Хампаанньа генеральнай дириэктэрэ С.Е. Фролову көрсөн, атах тэпсэн олорон, оҕо сааһын умнуллубат түгэннэриттэн саҕалаан, улахан хампаанньа салайааччытыгар диэри хайдах үүнэн-сайдан кэлбитин, аа-дьуо ыксаабакка олорон сэһэргэһэбит. Семён Евгеньевич бааһынайдыы номоҕон дьүһүнэ, холку, наҕыл куолаһа киһи болҕомтотун тардар ураты күүстээх.
– Саха киһитин сиэринэн билсиһэн кэбиһиэх...
– Лоп курдук 40 сыл анараа өттүгэр Сунтаар бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтүм. Онно улааппытым, үөрэммитим. Сунтаар 1-кы №-дээх оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим. Оскуолаҕа аангылыйа тылыгар үчүгэйдик үөрэммитим. Онон гуманитарнай хайысхаҕа чугаспын диэн санааттан 2000 сыллаахха СГУ омук тылын факультетыгар, аангылыйа тылын учуутала буолар ыра санаалаах үөрэнэ киирбитим. Устудьуоннуур кэммэр, оскуолаҕа быраактыканы ааһарбар “учуутал идэтэ миэнэ буолбатах эбит” диэн санаа киирбитэ. Онон филолог идэбинэн үлэлээбэтэҕим.
–Дьиэ кэргэҥҥэр хас бииргэ төрөөбүттэргитий?
– Үс уолбут. Мин саамай улаханнарабын. Ийэбит Сунтаарга бэйэтигэр олорор. Балыыһаҕа анестезиолог-сиэстэрэнэн үлэлиир.
– Улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буолаҕын.
– Кэргэним Надежда Таатта Хара Алданыттан төрүттээх, риэлторынан үлэлиир. Улахан уолбут Максим быйыл – 11-с, орто уол – Павел 4-с уонна кыракый кыыспыт Амелия 2-с кылааска, бары 14-с №-дээх политехническай лиссиэйгэ үөрэнэллэр.
– Семён, бастаан эйигин көрөрбөр “метис” хааннаах дуу дии санаабытым. Өбүгэҥ хаппахчытын сэгэтиэҥ дуу...
– Аҕам Евгений Фролов – төрүт Бүлүүчээн киһитэ. Ийэм өттүттэн Григорьевтар – эмиэ бүлүүчээннэр. Ийэбинэн эһэлээх эбэм – хаданнар. Убайдарым архыып матырыйаалларын үөрэтэн көрбүттэринэн, аҕабынан эһэбит Вениамин Фролов былыр Киров уобалаһыттан кэлбит нуучча киһитэ, эбэм осетин булкаастаах эбиттэр. Онтон Фроловтар сыдьааннара тарҕаммыт. Аҕам 5 бииргэ төрөөбүттэр, ийэм өттүнэн 8 кыыс.
Оҕо эрдэхпиттэн эһэм уһанарын көрөрүм
– Бастаан ханна үлэлээбиккиний?
– “Мегафон” тэрилтэҕэ оператордаабытым. Онно кылгас кэмҥэ үлэлээн бараммын, биир табаарыспын кытта урбаанньыт быһыытынан холонон көрөргө санаммыппыт.
– Туох хайысхаҕа?
– Новосибирскай куораттан дьааһыгынан сиэркилэ аҕалан, дьиэ бааннай хосторун кафелыгар сиэркилэ билииккэлэри быһан оҥорбуппут. Хомойуох иһин, саҕалаабыт дьыалабыт табыллыбатаҕа. Оҥорорго да уустуга уонна атыыта да кыайан барбатаҕа. Онон сыл аҥаара курдук дьарыктанан баран, урбаанньыттаан бүппүппүт. Ол кэнниттэн офис миэбэллэрин эргинэр маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлии киирбитим.
– Тоҕо миэбэл буолла?
– Оҕо эрдэхпиттэн эһэм уһанарын көрөр этим. Дьиэ ис тэриэбэтин – ыскаабы, остуолу, араас бытархай миэбэллэрин – оҥорор уус этэ. Эһэбин батыһа сылдьан, илии-атах буолан көмөлөһөн, маһынан уһанарга үөрэммитим. Онон оҕо эрдэхпиттэн маска сыстаҕаспын.
Онтон тэрилтэ миэбэллэрин атыылыырынан дьарыктанар Новосибирскай тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ буолбутум. Тиэндэринэн үлэлээн, тэрилтэлэри миэбэлинэн хааччыйарым. Ол тэрилтэм 2009 сыллаахха буолбут кириисискэ түбэһэн сабыллыбыта. 2010 сыллаахха Дьокуускайга сакааһынан үлэлиир, бэйэтэ производстволаах, баабырыкалаах дьоҕус тэрилтэ баара. Онно миигин дириэктэринэн үлэҕэ ылбыттара. Дьэ, онно миэбэл производствота диэн хайдаҕын, тугунан оҥорон таһаарарын билбитим. Ол эрээри балтараа сылынан ол тэрилтэм сабыллыбыта. Хайыахпыный, син биир тугу эрэ дьарыктаныахпын наада курдук этэ. Ол иһин бэйэм миэбэл оҥорон атыылаан, производство тэринэргэ санаммытым. Кыра эрдэхпиттэн уһана үөрүйэх буоламмын, киһиттэн шуруповерт уларсыбытым уонна бырайыактаан, кээмэй ылан, миэбэл оҥорбутунан барбытым. Бастаан саҕалыырбар миэбэлим матырыйаалын атын тэрилтэлэргэ баран эрбэтэрим уонна бэлэмнээн, килийиэннэрим дьиэлэригэр тиийэн, таҥан туруортуурум. Ардыгар бырааттарбын көмөлөһүннэрэрим.
– Соҕотоҕун саҕалыыргар чаҕыйбатаҕыҥ, толло санаабатаҕыҥ дуу?
– Кэнним диэки кэхтэр санаам суоҕа. Ол курдук, тэрилтэҕэ эбэтэр урбаан хайысхатыгар үлэлииргэ талар суол турбутугар иккис хайысханы талбытым уонна сыыспатахпын олох көрдөрдө. Онтон ыла үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
Сүрүн оҥорон таһаарар бородууксуйабыт – куукуна миэбэлэ
– “Верона” тэрилтэҥ хайдах, хаһан саҕаламмытай?
– 2012 сылтан бу чааһынай тэрилтэбин үлэлэппитим. 15-кэ тиийэ үлэһиттээх тэрилтэ буола улааппытым. Онно тиэндэргэ кыттарым. Онтон 2016 сыллаахха үппүн-харчыбын кыайан суоттаммакка, улахан кирэдьииккэ киирэммин, моҥкурууттуу сыспытым. Ол саҕана миэбэл эйгэтигэр үлэлиир билэр табаарыстаах этим. Кини: “Үс күрэстэһэр тэрилтэ буолан, производствобытын холбуохха”, – диэн этии киллэрбитигэр сөбүлэһэн, бииргэ үлэлээбитинэн барбыппыт. Онон билигин 3 партнёр буолан, бииргэ үлэлиибит. 2017 сылтан “Верона” диэн бренди ылынан үлэлии-хамсыы олоробут.
– Тоҕо “Верона” диэн ааты ылынныгыт?
– Бастаан холбоһон, бииргэ үлэлиирбитигэр (ребрендинг) толкуйбут “Сыаналаах соҕус италиялыы фасадтаах миэбэли – куукуналары оҥоруу” диэн этэ. Ол иһин Италия аатырбыт куората Верона аатынан ааттаабыппыт. Бары билэрбит курдук, таҥас муодатыгар, аска-үөлгэ, оннооҕор миэбэл оҥоһуктарыгар Италия – муодаҕа саҥа сүүрээни, хайысханы киллэрээччи дойду. Инньэ гынан сыаналаах италиялыы фасадтары аҕалан, куукуналары оҥорор буолбуппут. Сыанабыт, биллэн турар, чэпчэкитэ суоҕа. Ый аайы да буолбатар, кыбаарталга биирдэ сакааһынан сыаналаах куукунаны оҥорорбут. Урут балачча сыаналаах куукуна миэбэлин оҥорор эбит буоллахпытына, билигин сөбүгэр сыаналаах, дьон бүддьүөтүгэр сөп түбэһэр миэбэли оҥоробут.
Кэлин кириисис сабыдыаллаан, италиялыы фасадтаах миэбэлгэ сакаас кыччаан, үлэлиир хайысхабыт эйгэтин уларытан, Арассыыйаҕа оҥоһуллан тахсар фасадтарынан “массивынан, шпонунан” оҥоробут.
– Оччоҕо билигин Арассыыйа таһымынан үлэлии олорор буоллаххыт дии?
– Оннук. Ол эрээри фурнитурабыт – ньиэмэс киэнэ.
– Италия, ньиэмэс фурнитурата диэтиҥ, туох уратылааҕый?
– Хаачыстыбатынан быдан ордук. Күҥҥэ 10-на, 20-тэ арыйар, сабар дьааһыктарбыт кырата 10-ча сыл устата алдьаммакка-кээһэммэккэ үлэлиир кыахтаахтар. Хас биирдии миэбэл фурнитуратыгар – иэччэҕэр (петля) – “цикл открывания и закрывания” диэн баар буолар. Ол фурнитуралар уһун кэмҥэ үлэлиир оҥоһуулаахтар. Билигин дьон миэбэлин фасадын 5 – 10 сыл буола-буола, муода хамсааһыныгар сөп түбэһиннэрэн, уларытар буоллулар. Урукку Чехия миэбэлин курдук 20 – 30 сыл устата туруорбаттар.
– Билигин балаһыанньа уустугуран, тас дойдуну кытта сибээс аччаата. Ол эһиги үлэҕитигэр-хамнаскытыгар хайдах дьайда?
– Миэбэл матырыйаала (ДСП) Арассыыйаҕа оҥоһуллар эрээри, сорох элэмиэннэрэ омук сириттэн кэлэр. Онон валюта уларыйа турара улаханнык дьайар. Инньэ гынан атыылаһар сыанабыт уларыйа турар. Фурнитураны хааччыйар сорох хампаанньа Арассыыйа ырыынагыттан таҕыста. Холобура, Blum уонна Grass австрийскай фурнитуралар. Кинилэр билигин Казахстанынан, Кыргызстанынан, Кытайынан эргитэн аҕалар буолан (параллельный импорт), сыаналара ыараата. Hettich ньиэмэс фурнитурата Арассыыйаттан тахсыбатаҕа. Онон бу фурнитураҕа сыанабыт удамыр. Ол иһин бу хампаанньа фурнитуратынан үлэлиибит. Ыскылааппытыгар мэлдьи баар.
– Төһө үлэһиттээххитий?
– 30-ча үлэһиттээхпит. Манна оробуочайыттан саҕалаан дизайнерыгар тиийэ бааллар. Улахан аҥаардара быһаччы производствоҕа үлэлииллэр.
– Ол аата, сүнньүнэн, куукуна миэбэлин оҥоруунан дьарыктанар буоллаххыт?
– Куукуналары уонна ыскааптары оҥоробут. Сүрүн оҥорон таһаарар бородууксуйабыт – куукуна миэбэлэ. Бу хайысхаҕа идэтийдибит диэн бэлиэтээн этиэххэ наада. Оҥорор куукуналарбытынан, оҥоһуктарбытынан Дьокуускайга бастакы миэстэҕэ сылдьар миэбэл тэрилтэтэ буолабыт диэтэххэ, сыыспатым буолуо. Ол курдук, быыстапка саалабыт улаханынан (шоурум), көрдөрүүгэ турар табаардарбыт ахсаанынан, дизайнердарбыт үлэлэринэн уонна 2 ГИС-ка эмиэ бастакы сылдьабыт.
– Миэбэл ырыынагар билигин туох ордук сыаналанарый?
– Аныга истиил – минимализм, модерн, лофт.
– Куоракка миэбэл оҥорон, аҕалан атыылыыр маҕаһыын кырыы-кырыытынан, киһи тарбаҕар сатаан аахпат элбэҕэ. Күөн күрэстэһии баар дуу?
– Баар бөҕө буоллаҕа. Дьокуускайга миэбэл атыытынан, оҥоһуутунан 100-тэн тахса тэрилтэ дьарыктанар. Ол эрээри биһиги ырыынак лиидэрэ буолабыт. Тоҕо диэ? Дьиэ иһин миэбэлинэн толорорго киһи элбэх бириэмэтин ыытар, маҕаһыын бөҕөтүн кэрийэр. Оттон биһиги солуоммутугар кэллэхтэринэ, миэбэл фасадын арааһа өҥүгэр, текстуратыгар уонна матырыйаалыгар тиийэ барыта баар. Ыраата барбакка, элбэх маҕаһыыны кэрийбэккэ, барытын биир сиртэн ылалларыгар, сакаастыылларыгар усулуобуйа толору баар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ биһиги эрэ солуоммут Grass австрийскай фурнитураны килийиэннэригэр сүбэлиир уонна 10 сыллаах мэктиэни биэрэр. Бэйэлэрин идэлэригэр бэриниилээх профессионал үлэһиттэрбит хайа баҕарар уустук бырайыагы хаачыстыбалаахтык үрдүк таһымҥа оҥороллор. Ол курдук, дьиэтээҕи куукуна, ыскаап миэбэлигэр эрэ буолбакка, араас тэрилтэ офистарыгар, атыы-эргиэн кииннэригэр тус дизайнердыы көрүүлэрин олоххо киллэрэллэр.
Үксэ тэрилтэ сакааһынан үлэлиибит
– Сылга төһө миэбэли оҥорон таһаараҕытый?
– Куукуна миэбэлин – 200-250, ыскаап уо.д.а. миэбэли – 300-400, тэрилтэлэргэ – 1000-тан тахсаны оҥоробут. Үксэ тэрилтэ сакааһынан үлэлиибит. Иккис сылбытын социальнай эбийиэктэргэ – миэбэлинэн хааччыйыы үлэтин ыытабыт. Ол курдук, саҥа тутуллан киирэр эбийиэктэргэ – оскуолаларга, балыыһаларга, о.д.а. тэрилтэлэргэ – тиэндэр нөҥүө кыттан үлэлэһэбит. Кинилэр анал сакаастарынан миэбэли барытын оҥорон хааччыйабыт.
– Манна кыратык тохтоон кэпсиэҥ дуу?
– Бүтэһик улахан бырайыактарга тохтуур буоллахха, 2021 сыллаахха Уһук Илиҥҥэ суох кырасыабай тииптээх оскуола Хаҥалас Өктөмүгэр үлэҕэ киирбитэ. Манна биһиги “Сэттэ” тутуу хампаанньатын кытта бииргэ үлэлэһэн, миэбэлинэн хааччыйан, туруоран биэрбиппит. Мэлдьи үлэлэһэр тэрилтэбит буолар. Маны сэргэ “Главстрой” тутуу тэрилтэтин кытары үлэлэһэн, Дьокуускай куорат Пригороднай түөлбэ 12-с №-дээх оскуолатын миэбэлинэн хааччыйбыппыт. Бу соторутааҕыта “Туймаада” атыы-эргиэн киинин (ТРК) 6-с этээһигэр өрөмүөн оҥоһуллан, саҥа фудкорт тэриллибитигэр “РФА-Инвест” хампаанньалыын үлэлэһэн, миэбэлин барытын бэйэбит дизайннаан, оҥорон, туруоран биэрдибит. “АЭБ-Капитал” ХЭУо кытта бииргэ үлэлэһэн, Нам бөһүөлэгэр саҥа тутулла турар кырдьаҕастар дьиэлэрин толору миэбэлинэн хааччыйан, туруора сылдьабыт. Балаҕан ыйыгар үлэҕэ киириэхтээх. Ити курдук, араас улахан социальнай эбийиэктэргэ кыттыһан, улахан тутуу тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлэһэрбит – уратыбыт буолар.
– Ааттаах-суоллаах тэрилтэ быһыытынан аһымал тэрээһиннэргэ, араас аахсыйаҕа кыттаҕыт дуу?
– Төһө кыалларынан кыттабыт, кыһалҕалаахтарга көмөлөһөбүт. Сороҕор миэбэлинэн, ардыгар үбүнэн-харчынан. Бу соторутааҕыта анал байыаннай дьайыы (СВО) кыттыылаахтарыгар көмөлөһөр ыстаапка малларын ууралларыгар стеллажтары оҥорон биэрдибит.
– Семён “Кыым” хаһыат бырайыагар кыттыһан, 82 саастаах эбэбитигэр сүрдээх үчүгэй куукуна миэбэлин босхо аҕалан, туруоран биэрбиккитигэр, кырдьыга баара, олус соһуйбуппут. Эһиэхэ быһаччы тахсан көрдөспөтөхпүт да буоллар, үтүө санааҕытынан кыттыспыккытыгар махтанабыт.
– Суруллубут кэпсээнэ, видеосюжета сүрэҕим ортотунан киирэн, “көмөлөстөххө табыллар” диэн санааттан, 3 – 4 хонук иһинэн ылсан, оҥорон, туруоран биэрбиппит.
“ВЕРОНА” миэбэл солуона өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка социальнай эбийиэктэри миэбэлинэн хааччыйыыга үлэлэһэр.
Өктөм оскуолатыгар...
П.И. Шадрин аатынан Өктөм (Хаҥалас улууһа) орто оскуолата “Үөрэҕирии” национальнай бырайыак чэрчиинэн тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Оскуоланы “Сэттэ” тутуу хампаанньата тутан үлэҕэ киллэрбит буоллаҕына, “Верона” миэбэл солуон оскуола ис миэбэлин оҥоһуутун толору хааччыйбыта.
Үөрэххэ, үлэҕэ кынаттыыр сырдык, чаҕылхай кэбиниэттэр
Дьокуускай куорат Пригороднай бөһүөлэгэр баар 12-с №-дээх оскуола аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир – интерактивнай панелларынан, көмпүүтэрдэринэн, успуорт тэриллэринэн, иистэнэр массыыналарынан, лабаратыарыйа тэриллэринэн хааччыллан, сүрдээх үчүгэй, кэрэ дизайннаах кэбиниэттэргэ үлэлии олороллор. Аныгы үйэ сиэринэн миэбэл барыта табан оҥоһуллубут бырайыагынан – үөрэнээччилэр саастарын, ахсааннарын учуоттаан оҥоһуллубут. Билигин оскуолаҕа үөрэ-көтө үөрэнэр, үлэлиир усулуобуйа бары өттүнэн бэркэ толкуйдаммыт. Киэҥ-куоҥ таҥас ыйыыр ыскааптар, чаҕылхай көстүүлээх бибилэтиэкэ, оскуола архыыба, сырдык, ыраас кэбиниэттэр үөрэххэ, үлэҕэ кынаттыыллар.
Аныгы көстүүлээх фудкорт
“Туймаада” атыы-эргиэн киинигэр Дьокуускай олохтоохторо эдэриттэн эмэнигэр тиийэ бары сөбүлээн сылдьабыт. Манна иккис этээстэн 6-с этээскэ көһөн тахсыбыт, бэрт кырасыабай көстүүлээх, аныгылыы дизайннаах фут-корд аһыллан үлэлиир. Аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттиир саҥа көстүүлэммит. Бырайыак дизайнера – Мария Аксенова. Кини дизайнынан "Верона" миэбэл бэйэтин оҥорон таһаарар сыаҕар миэбэли таҥан, оҥорон таһаарда.
Аһаҕас зонаҕа олорон аһыырга аналлаах остуол дьыбаан бэрт сатабыллаахтык таҥыллыбыт. Хараҥатыҥы күөх өҥ ураты эйгэни үөскэтэрин бэлиэтии көрөҕүн. Дьыбааннара аныгы кэм “экокожа” матырыйаалынан бүрүллүбүтэ киһи болҕомтотун тардар. Фудкорка аналлаах олоппосторо сүрдээх бөҕө-таҕа көрүҥнээхтэр. 100-тэн тахса киилэлээх киһини аа-дьуо уйар туруктаахтар. Сымнаҕас зонаҕа “П” буукубалыы оҥоһуллубут дьыбаан, анал маһынан быыстаммыта наҕыл, холку сынньалаҥы эрэннэрэр. Фудкорт, үгэс курдук, пластик олоппостор уонна биир халыып көрүҥ остуол буолар эбит буоллаҕына, манна ураты көстүү, истиҥ-иһирэх эйгэ. Сакаасчыт өттүттэн ис сүрэхтэн оҥоһуллубут бырайыак буоларын көрөн сэрэйэҕин – сымнаҕас зона, дизайнер интэриэһинэй толкуйа, сөптөөх сыһыана, көрүүтэ.
Сакааһы түргэнник оҥороллорунан сөхтөрдүлэр
Дьокуускай куораттааҕы Перинатальнай киин тэрийэр-мэтэдьиичэскэй киинин сэбиэдиссэйэ Вера Ершова:
– Биһиги тоҕо “Веронаны” таллыбыт? Бу фирманы биһиэхэ элбэх тэрилтэ, дьон сүбэлээбитэ. Кинилэр үлэлэрин туһунан дьон үтүө сыанабыла элбэх. Балыыһабытыгар ыскаап сакаастаары тиийбиппитигэр, биһиэхэ тута менеджери анаабыттара. Кини, биһиги баҕа санаабытын, идиэйэбитин, хайдах, тугу баҕарарбытын болҕойон истэн баран, тус көрүүтүн эппитэ, сыаналаах сүбэлэри биэрбитэ. Биһиги бастаан судургутук истиэнэҕэ сыстан турар ыскаапка баҕарбыппыт. Ону хайдах, туох сыаллаах миэбэл наадатын истэн баран, килийиэннэрбитигэр табыгастаах гардеробу оҥорторорбутугар сүбэлээбиттэрэ. Ыарыһах холкутук киирэн, аанын саптан, таҥаһын уларыттан, отделениеҕа киирэригэр табыгастаах ыскаабы чаас иһинэн былааннаан биэрбиттэрэ. Сарсыныгар анал биригээдэ кэлэн кээмэйдээбитэ уонна 2 хонук иһигэр таҥас ыйыыр ыскааппытын аҕалан, туруоран биэрбиттэрэ. Онон уһаппакка-кэҥэппэккэ, түргэнник сакааһы толороллорун сөхпүппүт. Онон “Верона” миэбэл хампаанньаҕа улаханнык махтанабыт.
Дьэ, ити курдук өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун биһирэбиллэрин ылбыт “Верона” миэбэл солуона миэбэл индустриятыгар саҥаттан саҥа идиэйэни олоххо киллэрэр. Онон куорат, улуус, нэһилиэк тэрилтэлэрэ – оскуолалар, оҕо уһуйааннара, балыыһалар, араас хайысхалаах социальнай эбийиэктэр – билиҥҥи кэм ирдэбилигэр эппиэттиир “креативнай” ис тутуллаах миэбэллэри “Веронаттан” сакаастыыр буолбуттар.
Бу сигэнэн "Кыым" хаһыат ааҕааччылара миэбэл сакааһыгар 10 000 сууммалаах чэпчэтиини ылаҕыт: https://mrqz.me/64defc4490eb8f0025ac67e5
Матырыйаалы бэлэмнээтэ САРГЫЛААНА БАГЫНАНОВА.