Таптал тиэмэтэ хас биирдии норуот фольклоругар, ускуустубатыгар, уус-уран литэрэтиирэтигэр баар. Ол курдук, аатырбыт Уильям Шекспир Ромеолаах Джульеттатын аан дойду барыта билэр. Бу айымньынан төһө испэктээк турбутун, киинэ уһуллубутун ааҕан сиппэккин. Дьиҥэр, биһиэхэ сахаларга үйэлэри уҥуордаан кэлбит улахан таптал номоҕо эмиэ баар эбээт. Бу – «Лоокуут уонна Ньургуһун».
Сэһэн, пьеса, испэктээк буолан, урукку көлүөнэҕэ киэҥник биһирэммит айымньы, дьэ, кэмниэ кэнэҕэс, уус-уран киинэҕэ кубулуйан улахан экраҥҥа тахсан, аныгы көлүөнэҕэ биһирэнэр күнэ үүннэ. Киинэ режиссёра Константин ТИМОФЕЕВ эдэр ыччат таптал туһунан бастакы өйдөбүлэ бу айымньы курдук сырдык ис хоһоонноох буолуохтаах диэн толкуйдуур. Ол туһунан кэпсэтиэҕиҥ.
Айымньы устуоруйатыттан
Суруйааччы Дьүөгэ Ааныстыырап былыргы номоххо олоҕуран латыын алпаабытынан суруйбут «Nurguhun uonna Lookuut» сэһэнэ1938 сыллаахха кинигэ буолан тахсыбыт. Бу таһаарыыттан билигин биир эрэ кинигэ хаалан СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр харалла сытар. Онтон буойун-суруйааччы Тимофей Сметанин бу сэһэҥҥэ олоҕуран суруйбут дырааматынан “Лоокуут уонна Ньургуһун” испэктээк Саха музыкальнай-драматическай судаарыстыбаннай тыйаатырын сыанатыгар 1946 сыл муус устар 19 күнүгэр турбут. Ити кэмтэн бастыҥ драматург чулуу айымньытыгар хас да көлүөнэ артыыс умсугуйа оонньоон кэллэ.
- Дьэ, Константин, саха кылаассыкатын бастыҥ айымньытын улахан экраҥҥа таһааран эрэргинэн эҕэрдэлиибин. Тоҕо маннык киинэни устарга сананныҥ?
- Бастатан туран, бу оҕо сылдьан таптал туһунан аан бастаан билбит сахалыы айымньым буолар. Төҥүлүгэ сэттис кылааска үөрэнэ сырыттахпытына, фольклор учуутала Филатова Марфа Петровна, герой Федор Попов балта, Тимофей Сметанин «Лоокуут уонна Ньургуһун» пьесаттан быһа тардыыны туруорбута. Кини улахан уопуттаах учуутал буоларын быһыытынан, оонньуур оҕолору бэйэтэ талан, оруоллары түҥэппитэ. Ол эрээри онно мин аатым иһиллибэтэҕэ. Дьиҥэр, мин кыттыахпын наһаа баҕарар этим. Онуоха, биир уол сыаҥкаҕа оруолу толорортон кыккыраччы аккаастаммыта. Ол иһин учууталым миэхэ Сэрбэкэ кинээс оруолун биэрбитэ. Бэрсэнээһи соччо сөбүлээбэтэрбин да, үөрбүтүм. Онтон, дьэ, айымньы тылын үөрэтэн, бэлэмнэнии бөҕө буолбуппут. Ол өйбөр уонна сүрэхпэр букатын иҥэн хаалбыта. Онон "бу айымньынан киинэ оҥорор ыра санаа оскуола эрдэхтэн баара" диэхпин сөп.
Иккиһинэн, Лоокуут уонна Ньургуһун тапталларын туһунан киинэни аныаха диэри биир даҕаны режиссер уһула илик. Отуттан тахса сыл, саха киинэтэ баарын тухары, тоҕо ким даҕаны киинэ устубатаҕын олус сөҕөбүн. Тоҕо диэтэххэ, бу айымньы олус кинематографическай сюжеттаах. Миэхэ анаммыт айымньы буоллаҕа дуу диэх айылаах... Уонна оттон улахан тапталы көрдөрөр биир бастыҥ айымньыбыт буоллаҕа. Онон, эдэр дьон таптал туһунан бастакы ыраас өйдөбүлү маннык айымньылартан ылыахтаахтар дии саныыбын.
Үсүһүнэн, бу номоххо майгынныыр айымньылар казахтарга, кыргыыстарга уонна да атын норуоттарга бааллар. Ону бары өрө туталлар уонна киэҥник тарҕаталлар. Оттон биһиги тоҕо тумнуохтаахпытый?
- Аныгы дьон былыргы таптал устуоруйатын сэҥээриэхтэрэ дуо? Тапталга сыһыаннара уларыйбатаҕа буолуо дуо?
- Билигин арҕааҥҥы култуура сабыдыалынан тапталы имэҥи, таҕылы кытта бутуйуу баар буолуон сөп. Дьиҥэр, сахалар ити өттүгэр олус сэмэй дьон буоллахпыт. Тугу барытын аһаҕастык көрдөрөрү, малтаччы этэри сөбүлээбэппит. Бэл диэтэр, сорох дьон таптыылларын үйэ тухары кыайан эппэккэ сылдьыахтарын сөп. Былыр оннооҕор таптыыр киһилэрин ыһыахха кистээн көрдөхтөрүнэ дьоллоноллор эбит. Оттон аныгы кэмҥэ, куйаар ситимэ олус сайдан, ол майгы-сигили сүтэн-симэлийэн, сорох дьон таптал диэн быстах уонна көҥүл көстүү курдук өйдөбүллээхтэр. Оттон биһиги бу киинэҕэ, аныгы чэпчэки муоданы батыспакка, сыгынньахтаныылаах, аһаҕастык таптаһыылаах, уос уостан уураһыылаах «откровеннай» сыаналары киллэрбэтибит. Ол тэҥэ арыгы, табах, маатыра, хаан-сиин эмиэ суох. Онон төрөппүттэр оҕолорун, учууталлар үөрэнээччилэрин кытта кыбыстыбакка бииргэ кэлэн киинэни көрүөхтэрин сөп.
Маны тэҥэ сахалыы билэр көрөөччүлэр киинэҕэ Тимофей Сметанин тылын-өһүн истэн астыныахтара-дуоһуйуохтара дии саныыбын. Холобура, кини айымньытыгар Күһэҥэй кырдьаҕас саҥатынан «Эдэр сылдьан эмэх буолар диэн эмиэ баар, оҕо сылдьан огдолуйан хаалар эмиэ баар» диэн этэр. Бу Бүлүүттэн төрүттээх оҕонньор Туймаада хочотугар кэлэн дьоҥҥо үлэлээбит, сүүрэр-көтөр эрчимнээх эдэр сааһын куоракка бараабыт эбит. Кини, дойдутугар сатыы хааман өлө баран иһэн, Лоокууттаах Ньургуһуну көрсөр. Уонна уолга тапталгын мүччү тутума, түргэнник кэргэн ыл диэн сүбэлиир. Ити курдук Тимофей Сметанин пьесатын дьоруойдара бары кэриэтэ дьиҥ олоххо олоро сылдьыбыт дьон прототиптара буолаллар.
- «Лоокуут уонна Ньургуһун» сэһэнэ эбэтэр пьесата үөрэх тосхолугар баар дуо? Эн санааҕар, эдэр дьон ааҕарыгар хайдаҕый?
- Сэһэнэ да, пьесата да иккиэн чулуу айымньылар диэн сыаналыыбын. Эдэр дьоҥҥо сөп түбэһэр олус үчүгэй ис хоһоонноохтор, өйдөнөр тыллаахтар-өстөөхтөр. Алҕаһаабат буоллахпына, үөрэх тосхолугар баар. Онуоха, аныгы олох тэтимигэр сололонон, сахалыы кинигэни булан ааҕар уустуктардаах буолааччы, онон саатар киинэни көрөн маннык айымньы баарын, туох туһунан буоларын билиэхтэрэ диэн үөрэбин. Тимофей Сметанин тылын-өһүн уларыппакка киллэрбиппит, онон киинэни айымньы визуальнай барыйаанын быһыытынан көрүөххэ сөп.
- Артыыстары хайдах таллыгыт? Айымньы тылын-өһүн уларыппатах буоллаххытына, артыыс көрүҥэ эрэ буолбакка, саҥарар дьоҕура ордук суолталааҕа буолуо дии...
- Сахабыт сиригэр былыргы дьону сөпкө оонньуур кыахтаах, барсар типажтаах артыыс аҕыйах. Сүрүн оруолларга оонньообут уоллаах кыыһы көрүҥ. Хайдахтаах үчүгэйдэрий? Мария Михалева уонна Василий Белолюбскай – отут сылга биирдэ кэлэн барар эдэр артыыстар. Дьүһүннэринэн да, иитиилэринэн да дьоруойдарыгар олус барсаллар. Иккиэн хоту улуустан төрүттээхтэр. Кыыс – Дьааҥыттан, уол – Өймөкөөнтөн. Иккиэн АГИКИ-ны бүтэрбиттэр, онон дэгиттэр дьоҕурдаахтар. Уопсайынан, биһиэхэ оонньообут эдэр артыыстар бары оннуктар: төрүт сахалыы ыллыыллар, туойаллар, оһуокайдыыллар, олоҥхолууллар. Кинилэр күүстэрэ онно сытар.
Уонна саамай улахан табыллыынан Саха тыйаатырыгар турбут «Лоокуут уонна Ньургуhун» испэктээк састаабын кытыннарбытым буолар. Холобур, онно Ньургуһуну оонньообут биллиилээх артыыс Ирина Никифорова киинэҕэ кыыс ийэтин оонньоото. Оттон Лоокуут доҕорун Мөлчөһү оонньообут Иннокентий Луковцев кыыс аҕатын оонньоото. Испэктээккэ Мардьааһай диэн сүрүн антагониһы оонньообут Петр Садовников Сэрбэкэ кинээс оруолун толордо.
- Былыргы таптал туһунан номоххо олоҕурбут айымньы кэмин хайдах көрдөрдүгүт?
- Дьиҥэр, номох 17-с эҥин үйэттэн кэллэҕэ. Маҥнай сынаарыйбытын онно сөп түбэһэрдии суруйаары гыммыппыт. Онуоха Тимофей Сметанин барыйааныгар Мөлчөс ыллыыр ырыатыгар нууччалыы ааттар баалларын иһин, киинэ хайааһынын арыый бэтэрээҥҥи кэмҥэ чугаһатан 19-с үйэ саҕаланыытыгар сөп түбэһиннэрбиппит. Оччотооҕу саха олоҕун-дьаһаҕын, дьиэтин-уотун, туттар тэрилин көрдөрөргө кыһалынныбыт. Уопсайынан, маннык киинэлэри уһулууга «Тыгын Дархан» бырайыак улахан өҥөлөөҕүн тоһоҕолуохпун баҕарабын. Ол курдук, үрдүк таһымнаах исписэлиистэри иитэн таһаарда. Олортон элбэх киһи: декоратор уолаттар, гример кыргыттар уонна да атыттар биһиэхэ үлэлэстилэр. Биллэн турар, Сахабыт сирин айылҕатын туох баар кэрэтин көрдөрө сатаатыбыт. Ол курдук, киинэбитин элбэх сиргэ: Аммаҕа, Хаандыгаҕа, Хаҥаласка, Туймаада хочотугар уһуллубут. Сүрдээх улахан үлэни оҥордубут – икки сыл уһуллубут, биир сыл таҥныбыт.
- Айылҕаҕа сылдьан былыргы олоҕу устан, салгыны хамсаппыт буолуохтааххыт. Устуу кэмигэр туох эмэ дьикти-дьиибэ буолбатаҕа дуо?
- Сахалыы иитиилээх киһи буоларым быһыытынан, сиэри-туому тутуһабын уонна тутуһуннарабын. Ол быһыытынан, уһулууга киириэхпит иннинэ Амма Мээндигитигэр кытылга туран бары Алгыс ылбыппыт. Онон, барыта этэҥҥэ ааспыта. Халлааммыт ардаабакка туран биэрбитэ. Бүтэһик каадырдары уһулан баран бары бииргэ хаартыскаҕа түспүппүт. Онно халлааҥҥа улахан көтөр омооно көстүбүтэ. Санаабар, Тимофей Сметанин уонна Дьүөгэ Ааныстыырап махтанан ааспыт курдуктара.
Арай биир хомолтолоох түгэн баара. Киинэҕэ анаан сакааһынан оҥоһуллубут 350 тыһыынчалаах араҥаспытын кимнээх эрэ ыйытыыта суох павильонтан ылан Хаҥалас (Кангалассы) бөһүөлэгин аттыгар кэлии дьон киинэтин уһулууга туһаммыттар этэ. Ол кэннэ булан аҕалан биэрэ иликтэр. Аньыырҕаабаттар эбит. Дьиҥэр, бу араҥаһы киинэ премьератыгар эспэнээт быһыытынан туруоруохтаах этибит.
- Константин, түмүккэ тугу этиэххин баҕараҕын?
- Бастатан туран, бу «Лоокуут уонна Ньургуhун» курдук сүдү айымньы киинэ буолан тахсарыгар төһүү буолбут СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтигэр, Sinet Spark пуонда салайааччыта, мэссэнээт Арсен Томскайга улаханнык махтанабын. Уонна, биллэн турар, бары артыыстарбар, үлэлэспит дьоммор. Ураты махталым Лоокууттаах Ньургуһуҥҥа – Мария Михалеваҕа уонна Василий Белолюбскайга. Василий бастакы киинэтэ буолан, олус долгуйар. Онон киниэхэ чаҕылхай саҕалааһыны, өрө көтүүнү баҕарабын. Оттон Сахам сирин олохтоохторун барыларын бу Орто дойдуну тутан турар саамай ыраас уонна сырдык иэйиини – Тапталы – үйэтитэр аан бастакы уус-уран киинэни кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырабын. Таптал баар буолан, олох салҕанар, киһи аймах үрдүккэ, үйэлээххэ талаһар.
Биһиги, режиссёр Константин Тимофеев ыҥырыытыгар кыттыһан тураммыт, бу киинэ саха былыргы номоҕун тарҕатыыга, салгыы сайыннарыыга дьоһуннаах хардыы буоларын бэлиэтиибит уонна бу улуу айымньы мантан сиэттэрэн аар-саарга аатырыа диэн эрэнэбит. Онон, бука бары – «Лоокуут уонна Ньургуhун» киинэҕэ!
Сэһэргэстэ КҮНДЭЛИ.