Киир

Киир

Бэс ыйын 10 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр барыта 98 тыһыынча гаа иэннээх 48 сиргэ ойуур умайа турар.

Ааспыт суукка иһигэр 487 гаа иэннээх 12 баһаары эбии буллулар. Ол курдук, саҥа уот Аммаҕа, Бүлүүгэ, Горнайга, Эдьигээҥҥэ, Өлүөхүмэҕэ, Томпоҕо, Уус Алдаҥҥа уонна Хаҥаласка турбута билиннэ. Уоту бохсорго 749 киһи уонна 50 араас тиэхиньикэ үлэлиир. Ол туһунан СӨ Экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

“Ааспыт күннээх түүн иһигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар балтараа гаа иэннээх биир баһаары умуллардылар. Ону таһынан, Үөһээ Халымаҕа уонна Үөһээ Бүлүүгэ барыта 110 гаа иэннээх үс уот хааччахтанна. КЧС уонна ОПБ быһаарыыларынан, киһи дэбигис тиийбэт ыраах сиригэр баалларынан уонна нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабатынан, Алдаҥҥа, Үөһээ Дьааҥыга, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ, Нерюнгрига, Кэбээйигэ, Томпоҕо уонна Эбээн Бытантайга 41 тыһыынча гаа иэннээх 26 баһаары умулларан бүттүлэр”, – диэн Коноплев сырдатар.

Кини этэринэн, ойуур баһаара кэлиҥҥи күннэргэ этиҥ этэрэ элбээбитинэн эбиллибит.

Бэс ыйын 10 күнүгэр Алдаҥҥа, Томпоҕо уонна Нерюнгрига Як-40 уонна Ан-26 сөмөлүөттэр ардаҕы түһэрэ көтүөхтээхтэр. Өлүөхүмэҕэ улахан уоту хааччахтыыр буор балаһа (минполоса) оҥорор туһугар, сири дэлби тэптэрэн эрэллэр. Онно эбии өрөспүүбүлүкэҕэ Авиалесоохрана Ми-8 МТВ бөртөлүөтэ үлэлии сылдьар. Биир да уот нэһилиэнньэлээх пууҥҥа уонна олох-дьаһах эбийиэгэр суоһаабат.

Бэй.кэр.
Хаартыска: ulus.media

Бүтэһик сонуннар