан Бүлүүгэ алмаас көстүбүтүн суотугар Саха сирин арҕаа өттүн олоҕо-дьаһаҕа, тас көстүүтэ биллэ-көстө уларыйда. Алмаас көстүүтэ өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ уонна социальнай өттүнэн сайдарыгар төһүү күүс, тирэх буолан, 21-с үйэҕэ улахан уларыйыылаах үктэннэ. Оччотооҕу “Якуталмаз” трест төрүтүгэр тэриллибит АЛРОСА хампаанньа күн бүгүн бүтүн аан дойду үрдүнэн алмаас хостооһунугар эрэллээхтик бастакы миэстэҕэ сылдьар. АЛРОСА – Сахабыт сирин экэниэмикэтин флагмана, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуотун үс гыммыт биирин толору хааччыйа олорор тыын суолталаах тэрилтэ. Хампаанньа балаансатыгар миллиартан тахса карааттаах алмаас саппааһа киирэр.

алмаас

Кэнэҕэһин даҕаны сэдэх уонна сыанаҕа турар алмаас таастар хостоноллоро, кэскиллээх, баай алмаастаах сирдэр арыллаллара саарбахтаммат. Ону кытта тэҥинэн алмаас хостуур салаа уһун сыллар усталарыгар Сахабыт сирэ сайдарыгар хамсатыылаах күүс буола туруоҕа.

Р. Полярнай суруйуутуттан тылбаас, бэй. кэр.

Бүтэһик сонуннар