Киир

Киир

«Мааппа» (сиквел) диэн Алексей Романов уонна Любовь Борисова номоххо олоҕуран уһулбут киинэлэрин көрөн баран уһулуччулаах режиссер уонна сценарист А. Тарковскай биир ытырыктатар толкуйун санаатым: "Возникли самые сложные взаимоотношения между подлинно художественными фильмами и коммерческой продукцией, и пропасть между ними увеличивается с каждым днем. Хотя и ныне рождаются фильмы – вехи в истории кинематографа".

Кырдьык да, 1986 с. Алексей Романов уһулбут кылгас кээмэйдээх "Мааппа" киинэтэ киһини олус да уйадытар, киһи бөтө бэрдэрэр, санаа үрдүк күүрүүтүн ылар айымньыта эбит. Онно холоотоххо «сиквэл» диэн аныгы тылынан этиллибит урут суруйуллубут, айыллыбыт айымньылар салҕыылара диэн оҥоһуллубут бу бүгүҥҥү «Мааппа» диэн киинэбит сүнньүнэн табыллыбатах, урукку норуот номоҕун, онно олоҕуран айыллыбыт айымньылар үрдүк үөрэтэр-такайар суолталарын утумнаабатах буолан биэрдэ.

Кэрэхсэнэрэ диэн тыйыс айылҕабыт кэрэ көстүүлэрин, будулуйар буурҕаны, тумарыгы, дьыбары бэркэ устубуттар, сахалыы таҥаспыт-саппыт, үгэспит, дьөһөгөйбүт оҕото, дьарыкпыт көрдөрүллүбүттэр. Ол курдук, Н.Заболоцкай-Чысхаан «Мааппа» диэн номоххо олоҕурбут сэһэнин, эбэтэр урут уһуллубут кылгас киинэ салгыыта да диэн ылымматым. Урукку айымньылар сюжеттарын, ис хоһооннорун тосту-туора уларытыы баар. «Сиквел» диэн өйдөбүл сүрүн суолтата ааҕааччы, көрөөччү көрдөһүүтүнэн айымньыны салгыы сайыннарыы диэн. Режиссердар сценарий 5 араас көрүҥүн оҥорбуппут дииллэр, оччотугар бу киинэни усталларыгар таба тайамматахтар эбит буоллаҕа.

Н. Заболоцкай-Чысхаан «Мааппа» диэн сэһэнэ 1944 с. суруллан баран – хас эмэ көлүөнэ оскуолаҕа үөрэппит, саха литературатын биир чыпчаал айымньыта. Бу номох сүрүн суолтата – ол үөр буолбут кыыс олоҕунан дьону куттаары да, көнньүөрдээри да буолбакка, кини олох күндүтүн, эр киһи, дьахтар бу олоххо сүрүн ыйаахтарын, таптал сүдү күүһүн уруйдуур күүһүгэр. Оҕо сылдьан үһүйээн, үһү-таамах курдук аахпыт буоллахпына, кэлин бу Чысхаан айымньытын киһи харах уута суох аахпат. Ол курдук саха тылын сүмэтинэн суруйааччы Мааппа кэрэтин, эдэрин, Ылдьааны кытары ыраас уйан тапталларын, иэйиилэрин ибирин, олох ыар кырдьыгар кэтиллэн дууһаларын кыланыытын, быралыйар дьылларга арахсар ыган кэлбит түгэннэрин ойуулуур. Ол быыһыгар, Чысхаан талаана диэн – кини бу хараҥа балаҕаҥҥа, баҕана төрдүгэр ардьайан сытар уҥуоҕа эрэ хаалбыт, үөр буолбут Мааппа ыар дьылҕатын быыһыгар олус истиҥ эйэргэһиини, көрүдьүөс түгэннэри кыбытан, кырдьык да, эдэр бэйэлээх Мааппа уонна Ылдьаа дьылҕаларын олуурун умнан, быстах да кэмҥэ дьоллоох ыал буолан үөрбүт-көппүт дьүһүннэрэ көмүлүөк уотуттан сандаара сырдаабыт балаҕаҥҥа көстөргө дылы. Ама ким уйадыйбат буолуой, Чысхаан айымньытын Мааппатын бу курдук истиҥ тылларыттан:

«Олох бары быйаҥын биирдэ арыйа тардан биэрбэт. Кини улахан чиҥ. Сорох ардыгар кини бэйэтин быйаҥын киһиэхэ аргыый, улам-улам сыыйан-сыппайан, аҥаардаан-чиэппэрдээн биэрэр. Ааһар бириэмэ кыһалҕата ыган, үүйэ-хаайа тутан кэллэҕинэ, сорох киһи ол курдук ыгылыйан, олус ыксаан тутах санааҕа баһыйтарар. Олох биир үөрүүнэн, биир хомойуунан бүтүөн сатаммат эбит. Кини бэлэҕин ситэри туһанарга киһи бэйэтэ эмиэ киэҥ көҕүстээх, бөҕө туруктаах буолуохтаах. Ол курдук, мин тулуйан олорбутум буоллар, Ылдьаа, олох бэлэҕинэн миэхэ эн буолуох этиҥ...»

Бу курдук күүстээх тыллар, санаалар киинэҕэ этиллибэтэхтэрэ киһини харааһыннарар.

Эмиэ көнньүөр олоҕу сырсыы, оҕо-ыччат болҕомтотун аныгы олох олус туһата суох көстүүтүнэн (хоррор, ужас) сүүйүү. Чысхаан килбик, сэмэй, эйэҕэс Мааппата олоххо тапталы, хас биирдии түгэни күндүргэтэргэ үөрэтэр, тулууру-дьулууру саҕар, дьиҥ ыраас "туох да хараҥаттан, дириҥтэн, халыҥтан иҥнибэт, уулларар-оргутар күүстээх", ньэгир эбэр, кыах биэрэр, куту-сүрү бөҕөргөтөр дьиҥнээх күүстээх ыраас таптал баарын итэҕэтэр. Кини, айымньыга төһө да үөр буолбутун иһин, сырдыгынан сыдьаайар дуйдаах. Бу эмиэ саха норуотун төрүт культуратын биир көстүүтэ: айыыларга сүгүрүйүү, иччилэргэ итэҕэйии, салгын кут баарын ылыныы.

Ону баара, бу аныгы дьон Мааппа сырдык өйдөбүлүн адьырҕа сибиэн, үөр оҥорон, дьону быанан сөрөөн, анараа дойдуга сосуһар күнүүһүт дьахтар гынан көрдөрбүттэрэ түктэри быһыы. Ол курдук, киинэ устата сындылҕаннаах айан көстөр, ол тухары, бэл, хоно-өрүү сытан дьоруойдар улахан тугу да кэпсэппэттэр, сэһэн-сэппэн кэмчи буолан биэрдэ. Ол аата саха киһитин майгыта-сигилитэ арыллыбатах. Дьиҥэр, норуоппут илдьэ кэлбит ытык өйдөбүллэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһарбыт кэнэҕэски кэскилбит буоллаҕа.

Сорох дьон Чысхаан айымньытынан Ылдьаа Мааппатын көмпөккө барбыт, ол түгэни суруйааччы чопчулаабатах эбит дииллэр. Хайаан биэс түүн таптаһан, таптал мындаатын билэн далан санааланан баран, Ылдьаа тапталлаах Мааппатын көмүс уҥуоҕун көтөхпөт буолуой?! Талааннаах суруйааччы ол ыар, дьулаан түгэни Ылдьаа Мааппатын кырамтатын хомуйан дьаһайарын ойуулаабат – ол курдук кини дьон санаатын-толкуйун сиртэн-буортан, киртэн-хартан тэйитэр ньымата этэ. Ол оннугар Чысхаан ыраас таптал Ылдьаа ис күүһүн бөҕөргөппүтүн, уоҕугар уох эппитин, хараҕын арыйбытын ойуулуур.

Ону баара, аныгы киинэбитигэр дьоруойбут таптаһан, хоонньоһон баран, куттаммыта аатыран Мааппатын көмпөккө күрээбитин сэтэ-сэлээнэ кэлбит. Бу курдук татым санаалаах, быһаҕас толкуйдаах, куттас Хаабый (Ылдьаа) оҥорбут буруйугар эппиэтэ кэлбитигэр «хата, күрээбэтэх ээ» диэн саҥа аллайдыбыт, «туора дьон олоҕун харыстаан аад айаҕын бэйэтэ өҥөйдө, Мааппаҕа тыынын биэрдэ» диэн хайҕаатыбыт. Бу төһө сөп эбитэ буолла?! Онтон сэт-сэлээн тиийэн кэлэрин, арай, дьон бигэтик өйдөөтөр.

Бу айымньыга холбуу тутан эмиэ номоххо олоҕуран, 1941 с. Одьулуунтан төрүттээх Михаил Прокопьевич Ефимов (Батыйахан) суруйбут "Өлүк таптала" диэн айымньытын сырдатыам этэ. Бу сэһэн аан маҥнай 1992 с. айбыт киһи тыыннааҕар "Аргыс" сурунаалга, кэлин 2008 с. "Чолбон" сурунаалга бэчээттэммит. Аҕыйах сыллааҕыта Саха театрыгар спектакль буолан дьон дьүүлүгэр тахсыбыта. Сэһэҥҥэ эмиэ моҥнон бу дойдуттан күрэммит кэрэ бэйэлээх Ньургустаана уонна Омуочча быстах тапталларын кутаа уота ойууланар.

Бу икки айымньы дьиҥ уус-уран тылынан киһи дууһатын кылын таарыйар гына суруллубуттар. Ол эрэн икки атахтаах бу дойдуга көрсөр араас иэйиитин, тапталын, норуот өйүгэр-санаатыгар олохсуйбут толкуйдарын араас өрүттэртэн көрдөрөллөр. Чысхаан айымньытыгар Мааппа уонна Ылдьаа көҥүл тыыннаах истиҥ тапталга куустаран биэс уон сылга тэҥнээх биэс дьоллоох күнү атаарбыт буоллахтарына, М.П.Ефимов айымньытыгар Омуочча өтөххө Ньургустаананы көрсөн сүлүһүннээх тапталга ылларар, кини "туос иһиккэ туттарыылаах доҕоро бэлэмнээбит үрүҥ аһын түгэҕэ көстүөр диэри үстэ омурдан ыйыстыбыта. Ол кэннэ иһин түгэҕиттэн төбөтүн оройугар тиийэ өрө дьырылаабыта, этэ-хаана итийдэ, сүрэҕэ-сүһүөҕэ долгуйда, имин хаана кэйдэ. Эдьэн иэйиэхситэ илэ-бодо иэнигэр эргийдэ, ахтар айыыһыта чахчы-бааччы таһыгар дьалыйда". Ол курдук М.П. Ефимов Омооччута тапталлааҕар бэйэтин да толук уурарга бэлэм, кини Ньургустаанатыгар этэр-тыынар: "Миигин ыл, бу эйигин кууһан сытар сүрэхтиин баарбын эн баҕаҥ туолуутугар. Туһан, доҕорум, миигинэн!". Онтон Чысхаан Ылдьаата Мааппаҕа тапталыттан эрдийэн аны хамначчыт буолуон баҕарбат, күүһүгэр-уоҕугар итэҕэйэн, билинэн аны көмүс хостооһунугар үлэлиэн санаата...

Бу икки дьылҕа былыр да, быйыл да баар суол. Таптал диэн таайыллыбатах таабырын. Икки таптаһар сүрэх тэҥҥэ имэҥҥэ бигэнэн, иэйиилэрин бэрсиһэн биир кутаа уот сыламынан угуттанар буоллахтарына – дьоллоохтор. Ол эрэн ким эрэ аҥардастыы таптыыр, таптатар, ким эрэ туһанар, ким эрэ сорук-боллур буолар, ким эрэ олуйсан, онно сөрүөстэн олорор.

Бу икки айымньы таптал араас иэйиитин эттэллэр да, дьылҕа хаан оҥоһуутунан хас биирдии киһи бу орто дойдуга дьоллоох буолуохтааҕын, иэримэ дьиэ иччилээн, оҕо-уруу тэнитэр ыйаахтааҕар эрэли саҕар айымньылар. Мааппа да, Ньургустаана да ыар дьылҕалара хатыламматын, тулуурдаах, дьулуурдаах буолуҥ, оһох чанчыгар тарбах суола эрэ хаалбатын, толору дьоллоох олохтонуҥ. Бу түгэҥҥэ «Бу күн сырдыга үчүгэйин, салгына ырааһын, сир ийэ киэҥин!» диэн күөх куйаартан ытык дьоммут саҥалара иһиллэргэ дылы...

20241107 174048

Түмүкпэр этиэм этэ, бу Н.Заболоцкай-Чысхаан уонна М.П. Ефимов номоххо олоҕуран суруйбут айымньыларын ааҕыҥ, киинэни көрүҥ уонна сиэрдээхтик санааҕытыҥ үллэстиҥ.

Ырытта Антонина Ускеева.

Санааҕын суруй