Биир кэлим эксээмэни 100 баалга 23 оскуоланы бүтэрээччи туттарбыта. Олортон 8 – нуучча литературатыгар, 7 – нуучча тылыгар, 3 – математикаҕа, 3 – химияҕа, 2 – информатикаҕа уонна инфокоммуникационнай технологияларга. Бу оҕолор ханна үөрэнэ бардылар?
Уус Маайа оройуонун А.А. Константинова аатынан Эльдикан орто оскуолатын үөрэнээччитэ, нуучча литературатыгар уонна тылыгар 100 баалы ылбыт Виталий Красиков Арассыыйа маҥнайгы бэрэсидьиэнэ Б.Н. Ельцин аатынан Ураллааҕы федеральнай университет суруналыыстыка факультетыгар киирбит. Н.А. Алексеева Техническэй лиссиэйин үөрэнээччитэ, профильнай таһымнаах математиканы уонна химияны 100 баалга туттарбыт Назар Павлов М.В. Ломоносов аатынан Москубатааҕы судаарыстыбаннай университет химическэй факультетын талбыт.
Икки оҕо - Санкт-Петербурдааҕы судаарыстыбаннай университет математико-механический факультетыгар, икки оҕо - М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет тас дойду тылга үөрэҕин уонна регионнарын үөрэтии институтугар уонна Мэдисиинэ институтугар, икки оҕо – РФ Бэрэсидьиэнин Норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспатын академиятыгар киирбиттэр.
Маны таһынан, сүүс бааллаах оҕолор Санкт-Петербург, Москуба, Новосибирскай, Орел куораттар бастыҥ үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирбиттэр. Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйүнэн Ил Дархан Айсен Николаев биир эксээмэни 100 баалга туттарыы иһин 100 тыһ.солк. кээмэйдээх төлөбүрү олохтообута.
Сонун төрдө: CӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата