Киир

Киир

Cанкт-Петербурга үөрэх кыһата толору. Билии ыла, дьол көрдөһө аан дойду араас муннугуттан эдэр дьон хотоҕостуу субуллар. Олору кытта Саха сирин ыччаттара тэҥҥэ хаамсаллар. Киэҥ сиринэн тайаан сытар улахан куорат кыһаларыгар үөрэнэр биир дойдулаахтарбыт тугу кэпсииллэрий?

Janna Vasilieva

Жанна ВАСИЛЬЕВА, Дьокуускайтан төрүттээх, Санкт-Петербурдааҕы Улуу Бүөтүр аатынан политехническай университет энэргиэтикэ институтун иккис кууруһун устудьуона:

– Инникитин уот энэргиэтикэтин уонна тиэхиньикэтин инженерэ буолуохтаахпын. Арассыыйа култуурунай киинин биир биллэр-көстөр сиригэр үөрэнэр олус интэриэһинэй. Быйыл олунньу 19 күнүгэр биһиги кыһабыт тэриллибитэ 125 сылын туолар. “Айар сэмиэстирдэр” диэн аан дойдуга суох ураты дьиссипилиинэни үөрэтэрбитинэн уратылаахпыт. Онно хас лиэксийэ аайы муусука ускуустубатын кытта билсэбит. Инженер симфоническай толкуйдаах буолуохтаах дии саныыбын. “Үрдүкү математика”, “Электро-техника түөрүйэлии төрүттэрэ” диэн дьиссипилиинэлэргэ ордук сөбүлээн дьарыктанабын. Сүрүн үөрэҕим таһынан информация технологиятын эйгэтигэр иккис эбии үөрэххэ бырайыактыыр үлэнэн дьарыктанабын. Биир олус интэриэһинэй бырайыак салайааччыта буолабын. Сотору хамаандабын кытта үлэбитин университет таһымыгар көмүскүөхтээхпит. Soft, Hard Skills быраактыкалыы үөрүйэхтэригэр үөрэнэр инниттэн Бүтүн Арассыыйатааҕы кейс-чөмпүйэнээттэргэ кыттабын. Үөрэнэр куорпуспуттан 15 мүнүүтэ хааман тиийэр сиргэ олус үчүгэй усулуобуйалаах устудьуоннар уопсайдарыгар олоробун.

Иллэҥ кэммэр Финн хомотугар тиийэрбин, чэбдик салгыҥҥа сынньанарбын сөбүлүүбүн. Саха-Кэриэйэ оскуолатыгар, ХИФУ анал үөрэтэр-научнай киинигэр үөрэппит учууталларбар, преподавателлэрбэр билимҥэ интэриэһи үөскэппиттэригэр, профильнай дьиссипилиинэлэргэ бигэ тирэҕи иҥэрбиттэригэр махтанабын.

Мирослав Черноградскай

Мирослав ЧЕРНОГРАДСКАЙ, Уус Алдантан төрүттээх. Санкт-Петербурдааҕы салайыы технологиятын уонна экэниэмикэ университетын иккис кууруһун устудьуона:

– Николай Николаевич Окоемов аатынан Курбуһах орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим. Оскуола кэнниттэн киэҥ сиргэ, улахан куоракка үөрэниэхпин баҕарбытым. Өр толкуйдуу барбакка, Нева өрүскэ турар хотугу кииҥҥэ баар дьоһун кыһаҕа туттарсан киирбитим. “Кэмиэрсийэ” диэн идэҕэ үөрэнэ сылдьабын. Олохсуйарга улахан ыараханы көрсүбэтэҕим. Питергэ ас-үөл сыаната чэпчэки. Дьонум эти, балыгы ыыта олороллор. Оттон килиимэккэ балачча өр үөрэммитим. Улахан тыаллаах, күн мээнэ көрбөт дойдута. Ол иһин Д битэмиини тохтоппокко иһэбин. Оҕо сааһым Мииринэйгэ ааспыт буолан, нуучча эйгэтигэр үөрүйэхпин. Онон кэпсэтии, алтыһыы чааһыгар ыарырҕаппатаҕым.

Питергэ кэлээт, “Сайдыы” диэн ыччат тэрилтэтэ баарын билбитим. Онно тута кыттыһан, актыбыыстартан биирдэстэрэ буолабын. Киэҥ сир буолан, Саха сирин туһунан билбэт дьон олус элбэх. Биһиги түмсүүбүт саха култууратын, тылын, үгэһин билиһиннэрэр аналлаах. Онно туһааннаах араас тэрээһини ыытабыт.  Түмсүүбүт иһинэн үҥкүү ансаамбыллаахпыт. Онно бэйэбит баҕабытынан сахалыы үҥкүүлэри туруоран, кыһалар тэрээһиннэригэр кыттабыт, эҕэрдэ нүөмэр биэрэбит. Саха сириттэн төрүттээх биир дойдулаахтар көрсүһүүлэригэр мэлдьи кыттабыт. Бүгүһүн куорат саамай улахан кэнсиэрдиир саалатыгар биир дойдулаахтарбытын кытта улахан тэрээһиҥҥэ оһуокайынан кыттыбыппыт.

Анна Куличкина

Анна КУЛИЧКИНА, Тааттаттан төрүттээх. Бонч-Бруевич аатынан Санкт-Петербурдааҕы телекоммуникация судаарыстыбаннай университетын информационнай систиэмэ уонна технология факультетын 4-с кууруһун устудьуона:

– Инженер-программист идэтигэр үөрэнэбин. Түөрт сыл уопсай дьиэҕэ олорон баран, сыл аҥаарыгар кыбартыыра куортамнаһан олоробун. Тугу кистиэмий, уопсай дьиэлэр олус былыргы тутууларга бааллар. Усулуобуйа соччо үчүгэйэ суох эрээри, киһи элбэх кыһалҕатын быһаарар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээккэ үөрэнэн, саха уопсастыбатыгар эрэ үөрэммит оҕо нуучча эйгэтин, улахан куораты, төһө эмэ сэрэппиттэрин үрдүнэн, атыҥыраабытым. Бастакы сылбар наар сахам оҕолоругар тардыһарым, сахалыы саҥарарбын ордорорум. Онтон сыыйа үөрэнэн, билигин омук ыччаттарын, атын үөрэх кыһаларын устудьуоннарын кытта үөрэ-көтө алтыһабын. Онон саҥа кэлээччилэргэ бэйэҕэ бүгэн хаалбакка, барытыгар аһаҕас, элэккэй буоларга, чэпчэкитик ылынарга сүбэлиибин. Ити хаачыстыба олоххо олус суолталаах, өр олорбут сиргиттэн атын сир эйгэтигэр үөрэнэргэ көмөлөөх.

Үөрэххэ эмиэ ыарахан түгэн баар. Преподаватели кытта сайаҕастык алтыстахха, сорудаҕы кэмигэр толордоххо, эксээмэн, зачет усулуобуйатын, ирдэбили эрдэттэн билсэ сырыттахха, киһи тургутууну этэҥҥэ туоруур. Ону кэмигэр өйдөөн, үһүс куурустан, этэргэ дылы, “балык ууга көҥүллүк сылдьарын” курдукпун. Ханнык баҕарар балаһыанньаттан киһи киһилии кэпсэтэн, доҕоттору кытта сүбэлэһэн тахсыан сөп дии саныыбын.

Бу түөрт сыл иһигэр Санкт-Петербурга олорорго бары өттүнэн үөрэнним. Куорат миэхэ элбэх кыаҕы биэрэр. Киһи улугуран хаалбыт усулуобуйатыттан саҥа, сонун сиргэ таҕыстаҕына, атын элбэх хаачыстыбата арыллар, сайдар. Онон Питери булбуппар дьылҕабар махтанабын. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ, өссө атын куораттары билиэхпин баҕарабын.

Георгий Максимов

Жора МАКСИМОВ, Чурапчыттан төрүттээх. Санкт-Петербурдааҕы Олимпийскай эрэл училищетын иккис кууруһун устудьуона:

– Дмитрий Коркин аатынан Чурапчытааҕы успуорт интэринээт-оскуолатын бүтэрэн, тириэньэрдэрим сүбэлэринэн билиҥҥи кыһабар үөрэнэ кэлбитим. Оҕо эрдэхпиттэн тустар буоламмын, успуорду, тустуу эйгэтин тутустум. Үөрэҕи сырдатар буоллахха, күҥҥэ биэс уруокка үөрэнэбит, иккитэ дьарыктанабыт. Сарсыарда 7 чааска турабыт. 8 чаастан үөрэх саҕаланар. 12.30 чаастан икки чаастаах дьарыкка барабыт. Кэлэн, сынньана түһэн баран, 18 чааска иккис дьарыкпытыгар барабыт. Олорор уопсайбытыгар 22 чаастан кэлии-барыы тохтуур. Онуоха диэри уруок ааҕабыт, сынньанабыт, ханна эмэ баран кэлиэххэ сөп. Успуорт үөрэҕэр физиологияны, эмтээх физическэй култуураны, физическэй култуура түөрүйэтин уонна устуоруйатын, аангылыйа тылын үөрэтэбит. Хамсаныылаах дьарыкка атлетизм, хамсаныылаах оонньуулар, судьуйалааһын ньымалара, талан ылбыт көрүҥүҥ, харбааһын киирэр. Үөрэхпэр соҕотох сахабын. Тустуук үксэ – Хапкаас уолаттара, аҕыйах нуучча баар.

Үөрэнэр, олорор, аһыыр сирбит барыта биир эбийиэккэ баар буолан, абыраллаах. Киһи сынньалаҥнык, холкутук сылдьар. Усулуобуйа олус үчүгэй. Күҥҥэ үстэ аһыыбыт. Аспыт дэлэй, минньигэс. Йогурду, фруктаны төһө баҕарар сиигин. Туох эмэ эчэйиилээх буоллаххына, олус кыһаллан эмтииллэр, илбийэллэр, араас аныгы аппарааты туһаналлар. Күрэхтэһиигэ айаммыт ороскуота: хонор сирбит, аһылыкпыт – барыта төлөнөр. Былырыын Санкт-Петербург 21 саастарыгар диэри бөҕөстөргө биирдиилээн күрэхтэһиитигэр 65 кг иккис миэстэни ылбытым. Быйыл 70 киилэҕэ эмиэ иккис буоллум. Бу күннэргэ Владикавказка сүүмэрдиир дьарыкка барабыт. Иллэҥ кэммитигэр түмэллэргэ, киинэҕэ сылдьабыт. Кафеҕа олорон кэпсэтэбит.

Улахан куоракка киһи өйдүүн-санаалыын сайдар, билиитэ-көрүүтэ кэҥиир. Элбэх омук доҕордоннум, тылым саппааһа биллэ элбээтэ. Успуорду өрө тутар, соҕуруу кэлэр баҕалаах уолаттары үөрэнэр куораппар ыҥырабын. Кыратык да кэмсиниэххит суоҕа дии саныыбын.

Юлия Быганова

Юлия БЫГАНОВА, Чурапчы улууһуттан төрүттээх. Санкт-Петербурдааҕы Киинэ уонна тэлэбиидэнньэ судаарыстыбаннай институтун киинэни сүрүннүүр тэхиниичэскэй колледж 4-с кууруһун устудьуона:

– “Тыйаатыр уонна аудиовизуальнай тиэхиньикэ” диэҥҥэ, быһаччы эттэххэ, тыас-уус инженерин идэтигэр үөрэнэбин. 2020 сыллаахха тохсус кылаас кэнниттэн киирбитим. Оччолорго хамсык туран, үөрэхпит тэйиччиттэн саҕаламмыта. Ол иһин бастаан утаа үөрэнэргэ, ылынарга олус уустук этэ. Колледж устудьуоннара институкка ыытыллар бары тэрээһиҥҥэ, киинэ, тэлэбиидэнньэ үлэһиттэрин, артыыстарын маастар-кылаастарыгар кыттабыт. Саамай сөбүлүүрүм, дуоһуйарым диэн – барыта айар, көҥүл тыын. Ураты айар дьоҕурдаах дьон ортотугар сылдьарбыттан олус үөрэбин. Олорор сирим тэйиччи буолан, бастаан утаа ыарырҕатар этим. Күнүм айаҥҥа эрэ барар, иллэҥ бириэмэ көстүө суох курдуга. Киһи туохха барытыгар үөрэнэр. Кэлин күммүн таба аттарар, барытыгар бириэмэ булан, былааннаммыппын ситиһэр буоллум. Санкт-Петербурга “Сайдыы” диэн эдэр ыччат түмсүүтэ баар. Онно саха ыччаттара түмсэн, сынньалаҥ кэммитин бииргэ атаарабыт, араас тэрээһиҥҥэ кыттабыт. Олус түмсүүлээхпит. Бу куоракка үөрэнэрбин олус астынабын. Арай итэҕэскэ тохтуур буоллахха, күн дэҥ кэриэтэ тыгар, наар ардыыр. Халлаан олус түргэнник уларыйар. Онно болҕомтону уурбатахха, атына эргиччи эриэккэс, интэриэһинэй.

Егор Зыков

Егор ЗЫКОВ, Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх. Бонч-Бруевич аатынан Санкт-Петербурдааҕы телекоммуникация судаарыстыбаннай университетын ландшафтнай архитектура салаатын иккис кууруһун устудьуона:

– Бастакы икки куурус биир бэйэбэр олус интэриэһинэйдик баран иһэр. “Идэбин сөпкө талбыппы”н диэн, эрэллээхтик айанныыбын. Үөрэҕи “чэпчэки” диэбэппин эрээри, дьиссипилиинэ барыта олус интэриэһинэй. Киһи элбэх билиини ылар, уопутурар. Уруһуй уруогар ылбыт тирэх билииҥ, бырайыактааһын  бырагыраамаларын сатаан туттар дьоҕуруҥ олус наада эбит. Сайынын геодезия, ботаника уонна архитектурнай куорма дьиссипилиинэлэригэр быраактыканы барбыппыт. Биллэн турар, паартаҕа олорон үөрэнэртэн адьас атын дьоҕур, аартык арыллар. Холобур, геодезия быраактыкатыгар учаастакпыт сирин көнөтүн мээрэйдиибит, хаартатын оҥоробут. Нивелир, теодолит курдук прибордары туһанабыт. Быһата, баһылыахтаах идэбитигэр  илиибитин-атахпытын үөрэтэбит.

Үөрэнэр сирим куорат килбэйэр киинигэр турар. Олорор уопсайбыттан 15 мүнүүтэ хааман тиийэбин. Уопсайбыт соторутааҕыта өрөмүөннэммитэ, усулуобуйата үчүгэй. Хос аайы үстүү-түөртүү киһи олорор. Куукуна, дуус, таҥас сууйар массыына баар. Хоско халадыынньык, микроволновка, о.д.а. туруоруохха сөп. Олус ыраах сиртэн үөрэнэр оҕолор бааллар. Онон олохпор-дьаһахпар үҥсэргиирим суох.

Үөрэҕим таһынан ыччаттар “Сайдыы” түмсүүлэригэр сылдьабын. Олус талааннаах, билиилээх, интэриэһинэй дьонноох хампаанньа буолан, киһи чуҥкуйбат. Сүрүннээн, Саха сириттэн сылдьар оҕолору кытта билсэбин, доҕордоһобун. Түмэллэргэ сылдьабыт, хампаанньанан чугастааҕы куораттары көрөн кэлэбит. Үөрэҕи таһынан атын дьарыгым суох. Арай иккис куурус кэнниттэн  ылыахтаах идэбинэн быстах үлэни булуохпун баҕарабын.

Оксана ЖИРКОВА
кэпсэттэ.