Бу күннэргэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр СӨ устуоруктарын уонна кыраайы үөрэтээччилэрин былырыын муус устарга ыытыллыбыт “Саха сирин судаарыстыбаннаһын олохтооһун устуоруйата: 1922-1941 сс.” диэн II научнай-практическай кэмпириэнсийэлэрин матырыйаалларын хомуурунньугун сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Хомуурунньук улахан сыаннаһа – аҕыйах да буоллар, өрөспүүбүлүкэбит төрүттэниитин маҥнайгы сылларын түгэннэрин сырдатар. Чахчы 1920-30-с сс. өрөспүүбүлүкэни тэрийии үлэтин бастакы сыллара норуокка үчүгэйдик биллибэттэр. Үөрэтиллибэккэ, сурукка киирбэккэ, норуокка кэпсэммэккэ устуоруйа “үрүҥ бээтинэлэрэ” буоллахтарына, умнуллан хаалыахтарын сөп курдук. Кинигэ сүрэхтэниитигэр элбэх киһи муһунна. Санааларын эттилэр. Салгыы устуоруйа билимин дуоктара Андриан Борисов “Саха сирин XVII үйэтээҕи историческай докумуоннара, устуоруйа билимин хандьытаата Айсен Васильев “XIX үйэ бастакы аҥаарыгар саха тыла уонна култуурата чиновниктар олохторугар” диэн бэрт интэриэһинэй иһитиннэриини оҥордулар.
Түмүккэ Сойууска киирбит дьоҥҥо чилиэн киниискэтин туттарыы буолла.