Киир

Киир

СӨ култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэлээх, СӨ култууратын уонна ускуустубатын бочуоттаах үлэһитэ, Сунтаар, Ньурба улуустарын, Түбэй Дьаархан, Акана нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, дыраама уонна киинэ артыыһа идэлээх, 83 сааһыгар билигин да тэтиэнэх, сэнэх сэбэрэлээх Ф.П. Сафронов – эрэдээксийэбит ыалдьыта. Аҕыйах сыллааҕыта “Күнү, күнү таптыыбын” килиибин истэн, киниэхэ интэриэһим үөскээбитэ. Онон бүгүн илэ бэйэтин кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэрбиттэн астынабын.

Кырасыабайдык кырдьыы

– Фрументий Петрович, эйигин көрөөт, “кырасыабайдык кырдьыы” диэн өйдөбүл баар эбит диэн өйдөөтүм. Эн мөссүөҥҥэр баар сааһырыы сурааһыннара эйигин тупсараллар.

– Кырдьартан куттанымыахха наада. 75 сааспар диэри бэйэбин олох эдэр курдук сананар этим. Атаҕым-сүһүөхтэрим үчүгэйдэр, ойуурга сылдьабын, туһахтыыбын, куобахтыыбын-кустуубун, бултуубун-алтыыбын, оттуубун-мастыыбын. Оннук сырыттаҕына, киһи бэйэтин олох чэгиэнник, чэбдиктик сананар. Билигин даҕаны олох кырыйдым дэммэппин, “өссө да барбалаабыт киһи” диэн санаалаахпын. Доруобуйабар үҥсэргиирим суох. Бачча сааспар тиийбиппэр бэйэбэр уонна дьиэ кэргэммэр махтанабын. Хата уонна былырыыҥҥа диэри үлэлии-хамсыы сырыттаҕым. Үлэлиир эйгэм, тулалыыр дьонум-сэргэм күүспэр күүс эбэр.

– Таһырдьаттан кирилиэһи чэпчэки баҕайытык өрө сүүрэн тахсыбыккын көрөн сөхтүм. Дьарыктанаҕын дуо?

– Былыргыттан итинник чэпчэкитик сылдьабын. 173 уһуммар 74 киилэ ыйааһыннаахпын. Куоракка кэлбитим 10-ча эрэ хонно уонна 81 киилэ буолбуппун. Дэриэбинэҕэ хаамарым элбэх. Манна кэлиэхпиттэн мээнэ таһырдьа тахсыбаппын. Күөмэйим ыалдьан хаалыа диэн, эмиэ харыстанар курдукпун.

Үлэ – олох ис хоһооно

– Хас сыл ханна үлэлээтиҥ?

– Түбэй Дьаархан кулуубугар – 36 сыл, ол иннинэ 20 сыл Ньурбатааҕы көһө сылдьар дыраама тыйаатырыгар үлэлээбитим.

– “Үлэ – дьол” диэн бириинсиптээххин дуо?

– Оннук. Арай эрдэ биэнсийэҕэ тахсан баран дьиэбэр олорбут буолуум... Дьэ, тугу дьарыктаныам этэй тыа сиригэр? Киэҥ сир буолбатах, кыараҕас. Наай гыннар, ойуурга сылдьыам, куобахха туһахтыам, бултуом-алтыам эбитэ буолуо. Үлэттэн уурайбытым олунньуга оруобуна 1 сыла буолла. Билбэккэ да хааллым.

2021 сыллаахха үлэлээбит “Айыс” култуура сынньалаҥ киинигэр ааппын иҥэрбиттэрэ. Иккис дьиэм кэриэтэ буолбут кулууппуттан арахсыахпын баҕарбаппын. Маҕаһыыҥҥа кэлэрбэр-барарбар, кулуубум суол кытыытыгар турар буолан, киирэ-тахса сылдьабын, бильярдыыбын, тэрээһиннэргэ кыттабын. Ити курдук оргууй аҕай сылдьабын. Чуҥкуйартан олох куттаммаппын, майгым оннук. Үгүс киһи “бэйэҥ тускунан ахтыы кинигэтэ суруйуоххун” диир. Сурук чааһыгар олох иэдэйэбин.

Кэргэним Нина Ильинична 1987 сыллаахтан өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох “Аман өс” оҕо норуодунай фольклор тыйаатырын салайан үлэлэтэр. Бу тухары тыйаатыр иһинэн 300-чэ оҕо дьарыктанан, үүнэн-сайдан таҕыста. Олор истэригэр Ил Түмэн дьокутааттара А.В. Постников, А.Ю. Николаев бааллар.

Ырыаһыт буолбатахпын, дыраама артыыһабын

– Идэҕинэн артыыскын. Ханна, хайдах үлэлээбиккиний?

– Москубаҕа Щепкин аатынан тыйаатыр үрдүкү училищетын 16 буолан үөрэнэн бүтэрбиппит. Идэбинэн дыраама уонна киинэ артыыһабын. Үөрэхпитин бүтэрэн кэлбит сылбытыгар (1966 сыллаахха) Ньурба көһө сылдьар тыйаатыра аһыллыбыта. Онно артыыс быһыытынан үлэбин саҕалаабытым. Миигин кытта бииргэ 5–6 щепкинец эмиэ үлэлэрин манна саҕалаабыттара. Тыйаатырга 20 сыл үлэлээбитим. Үксүгэр сүрүн оруолларга оонньуурум. Ол курдук, М.Шолохов “Тиэриллибит кырыһыгар” – Нагульнов, Маяковскай “Баанньыгар” – Чудаков, Суорун Омоллоон “Күкүр Ууһугар” – Түптүр Хара, “Мас холбукаҕа” – Байыл о.д.а. уобарастары оонньообутум. Тыйаатырга кыайбат оруолум суоҕун кэриэтэ этэ.

– Дыраама артыыһын эрэ быһыы­тынан буолбакка, киинэҕэ эмиэ уһуллубуккун.

– Мосфильм, Ригатааҕы киинэ устуудьуйалара устубут 6 киинэлэригэр уһуллубутум. Олортон биир чаҕылхайдара “Утро долгого дня” (1968 с.Рига) киинэҕэ сүрүн оруолу Ньукууһу, А.Тарковскай “Андрей Рублев” (1966 с.) киинэтигэр Сотник оруолун оонньообутум. Маны сэргэ Татьяна Лиознова “Память сердца” (1958 с.), Михаил Швейцер “Время, вперед” (1965 с.), о.д.а. киинэлэргэ маассабай сыанаҕа кыттыбытым. “Утро долгого дня” киинэҕэ Киристэпиэл эмиэ Доодор кулуба оруолугар уһуллубута. Кинини режиссёр “сүрдээх талааннаах актёр буолуох киһи сылдьар эбит” диэн наһаа сөбүлээбитэ уонна “Кинини аны биирдэ киинэҕэ устарым буоллар, дьолунан ааҕыныам этэ”, – диэн турардаах.

2. 39 саастааҕар39 саастааҕар

Кэргэним Нина Киристэпиэллиин бииргэ ыллыыллара

– Тыйаатыр саҕаттан ыллаатаҕыҥ.

– Гостуруол бөҕөтүгэр сылдьарбыт, кэнсиэр туруораллара. Мин кэнсиэргэ олох ыллаабатым. Арай биирдэ Бүлүү эргин гостуруолга сырыттыбыт. Киэһэ кэнсиэр буолуохтаах. Мин туран, режиссёрум Спартак Слепцовка: “Киэһэ буолар кэнсиэргэ 2 ырыаны “бискэ” ыллыыбын. Бастакы ырыабар – буокканы, иккиспэр сампааныскайы туруораҕын”, – диэн сакылааттастыбыт. Киһим хап-сабар сөбүлэстэ. Аскалон Егоров диэн Үөһээ Бүлүүттэн кэлэр сылдьар байаньыыстаах этибит. Кинини ыҥыран, “ырыаларбын доҕуһуоллаа” диэн көрдөстүм. Инньэ гынан, соһуччу баҕайытык “Биригэдьиир Марыына” уонна “Саадьаҕай оҕус” диэн ырыаларбын байааҥҥа таһаара оҕуста. Сакылааттаспыт дьон быһыытынан, Спартак Ивановичтыын илии тутустубут. Сыанаҕа ыллыы таҕыстым. Ыллаан бүтүүбэр “бис, браво” бөҕөтүн хомуйдум. Инньэ гынан, кыайан таҕыстым. Сарсыныгар буолар кэнсиэргэ Спартак Иванович бырагыраамаҕа киллэртэрбитэ. Онон 70-с сыллартан ыллыыр буолбутум. Ордук хоту оройуоннарга гостуруолга бардахпытына, наһаа сөбүлээн истэллэрэ. Анаан магнитофоннаах кэлэн усталлара.

– Киристэпиэл Махсыымабы кытта бииргэ ыллаан-туойан сырыттаххыт.

– Киристэпиэл Ньурба тыйаатырыгар 10-тан тахса сыл үлэлээбитэ. Кини биригээдэтигэр кэргэним Нина Ильиничналыын киирэн, үһүө буолан гостуруоллаан, өрөспүүбүлүкэни биир гына кэрийэрбит. Кэргэним эмиэ сүрдээх үчүгэй куоластаах. Киристэпиэллиин мэлдьи дуэттыыллара. Киристэпиэл биир кэнсиэргэ 10-ча ырыаны соҕотоҕун ыллыыра. Тобуруокап, Сэмэн Данилов хоһоонноругар матыыбы тута хоһуйара. Чугастык алтыһа сылдьыбыт буоламмын, сүрдээҕин сөҕөрүм. Киристэпиэл оҕо эрдэхпинэ Аканаҕа мин дьоммор түһэрэ.

Кэргэнин кытта 1Кэргэнэ Нина Ильинична Потаповалыын

– “Күнү олус таптыыбын” диэн олус үчүгэй ырыалааххын.

– Сөбүлээн ыллыыр “Күнү олус таптыыбын” ырыам матыыбын Киристэпиэл миэхэ суруйан бэлэхтээбитэ. 80-с сыллар саҥалара... Куоракка көһүөн иннинэ, биир сарсыарда тыйаатырга кэлбиппэр, миигин сыана кэтэҕэр ыҥыран ылла уонна байаанынан матыып таһааран, ыллаан иһитиннэрдэ. “Бу ырыаны эйиэхэ анаан суруйдум. Мэлдьи ыллыыр буолаар дуу. Репертуаргар киллэрин”, – диэтэ. Соһуйан хааллым, үөрэтэ охсуохпун баҕардым. Миэхэ “музыкальнай слух” отой суох, сыстыбатах киһитэбин. Ырыабын доҕуһуоллуур мусукааннар эрэйдэнээччилэр. Ол иһин: “Эн ыллаан бара тур, ситэн ылыахпыт”, – диэччилэр. Билигин ити фонограмма диэннэригэр эмиэ эрэйдэнэбин. Фонограмма, байаан тус-туһунан эйгэ буоллаҕа. Тыыннаах куоласпынан ыллыырбын ордоробун. Билигин байаньыыс сэдэхсийдэ, тарбахха баттанар.

– “Киристэпиэл ырыа матыыбын тута хоһуйара” дииллэрэ оруннаах дуу?

– Нинаны ыҥыран ылан, матыыбын үөрэппэккэ туран “бу ырыа тылын үөрэт!” диэн сорудахтыыра. Оччолорго кэргэним олох эдэрэ, ханнык да ырыаны тута ылынар сүрдээх үчүгэй “музыкальнай слухтааҕа”. Ол курдук, сарсыарда үөрэппит ырыаларын киэһээҥҥи кэнсиэргэ тута дуэттыыллара. Бүөтүр Тобуруокап хоһоонноругар матыып айан ыллыыллара. Ити курдук оҕонньор эмискэ баҕайытык ырыа суруйталаан кэбиһэр буолара.

Аймахтарбынан, бииргэ төрөөбүттэр­бинэн баайбын

– Эн төрүттэргэр туох эрэ баа­һынай хаана баар дуо?

– Былыыр-былыр хос эһэм Арбаҕар аҕабыыт диэн Үөдэй диэки олорбут. Нуучча, баттаҕа бүтүннүү куудара эбитэ үһү. Миигин баттахпын уһатан үүннэрэрим иһин “хос эһэҕин баппыккын” дииллэр. Баттаҕым араас испэктээккэ оонньуурбар бэркэ туһалыыр ээ.

Биир сааспын туола иликпинэ, Үөдэйтэн Аканаҕа тиэйэн илдьибиттэр. Онно улааппытым, оскуолаҕа үөрэммитим. Акана 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, Ньурбаҕа үөрэнэ киирбитим. Онон кииним түспүт сирэ – Үөдэй, бэйэбин Аканабын дэнэбин.

7 1Төрөппүт ийэтэ Христина Сидоровналыын. 1973 сыл

– Бииргэ төрөөбүттэрдээххин дуу?

– Бииргэ төрөөбүт 14-пүт. Билигин 10 оҕо баарбыт. Киэҥ аймахпыт. Бары оҕо-уруу, сиэн бөҕөлөрө. Хотунан-соҕуруунан тарҕаһан, тэнийэн олороллор, билсэбит-көрсөбүт.

Мин икки ийэлээхпин ээ. Биирэ – төрөөбүтүм, иккиһэ – ииппитим. Төрөппүт ийэм Христина Егорова Ньурба Үөдэйиттэн төрүттээх. 96 сааһыгар олохтон туораабыта. Мин 2 саастаахпар аҕам сэриигэ барбытыгар аччык күн-дьыл тирээн, айах адаҕата буолумаары, миигин эбэлээх эһэбэр хаалларан туспа барбыт. Онон төрөппүт ийэ муннун сылааһын билбэтэҕим. Төрөппүт ийэбин тыйаатырга үлэлии сылдьан, 26 сааспар Оҥхойтон булан Ньурбаҕа олохсуппутум. Ийэм Үөһээ Бүлүү Оҥхойугар кэргэн тахсан уоллаах, кыыс оҕоломмут.

6. Аҕата Петр Сафронович ииппит ийэтэ Анна Андреевна Аҕата Петр Сафронович, ииппит ийэтэ Анна Андреевна

Аҕам, сэрииттэн кэлэн, иккистээн ыал буолар уонна 11 оҕолонор. Онон икки өттүттэн бииргэ төрөөбүт 14-пүт. Төрөппүт ийэбин солбуйбут, иитэн-улаатыннарбыт ийэм Анна Андреевна учуутал идэлээх, Дьоруой ийэ. Аҕам Пётр Сафронович Егоров үйэтин тухары ыччаты иитиигэ олоҕун анаабыт биология, география учуутала. Хаһан да солбуллубатах Акана орто оскуолатын дириэктэрэ, РСФСР, САССР үтүөлээх учуутала, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа этэ. Акана оскуолата билигин кини аатын сүгэр.

Манна даҕатан эттэххэ, миэхэ эһэм аатын араспаанньа гыммыттар. Оччолорго ааты араспаанньа оҥоруу муода эбит. Атын бииргэ төрөөбүттэрим бары Егоровтар.

– Кэргэниҥ Сунтаар буоллаҕа.

– Кэргэним Н.И. Потапова Сиэйэттэн төрүттээх. Дойдутугар биэлсэрдии сырыттаҕына, биһиги тыйаатырбытыттан Киристэпиэл Махсыымап, Александр Габышев гостуруолга Сиэйэҕэ сылдьан, таба көрөн “үчүгэй оҕо сылдьар эбит” диэннэр, 1971 сыллаахха ыҥыран, дыраама артыыһынан үлэҕэ ылбыттара. Биэс сыл эрийсэн, сүрэхпитинэн сөбүлэһэн, 1976 сыллаахха олунньу 22 күнүгэр улахан уруу киэһэтин Сиэ­йэҕэ тэрийбиппит. Тыйаатырга үлэлии сырыттахпытына, кэргэним дьоно ыарытыйаннар, кини дойдутугар – Тү­бэй Дьаархаҥҥа – көс­пүппүт. Нина, медучилищены бүтэрэн, биэлсэр идэлээҕэ.

Манна кэлэн, мин – дириэктэри­нэн, кини уус-уран салайааччынан үлэ­битин саҕалаа­бып­пыт. Түбэй Дьаар­хаҥҥа дьиэ-уот туттан, олохсуйан олоробут. Уоллаах кыыс оҕо­лоохпут. Уолум СГУ-ну төрүт култуура идэтигэр үөрэнэн бү­тэрбитэ. Кыыһым Катя ДьТХА-ны бү­тэрбитэ, Сиэйэҕэ баһылыктыы сылдьыбыта. Билигин Дьокуускайга олорор, 4 оҕолоох. Улахан сиэммит 14-тээх, оччугуйбут 3 саастаах, быыһыгар 2 игирэ уолаттар бааллар.

4. 1975 сыл1975 сыл

– Бачча талааннаах киһи үөс сиргэ тоҕо таласпатыҥ?

– Дьокуускайга кэлбитим буоллар, дыраамаҕа эрэ сылдьыам эбитэ буолуо. Ким даҕаны “музыкальнай слух” суох киһитин ырыаҕа чугаһатыа суох этэ. Ол эрээри – мин ырыаһыт буолбатахпын – дыраама артыыһабын.

“Фрументий ырыалара дьиҥ сахалыы тыыннаахтар, бэйэтэ киһи уйулҕатын хамсатар дьикти кэрэ куоластаах”.

“Куолаһа кырасыабайа сөхтөрөр. Кырасыабайдык кырдьыбыт диэн кинини этиэххэ сөп”.

“Ырыаларын хал буолбакка истэ­ҕин”. “Ырыа олус да үчүгэйдик кутуллар. Фрументий ырыаны дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр сүдү дьоҕурдаах”.

Куйаар ситимиттэн.

“Уонна хаһан”

– Буолаары турар кэнсиэриҥ ту­һунан...

– Испэр салла саныыбын – көрөөччүм, сүгүрүйээччим аҕыйаабыта буолуо диэн. Баччааҥҥа диэри көрөөччүлэрим – дойдум дьоно-сэргэтэ, мин көлүөнэ дьоно... 75 сааспар Дьокуускайга кэлэн кэнсиэрдээн турардаахпын. Биллэр мэлэдьиис А.Калининскай: “Билигин эн бириэмэҥ кэллэ. Дьон эстрада ырыатыттан хал буолла. “Сулустар” элбээтилэр. Ырыаны дьиҥнээхтик ыллаан норуокка тиэрдэр ырыаһыт суоҕун кэриэтэ”, – диэбитэ уоскутар.

– Кэнсиэриҥ “Уонна хаһан” аата олус табыллыбыт дии.

– Дьон “бүтэһигин кэлэн кэнсиэрдии турар” диэн саныахтара диэн бастаан, ити тылтан, чахчы, саллыбытым. Онтон кэлин өйдөөтүм. Ырыаһыт 3 эбээһинэстээх: бэйиэт, матыып уонна толорооччу. Бу үстэн норуокка ханныга тиийэ сылдьарый? Тыл-өс. Мин урут-уруккуттан бэйиэти, кини тылын-өһүн бастакы миэстэҕэ тутабын. Дьэ, ол эрэ кэнниттэн – матыып уонна куолас. Оттон билигин ырыа эйгэтигэр хайдаҕый? Куолас бастакы турар. Ыллыылларыгар муусуката баһыйар, ырыатын тыла-өһө чуолкайдык иһиллибэт, ыһыы-хаһыы, куу-хаа. Тыа сиригэр кэнсиэр бөҕөтө буолар. Биир да ырыаһыты өйдөөн-дьүүллээн истибэккин. Ол иһин билиҥҥи көрөөччү тылга-өскө, дьэ, наадыйда быһыылаах дии саныыбын. Бэйэбин уһулуччу үчүгэй куоластаах ырыаһыппын дэммэппин.

– Урукку ырыалары ыллыыгын дуо?

– Урукку-хойук­ку ырыаларбын дьоммэр-сэргэбэр бэлэхтиэм. Ол иһигэр Киристэпиэл хоһуйсуулаах, көрдөөх-нардаах ырыалара баар буо­луохтара. Аны кэр­гэмминиин үйэ­битигэр аан бастаан дуэттыахпыт. Биир дьиэ иһигэр олорбуппут сотору кэминэн 50 сыла туолуо. Ол тухары хаһан да бииргэ ыллаан көрө иликпит.

– Эйиэхэ норуот ырыалара ордук барсаллар бы­һыылаах.

– Уот харахха эттиҥ. Эстрада ырыатыгар сүрдээх ыарахаммын. Былыр А.Алексеев ырыаларын ыллаан испитим. Ону кыайбат буоламмын тохтообутум. Арай “Умнуллубат ол кустук” ырыатын ыллыыбын. Ол ырыа кэнсиэрбэр ылланыа.

– Кэнсиэргэр аан бастаан атын ырыаһыттары кытта “дуэттыыгын”.

– Үйэлээх сааһым тухары кимниин даҕаны дуэттыы иликпин. Миигин кытта ким да тапсан ылласпат, дьону кытта бииргэ сатаан ылласпаппын. Бу кэнсиэрбэр аан бастаан биллэр ырыаһыттары кытта ыллыыбын. Сахаайалыын, Саарынныын, Куоста Степановтыын уонна Дуоламмыныын. Онон долгуйабын да долгуйабын. Куоста “Ийэкэм” ырыата толорорго сүрдээх уустук, диапазона киэҥ. Урут ити ырыаны истэн баран “ыллаабыт киһи” диэн испэр наһаа ымсыырбытым. Ол баҕа санаам туолан эрэриттэн үөрэбин.

Ыллаһар ырыаһыттарым бары даҕаны ааттаах-суоллаах, дьон биһирэбилин ылбыт ырыаһыттар. Кинилэр аттыларыгар мин... Ардыгар пааньыкалаан да ылаары гынабын. Арай “арыый эдэрим эбитэ буоллар, хайаһыам эбитэй?” диэн ардыгар толкуйдуубун. Мин ыллыы сылдьыбыт ырыаларбар кинилэр хоһулаһан биэрэллэр. Саллыы, абытай куоластаахтар. Сахаайа сүрдээх кырасыабай куоластаах, хайа да ырыаһыттааҕар олох ордуктара, тэҥнээҕэ суох эбит.

– Куолаһыҥ олох кырдьыбат эбит.

– Билбит суох. Истэр дьон сыаналаан эрдэхтэрэ. Былыр, эдэр сылдьан, куобах үүрүүтүгэр саамай уһуннук мин куолаһым тулуһара. Киэһэтигэр бары кыыкыныы сылдьар буолаллар.

– “Ырыа – олох аргыһа” диэн мээнэҕэ эппэттэр.

– Ырыа киһи дьолун кытта сэргэстэһэ сылдьар. Бэйэм айылҕаҕа сылдьан, өрүс кытыытыгар олорон иэйиилээх ырыалары ыллыырбын сөбүлүүбүн. Оччоҕуна санаа-оноо тууйуллуута, саппаҕырыыта биирдэ суох буолан хаалар, дууһалыын кэҥии түһэбин, үөрүөх-көтүөх санаам кэлэр. Хор, ырыа киһини оннук кынаттыыр, үтүөҕэ-сырдыкка сирдиир дьикти абылаҥнаах.

Олоххут тапталынан арыалластын!

– Олоххун астынаҕын дуу?

– Олохпор дьоллоохпун. Үөрүү, таптал, дьол кэрэтин бэлэхтээбит, мэлдьи биир өйүнэн-санаанан сылдьар кэргэммин – Нинабын – булбутум – дьолум. Хаһаайка буолан асчыта, иистэнньэҥэ, бүгүрүтэ сүрдээх. Бириэмэтигэр кытаанах, дуоспуруннаах, эппит тылын хайаан да толорторор. Ардыгар сөбүлэспэт да буолларбын, ылынабын. Дьиэ кэргэн иһигэр ил-эйэ, дьоллоох эйгэ баар буоллаҕына, киһи кырдьан, кэхтэн биэрбэт. Бачча сааспар диэри этэҥҥэ сылдьарбар кэргэммэр улаханнык махтанабын. Олох ис сүрэхпиттэн этэбин, көннөрү этиллэр кырасыабай тыллар буолбатахтар. Тугу кистиэхпиний, арыгыга умньанан баран хаалыахпын сөбө. Ону барытын Нинам, оҕолорум сааһылаан биэрдэхтэрэ.

Аҕам барахсан: “Эн олоҕу улахан сыһыыны туоруур курдук санан. Туора-маары хаампакка, биир үктэммит сиргинэн бара тур. Үктэлиҥ кытаанах буоллаҕына, бүдүрүйүөҥ суоҕа. Кэннигин хайыһыма, көнөтүк инниҥ диэки эрэллээхтик бара тур”, – диэн эппитэ үйэм тухары өйбөр-санаабар иҥэн хаалбыт. Аҕам эппитинии, киһи кэнниттэн сылдьыбатым, кыаҕым, талааным баарынан дьон-норуот туһугар, сахабыт фольклора, ускуустубата сайдарыгар күүспүн-кыахпын биэрэн, 82 сааспар диэри сүһүөҕүм үрдүгэр сылдьан үлэлээбиппинэн дьоллоохпун.

– Эдэр сылдьан кыргыттар сү­рэхтэрин сүүйэн, “Дон Жуан” буолуоҥ.

– Тоҕо эрэ киһи барыта инньэ диир. Эдэрбэр кэргэннэнэ сылдьыбытым, арахсыбыппыт. Ол саҕана артыыстар бары да иһэр-аһыыр этибит. Ол кистэл буолбатах.

1. Дьиэ кэргэнинээн

Олох кэрэтин сыаналааҥ...

– Тыаҕа олороргун астынаҕын.

– Өрүс үрдүгэр турар өҥ-быйаҥ дойдуга олохсуйбуппут – дьылҕабыт дьоһун бэлэҕэ. 10-тан тахса сыл сүөһүлэнэн олорбуппут, 17 төбөҕө тиийэ сылдьыбыта. Быйыл балаҕан тутуннубут. Түбэй Дьаархаммытын сүрдээҕин сөбүлүүбүт, олохпут, үлэбит улахан аҥаара манна аастаҕа. Кииним түспүт дойдубун – Ньурбабын – истиҥник, иһирэхтик саныыбын. Дойдубун кытта сибээспин олох быспаппын.

– Аҕам саастаах киһи быһыытынан урукку уонна аныгы олоҕу тэҥнээн көрүөҥ дуу.

– Бэйэм олорон ааспыт сэбиэскэй былааһы сирбэппин. Үчүгэй этэ. Брежнев саҕанааҕы холку олоҕу астынабын. Билиҥҥи олохпут эмиэ туох да куһаҕана суох. Сайдыы бөҕөтө барар, ас-үөл дэлэй, үптээх-харчылаах буоллаххына баайдык-тоттук олороҕун. Арай биири сөбүлээбэппин – тас дойдуттан киирии элбээһинэ. Элбэх омук өтөн киирбитэ саха омукка хайдах дьайыылаах буолуон сэрэйиэххэ эрэ сөп. Онтон дьиксинэр санаа үөскүүр. Онон норуот быһыытынан сомоҕолоһуулаах, бэйэ-бэйэни харыстаһар, өйдөһөр-өйөһөр кэм кэллэ.

Аҕам кэс тылыгар эппитинии, олох кылгаһын, кэрэтин сыаналааҥ. Мутугунан быраҕар муҥур үйэбитигэр дьол, ситиһии бэйэбит илиибитигэр, сүрэхпитигэр баарын сыаналааҥ!

– Фрументий Петрович, буолаары турар кэнсиэргэр кэлбит сүгүрүйээччилэриҥ сүһүөхтэригэр туран, уруйдуу-айхаллыы көрүстүннэр. Өссө да уһун кэмҥэ кырдьыбат кэрэ куоласкынан дьоҥҥун-сэргэҕин үөрдэ-көтүтэ тур!

Атах тэпсэн олорон сэһэргэстэ Саргылаана БАГЫНАНОВА.