Бу дьыл бүтүөр диэри Клишас-Крашенинников сокуонун барыла бигэргэнэн, олоххо киириэхтээх” диэн буолар. Сокуон элбэх ыйытыыны үөскэтэр, сатамньыта суоҕун туһунан элбэх санаа баар. Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Судаарыстыбаннас декларацията ылыллыбыт күнүгэр уопсастыбаннас сокуон барылын дьүүллэстэ.
Иван Шамаев:
– Холобур, Саха сиригэр биэс илин эҥээр, түөрт Бүлүү уонна үс киин улуустарга барыта 272000 киһи олорор. Бу Саха сирин нэһилиэнньэтин 27%-на уонна тыа сирин 82%-на. Улуустарга барыта 228 муниципальнай тэриллии баар. Онуоха бу Клишас-Крашенинников реформатын кэннэ 12 муниципалитет хаалыа, ол эбэтэр саха уутуйан олорор сиригэр-уотугар олохтоох бэйэни салайыы (ОБС) уоргана 19 төгүл аҕыйыа. Оттон эспиэрдэр этэллэринэн, муниципалитеттар оннооҕор 3–4 төгүл аҕыйыыллара да кутталлаах. Холобур, Сунтаар улууһун ылыахха. Сунтаар муниципальнай уокуруга буолуоҕа, нэһилиэктэр “муниципальнай тэриллии” диэн буолан бүтэллэр, баһылык оннугар “салайааччы” (руководитель) ананар. Олохтоох дьокутааттар суохтар, нэһилиэк бүддьүөтэ суох оҥоһуллар. Элгээйи “территориальный орган местного самоуправления” диэн ааттаннар да...
* * *
Саҥа сокуон барылыгар “нэһилиэк” (поселение) икки эрэ түгэҥҥэ быыкаатык ахтыллар. Хайдах буолуохтааҕын туһунан уопсай тыл да суох. Итиннэ биһиги салайааччыларбыт куоһур туттар этиилэрэ “билиҥҥи баар ОБС систиэмэтэ куһаҕан, быыбарга нэһилиэк иһигэр аймаҕынан, бөлөҕүнэн арахсыы, хайдыһыы тахсар”, “бэрдэ суох киһи талыллан баран, сүгүн үлэлээбэт” диэн этиилэр. Ол сыыппаранан бигэргэммэтэр да, итинник санаалар, кырдьык, бааллар. Биһиги нэһилиэк баһылыктарын кытта билсэбит ээ. Бу туох да сытыы-хотуу, өйдөөх-санаалаах дьон. Кинилэр тургутар кытаанах быыбары ааһан, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бу – дьиҥ чахчы, дьоруойдуу үлэлии сылдьар дьон. Боппуруоһу барытын быһаараллар: баһаар буоллун, АБДь буоллун. Ананыы буолар түбэлтэтигэр биир эрэ киһи быһаарар – улуус баһылыга.
Аны сир-уот, территория боппуруоһун ылыахха. Биһиги билигин даҕаны урукку сэбиэскэй өйдөбүлүнэн олоробут. Бу – Сэбиэскэй Сойуус, ол иһигэр РСФСР баар, онно Саха сирэ киирэр, Саха сиригэр 34 улуус, Дьокуускай куорат киирэллэр, барыта хаартаҕа көстө сылдьар дии саныыбыт. Төрүт сокуоммутугар “улусы (районы)”, эбэтэр, “районы (улусы)” являются административно-территориальными единицами Республики Саха” диэн урут-уруккуттан суруллар. Оттон бу саҥа сокуон барылыгар биһиги тугу көрөбүт? Онно 4 ыст. 9 пуунугар “муниципальное образование не является административно-территориальной единицей” диэн сылдьар. 2003 сыллааҕы 131№-дээх сокуоҥҥа номнуо ити өйдөбүлтэн тэйбит эбиттэр уонна быстах өйдөбүлү киллэрбиттэр – “межселенные земли” диэн. Итиннэ Орто Наахара (Ленскэй оройуон) муниципальнай тэриллии холобурун аҕалыахха сөп. Кинилэргэ бэйэлэрин сирдэрин 0,3%-нын эрэ ыларга көҥүллээбиттэр. Атын сирдэрин “межселеннэй сирдэр” диэбиттэр. Тоҕо диэтэххэ, төрүөтэ – онно Чайыҥда, Таалакаан ньиэп, гаас баай сирдэрэ бааллар. Дьиҥэ, орто наахаралар сууттаһан кыайбыттара, Ил Түмэн 2015 с. итиннэ туһааннаах сокуон барылын ылыммыта. Ол эрээри, Ил Дархан онно илии баттаабакка, сокуоҥҥа “вето” ууруллубута. Ити курдук орто наахаралар төрүт сирдэриттэн тэйитиллибиттэрэ.
Административнай-территориальнай тутулу айгыратыы дьиҥнээх ис хоһооно итиннэ сытар – олохтоох нэһилиэнньэни төрүт сирдэриттэн, сир баайыттан тэйитиигэ. Итини биһиги юридическай таһымҥа өйдүү иликпит. Госдума дьокутаата С.Авксентьевалаах көҕүлээн, төгүрүк остуол буолбута. Онно “Арассыыйа Федерациятыгар, административнай-территориальнай единица диэни ырыппакка олоробут” диэн этиллибит. “Онон бу боппуруостары субъект бэйэтин быһаарыытыгар ууран олоробут” диэбиттэр. Ол эбэтэр хайдах тэринэрбитин бэйэбит өйдүөхтээхпит.
Арай, Клишастаах сокуоннарынан, Сунтаар муниципальнай уокурук буоллун. Ол эрээри бу административнай-территориальнай единица буолбат диэн. Нэһилиэктэр (поселениелар) туһунан этэ да барыллыбат. Сокуоҥҥа муниципалитет сирин туһунан уопсай тыллар эрэ бааллар. “Чугас сирдэр”, “уопсай сайдыы сирдэрин” туһунан суруллар да, ол дуона суох.
Баҕар, “маны барытын Москубаҕа быһаарыахтара” дии саныыргыт буолуо – оннук буолбатах. Холобур, босхо гектар сокуонун барыла 2015 с. ылыллыбыта, 2016 с. биһиги Госдумаҕа бара сылдьыбыппыт. Онно кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Н.М. Харитоновка киирбиппитигэр кини маннык сокуон ылыллан эрэрин биһигиттэн эрэ истэн соһуйан турар. Оччолорго КПРФ-тар уонна “Сиэрдээхтэр” өйөөн, барыта 142 дьокутаат куоластаабыта. Онон “ким эрэ биһиэхэ кыһаллыа” дии санаамаҥ, барытыгар бэйэбит кыһаллыбатахпытына, ким да ону оҥорон биэриэ суоҕа. Дьэ, онон бэйэбит дьокутааттарбытыгар уонна ситэриилээх былааспытыгар туруорсуохтаахпыт.
Николай Николаевич Попов, Мэҥэ Хаҥалас:
– Мин сиргэ 30 сыл үлэлээтим. Сиргэ буолбут реформалары барытын көрдүм. Административнай-территориальнай единица тэрийэргэ бастаан улуустар кыраныыссаларын ылыммыттара. Онтон нэһилиэктэр киэннэрин ылынарга сүрдээх улахан мөкүөр тахсыбытын 2000 с. Ил Түмэн быһаарбыта. Ол эрээри баччааҥҥа диэри сокуон-быраап өттүнэн тугу да үлэлээбэккэ кэллибит: сир үлэһиттэрэ даҕаны, МИЗО даҕаны. Төрүөтэ – үчүгэйдик өйдөөбөттөн, билбэппититтэн, дьон бэйэтэ наадыйбатыттан.
Үсүһүнэн, сирдэрин-уоттарын бэйэлэригэр киллэрэргэ, боппуруоһу быһаарарга нэһилиэктэр харчылара суох. Инньэ гынан федераллар сүрдээх кылбардык сирбитин ылан, өтөн киирэн иһэллэр, биһиги туга да суох хаалан иһэбит. Холобур, Б.Н. Попов баһылыктаан олордоҕуна, Ньурба оройуона территорияны оҥорорго айылҕа баайдаах сирдэрин бэйэтигэр ылыммыта. Ону үөһэттэн утарбыттара. Кинилэр оройуоннарын кыраныыссата баар эбит буоллаҕына, нэһилиэктэрин кыраныыссата суоҕа. Баар да буоллаҕына, ону федераллар бигэргэппэтэхтэр. Ону ФГИС ТП диэн бырагыраама бигэргэппит эрэ буоллаҕына, бэйэбит бас билиибит буолар. Туох баар улахан харчы кэлэр буоллаҕына, ити бырагырааматтан тутулуктанар. Итиннэ биһиги охтон түһэбит. Онон бу боппуруоһу биһиги сөргүтүөхтээхпит. Дьиҥэ, бүгүн манна сир исписэлиистэрэ кэлэн, кытта олоруохтаахтар этэ. Мин этэ, быһаара сатааччыбын, дьокутааттар наадыйбаттар. Бу боппуруос үбүлээһиҥҥэ иҥнэр, онон дьон истиитигэр булгуччу күүскэ туруон наада. Айдаан тахсан, 2000 с. кыраныыссабытын оҥорторбуппут.
Билигин сир боппуруоһа аһаҕас сытар. Ол иһин бэйэбит кыраныыссабытын оҥорон эрэ баран, итиннэ киирсэр кыахтаахпыт. Олохтоохтор бэйэбит кыһаллар эрэ буоллахпытына, үлэ сатаныа. Генбылааммыт Арассыыйаҕа бигэргэннэҕинэ эрэ, бэйэбит бас билиибит буолуоҕа. Онон дьону өйдөтүү барыан, үбүлээһин быһаарыллыан уонна юристары кытта үлэ наада диибин.
Масаха Мэхээс, улуус дьокутаата, Мэҥэ Хаҥалас:
– Хас биирдии нэһилиэк, улуус – дьокутааттардаах. Маннык сокуон киирэн, уларыйыы буолан эрэрин нэһилиэк баһылыктара, дьокутааттара төһө билэллэр, туох санаалаахтар?
“Бу сокуон барылын туһунан санааҕытын суруйуҥ” диэн кинилэргэ эмиэ тахсыахха баара. Мин, холобур, алта нэһилиэктэн улуус Сэбиэтигэр талыллыбытым. Ол нэһилиэктэр дьокутааттарын резолюцияларын хомуйуохха. Эбэтэр быһаарар суругу ыытан баран, биир быһаарыыны ылынарга ыҥырыахха: эрэгийиэннэр бэйэлэрэ быһааралларын ситиһиэххэ диэн.
Яков Сивцев, уопсастыбанньык:
– Нэһилиэк баһылыктарын, дьокутааттарын кытта кэпсэттэххэ, “үөһээҥҥилэр быһаарыахтара, эн тугуҥ кыһалҕатай?” диэн олох наадыйбаттар. Саатар, ахсааммыт аҕыйаҕа бэрт. “Межселеннэй территориялар” диэн сирдэр урут улуустарга суохтара, кэнники ордук бырамыысыланнай оройуоннарга элбээн иһэллэр. Кинилэри биһиги улууспут баһылыга да, дьокутааттар да кыайан дьаһайбаттар.
Гаврил Адамов:
– Биир таһымнаах уонна икки таһымнаах салайыныы туһунан эттэххэ, бастакы көрүҥҥэ ордук үөһээҥҥи салалта дьулуһар. Оттон икки таһымнаахха биһиги, боростуой дьон, талаһабыт. Реформа сүрүнэ “салалта норуокка чугаһыан наада” диэн. Уокуруктары оҥортуур буоллахха, 34 улууска баар нэһилиэктэр уокурук иһигэр хайдах дьаһаналлар, үлэлииллэр? Ким даҕаны билбэт. Биһиги салалтаҕа чугас сылдьыбыт кэмнээх этибит: ол – сопхуос саҕана. Барыта 200-тэн тахса сопхуос баара. Билигин даҕаны сопхуостар хайдах тэринэн олорбуттарын, үлэлээбиттэрин-хамсаабыттарын дьон умна илик. Ол иһин “булгу биир эрэ таһымнаах былаас гынабыт” диир буоллахха, уокуруктары сопхуостар таһымнарынан тэрийиэххэ сөп этэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтата оройуоннары эрэ хаалларар туһунан толкуйдуу олорор. Онтон атын таһымы толкуйдаабаттар уонна толкуйдуохтарын даҕаны баҕарбаттар. Оттон биир уокурук буолан, онно 20-чэлии, 30-чалыы нэһилиэк киирдэҕинэ, ол төрдүн-төбөтүн ырытан бардахха, дьэ кырдьык, ыраатар.
Станислав Винокуров, Түүлээх баһылыга, Уус Алдан:
– Нэһилиэк баһылыктара үксүлэрэ бу сокуон барылын сөбүлээбэттэр. Сокуон ылылынна да, Саха сиригэр балаһыанньа тута ыарыаҕа. Тоҕо диэтэххэ, Москубаҕа Охотнай Рядка олорор дьокутааттар биһиги олох экстремальнай усулуобуйаҕа үлэлии сылдьарбытын хантан билиэхтэрэй?! Билигин барыта 450 баһылык баар. Биһиги эмиэ түмсүүлээхпит, Олохтоох бэйэни салайыы Сэбиэтэ диэн баар, сийиэстэр эҥин диэн буолаллар. Ол да буоллар барыта син биир үөһэттэн эппиттэринэн барар. Биһиги үрдүбүтүгэр борокуратуураттан, сууттан саҕалаан араас надзорга тиийэ кэтээн-көрөн олороллор. Итинник структуралары бүппэккэ ааҕыахха сөп. Онон административнай дьайыы күүстээх.
Биһиги уопсастыбаннай түмсүүлэрдээхпит, холобур, олохтоох бэйэни салайыныы Сэбиэтэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы ОБС Ассоциациятын филиала, эдэр баһылыктар Сэбиэттэрэ диэн. Ил Түмэн сис кэмитиэтэ эмиэ баар. Онон уһуктар кэм кэллэ. Госдумаҕа баар 5 улахан дьокутааппытыгар тахсан, “эмиэ үлэлэһиҥ” диэххэ. Ону кытта биһиги туспутунан федеральнай таһымнаах суруналыыстарга суруйтарар буоллар. Аҥаардас Саха сирин хамсаныыта – итэҕэс. Билигин аллара туох да дьүүллэһии саҕалана илик.
Этиилэр:
1. АБДь кэмигэр бу сокуон барылын “ситэтэ суох” диэн тохтоторго. Ол эрээри бу кыаллыа биллибэт.
2. “Олохтоох бэйэни салайыы” диэн быһаарыыга урукку 131№-дээх сокуоҥҥа баары чөлүгэр түһэриэххэ “МСУ РФ форма осуществления народом своей власти, обеспечивающая решением населением непосредственно (или через органы местного самоуправления) вопросов местного значения исходя из интересов населения с учетом исторических и иных местных традиций”. Ол аата, норуот бэйэтин былааһын көрүҥэ диэн өйдөбүл төннүөхтээх.
3. Биһиги урукку икки таһымнаах бэйэни салайыы систиэмэтэ оннугар хааларын туруорсуохтаахпыт. “Мы должны требовать, чтобы была внесена поправка, дающая право регионам самим выбрать подходящую для них модель, одноуровневую, двухуровневую модель самоуправления. То есть регионы должны получить возможность выбора двухуровневого самоуправления” диэн.
4. 9 ыст. 2 пуунугар муниципальнай тэриллиилэр испииһэктэригэр куораттары уонна тыа сирин поселениеларын төннөрүөххэ диибит. Урут муниципальнай тэриллиилэргэ 8 көрүҥ баарыттан итилэр сотуллан хаалбыттарын төттөрү киллэрэри туруорсабыт. Оччоҕо эрэ тыабыт сиригэр бэйэни салайынар кыахтанабыт. Бу көннөрүүнү Улуу Новгород дьокутааттара эмиэ туруорсубуттар.
5. Сокуон барылыгар муниципальнай тэриллиилэри административнай-территориальнай единица курдук ааҕар нуорманы киллэрэргэ.
Холобур, Михаил Семёнович Санников биһиги мунньахтарбытыгар хаста даҕаны этэн турар, “улуус таһымыгар судаарыстыбаннай былаас хааллын” диэн. Оччоҕо оройуон судаарыстыбаннай былаастаах өрөспүүбүлүкэ субъега буолар. Иккис өттүнэн, оройуон бэйэни салайыыны илдьэ хаалар – нэһилиэктэргэ диэн.
Бу мунньах кэнниттэн Үөһээ Бүлүүгэ эмиэ кэпсэтии буолбута. Аны Уопсастыбаннай палаатаҕа дьүүллэһии буолаары турар. Инньэ гынан сокуону ырытыы барар, “Кыым” ол туһунан сырдатан иһэр.
Нина ГЕРАСИМОВА.