Киир

Киир

Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

 Ахсынньы 25 күнэ. Ил Дархан Хатас сэлиэнньэтигэр орто оскуолаҕа 120 миэстэлээх эбии дьиэ тутуллан, үлэҕэ киирэр тэрээһинигэр кытынна. Бу үс мэндиэмэннээх, 5 тыһ. кэриҥэ кв. м. тахса иэннээх саҥа дьиэҕэ аныгылыы оҥоһуулаах, анал оборудованиелаах үөрэнэр 19 кэбиниэт, бибилэтиэкэ, мэдиссиинэ кэбиниэтэ, 120 миэстэлээх остолобуой, 140 миэстэлээх аактабай саала, успуорт саалата, үлэ уруогун мастарыскыайа, киинэҕэ устар, хаартыскаҕа түһэрэр устуудьуйа бааллар. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыагынан быйыл Дьокуускайга үс оскуола – «Прометей» микрооройуонугар, Хатаска, 26-с нүөмэрдээх оскуола эбии куорпуһа тутуллубутун өрөспүүбүлүкэ салайааччыта бэлиэтээтэ.

Ахсынньы 25 күнэ. Айсен Николаев Хатас орто оскуолатын саҥа дьиэтин бибилэтиэкэтигэр үгэскэ кубулуйбут сыл түмүктэрин таһаарар улахан пресс-кэмпириэнсийэ ыытта, суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаата. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэрбит Оҕо саас сылыгар үөрэхтээһин уонна иитии тиһигин сайыннарыы сүрүн хайысхаларын бэлиэтээтэ. Онуоха кэнники сылларга оскуолалары уонна уһуйааннары тутуу тэтимирбитэ төһүү буоларын эттэ. Бүтүн Арассыыйатааҕы оскуола олимпиадаларыгар кыайбыт уонна бириистээх миэстэлэри ылбыт үөрэнээччилэр 100-тэн 500 тыһ. солк. диэри суумалаах анал төлөбүрүнэн наҕараадаланыахтара. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр оҕолоро орто анал үөрэх кыһатыгар үөрэнэллэригэр 50 тыһ. солк. бэриллиэҕэ. Улаатан эрэр оҕолорго аналлаах «Мин бастакы хамнаһым» диэн бырагыраама от ыйын 1 күнүттэн социальнай хантараак чэрчитинэн үлэлиэҕэ.7-13 саастаах үөрэнээччилэргэ «Саха сиригэр олорор оҕо каартата» диэн 5 тыһ. солк. суумалаах каарта бэриллэн, түмэллэргэ, тыйаатырдарга, успуорт секцияларга төлөһүөхтэрэ. «Саха» НКИХ оҕо ханаалын аһыаҕа. Оскуолаҕа үөрэнээччилэр нэдиэлэтээҕи аһылыктарыгар олохтоох бородууктаны киллэриэхтэрэ.

Ахсынньы 25 күнэ. Айсен Николаев ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна баһаартан куттала суох буолуутун хааччыйар хамыыһыйа мунньаҕар ааһан эрэр сыл түмүктэрин таһаарда. Ил Дархан хамыыһыйа чилиэннэригэр ыыппыт үлэлэрин иһин махтанна. Уустук сылга ойуур баһаардарын бохсууга тэрээһин үлэ эрдэттэн ыытыллыбытынан, быһыы-майгы туруктаах буолла диэн эттэ. Уопсайа 1,4 мөл. га иэннээх 889 ойуур баһаарыттан, 64 % ыраах сытар, уустук сырыылаах сиргэ бэлиэтэммитэ. Дойду бүддьүөтүттэн 1,6 млрд солк., онтон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 1 млрд солк. үбүлэммит. Онуоха тыа баһаарыттан харыстанар сир иэнэ 50-тэн 71 мөл. гаҕа диэри кэҥээбитэ. Ойуур баһаарын бохсор тэрилтэлэр састааптара улааппыта. 2021 сылга 748 киһи буоллаҕына, 2023 сылга 1 203 киһи. Бастакы сууккаларга баһаар 24%-на умуруоруллубут, 2021 сыллаахха 9%-на этэ. Ардаҕы түһэрэр икки сөмөлүөт 49 көтүүнү 156 чаас устата оҥорон, 19 улууска баһаар кутталын намыраппыт. Айсен Николаев 2024 сылга үлэни бары хайысханан салгыырга соруктары туруорда, ол иһигэр пилота суох көтөр аппарааттарынан хааччыйар туһунан этилиннэ.

Ахсынньы 26 күнэ. Ил Дархан Новоленскэй ититии электро-ыстаансыйатын тутуу боппуруоһун «Интер РАО» хампаанньа бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Борис Ковальчугу уонна «АЛРОСА» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычевы кытта ырыттылар. ТЭС Илин Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ энергетикаҕа биир сүрүн бырайыак буолар. Саха сирин арҕаа өттүн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар төһүү күүс буолар инфраструктура эбийиэгэ 550 МВт кыамталаах буолуоҕа. Өрүттэр Новоленскэйдээҕи ТЭС урутаан сайдыы сирин резиденин статуһун ылар боппуруоһун көрдүлэр. Электро-ыстаансыйаны «АЛРОСА-Газ» гааһынан хааччыйарыгар магистральнай ситим Мииринэй улууһун нэһилиэктэринэн ааһыытын сөбүлэһиннэрии туһунан, итиэннэ «Интер РАО» хампааньа Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар көмө оҥоруутун туһунан кэпсэтии барда.

Ахсынньы 27 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Арассыыйаҕа быһааччы идэлээх күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Аҥардас быйыл Саха сирин быһааччылара 700-тэн тахса киһи олоҕун быһаабыттар. Бу сыыппара быһааччылар, баһаарынайдыр, авиатордар, водолазтар, кинологтар, пиротехниктэр, суоппардар, быраастар, психологтар уонна да атын исписэлиистэр үксүгэр кутталы кытта сибээстээх, бэйэни харыстаммат күннэтэ үлэлэрин туоһулуур.

Ахсынньы 27 күнэ. Ил Дархан Кириэмилгэ «Баҕа санаа харыйата» Бүтүн Арассыыйатааҕы аһымал аахсыйаҕа кытынна. Кини харыйаттан үс оҕо баҕа санаата суруллубут саарыгын устан ылла. Оҕолортон иккитэ Саха сиригэр олорор. Амма Чапчылҕаныттан Алла бэлисэпиэт бэлэҕи кэтэһэр. Дьокуускайтан Вероника муусуканан дьарыктанар уонна синтезаторданыан баҕарар эбит. Донбасс Кировскай куоратыттан Ярослав Тымныы оҕонньортон бэлисэпиэти көрдөһөр. Айсен Николаев Тымныы оҕонньорго оҕолор Саҥа дьыллааҕы баҕа санааларын толороругар көмөлөһүөхпүт диэн эттэ.

Ахсынньы 27 күнэ. Айсен Николаев Москваҕа Кириэмил Улахан дыбарыаһын Георгиевскай саалатыгар Арассыыйа Судаарыстыбаннай Сэбиэтин Педагог уонна уһуйааччы сылын түмүктэрин таһаарар мунньаҕар кытынна. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин оҕону уонна ыччаты иитии, уһуйааччы тиһигин тупсарыы, үөрэтии хаачыстыбатын үрдэтии хайысхаларын туһунан санааларын эттэ. Педагог уонна уһуйааччы үлэтэ судаарыстыбаннай суолталааҕын бэлиэтээтэ. Владимир Путин «Сыл уһуйааччыта» бириэмийэни олохтуурга этии киллэрдэ. Эбии төлөбүрү сокуонунан көрөр ирдэнэрин туһунан эттэ уонна ону толорорго сорудахтаата.

Ахсынньы 28 күнэ. Ил Дархан Нерюнгри куораты сайыннарыы маастар-былааныгар киирбит балыыһа комплексын «А» эмтиир куорпуһугар өрөмүөн үлэтин бэрэбиэркэлээтэ. Алтынньыга үлэ бастакы түһүмэҕэ — тас өттүн, киирэр сири, түннүктэрин оҥоруу түмүктэммитэ. Иккис түһүмэҕэр дьиэ ис өттүгэр үлэни уонна сирин-уотун тупсарыыны 2024 сыл кулун тутарга уонна муус устарга ыытыахтара. Нерюнгригэ өссө үс эбийиэккэ - улахан дьон көрдөрөр поликлиникаларыгар, акушер куорпуһугар уонна суһал көмөнү оҥорор ыстаансыйаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллара былааннанар. «Б» эмтиир куорпуска үлэ саҕаламмыт. Дьиэ иннин, ис өртүн оҥороллор, түннүктэрин уларыталлар. Балыыһа «А» уонна «Б» куорпустара мэдиссиинэ саҥа тэрилинэн хааччыллыахтара.

Ахсынньы 29 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускай педагогическай уопсастыбыннаһын кытта көрсүһүүгэ Педагог уонна уһуйааччы сылын түмүктэрин таһаарда. Бу сыл педагог уонна уһуйааччы үлэтигэр, уопутугар, үүнэр көлүөнэни иитии бастыҥ үгэстэрин утумнааһыҥҥа ытыктабыл быһыытынан ааспытын бэлиэтээтэ. Саха сирин бары үөрэҕин тэрилтэлэригэр уһуйуу тиһигэ киирэн, 6,8 тыһ. педагогу хапта. Бары улуустарга анал дьаһаллар ылыннылар. Дьокуускайга биир кэлим эксээмэҥҥэ 100 бааллаах оҕону бэлэмнээбит учууталга наҕараада олохтоммута, быйыл 7 учуутал тутта. Түөрт оскуолаҕа үөрэх хаачыстыбатын тупсарыы бырайыактарын олоххо киллэриигэ анаан 500 тыһ. солк. граннары туттардылар. Сыл түмүгүнэн үчүгэй түмүгү көрдөрбүт математика, химия, биология уонна информатика учууталлара 50 тыһ. солк. бириэмийэнэн бэлиэтэннилэр. Ил Дархан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбит 2024 сылын соруктарыгар тохтоото. Дьокуускайга икки сыл иһигэр 7 оскуоланы үлэҕэ киллэрэр былааннанар. Быйыл 3 дьиэ тутулунна, эһиил өссө 4 эбийиэк тутуллуоҕа. Уһуйааннар эмиэ тутуллуохтара.

Ахсынньы 30 күнэ. Айсен Николаев терроризмы утары хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Итэҕэллэр уонна этностар икки ардылырыгар алтыһыы боппуруостарын, итиэннэ омугунан атааннаһыыны таһаарбат туһугар ыытыллар былаас уорганнарын үлэлэрин көрдүлэр. Тастан орооһууну, ол иһигэр информацияны токурутан дьоҥҥо соҥнооһуну, бохсор дьаһаллары салгыы олоххо киллэрэр, эбии миэрэлэри көрөр туһунан этилиннэ. Биэдимэстибэлэр икки ардыларыгар үлэлэһии көдьүүһүн үрдэтэргэ ыйылынна.

Ахсынньы 30 күнэ. Ил Дархан «Саха сиригэр уопсастыбаннай доруобуйаны бөҕөргөтүү уонна доруобуйа харыстабылын тиһигин сайдыытын стратегическай хайысхалара» уонна «Саха сиригэр үөрэхтээһин биир кэлим тиһигин 2030 сылга диэри сайыннарыы» ыйаахтарга илии баттаата. Доруобуйа харыстабылын уонна үөрэхтээһин сайдыытын сыалларын уонна соруктарын бигэргэттэ. Бырабыыталастыба 2029 сылга диэри чөл олоҕу киэҥник тарҕатыы, дьону физическэй култууранан уонна успуордунан утумнаахтык дьарыктаныыга тардыы, оҕолору чэбдигирдии бары көрүҥүнэн хабыы политикатын олохтуохтаах. Онуоха сыл устата дьарыктанарга инфраструктура оҥоһуллар. Санаторийга, куруорка эмтэнии табыгастаах буолуутун улаатыннарыы былааннанар. Доруобай аһылыгы оҥорууга, арыгыны иһиини уонна табаҕы тардыыны аччатыыга дьаһаллар ылыллыахтара. Өрөспүүбүлүкэҕэ, ол иһигэр тыа сиригэр уонна уустук сырыылаах сирдэргэ, ыарыыны сэрэтии, ордук тарҕаммыт ыарыылары эрдэтинэ булуу, скрининг көдьүүһүн улаатыннарыы, бастакы көмөнү оҥоруу, оҕолору мэдиссиинэ кэҥэтиллибит көрүүтүнэн толору хабыы соруктара тураллар. Үөрэх тиһигэр дистанционнай технологияны туттар үөрэх киинин аһаннар, сыллата 30% итэҕэһэ суох үөрэнээччи көрдөрүүтэ тупсарын ситиһиэхтэрэ. Үөрэхтээһиҥҥэ волонтердар хамсааһыннарын тэрийэн, уустук социальнай усулуобуйалаах үөрэнээччилэргэ көмө оҥоруохтара. Сыллата 10000 итэҕэһэ суох оскуола оҕото уонна устудьуон иллэҥ кэмнэригэр, ол иһигэр уһун сынньалаҥнарыгар дьарыктаах буолалларын хаачыйыахтара. Олохтоох бородууксуйаны туттан, итии аһылыгынан хааччыйыы биир кэлим стандартын киллэриэхтэрэ. Бизнескэ үөрэтэр бырагыраамалар баар буолуохтара. 7-лэриттэн саҕалаан 13 саастаах оҕолор бары эбии үөрэхтээһининэн хабыллыахтара, ол иһигэр Саха сирин олохтоох оҕотун каартатын туһанан туран. Итинтэн да атын дьаһаллар ыйаахтарга киирдилэр.

Ахсынньы 31 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтэ. 2023 сылга олохтоммут «Үлэ киһитэ» бириэмийэ сылын ахсын туттарылларын иһитиннэрдэ. Саха сирин 2023 сылга эрэгийиэннээҕи баалабай бородууктата барыллаан 2,3 трлн солк. итэҕэһэ суох сыаналанар. Пандемия кэннинээҕи кэмҥэ экэниэмикэ үүнүүтүн тэтиминэн дойдуга инники күөҥҥэ сылдьабыт диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Билигин биһиги сорукпутунан уларыйыы-тэлирийии кэмин этэҥҥэ мүлчү түһүү эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэбит илин диэки хайыспыт Арассыыйа экэниэмикэтин үүнүүтүн-сайдыытын хамсатар күүһүнэн буоларга дьулуһуохтаахпыт диэн эттэ. «Биһиги уопсай ситиһиибитигэр Саха сирин хас биирдии олохтооҕун кылаата баар. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин 2024 сылы дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан биллэрдэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр кэлэр сыл Оҕо саас сылынан буолуоҕа. Хас биирдии оҕо дьоллоох оҕо сааһы, тапталы, сылаас сыһыаны билиэхтээх, тус дьоҕурун арыйарыгар толору усулуобуйалаах буолуохтаах. Оҕолорбутугар аҕа көлүөнэттэн бэриллибит дьоһун суолталааҕы барытын – үрдүк өйү-санааны, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну уһуйдахпытына, инники кэскилбит сырдык-ыраас буоларыгар бигэ эрэллээх буолуохпут», – диэн Ил Дархан эҕэрдэтигэр эттэ.

.Афанасий Ноев