Киир

Киир

А.С. ПУШКИН ТӨРҮӨБҮТЭ 225 СЫЛЫГАР

Александр ПУШКИН

 

Пророк

Куйаар хонуунан соҕотох иһэн,

Куулайбыт санаам хааммын оонньотто,

Алта кынаттаах аанньал түһэн,

Арахсар аартыкпар тохтотто...

Түүл курдук нарын тарбаҕынан

Харахпын сотто – үөрдүм-көттүм:

Соһуйбут хотой хараҕынан

Аан дойдубун арыйа көрдүм!

Кулгаахпын аста – сонно, дөйүтэ,

Куугунас тыас-уус кутулла түстэ:

Халлаан былыта халыйа көһөрө,

Айыы илдьитэ аанньал көтөрө,

Уу түгэҕинэн үөн сынара,

Сир тымырынан силис тыынара...

Онтон атытта оҥойор айахпын:

Арааһы балкыйар албын тылбын

Төрдүттэн түөрэн быһа баттаата,

Моҕой кыыл тылын ол оннугар

Атан турар аһаҕас айахпар

Хааннаах харытынан хаалаата...

Түөспүн хайытта кылыһынан –

Сүүрэр хааннаах сүрэхпин ороото,

Умайар уоттаах чоҕу ылан,

Уолукпунан симэн олохтоото...

Өлүк кэриэтэ өй-мэй сыппытым...

Үөһэттэн дьайан, эттэ айбытым:

«Тур, пророк! Мин кыахпынан туолан,

Барыны болҕой, көр-иһит, кытаат!

Киэҥ сири-дойдуну кэрийэ сылдьан

Тылгынан бар дьон сүрэҕин умат!»

 

Поэт

Аполлон таҥара, соруйан,

Айар кылыытын таарыйбатар –

Поэт төбөтүн оройунан

Күннээҕи түбүккэ умсар.

Оргуйар тыла уостан-сүтэн

Иэйэр кута нуктуу сылдьар –

Саамай түҥкэтэх, кэнэн, ньүкэн

Киһиттэн эрэ кини буолар.

Оттон кулгааҕын дьоҕустук

Хомуһуннаах тыл сэгэттэр –

Уһуктан кэлбит хотой курдук,

Поэт дьэ тиргиллэ түһэр!

Көргө-нарга, аһылыкка

Көх-нэм буолбат, үөрбэт-көппөт,

Хайдахтаах да баһылыкка,

Хайҕаан, төбөтүн төҥкөппөт...

Кута-сүрэ иэйэ туолан –

Куотар чуумпу кытылларга,

Күүрэн хаалан, кыыла туран –

Күрэнэр күөх чараҥнарга...

 Сэмэн Уруукап тылбааһа.


***

Библиограф Валентина Николаевна Павлова «Ааттыаҕа миигин бары манна баар омук» диэн 1999 сыллаахха оҥорбут дьоһуннаах ыйынньыгар «Александр Сергеевич Пушкин уонна Саха сирэ» диэн ыстатыйатыгар маннык суруйар.

«Саха бары көлүөнэ суруйааччылара Александр Сергеевич Пушкин айымньыларын тылбаастаан, улуу поэты сахалыы саҥардар үтүө үгэстээхтэр. Бу үтүө үгэһи Платон Алексеевич Ойуунускай саҕалаабыта. Кини 1922 с. «Былыт» диэн хоһоону тылбаастаан бэйэтин ырыатын, хоһоонун хомуурунньугар бэчээккэ таһаарбыта. (1949 сыллаахха бэчээттэммит Пушкин «Талыллыбыт айымньыларыгар», Ойуунускай «норуот өстөөҕө» дэммит кэмэ буолан, бу тылбаас киирбэтэх. – Арчылан)

Итинтэн саҕалаан Александр Сергеевич Пушкин нэһилиэстибэтэ 1930-с сыллардаахха киэҥник тылбаастанан барбыта.

Ким үтүктүү бэрээдэгинэн, ким идейнэй, общественнай, политическай өй-санаа күүрүүтүгэр, ким айар үлэ техникатыгар, ким литератураҕа эстетическэй өйдөбүл үөскүүрүгэр – быһатын эттэххэ, хас биирдии тылбаасчыт суруйааччы быһыытынан айар мастерстволарын сайыннарарга Пушкинтан элбэххэ үөрэммиттэрэ уонна үөрэнэллэр».

Валентина Николаевна ити кэннэ «уо.д.а.» диэн түмүктээн туран элбэх суруйааччыны ааттаабыт.

Бүгүн олортон ойо тутан Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Семён Титович Руфов туһунан сырдатабын. Ону даҕаны одоҥ-додоҥ.

Ол курдук, 1987 сыллаахха олунньу 6-с күнүгэр «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит «Мин кэтэхтэн университетым» диэн ыстатыйатыгар Сэмэн Уруукап маннык суруйбут.

«Пушкин хоһоонноруттан аҕыйаҕы оскуолаҕа үөрэтиллибитэ гынан баран, кыра эрдэххэ, ол наһаа сөхтөрбөтөҕө быһыылааҕа, хата, остуоруйаларын ордук сөбүлүүр этим. Хоһооннор сахалыы тылбаастарын аанньа өйдөөбөт да инибин – Эллэй «Алтан аттаах» днэн тылбаастаабытын «туох диэн буоллаҕай?» дии саныырым, саадьаҕай эриэн былыттаах уонна төгүрүк ыйдаах халлаан аннынан аттаах киһи илиитин уунан баран, кураанах площадь устун ыстаннаран эрэр ойуутун дьиктиргии көрөрүм (билигин биллэххэ, Александр Бенуа уруһуйа эбит). Кини иннигэр биир киһи муҥутуур мааҕынан тэбинэн куотан сарахачыйар курдуга... Онтон, 5-с, 6-с кылаастарга үөрэнэ сырыттахпына буолуо, от күөҕэ өҥнөөx көлүҥкүөр тастаах, онно көмүстүү кылбачыйбыт суруктаах Пушкин прозатын сахалыы тылбаастаммыт кинигэтэ түбэспитэ. Дьэ, ол кинигэ миигин Улуу Пушкин диэн кимин дьиҥнээхтик биллэрбитэ уонна онтон бэттэх кини киэлитэ биллибэт киэҥ эйгэтигэр дьолу-үөрүүнү кытта бас бэринэ сылдьабын. /.../

1944 сыллаахха бэс ыйын саҥатыгар Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэр доҕорум Кэриэй (бокуонньук суруйааччы Афанасий Фёдоров оҕo эрдэҕинээҕи таптал аата) Александр Сергеевич Пушкин айымньылара бүтүннүүтэ кэриҥэ киирбит, өлбүтэ 100 сылыгар, 1937 сыллаахха, тахсыбыт сүүнэ улахан кинигэтин булан миэхэ ыыппыта. Истиин-тастыын элэйэн, сарымтахтанан өссө халыҥаабыкка дылы буолан сибилигин да баар. Ол эргэ кииигэм – мин кэтэхтэн үөрэммит университетым буолар. Арыый улаатан син ону-маны тумуһурдаатаҕым – дьэ, ол кинигэ барахсан аны поэзиятын тыла мин сүрэхпэр-быарбар лыҥкынаспытынан кутулунна эбээт! Сэттиһи бүтэрэн баран, колхозпар үлэлии сылдьар уолчаан күнүм-ыйым, туох баар дьолум, инники эрэлим барыта ити кинигэттэн тахсара. Түүн хойукка диэри ааҕан-ааҕан баран, күнүс от охсо сылдьан нойосуус ботугуруур буоларым уонна төһө сөпкө өйбөр тутан хаалбыппын киэһэ кэлэн бэрэбиэркэлиирим. Поэтическай тыл абылыыр кэрэтин, туймаардар минньигэһин, илбиһин, хомуһунун бу кинигэттэн билбитим. Хоһоон техникатын – рифматын, кээмэйин, ол-бу ямбатын, хорейын, амфибрахийын туһунан – эмиэ онтон үөрэппитим. Тыла-өhө барыта музыка буолан кутуллара. /.../

Сорохтор этэллэр ээ – «авторы кытта утаалаһар талааннаах буоллахха эрэ үчүгэй тылбааһы оҥоруохха сөп» диэн. Мин итини алҕаһыыллар дии саныыбын. Тылбаасчыт диэн бэлэм ис хоһоону, санааны, обраһы, форманы даҕаны атын тылга түһэрэн ылар куоппуйаһыт кэриэтэ буолуо. Ол гынан баран, бэйэлэрин истэригэр дьоҕурдаах уонна дьоҕура суох куоппуйаһыттарга араарыллаллара чахчы. Холобур, куоппуйаһыт художник аатырбыт хартыынаны оригиналыттан киһи кыайан араарбатын курдук майгыннатыан эбэтэр, төттөрүтүн, букатын буоратан таһаарыан cөп. Александр Сергеевич Пушкин поэзиятыттан сахалыы табыллыбыт тылбаастар син бааллара буолуо, ону өссө элбэтиэххэ, куттаммакка, толлубакка куоталаһыннаран хат-хат да тылбаастатан оҥорторуохха баара. Тылбаас кыһалҕата итиннэ сытар – тус-туспа кэмҥэ атын-атын дьон ылсан уларыйа-тэлэрийэ туруоҕа, оттон оригинала үйэ-саас тухары биир көрүҥүнэн хаалыаҕа».

Сэмэн Уруукап алта уон сааһыгар ити курдук суруйбут.

Онтон 1995 сыллаахха, алта уон аҕыс сааһыгар, суруйааччылар мунньахтарыгар этиитин маннык түмүктээбит.

«Прозаны кэрчиктээбит курдук баллырдаан баран, «бу – поэзия!» диири ылынымаары гынабын: мраморы суоран киһи төбөтүн үтүгүннэриэххэ сөп да, кини сирэйин-хараҕын, ис санаатын, характерын биэрэр наадатыгар үгүстүк үлэлээн чочуйуохха наада. Онон поэттар бары даҕаны поэзия уурбут-туппут курдук уран формалаах буоларыгар кыһаныаҕыҥ! Хаһан эрэ ким эрэ эппитин курдук – иннибит диэки, Пушкиҥҥа!»

Онтон аҕыс уон биэс сааһыгар, 2012 сыллаахха, «Күрүлгэн» уус-уран сурунаалга «Барҕа» диэн түһүмэххэ Пушкинтан, Лермонтовтан тылбаастарын кытта «Пушкин уонна ойуун эттэтиитэ...» диэн бэрт дьикти суруйуута тахсыбыта. Бэйэтэ суруйбутунуу, «крамольнай» санаалардаах.

Онно, эмиэ быһа тутан билиһиннэрдэххэ, маннык суруйар.

2 1 1 1 1 1 1

«Былыр киһи хас да хонукка ыар эттэтиини аастаҕына эрэ улуу ойуун буолар дииллэрэ, сорох өссө өр сүтэн, эттэтээри, түҥ ойуурга баран кэлэр эбит, сороҕор, дьиэтигэр ыараханнык ыалдьан, орон тэллэҕэ буола сытан эттэтэр эбит. Дьэ, ол эрэ кэнниттэн хомуһуннаах ойуун үөскүүр. Кимнээх эттииллэрэ буолла? Арааһа, көстүбэт күүстэр буолуо.

Аны, улахан ойууттар кутуруксуттардаах буолаллара үһү, оннуктарынан үксүгэр ойуумсуйбат да дьон буолуохтарын сөп эбит, ол эрээри, син ойуун искусствотыгар туох эмэ сыһыаннаах буолуохтара эбээт.

Оттон «поэтическай эттэтии» диэн эмиэ баар эбит – мин ону, быйыл кэлэн, Пушкинтан саҥа булан ыллым – «Пророк» хоһоонуттан! Ити хоһоону былыр-былыргыттан, сүгүрүйэн туран, хаста-хаста аахпытым биллибэт, ол гынан баран, быйыл нойосуус үөрэтэн, онтон тылбаастаан муҥнана олорон, дьэ, хараҕым аһылынна, өйүм арылынна, бу – Пушкин улуу поэт буоларга «эттэтии» туһунан суруйбут. Онон улахан поэт буоларга айылҕаттан дуу, хантан дуу (баҕар, «хантан» буолуо – үөһэттэн) айдарыылаах, ол аата «эттэтиилээх» буолан тахсар.

Санаан да көрүҥ – алта кынаттаах аанньал (шестикрылый серафим), үөһэттэн сорудахтаах түһэн быһыылаах, Пушкины (ол аата хоһоон лирическэй геройун) элбэҕи көрөрдүү хараҕын арыйан, барыны истэрдии кулгааҕын тобулан, тылын быһа тардан ылаат, ол оннугар мындыр моҕой тылын уган, түөһүн хайытан баран, хааннаах сүрэҕин хостоон ылаат, агдатын иһигэр уоттаах чоҕу хааннаах илиитинэн хаалаан биэрэр – эттэтии буолбакка тугуй?! Ол эттэтэн, өлбүт курдук сыттаҕына, үөһэттэн били аанньалын ыыппыт таҥаратын саҥата буолуо: «Пророк буоллуҥ – көр-иһит, аан дойдуну арҕара сылдьан уус тылгынан бар дьон сүрэҕин умат!» – диирэ иһиллэр. «Айыы ойууна буол!» – диэбит курдук – дьикти буолбат дуо?

3 1 1 1 1

Пушкин дьиҥнээх улахан поэт үөһэттэн айдарыылаах курдугун этэн таһаарыыта ити эрэ буолбатах, холобурга, «Поэт» диэн хоһоонугар эмиэ былыргы гректэр Аполлон таҥараларыттан саҕалыыр. Поэт онуоха-маныаха диэри син киһи киһи курдук, кыдьыгырбакка, олох күннээҕи түбүгэр оройунан түһэн сылдьар, онтон, дьэ, ол таҥараттан бэриллибит тыл, кулгааҕын сэгэтэн, айар кылыытын таарыйдар эрэ, кини обургу, дьэ, саа эстэрин курдук биирдэ тиҥинии түһэр уонна, кыырыахтарын иннинэ хомуһуннарын күүһүрдэ ыстаммыт ойууттардыы, дьоно-сэргэтэ суох чуумпу сирдэргэ куотар. Пушкин поэтическай тылга олус үрдүк суолтаны биэрэн сыаналыыра итинтэн да көстөр, ол иһин кини бэйэтин туораттан көрөр курдук олус сөпкө өйдүүрэ – ол даҕаны иһин уус тылынан туппут памятнига поэты сыылкаҕа ыыппыт Александр I памятнигынааҕар өссө үрдээн көстүөҕэ, тоҥуска-калмыкка тиийэ биллиэҕим диэтэҕэ. Дэлэҕэ, бэл, аатын да, кимин-тугун да ыйбакка, визитнэй карточкатыгар сыччах биир тылы – «Пушкин» диэн фамилиятын эрэ – суруйуо дуо? Абаҕата биллэр поэт, аҕата уонна быраата эмиэ хоһоонньуттар этэ да – Арассыыйа поэтическай халлааныгар Пушкин диэн кини суос-соҕотох планета этэ – кинини киэргэтэр туох да титул-звание наадата суоҕа: умайа сылдьар чүмэчини күҥҥэ эбии биэрэн тугу туһаныаххыный? Биһиги, муҥнаахтар, буоллаҕына – «аны мунаарыахтара...» диэн биллэ-көстө сатаан, визиткабытыгар «поэт», «доцент», «академик», «үтүөлээх», «народнай», «депутат», «профессор», ол-бу «комитет чилиэнэ» эҥин диэн лиис аҥаарын тухары сим да сим буолабыт. Сороҕор хаһыакка биэрбит быыкаа заметкабытыгар солобутун-чыыммытын, ааппытын-суолбутун эридьиэстээбиппит ол заметкабыт дуомунааҕар уһун буолан тахсааччы. /.../

Оттон биһиэхэ, сахаларга, эттэтиилээх поэт бэрт аҕыйах – уон тарбах иһинэн эрэ үөскээн ааспыттара буолуо. Билиҥҥи баар поэттартан мин оннуктары тоҕо эрэ булан көрбөппүн ээ – баҕар, алҕаһыырым буолуо. Ойуун кутуруксуттарын курдук, поэтическай «кутуруксуттарга» эрэ дуксуйа сатыыбыт быһыылаах. Киһини соһутуох, саха поэзиятыгар Иван Гоголевтыы холорук курдук ытыллан киирэн, «властитель дум молодёжи» диэн ааттаах «эттэтиилээх поэттар» хаһан баар буолаллар?

Пушкин бу хоһоонноро урут тылбаастаммыттара – үчүгэй тылбаастар этилэр. Мин бэйэм вариаммын биэрэбин. Тыыннаах киһиттэн худуоһунньуктар тыһыынчанан мэтириэти оҥоруохтарын сөп, ол гынан баран, син биир тыыннааҕын курдук абсолютнай сөптөөх-кырдьыктаах мэтириэти биэриэхтэрэ суоҕа. Ол курдук эмиэ, тыл бэйэ-бэйэтиттэн уратылаһарын тухары, бүтэһиктээх тылбаас диэн суох буолуо».

Сэмэн Уруукап бу суруйуута бэчээккэ көннөрү «Сэмэн Руфов» диэн баттааһыннаах тахсыбыта. Кини хаһыакка, сурунаалга тахсыбыт суруйууларыгар үксүгэр даҕаны оннук буолуо. Улахан убайбыт Сэмэн Тиитэбис, сүгүрүйбүт Улуу Пушкиныттан холобур ылан буолуохтаах, соло, аат-суол буолбакка, киһи бэйэтэ солону, ааты-суолу суолталыахтаах, ис хоһооннуохтаах диэн бигэ өйдөбүллээҕэ.

Пушкин бу «Пророк» хоһоонун сүүрбэ сэттэ сааһыгар суруйар. Ол эбэтэр саха төрүт өйдөбүлүнэн «үс тоҕус» дэнэр ахсааҥҥа сөп түбэһэр сааһыгар. Декабрист доҕотторо садаҕаланар кэмнэригэр. Бу айымньытын «оччотооҕу тутулу утарар ис хоһоонноох түөрт хоһоонтон турар цикл биир хоһооно этэ» дииллэр. Ол эрээри, цикл үс хоһооно хайдах суох буолбута даҕаны, ону ааһан, чопчу суруллубута даҕаны биллибэт эбит.

Оттон киниэхэ эдэркээн сааһыттан бас бэринэ дьолломмут Сэмэн Уруукап бу хоһоону айыы сааһыгар (аҕыс уон саас кирбиитин «айыы саас» диир үгэс баар) тиийэн олорон тылбаастаабыт уонна «дьэ, хараҕым аһылынна, өйүм арылынна» диэбит.

Сэмэн Тиитэбис олоҕун тиһэх сылларыгар Пушкин, Лермонтов ытык сирдэринэн анаан-минээн айаҥҥа сылдьыбыта, ол онтуттан олус дуоһуйан кэлбитэ. Миэхэ Пушкин ойуулаах чааскыны аҕалан бэлэхтээбитэ. Онтон ыла үгэс оҥостубуппунуу, ол күндү чааскыга сахалыы үүттээх чэй куттаммын киһи аймах Улууттан улуута орто дойдуга кэлбит күнүгэр астына иһэбин.

04–06.06.2024.
Афанасий ГУРИНОВ-АРЧЫЛАН.