Киир

Киир

Бу күннэргэ РФ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин  ааспыт сыл ахсынньы 26 күнүнээҕи дойдуга сылгыны көрүү-харайыы саҥа бэтэринээр  быраабылатын киллэрэр туһунан 939-с №-дээх бирикээһэ сылгыны үөрдээн иитэр дьону улаханнык долгутта. Быраабыла сылгыны ууһатар, иитэр, батарар уонна туһанар биирдиилээн дьоҥҥо,  тэрилтэҕэ барытыгар сыһыаннаах.

Омос көрүүгэ бу быраабылалар аны күһүн балаҕан ыйыттан, олоххо киирдэхтэринэ, Саха сиригэр сылгыны иитии чахчы харгыстаныыһы. Ол иһин сорох дьон “сылгыны иитэн бүттүбүт быһыылаах” диэн дьиксинэллэр. Саҥа быраабыла “сылгыны хаайан туран иитиллиэхтээх, айылҕаҕа көҥүл сылдьара бобуллар” диэбит курдук хааччахтардаах. Сылгыны атын т/х кыылыттан, көтөрүттэн туспа тутуллуохтаах. Хаһаайыстыбаҕа т/х кыыла, көтөрө эмиэ тус-туһунан тутуллуохтаах.

Быраабыла 8-с пууна “сылгыбыт сыһыыга-хонууга  сылдьар, сүүрүк сылгылар курдук көньүүһүнэҕэ турбат, онон биһиэхэ сыһыана суох” диирбитин утарар. Хайаан да көньүүһүнэҕэ киириэхтээх дэммит. Сылгы мэччийэр сирэ кытта мээрэйдэнэн ыйыллыбыт. Сылгы сааҕар били, “ынах сүөһү ноһуомун дьаһайыы” курдук кытаанах быраабыла эмиэ киирииһи. Ити үлүгэр барыта 77 пуунунан ымпыктаан-чымпыктаан, 25 сирэйгэ суруллубут.

Өрөспүүбүлүкэҕэ “ТХМ тоҕо эрдэ тахсан, сылгыбытын иитиини быыһаан ылбата” диэн мөҕүттүү элбэх. Чуолкай быһаарыы ылаары ТХМ-ҥа тахсан, сүөһүнү иитии, племенной дьыала, кэпэрээссийэ, пиэрмэрдээһин дэпэртээмэнин салайааччытын солбуйааччыта Галина Николаевна Осиповалыын кэпсэттим.

– Бастатан туран, “тоҕо эрдэ тахсан көннөрүүлэри киллэрбэтигит, сөбүлэһиннэрбэтэххит” диэн буруйдуулларыгар быһаарыы биэриим. Бу бирикээһи РФ ТХМ бэтэринээрийэҕэ дэпэртээмэнэ таһаарбыт. Сокуон, уураах, судаарыстыба анал дьаһала буолбатах, министиэристибэ  ис докумуона, онон кими да кытта сөбүлэһиннэрбэт бырааптаахтар.

Бирикээһи билсэн баран, Москубаҕа тахсан, сүөһүнү иитии уонна племенной үлэни тэрийии дэпэртээмэнин кытта быһаарыстыбыт. Бирикээскэ биһиги сылгыны сылы быһа аһаҕас халлаан анныгар үөрдээн иитэр төрүт технологиябыт туспа пуунунан учуоттамматаҕынан,  олунньу 15 күнүгэр миниистир А.А. Александров сорудаҕынан РФ т/х миниистирэ Д.Н. Патрушевка сурук ыыппыппыт.

Арассыыйаҕа сылгыны иитэр түөрт хайысха баар: көньүүһүнэ-собуот, көньүүһүнэлээх үөрдээн иитии, спортивнай, оттон биһиэнэ букатын туспа, сылгыны үөрдээн иитии диэн ааттанар. Ол  2022 с. Арассыыйа племенной үлэтигэр салайтарар 336-с №-дээх бирикээскэ племенной сылгы хаһаайыстыбаларын ирдэбиллэригэр чопчуланан туспа киирбитэ.

Быраабыла үөһэ ааттаммыт инники үс хайысхаҕа, аска туттуллубат сылгыны соҕуруу, сылаас сиргэ 6 ыйга диэри иитиигэ сыһыаннаах. Саха сиригэр  сылгыны үөрдээн иитии (косячно-табунное коневодство) технологиятынан үлэлиибит. Сылгыны аска анаан үгэс буолбут технологиянан үөрдээн иитэбит. Сылгыны аска өссө татаардар, башкирдар, тувалар, хакастар, калмыктар, буряттар уо.д.а. хото тутталлар.

Патрушевка сурукпутугар ити уратыбытын быһааран, “1963 с. кулун тутар 19 к. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин уурааҕынан, саха сылгыта урут көлө быһыытынан туттуллара тохтоон, эт салаатын быһыытынан иитиллиэхтээх” диэн уураах таһаарбыттарын санаттыбыт. Бу саҥа тахсыбыт быраабыла, биһиги сылгыбыт сылы быһа айылҕаҕа сылдьан  иитиллэр үгэс буолбут технологията атынынан, сөп түбэспэтин ыйдыбыт.

Саҥа быраабылаларга, чахчы, мөккүөрү үөскэтэр түгэннэр бааллар. 8-с пуунугар “алта ыйтан өр кэмҥэ таһырдьа сылдьар үөр сылгыга кыра хааччахтаах, туох эрэ көньүүһүнэ курдук тутуулаах буолуохтарын сөп” диэбиттэрэ биһиги технологиябытыгар сөп түбэспэт. Ол эбэтэр 6 ыйтан уһуннук таһырдьа тутуллар сылгыларга диэн эппиттэринэн сылыктаатахха, бу өйдөбүлгэ биһиги сылгыбыт хабыллар курдук. Онон бу быраабыла “эһиэхэ тарҕаммат” диэхтэрин сөп эрээри, биһиги сылгыбыт базата аһаҕас халлаан анныгар турар, кинилэр этэр дьиэ кыылын тутар тутуулара суох.

Ону учуоттаан бу саҥа быраабылаларга, бирикээскэ уларытыы киллэриҥ диэн туруорустубут. Бирикээскэ 3-с пуунунан “Установить, что Правила утвержденные настоящим приказом, не применяются при косячно-табунном содержании лошадей” диэни киллэрэри көрдөстүбүт. Эбэтэр быһаарыы кэмэнтээрий ыытыҥ диэтибит, баҕар, биһиги сылгыбытыгар уопсайынан тарҕаммат дуу диэн. Бу санаа 8-с пууҥҥа киирбит “кыра тутуу” диэн этииттэн эрэли үөскэтэр. “Саҥа 939-с №-дээх быраабыла Саха сиригэр туттуллубат, сылгыны көрүү-харайыы үлэтэ төгүрүк сыл устата аһаҕас халлаан анныгар ыытыллар” диэтибит.

Манна даҕатан кэпсээтэххэ,  Саха сирэ 2006 с. Арассыыйаҕа сылгыны уонна дьиэ табатын үөрдээн иитиини көҕүлээн, улахан бырагыраама оҥорон, национальнай бырайыакка киирбиппит. 2007 с.-тан бүгүҥҥэ диэри сылгыны, табаны иитиигэ федеральнай субсидияны ылабыт. Атын эрэгийиэннэр т/х исписэлиистэрэ “эһиги ситиһэн сылгыны үөрдээн иитии көҥүллэннэ, субсидия көрүлүннэ” диэн махтаналлар. Биһигиттэн атын эрэгийиэннэргэ толору үөрдээн иитии суох, аҕыйах ый көньүүһүнэҕэ тураллар, онтон истиэпкэ сылдьаллар. Бу бирикээс биһиэхэ хайдах да тарҕанар кыаҕа суох. Биһиги сылгыбыт кыһыннары биир үөрүнэн сылдьар. Сарайдаах хаххаҕа эҥин наадыйбат, соҕуруу курдук, элбэх үөрү биир хаһааҕа муспаккын. Бу күннэргэ сурукпутугар эппиэти күүтэбит. Хайаан да быраабылаларга көннөрүүлэри киллэртэриэхпит эбэтэр анал быһаарыы ылыахпыт”, – диэн Галина Николаевна балаһыанньаны быһаарда.

Олох барыта үчүгэй эбит диир уустук. Көстөрүн курдук, быраабыланы соҕуруу сылгыны иитиигэ анаан таһаарбыттар. Саха сирин усулуобуйатын, сылгыны иитэр технологиябыт уратытын учуоттаабатахтар. Ол эрээри олорон биэрэр сатаммат. “ТХМ сылгыны иитэр төрүт дьарыкпытын ыарахан тургутууттан этэҥҥэ быыһаан таһаарыа” диэн эрэниэҕиҥ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар