Бу дьыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр бииргэ айыллан кэлбит игирэм аҥаара, балтым, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, “Киин куорат” хаһыат суруналыыһынан үлэлээбит САРДААНА БАГЫНАНОВА Орто дойду олоҕуттан букатыннаахтык арахсыбыта 3 сылын туолар.
Абалаах да баҕайы – эдэр, үлэлиир, айар-тутар кэмигэр сылдьан биһигини, миигин быраҕан барбыта. Иккиэн айар эйгэбитигэр үгүс былааннаах этибит. Үйэбит тухары сиэттиспитинэн бииргэ сылдьыахпыт, айыахпыт-тутуохпут диэн ыраланарбыт. Арахсыбыппыт наһаа да курус, санньыар. Билигин да итэҕэйбэппин... Син биир курутуйабын, ытыыбын, айманабын.
Связь близнецов неразрывна на века...
3 года назад 18 августа 2021 года утром в 7 часов 40 минут ты покинула этот мир, разбив наши сердца, оставив меня одну, забрав частичку моего сердца. Это были сложные годы, полные горести и печали без тебя, без моей половинки, без моей сестрёнки... До сих пор не верится, что ты ушла навсегда. Жду, когда ты, счастливая, войдёшь в мой дом. Успокаиваю себя тем, что ты навсегда уехала жить в свой любимый Узбекистан. Неожиданно и так внезапно, отправилась на небеса, сиять как звезда.
Тоскую по тем временам, когда одевшись в одинаковую одежду, мы шли, держась за руки. Говорят, что связь близнецов не разрывна, но после твоего ухода ты ни разу не пришла ко мне во сне. Думаю, ты не хочешь тревожить или беспокоить меня. Когда ты была рядом, всегда оберегала и дорожила мной, своей многодетной сестрой. Не было ни дня, чтобы я о тебе не думала. Вечером засыпаю, думая о тебе, и просыпаюсь с именем твоим в своем сердце.
Я, как творческий человек, разбита, душа не на месте, и то, что я пишу, уже не получается как раньше. В такое сложное время, сильной опорой для меня стала моя любимая редакция “Кыым”, группа “Ситим-медиа”. Мои коллеги всегда меня поддерживали и поддерживают в такое нелегкое время. Хочу сказать им бесконечные слова “махтал”. Благодаря вам, я могу пережить это испытание и боль утраты.
Что сказать, сестричка, на прощание?Не прощай...Лишь только до свидания!
Эргиллибэт аны ол дьоллоох түгэн...
Биһиги Үөһээ Бүлүү Боотулуутугар 10 оҕолоох Иван Степанович Багынанов уонна Анна Ивановна Яковлева дьиэ кэргэннэригэр 6-с уонна 7-с оҕонон 10 мүнүүтэ арыттаах күн сирин үтүөтүн көрбүппүт. Мин, урутаан тахсыбыт киһи, этиргэн, оттон балтым барахсан хачаайы буолан төрөөбүппүт.
Игирэ буоламмыт, дьиэ кэргэҥҥэ сүрдээх маанытык, улахан далбарга иитиллибиппит. Ас-таҥас мааныта барыта биһиэхэ тиксэрэ. 80-с сыллар ортолоругар оскуолабытын үөрэнэн бүтэрэн, Ташкент куоракка баран, бибилэтиэкэр идэтин баһылаан, күннээх Узбекистаны иккис дойду оҥостон 10 сыл олорбуппут, үлэлээбиппит. Сойуус ыһыллыбытыгар, 1992 сыл балаҕан ыйыгар Сахабыт сиригэр төннөн кэлбиппит. Дойдубутугар да кэлэн арахсыбатахпыт, хара өлүөр диэри мэлдьи бииргэ сылдьарбыт. Үллэстэрбит суох, барыта биир хааһах буолан, хаһан да улаханнык кыыһырсыбат, иирсэр-айдаарсар диэни билбэт ураты игирэлэр этибит. Мэлдьи биир мөссүөн, барыта биир таҥас, өй-санаа олохпут устата арыаллыыра. Ыраах айаҥҥа бардахпытына – сиэппит биир, эйиэнэ-миэнэ дэспэппит. Барыта – уопсай. Арай кыра уратыбыт “кээмэйбитигэр” сытар. Мин 10 мүнүүтэ аҕа буоларым быһыытынан таҥаспытыгар 1 кээмэй улахаммын, 5 см өндөспүн.
Сардаанам олоҕу наһаа таптыыра, айанныырын олус сөбүлүүрэ. Ол да курдук барар-кэлэр, айанныыр үгүс былааннааҕа. “Арчы” духуобунай кииҥҥэ үлэлээбит алгысчыт Борис Михайлов, олоҥхоһут Николай Баишев, о.д.а. биир хамаанда тэринэн, тас дойдуга Монголияттан саҕалаан, Хакасия, Алтаай, Тыва дойдуларынан автопробекка ыйы ыйынан айаннаан, саха итэҕэлин, духуобунаһын көрдөрөллөрө, сырдаталлара. Бу сырыыларын барытын Сардаанам хаһыатыгар сырдатара, дириҥ ис хоһоонноох матырыйааллары хомуйбута. Инникитин Францияҕа айанныыр былааннаахтарын хамсык дьаҥа мэһэйдээн, олоххо киирбэккэ хаалбыта.
Үлэлиир “Киин куорат” хаһыат эрэдээксийэтин, кэллиэгэлэрин наһаа истиҥник саныыра, барыларын таптыыра. Эдэр суруналыыс кыргыттар үлэлэриттэн уурайан, атын хайысхалаах үлэҕэ бардахтарына, “Ийэ тыл сүмэтин илдьэ сылдьар, дьоҕурдаах кыргыттар суруйар эйгэттэн тэйдилэр” диэн хомойоро, санааргыыра уонна хаһан эмэ суруналыыс эйгэтигэр төннүөхтэрэ диэн эрэнэрэ.
“Орто Дойду”, “Киин куорат” хаһыаттарга үлэлиир кэмнэригэр “Суорумньу” тиэмэтигэр ордук табыллан суруйара. 10-тан тахса сыл устата өрөспүүбүлүкэ суорумньуһуттарын ыытар үлэлэрин, ордук “Кыыс ыһыаҕа” суорумньу ыһыахтарын тохтоло суох сырдаппыта. Ол тэрээһиннэр туоһуларынан бэрт элбэх ыал баар буолбутун киэн тутта кэпсиирэ.
Суруйуум сулустарга тиийиэхтин...
Балтым киһи быһыытынан наһаа сэмэйэ, көнөтө, албыны-көлдьүнү билиммэт майгылааҕа. Ханна да сырыттар, дьон-сэргэ туох кыһалҕалааҕын интэриэһиргиирэ, сытыы тиэмэлэргэ суруйарын ордороро. Ол суруйбута түмүктээх буоллаҕына сэмэйдик үөрэрэ, астынара. Кини ураты көрүүлээх, буочардаах, суруйар дьоҕурдааҕа. Миигиннээҕэр күүстээхтик, эҥсэн суруйара. Мин ону билинэбин. Билинэбин – айар-тутар, суруйуу чааһыгар кини аҥаар да атаҕар тиийбэппин. Эдьиий да буолларбын, киниттэн үгүскэ үөрэнэрим, бастыҥ сүбэһитим этэ. Арай... 10 мүнүүтэ аҕа буоларбынан мин тылбыттан тахсыбата, олоҕун устата: “Эн миигиттэн аҕаҕын”, – диэн бириинсиптээх буолара, иннибин хаһан да быһа түспэтэ, миигин мэлдьи инники күөҥҥэ тутара.
Мин 5 оҕобун төрүөхтэриттэн көрсүһэн, иккис ийэлэрин тэҥэ буолбут күндү киһилэрэ буолар. Билигин 23 саастаах уола Алгыс 5 сааһыгар сылдьан, “маама Сардаанатыгар” анаан 3 этээстээх коттедж дьиэ тутан биэрэр уонна онно олордор ыра санаатын эппитин истэн олус да үөрбүтэ. Ханна баарый? Ол ыра санаатыгар тиийээхтээбэтэ... Хомойуох иһин, тус олоҕун оҥостубакка, кэннигэр аатын ааттатар ыччаты хаалларбата. Ол эрээри оҕолорум сыыстара “маама Сардааналарын” мэлдьи ахта-саныы сылдьыахтара, аатын үйэтитиэхтэрэ, ааттатыахтара турдаҕа... Онтон эрэ арыый уоскуйабын, оҕолорбор эрэнэбин. Билигин даҕаны бэйэ-бэйэбититтэн кистээн, санаан кэллэхпитинэ, үөһэ тыынабыт, харахпыт уутун киэр илгэбит.
Үлэни былаах курдук өрө тутан сылдьыбыта, кини, чахчы, үлэтигэр ис дууһатыттан бэриниилээҕэ. Дьон кыһалҕатын, тыын боппуруоһун быһаарартан соло буолбата. Миигиттэн уратыта, үчүгэй хаачыстыбата “мин ону сатаабаппын, кыайбаппын эбэтэр суох” диэн тыллары хаһан да туттубат үгэстээҕэ. Барытыгар саба түсүһэн, сөбүлэһэн, ылынан иһэр үтүөкэн хаачыстыбалааҕа, майгылааҕа. Эрэдээксийэҕэ мэлдьи аан бастакынан кэлэн, түүн үөһүгэр диэри хаалан үлэтин түмүктүүрэ, сыалын ситиһэрэ.
Ахтыыны суруйа олорон, көмүскэм уута иэдэһим устун сүүрэрин көрөн, 6 саастаах сиэним айманан: “Эбээ, тоҕо ытыыгыный? – диэн ыйытан сырҕан бааспын таарыйда. Хайыамый, “эбээ Сардаанаҕа сурук суруйабын” диэн быһаардым. Онуоха оҕом сыыһа: “Кини сулустарга көппүтэ дии. Онно почтанан ыытыахпыт буоллаҕа”, – диэбитин истэн сонньуйдум. Кырдьык даҕаны, санаа күүһүнэн, бу ахтыым игирэм сылдьар ыра дойдутугар куйаар ситиминэн тиийиэхтин...
Эн өрүү аттыбар бааргын!
Ааспыт өрөбүллэргэ бүтэһигин уҥуоххар тахсаммын, эйигин сэгэрбин кытары “быраһаайдаһан” киирдим. Гранит тааска кубулуйбут мөссүөҥҥүн көрөммүн, дьэ итэҕэйдим, чахчы даҕаны, миигин быраҕан барбыккын. Хараҕым уутун кыатанан, тымныы сымара таас нөҥүө бүтэһигин иэдэскиттэн сыллаан, илибирэс илиибинэн имэрийэн ыллым. Дьэ, уонна бу сыллар устата моруу буолан сылдьыбыт курус санаабыттан төлөрүйбүккэ, ыар сүгэһэртэн босхоломмукка дылы буоллум.
Олох салҕанар... Сирдээҕи олоххо миигин тулалыыллар: дьиэ кэргэним, оҕолорум, сиэннэрим. Анараа дойдуга “олох” баар, Орто дойдуга букатын кэлбит суох. Онон хаһан эрэ көрсүһүөхпүт буолуо, бука...
Араҕыстыбыт букатын, аны хаһан да көрсүбэттии. Итэҕэйиэхпин баҕарбаппын. Дьылҕа, ыйаах баар дииллэригэр ончу сөбүлэспэппин. Эн өссө даҕаны уһуннук олоруохтааҕыҥ. Бииргэ сиэттиһэн, куустуһан, олохпут суолун устун өр сылларга бииргэ үөрэн-көтөн, оҕолорбут ситиһиилэринэн кынаттанан сылдьыахтаах этибит. Аны ол суох... Эн букатын бу Орто дойду олоҕуттан барбыккын өйүм-санаам син биир ылыммат, итэҕэйбэт. Онон эйигин ыраах айаҥҥа барбытыҥ курдук ылыныам, испэр сэмээр кэтэһиэм, хараҕым уутун кыатанан... Игирэбин, балтыбын, Сардаанабын өрүүтүн суохтуом. Эн өрүү аттыбар бааргын!
https://t.me/kyymsakha/16851
Игирэтин аҥаара Саргылаана БАГЫНАНОВА.