Ол курдук, АЛРОСА алмаас хампаанньата бу дьыл атырдьах ыйыгар үлэһиттэрин доруобуйатын бэрэбиэркэлиир (скрининг) босхо оҥоһуллар анал бырагыраамалары олоххо киллэрэр буолла.
Анал бырагыраама араас хайысхалардаах. Бу тэрээһиннэргэ ананар үбүлээһин кээмэйэ иннинээҕи сыллартан үрдүөҕэ. Манныке скрининг ньыматын хампаанньа аан бастаан 2017 сыллаахха киллэрэн турар. Ол быһыытынан, туһааннаах сыл аҥаардас алтынньы-ахсынньы ыйдарыгар алмаастаах хампаанньа 5,5 тыһ. үлэһитэ «Мужское здоровье» уонна «Профилактика и ранняя диагностика заболеваний органов пищеварения» бырагыраамалар чэрчилэринэн доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлэнэр кыахтаммыта. Удачнайга, Айхалга, Мииринэйгэ уонна Ленскэй куораттарга ыытыллыбыт үлэһит доруобуйатын чинчийиигэ анаан минээн норуоттар икки ардыларынааҕы “СОГАЗ” медицина киинин эмчиттэрэ ыҥырыллан, үлэлээбиттэрэ. Бу тэрээһиннэргэ АЛРОСА 30 мөл. солк. чугаһыыр үбү-харчыны туттубута.
Доруобуйа олус көмөлөөх бырагырааматыгар хапсарга үлэһиттэр интэриэстэрэ улаханын учуоттаан, ыарыыны эрдэттэн диагностыыр уонна сэрэтэр үлэни-хамнаһы салгыы ыытар. Бу дьыл атырдьах ыйын 2 күнүттэн саҕалаан, сэтинньи 30 күнүгэр диэри кэмҥэ саҥа бырагыраамалары үлэлэтэргэ суоттанар: сүрэх-тымыр ыарыыларыгар сыһыаннаах «Кардио-скрининг» уонна дьахтар доруобуйатын көрөр «Женское здоровье». Ону тэҥэ эрдэ ыытыллыбыт ас буһарар уорганнар ыарыыларын диагностыыр бырагыраама салҕанар. Быйыл үлэһиттэрин доруобуйатын бэрэбиэркэлииргэ, ыарыы буулуу илигиттэн сэрэтэр үлэни ыытыыга АЛРОСА 77 мөл. солк. үбүлээһини былаанныыр. Бу үп көмөтүнэн 2018 сылга 10,5 тыһ. итэҕэһэ суох үлэһити көрдөрөргө суоттаналлар.
«Былырыын тэриллибит скрининг бырагыраамата үтүө түмүктээх буолбута. Ол иһигэр үгүс дьон доруобуйаларын туругун олоччу билэр, эрдэттэн эмтэнэр, доруобуйаларын чөлүгэр түһэртэрэр кыахтаммыттара. Бырагыраамаҕа хапсыан баҕалаах элбэҕэ, дьон-сэргэ эрдэттэн диагностика оҥоһуллуута олус наадатын өйдүүрүн көрдөрөр. АЛРОСА хампаанньаҕа үлэһэттэригэр итинник кыаҕы биэрэр хайаан да наадатын өйдүүр. Онуоха үлэһит үгүс өттө бөдөҥ куораттартан тэйиччи үлэлиирэ бэлиэ төрүөт буолар. Уопсайынан, хампаанньа үлэһит доруобуйатын чэгиэн, чиҥ буоларын туһугар кыһамньыны тэрилтэ социальнай бырагыраамаларын быстыспат сорҕотун быһыытынан сыаналыыр. Оннук эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар”, — диэн этэр АЛРОСА Медицинаҕа киинин дириэктэрэ Юлия Кулакова.