Киир

Киир

СӨ култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэлээх, СӨ култууратын уонна ускуустубатын бочуоттаах үлэһитэ, дыраама уонна киинэ артыыһа идэлээх, 83 саастаах Ф.П. САФРОНОВ ааспыт өрөбүлгэ Дьокуускай куорат “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр буолбут икки кэнсиэригэр 1200 көрөөччүнү, сааланы ыы-быччары мунньан, үрдүк таһымнаах кэнсиэри көрөөччүлэригэр бэлэхтээтэ. Фрументий Петрович хас биирдии ырыата ытыс күүстээх тыаһынан арыалланна. Кэнсиэр бүтүүтэ көрөөччү сүһүөҕүн үрдүгэр туран уруйдаата-айхаллаата.

Бу – норуот билиниитэ, киэн туттуута, ырыаһыкка сүгүрүйүүтэ!

Дьон-сэргэ үрдүк сыанабылын ылаллар

Андрей НИКОЛАЕВ, Ил Түмэн дьокутаата:

– Фрументий Сафронов “Уонна хаһан” диэн истиҥ, иһирэх кэпсээннээх, ырыалардаах кэнсиэригэр сылдьан олус сөбүлээтим. 83 хаарыгар сылдьар ытык кырдьаҕас куолаһа чөллөркөйө, хас биирдии киһи дууһатыгар тиийэрэ сөхтөрдө. Көрөөччү кини ырыаларын дохсун ытыс тыаһынан көрүстэ. Түбэй Дьаархаҥҥа кэргэнэ Нина Ильичналыын оҕолорго фольклор тыйаатырын үлэлэтэллэр, олоҥхо туруораллар, араас нүөмэрдэри оҥороллор. Өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ үрдүк ситиһиилээхтэр. Онон тыа сирин оҕолоро сайдыытыгар улахан өҥөлөөх дьон быһыытынан билинэбин. Култуура, ускуустуба эйгэтигэр үгүс оҕо Москубаҕа тиийэ үрдүк үөрэххэ үөрэнэн, элбэх оҕо үлэлии сылдьаллар. Бу дьиэ кэргэн дьон-сэргэ үрдүк сыанабылын ылыахтарын ылаллар.

“Ытык сааска сылдьан ыллыахха сөп эбит”

Александр Дьячковскай-Саарын, СӨ үтүөлээх артыыһа, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа:

– Фрументий Петрович “сакральнай” урукку кэм киһитэ. 83 сааһыгар диэри сыанаҕа ыллыы сылдьара – сөҕүмэр хорсун быһыы! Аҕам саастаах дьону кытта “дуэттыыр” улахан чиэс-бочуот диэн тус бэйэм сыаналыыбын. Куолаһын тиэмбирэ сүрдээх интэриэһинэй, чөллөркөй, чуолкай куоластаах. “Щепкинец” үөрэхтээх буолан артыыс быһыытынан бэйэтин көрөөччүгэ тиэрдэр талааннаах. Фрументий былыргыттан кичэллээхтик хараллан, биһиги кэммитигэр тиийэн кэлбит “эксклюзив эспэнээккэ” майгынныыр диэхпин баҕарабын. Киристэпиэл Махсыымабы кытта алтыһан сылдьыбыта кини майгытыгар, ырыатыгар, тутта-хапта сылдьарыгар арылхайдык көстөр. Кэнсиэригэр сэбиэскэй тутултан хаалбыт көр-күлүү хайысхатын туттан кэпсиирэ-ипсиирэ кытта ураты.

Кэргэнэ Нина Ильинична билигин даҕаны эдэрдии чаҕылыйа сылдьара, эчи, кырасыабайын, сэргэҕин. Иккиэн наһаа үчүгэйдик ыллаатылар. Фрументийы кытта ыллыыр сүрдээх интэриэһинэй эбит. Кинилиин ыллаатаххына, былыргы үйэни кытта силбэспиккэ дылы буолаҕын, оннук турукка киирэҕин. Онон ыллыырбар урукку кэми кытта ыллаһан эрэр курдук санаммытым. Саамай дьиктитэ, интэриэһинэйэ онно сытар этэ. Онон кинини кытта бииргэ ыллаабыппыттан сүрдээҕин астынным, дуоһуйдум. Саастаах, тэҥҥэ ыллаһа сылдьыбыт дьоммут олох сокуонунан бараллар. Ол ахтылҕана да баар курдук. Маннык аҕам саастаах дьон билиҥҥэ диэри сүһүөхтэрин үрдүгэр сылдьан ыллыы сылдьалларыттан киһи холобур ылар. Мантан сиэттэрэн, биһиэхэ эдэр көлүөнэҕэ “Ытык сааска сылдьан ыллыахха сөп эбит. Санааны түһэримиэххэ наада”, – диэн санаа үөскүүр. Фрументий Петрович хаама-сиимэ сылдьара эрчимнээҕин, көрөрө-истэрэ сытыытын сөҕөбүн. Эрчимнээх баҕайытык эргичис гынар, киһи хайгыы көрөрө элбэх. Үчүгэй оҕолору иитэн таһаарбыта бу буолбут кэнсиэриттэн көһүннэ. Кыыһа Екатеринаны сүрдээҕин убаастыы ылынным. Элбэх оҕолоох ийэ буолан туран, улахан тэрээһини астыктык кыайа-хото тутта.

Чэ, барыта этэҥҥэ, туох барыта сарсыҥҥылаах буоллун!

“Итиччэ талааннаах дьон тоҕо тыаҕа олороллоруй?

Марта НИКОЛАЕВА, СӨ тэлэбиидэнньэтин, араадьыйатын туйгуна, Дархан этээччи:

– Дьоллоох Дьокуускай куоракка Фрументий Сафронов 7 сыл анараа өттүгэр айар кэнсиэрин кэнниттэн социальнай ситимнэринэн кини ырыаларын астына, дуоһуйа истэн кэллибит. Тапталлаах, ахтылҕаннаах ырыаһыппытын эмиэ истэр түгэн тосхойдо. Фрументий Петрович олус тэтимнээх, ис дууһаттан тахсар ырыалардаах кэнсиэрин көрөн сөхтүбүт. Саала тобус-толору.

Ырыатын быыһыгар Фрументий бэйэтэ кэпсээн-ипсээн, көрөөччүлэ­ри­ниин ыкса сибээһи тутта. Тапталлаах артыыстарбытын сэргэ СӨ үтүөлээх артыыстара Саарын, Сахаайа, СӨ култууратын туйгуннара Дуолан Трофимов, Константин Степанов, кырачаан ырыаһыт Айылҕан Кириллин, кэргэнэ Нина Ильинична, кэрэ кыыһа Екатерина сиэнэ Эрхаан ырыаларын көрөөччүлэр уҕараабат ытыс тыаһынан уруйдаатылар. Дьиҥнээх норуот талаанын, чаҕылхай артыыс Фрументий Сафронов дууһатын, иэйиитин биэрэн ылллыыр ырыаларын истэн дуоһуйдубут. Икки кэнсиэр тухары мин хас да билэр дьонум сылдьан саала толорутун, кэнсиэртэн астыммыттарын биллэрдилэр. Миигиттэн кэнсиэр кэмигэр хас да суруналыыс “Итиччэ талааннаах дьон тоҕо тыаҕа олороллоруй? – диэн ыйытан соһуттулар. Ону “Тыаҕа кыахтаах дьон олороллор. Көрүҥүтүүй, хайдах курдук иккиэн айылҕаны кытта алтыһа сылдьар буолан, эдэрдии эрчимнээхтэрий? Тыаҕа да олорон, киһи тугу да куоттарбат, бу олоххо барыны ситиһэр”, – диэн эппиэттээтим.

Мин санаабар, Фрументий Петрович култуура бары көрүҥүн баһылаабы­тынан, ыччаты үөрэппитинэн, талаанын норуокка иҥэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ норуодунай артыыһа да аакка тиксиэн сөп дии саныыбын.

“Икки кэнсиэр тухары саала толору көрөөччүлээх. Ытыс “браво” таһыныы. Сибэкки дьөрбөтүн туттарыы. Бу буолбатах дуо, артыыска үрдүк сыанабыл, норуот билиниитэ?..”
“Дьэ, чахчы, Фрументий кэнсиэрин ураты турукка киирэн олорон көрөҕүн-истэҕин. Сорох түгэннэргэ долгуйан, хараҕыҥ уутун кыатаммаккын. Ол үөрүү, долгуйуу бэлиэтэ буоллаҕа. Кэргэнэ Нина куолаһа, эчи, үчүгэйин. Көрөөччү ордук кыыһа Катюша ыллыырын сөхпүттэр: “Кимиэхэ да суох ураты куолаһынан ыллаата”.
“Куорат улахан саалатыгар дьон толору кэлиитэ Фрументий сүдү талааныгар норуот сүгүрүйүүтэ буолар.
 
Бассаап ситимиттэн.

Кырдьыбат куолаһынан сөхтөрдө

Надежда МИХАЙЛОВА, Дьокуускай куорат, көрөөччү:

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр Ф.П. Сафронов “Уонна хаһан?..” кэнсиэригэр сылдьан, дуоһуйан, санаалыын сырдаан-сылаанньыйан сыл­дьабын. Кини бу сааһыгар туруга сэргэҕин, куолаһа чөллөркөйүн, санаата сылааһын, мөссүөнэ сырдыгын киһи эрэ сэргиир, хайгыыр. Тыйаатыр үөрэх­тээх артыыс уонна аҕам саастаах киһи быһыытынан Фрументий Петрович ырыаларын толоруута туспа таһым, күүстээх эйгэ эбит диэн ылынаммын, көрөөччү быһыытынан сүрдээҕин дуоһуйдум, долгуйдум.

Кэнсиэрин саҕаланыытыгар ылбаҕай ырыаһыт Саарыны кытта бииргэ ыллаабыт Семён Данилов тылларыгар “Кимий?” диибин...” ырыа Фрументий Петровичка бэйэтигэр сыһыаннаах буолан, олус истиҥник иһилиннэ. Кырдьык даҕаны, кини – “кэрэхсэллээх киһибит”. Салгыы Дуолан Трофимовтыын уонна Константин Степановтыын дуэтынан ыллаабыт ырыаларыттан ордук долгуйдум. Сааһырбыт киһи төрөөбүт алааһыгар үктэнэн, быдан ааспыт сыллар ахтылҕаннарыгар куустаран, хоҥкуйан турара – сүдү көстүү! Оттон дьиэ кэргэнэ – көрүөххэ-истиэххэ кэрэ! Олоҕун аргыһа Нина Ильинична Потапова, саха мааны далбар хотуна, эмиэ култуура үтүөлээх үлэһитэ эбит. Өр сылларга култуура эйгэтигэр бииргэ үлэлээн, алтыһан кэлбиттэр. Кини “Уоттаах түүҥҥү Дьокуускайы” үрдүк куолаһыгар уйдара көтүтэн, олус иэйиилээхтик ыллаата, куорат түүҥҥү уоттаах көстүүтэ өссө кэрэтийэн көһүннэ, дууһаны долгутта. 4 уол оҕону күн сиригэр аҕалан, сиэннэри бэлэхтээн, төрөппүттэрин олохторун киэргэппит кыыстара, кэрэ бэйэлээх Екатерина кэргэниниин бииргэ ыллаан көрөөччүлэри үөртүлэр. Оттон улахан сиэн, 14 саастаах уол Эрхаан, Бүөккэ Бөтүрүөп ырыатынан уонна истиилинэн ыллаабыта сэргэхтик, сонуннук көһүннэ.

Сиккиэр тыаллаах сааскы чэбдик киэһэҕэ, эдэр саас эрчиминэн угуттанар култуура мааны дыбарыаһыгар олорон, ырыа сырдык эйгэтигэр кыттыспыппыттан дуоһуйдум, санаам көнньүөрдэ. Фрументий Сафронов айар киэһэтин тэрийэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ тахсыбыта үчүгэйи, кэрэни түстүүр, үксэтэр үтүө соруктаах уонна ис хоһоонноох эбит диэн ылынным. Сааһырбыттарга да, эдэрдэргэ да саҥа санааны, күүһү, эрчими күөдьүтэр, көҕүтэр өрүттэрдээх бэртээхэй кэнсиэр!

Хас биирдии ырыата “мини-испэктээк”

Мария СЕМЕНОВА, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ:

– Фрументий Петрович бэйэтэ этэринэн, ырыа ис хоһоонугар улахан болҕомтотун уурар. Ырыа уонна хоһоон билигин дьүөрэлэспэт буолан хааллылар. Ырыа билигин тэтимэ эрэ иһиллэр. Ырыа ис хоһоонугар болҕомтотун уурар ырыаһыт аҕыйах. Бэйиэт, мэлэдьиис уонна толорооччу – бу 3 компонент ырыаҕа хайаан да баар буолуохтаах. Мин оҕо сылдьан истэр ырыаларбын барытын сүрэҕи ортотунан киирэр гына ыллаабыта наһаа үчүгэй. Кини ырыаларын истэ олороҥҥун дьоллоох оҕо сааскын санаан, ахтан ылаҕын, оннук истиҥ сүүрээн сүрэҕи-быары ортотунан киирэр.

83 саастаах киһи куолаһын чөл тута сылдьара сөхтөрөр. Кини мэлдьи ыллыы сылдьар буолан эбитэ дуу биитэр айылҕатын тутула эбитэ дуу, билиҥҥэ диэри куолаһа чөллөркөй, төһө баҕарар үөһээ, аллараа нуоталары ыраастык ылар. Бэйэтэ төрүт күүстээх куоластаах буолан “мелизмаларын” наһаа үчүгэйдик ылар (“Мелизма” – нуоталары кыччыгый гынан, аҥардаан кылыгыратыы буолар). Оннук бэйэтэ ис-иһиттэн тахсар. Мин ону сөбүлүүбүн. Аны бэйэтэ артыыс буолан хас биирдии ырыатын “мини-испэктээк” курдук толорор. Тарбаҕын төбөтүттэн баттаҕар диэри уобараһын оҥостор. Ону кини анаан оҥостор буолбатах, бэйэтэ ис-иһиттэн тахсар уобарас. Манна артыыс үөрэхтээҕэ көмөлөһөр. Киһи үөрэрэ “Уонна хаһан?” – кэнсиэрим бүтэһигим буолбатах. Өссө даҕаны бар дьоммор тахсыам, ыллыам-туойуом”, – диэбитэ көрөөччүнү астыннарар. Онон өссө даҕаны ыллыыр санаалааҕа, инникигэ эрэллээҕэ үөрдэр, ырыатынан бар дьонун үөрдэ туруо диэн эрэнэбин.

Түмүккэ

Дыраама уонна киинэ артыыһа 83 сааһыгар сылдьар Ф.П. Сафроновка норуот таптала, билиниитэ күүстээҕин илэ харахпытынан көрөн итэҕэйдибит, сөхтүбүт. Кини култуура эйгэтигэр 60-ча сыл устата үлэлээн үлэтэ-хамнаһа сыаналанан, бочуоттаах аат бөҕөтүгэр тиксибит эбит. Ол эрээри онтон саамай үрдүк сыанабыла – норуот таптала эбитин сыаналыыгын. Кэнсиэр бүттэ. Быыс сабылынна. Фойеҕа таҥастарын ылаары үмүөрүһүү, уочарат. Ол туран “Дьэ чахчы, өтөрүнэн буолбатах тыыннаах доҕуһуоллаах кэнсиэр буолла. Норуот артыыһа аат иҥэриллиэн дьоһуннаах ырыаһыта эбит” – диэн кэпсэтэллэрин истэн “сык” гынным.

Чахчы даҕаны, аны 2 сылынан, үбүлүөйдээх 85 сылынан “норуот артыыһын” аата иҥэри­линнэҕинэ, бу буолуо этэ – норуот таптала, билиниитэ, сыанабыла, сүгүрүйүүтэ.

Көрөөччү санаатын тистэ Саргылаана БАГЫНАНОВА.