Киир

Киир

Дьон олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйыы – биир саамай эппиэтинэстээх, сыралаах хайысха. Биһиги курдук кытаанах усулуобуйалаах дойдуга олорор дьоҥҥо ити эппиэтинэс икки-үс бүк күүһүрэн биэрэр. Саас – халаан уута, сайынын – ойуур баһаара, күһүнүн – суол туруута, кыһынын – бытарҕан тымныыбыт. Аны туран, ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга сылы эргиччи олоххо суолталаах таһаҕаһы тиэрдиини, суолга-айаҥҥа тахсар быһылааннары, уот-күөс ситимин үлэтин хонтуруолга ылыы уо.д.а.

Бу үлэ барыта Гражданскай оборуона уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар министиэристибэ үлэһиттэрин санныгар сүктэриллэр. Норуот туһугар эппиэтинэһи сүгэн ылыммыт дьаһалларыттан, суһал быһаарыыларыттан дьон нус-хас олоҕо, куттал суох буолуута тутулуктааҕа саарбаҕа суох. 2023 сылы түмүктээри туран, миниистир Дмитрий Лепчиковы кытта сэһэргэһиини “Кыым” хаһыакка сырдатабыт. Дмитрий Николаевич СӨ Нэһилиэнньэтин олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар кэмитиэккэ 2015 сылтан үлэлээбитэ. Ол инниттэн, чопчулаатахха, 2008 сылтан, СӨ-гэр сааскы халаан уутун содулун туоратар уонна чөлүгэр түһэрэр үлэлэри тэрийэр дириэксийэ салалтатыгар үлэлээбит уопуттаах салайааччы буолар.

Лепчиков Д

– Дмитрий Николаевич, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар кэмитиэт бу күһүн Гражданскай оборуона уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар министиэристибэҕэ уларыйда. Итинэн сибээстээн, үлэҕэ-хамнаска туох уларыйыы киирдэ?

– Айылҕа уларыйыытын кытта сибээстээх кэлиҥҥи геополитическай түбэлтэлэри учуоттаан, Гражданскай оборуона, нэһилиэнньэни уонна сири-уоту көмүскээһин, маны таһынан баһаарынай өттүнэн куттала суох буолууну хааччыйыы боппуруостара былаас уорганын биир сүрүн соруктара буолла. Манан сибээстээн, Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев бу соруктары кэлимник көрөн, тиһиктээхтик быһаарар инниттэн СӨ Нэһилиэнньэтин олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэти министиэристибэ оҥорорго дьаһал ылбыта. Биир сүрүн соруга – нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйарга кэлим судаарыстыба бэлиитикэтин, федеральнай уорганы кытта оперативнай сибээһи олохтооһун.

– Сылбыт түмүктэнэрэ чугаһаата. Сыл хайдах ааһан эрэрий? Быйыл, дьэ, туох үлэ ыытылынна?

– Сахабыт сирин нэһи­лиэн­ньэтин олоҕор-дьаһаҕар айылҕа алдьатыылаах дьайыыларыттан да, тастан араас куттал суоһаабатын хааччыйыы эйгэтигэр да балачча уустук сыл ааһан эрэр. Ол эрээри кэлим тиһиктээх үлэ ыытыллан, үөскүүр кыһалҕаларга суһал быһаарыы ылыллан, сылбытын этэҥҥэ туораан эрэбит.

Дьыл кэмигэр сыһыаран ыытыллар анал үлэлэрдээхпит. Холобур, сааскы халаан, баһаар кэмнэрэ, навигация боппуруостара, быыһыыр-көрдүүр үлэлэр уо.д.а. Быйыл сааскы халааҥҥа киһи өлүүлээх түбэлтэ тахсыбата. Баһаар кэмэ, кэлиҥҥи сылларга үгэс курдук, уустук соҕустук ааста. Сайыҥҥы ойуур баһаардарын кэмигэр министиэристибэбит иһинэн тэриллэн үлэлиир тэрилтэлэр уоту нэһилиэнньэлээх пууҥҥа чугаһаппатылар, дьон эмсэҕэлээбэтэ.

Гражданскай оборуонаҕа саҥа былаан баар. Ил Дархан Гражданскай оборуона сүрүн суолталаах хайысха буолара наада диэн, саҥа соруктары туруорда. Кылгастык билиһиннэр­дэххэ, итинник.

– Саас-сааһынан кэпсэтиэх. Билигин сытыы кыһал­ҕаны – өрүс суола туруутун – таарыйыах. Массыыналар сыл аайы ууга түһэллэр.

– Быыһыыр үлэһиттэрбит “Чараас мууска кииримэҥ” диэн өйдөтөр үлэни ыыталлар да, хомойуох иһин, сыл аайы итинник быһылаан тахсар. Бастатан туран, киһи бэйэтэ олоҕор эппиэтинэһи сүгэр. Чараас мууска киирэллэрэ киһи өйүгэр баппат. Өссө оҕолордоох, дьонноох айанныыллар. Бөртөлүөт да, боруом да сылдьар. Киин улуустарга салгын олбохтоох тэриллэр өрүһү туораталлар.

Арассыыйа ЫБМ-тин Саха сиринээҕи сүрүн управлениетын дааннайынан, бу сылга (ахсынньы 4 к. туругунан) тиэхиньикэ ууга түһэн 7 киһи суох буолбута бэлиэтэннэ. Ол курдук, Өймөкөөҥҥө – 3, Абыйга, Үөһээ Халымаҕа, Анаабырга, Өлүөхүмэҕэ – 1. Көрдөөһүн түмүгэр өлүктэр көстүбүттэрэ.

– Халаан уута. Кэлиҥҥи үс сылга “уу бу сирдэргэ кэлэр чинчилэннэ”, “ол сир ууга барар кутталлаах” диэн иһитиннэрии балачча тарҕаммыта эрээри, улахан быһылаан тахсыбакка, этэҥҥэ ааһар. Ол кэмигэр ыытыллар көдьүүстээх үлэ түмүгэ буоллаҕа?

– Сыл ахсын аныгыскы сылбытыгар билиҥҥиттэн бэлэмнэммитинэн барабыт. Ханнык улууска, сиргэ муус хайдах барарын, хаар халыҥа төһө буолуон, халлаан туруга хайдах уларыйыан сөбүн барытын анаалыстыы-ырыта олоробут. “Мониториннааһын киинэ” тэрилтэ исписэлиистэрэ тиһиктээх анаалыс оҥороллор. Муус устар кэмигэр “Центр управления кризисных ситуаций РС(Я)” тэрилтэ суукка устата тохтоло суох кэтиир-маныыр. Харыы буол­лаҕына, мууһу дэлби тэптэрэр үлэни суһаллык ыытабыт, кыһалҕалаах учаастактарга муус этэҥҥэ ааһарын хааччыйабыт. Сааскы халааҥҥа сүрүн үлэ бырабыыталыстыба дьаһалынан барар.

Быйыл Саха сиригэр өрүс­тэр муустара ортотунан 1–7 суукка хойутаан хамсаатылар. Арай Халыма өрүс 1–2 суукканан хойутаабыта бэлиэтэммитэ.

Өлүөнэ өрүс Кэбээйи, Амма өрүс Чурапчы, Халыма өрүс Аллараа Халыма оройуоннарыгар муус улаханнык харан, ыксаллаах быһыыны-майгыны үөскэппитэ. Хаар күүскэ ууллан, муус харан (2023 с. ыам ыйын 7 к. бэс ыйын 4 к. диэри) Өлүөнэ, Амма, Халыма, Анаабыр өрүстэр уонна үрэхтэр уулара тахсан, 12 оройуон 17 нэһилиэнньэлээх пуунугар уопсайа 298 киһи олорор 58 дьиэтин, 368 киһи олорор 292 тиэргэнин уу ылбыта.

– Кэлиҥҥи сылларга сир-дойду олус кууран-хатан, ойуур баһаардара тураллар.

– Быйыл баһаарга кутталлаах сезон кэмигэр Саха сиригэр 889 ойуур баһаара турбута (уопсай иэнэ – 1 445 382,1 гаа). 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ, быйыл 1,4 төгүл элбэх баһаар бэлиэтэннэ, уот сиэбит сирэ 3 төгүл улаатта. Ол курдук, ойуур пуондатыгар 823 баһаар (иэнэ – 1 439 239,7 гаа), атын түһүмэххэ киирэр сирдэргэ 63 ландшафт баһаара (6 102,1 гаа), харыстанар сирдэргэ 3 ойуур баһаара (40,3 гаа) турбута.

Айылҕа баһаарыттан харыстыыр үлэлэргэ былырыыҥ­ҥыттан үлэ барбыта, биэдэмистибэлэр ыкса үлэлээһиннэрин тэрийии бэрээдэгэ бигэргэтиллибитэ. 2023 с. ураты болҕомто быраактыка өттүнэн бэлэмнэниигэ ууруллан, муниципальнай звенолары кытта хамаанданан-ыстаабынан үөрэхтээһин уонна сэминээрдэр ыытыллыбыттара көдьүүстээх буолла.

Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһы­лыгын өйөбүлүнэн быйыл “Полярные авиалинии” АХ Ан-26 салгын суудуната саҥа тэриллэринэн хааччылынна. Ардаҕы түһэрэр көтөр аал тэриллэрэ бэйэбит дойдубутугар оҥоһуллубуттара. Бу – Арассыыйаҕа соҕотох гражданскай сөмөлүөт. Уот турар кутталлаах сирдэригэр “Полярные авиалинии” Ан-26 уонна “Росгидромет” Як-40 сөмөлүөттэр үлэлээбиттэрэ. Үлэ туһалаах өрүттэрэ уонна экэнэмиичэскэй көдьүүһэ болҕомтоҕо ылылынна. Быйыл ойуур баһаарын умуруорар тэриллии (формирование) кэҥээн, саҥа тиэхиньикэ кэлэн, ыстаат улаатта. Саҥардыы умайан эрэр уокка парашютистар улахан баһаарга тиэрдибэккэ умуруордулар.

– Сайыҥҥы уонна кы­һыҥҥы суолларынан та­һаҕаһы таһыы – сытыы кы­һалҕа.

– Министиэристибэбит сүрүн соруктарыттан биирдэстэрэ – өрөспүүбүлүкэҕэ таһаҕас тиэйиитин салайыы. Сайын – навигациянан, кыһыҥ­ҥы өттүгэр – тырааныспарынан тиэйии. Ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга олоххо-дьаһахха туттуллар таһаҕаһы, уматыгы, социальнай суолталаах бородуукталары тиэрдэр үлэ сылы эргиччи ыытыллар. “Хотугу завоз” – Арктикаҕа килиимэт уларыйыытын, айылҕа катаклизмын, экэниэмикэ, производство боппуруостарын кытта ыкса ситимнээх уустук бырассыас.

Навигациянан өрөспүү­бүлүкэ тас өттүттэн уонна иһигэр нэһилиэнньэ олоҕун хааччыйар 1,5 мөл. туонна таһаҕас сылга таһыллар, кыһыҥҥы кэмҥэ – 700 тыһ. туонна. Манна киирэллэр: таас чох, ньиэп бородуукталара, гаас конденсата уонна продовольственнай табаардар, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата, тутуу матарыйааллара, производственнай-тэхиниичэскэй суолталаах бородууксуйалар.

Дьааҥы өрүһүн уута нуорманы таһынан түһэн “Хотугу завоһу” тиэрдиигэ уустук түгэннэр бааллара. Наадалаах табаар ситэ тиийимиэн сөп этэ. Таһаҕаһы тиэрдээччилэри, “ЛОРП” уонна “Арктика” СК, тэрилтэлэри кытта бары бииргэ үлэлэһэн анал суудуналары аҕалан, өрүс суолун хаһар үлэлэри күүскэ ыытан тиэрдиэхтээх сирдэрбитигэр олоххо суолталаах таһаҕаһы барытын тиэрдибиппит. Аныгыскы түһүмэх – нагивациянан аҕалбыт таһаҕастарбытын салгыы автозимниктарбытынан тиэрдиэхтээхпит. Онно биһиги министириэстибэбит, сүрүннээн, координационнай уорган курдук үлэлиир. Тырааныспар, ДьУоХХ, Бырамыысыланнас министиэристибэлэрэ уонна олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар атын тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлэһэбит.

Улахан тымныы түстэ. Суолга-иискэ эмиэ болҕомто уурабыт. Ыраах-чугас айанныыр массыыналар алдьанан хааллахтарына, ханнык хайысханан  барбыттарын быһааран көрдүүр-быыһыыр үлэни ыытабыт.

– Анал байыаннай эпэ­рээссийэҕэ туох көмө оҥо­һулларый?

– 2022 сыл алтынньы 10 күнүгэр Ил Дархан сорудаҕынан анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттааччылары эбии хааччыйыыны сүрүннүүр уонна хардарыта бииргэ үлэлэһэр сыаллаах Суһал ыстаап тэриллибитэ. Ыстаапка өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уорганнарын салайааччылара үлэлииллэр. Ил Дархан, быраабыыталыс тыба көмөлөрүнэн тирэх пууннар аһыллыбыттара, логистика оҥоһулунна, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар хас да төгүллээн көмө тиэрдиллибитэ.

Ол курдук, СӨ Суһал ыстааба анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын эбии сэбилээһининэн уонна туттар тэрилинэн хааччыйыы салҕанар.

Билиҥҥи туругунан өрөс­пүүбүлүкэтээҕи Суһал ыстаап саллааттары эбии аныгы ньыма быһыытынан туттуллар тэриллэринэн, байыаннай таҥаһынан-сабынан, анал куйахтарынан, “Сокол” квадроцикларынан, көтөр аппарааттарынан, ууну ыраастыыр биилтирдэринэн эбии хааччыйар.

Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэригэр тустаах көмөтүн оҥорор.

Убаастабыллаах “Кыым” хаһыат ааҕааччылара, Саха сирин олохтоохторо! Түгэни туһанан санатабын: кыһыҥҥы уһун өрөбүллэргэ сэрэхтээх буолуу бары ирдэбиллэрин тутуһуҥ. Бэйэ-бэйэҕитин харыстааҥ, чөл куттаах-сүрдээх, бигэ туруктаах буолуҥ. Үүнэр сылга дьолу-соргуну, доруобуйаны баҕарабын!

Миниистир Дмитрий Николаевич Лепчиков эппитин курдук, быйыл Сахабыт сирин нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар айылҕа алдьатыылаах дьайыыларыттан уонна тастан араас куттал суоһаабатын хааччыйыы эйгэтигэр балачча уустук сыл ааста. Ол эрээри үлэ эрдэттэн тиһиктээхтик былааннанан, ыксаллаах кэмҥэ сөптөөх дьаһал ылыллан, тургутуулаах түгэннэри туоруурга бэлэм чахчы баар эбит.

Диана КЛЕПАНДИНА.
Матырыйаалы,
хаартысканы бэлэмнииргэ

Туйаара МОРДОСОВА көмөлөстө.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар