Бүгүн Новосибирскайтан сахалар түмсүүлэрин ытык кырдьаҕаһа, сахалартан бастакы учуонай-атомщик, саха төрүт билиитигэр тирэҕирбит экодухуобунас диэн этнопедагогика саҥа салаатын арыйан олоххо киллэрэ сылдьар Иоган Егорович Максимов Москубаҕа айаннаан иһэр Дугуйдаан Винокуровы Пасха күн Новосибирскайтан ыраах айаҥҥа салгыы атаарбыттарын туһунан төлөпүөнүнэн кэпсээтэ.
Дугуйдааннаах Новосибирскайга муус устар 12 күнүгэр кэлбиттэр. Үчүгэйдик сынньаммыттар. Хомойуох иһин, Красноярскайга Айан диэн аттара оһоллонон өлбүт, Новосибирскайга чугаһаан баран, Сунтаар диэн Мичил ата хараҕын мутукка өлөрөн, салгыы кыайан айаннаабат буолбут. Уол атын кытта массыынанан дойдутугар эмтии төннөр буолбут. Ол туһунан Дугуйдаан бассаапка ыыппыт суругар сиһилии кэпсэнэр.
Пасха күн Новосибирскай сахалара мустан, уолаттары истиҥ-иһирэх майгыга, санааларын көтөҕөн, сахалыы алҕаан атаарбыттар.
Иоган Егорович үс хос сиэнин илдьэ сылдьыбыт. Кини: “Саха дьоруой аттарын Хаастааҕы уонна Хоҥору астына көрдүм. Өймөкөөн Ньургун сылгыһытын Дугуйдан Винокуровтыын билсэн, аар алгыстаах кинигэлэрбин бэлэхтээтим. Уол сытыы өйүттэн, хорсун санаатыттан, уран тыллаах кэпсээнньититтэн сөхтүм, үөрдүм. Уолаттар Новосибирскайга тиийэ кэлбит аттарын боккуобатын бэлэхтээн үөртүлэр”, - диэн кэпсээтэ.
Дугуйдааннаах үтүөкэн көрсүһүүнү тэрийбит, кыахтара тиийэринэн көмөлөспүт Новосибирскайга олорор сахаларга махтаммыттар. Дугуйдаан икки атынан Москубаҕа диэри айанын салҕаабыт. Кинини кытта Иркутскайтан ыла арыаллаабыт массыына салгыы айаннаспыт. Мустубут дьон айанньыттары ыраах айаҥҥа сахалыы алҕаан атаардылар.
Дугуйдаан Винокуровтаах дойдуларыттан Москубаҕа диэри тиийиэхтээх 11 тыһ. биэрэстэттэн улахан аҥаарын аастылар, өссө 3,5 тыһ. биэрэстэ хаалла. Айаҥҥа араас буолар, Дугуйдаан Винокуров саха киһитин быһыытынан, санаабытын ситэн Москубаҕа тиийэригэр, кини аттара Хаастаах уонна Хоҥор саха атын тулуурун, кыаҕын дакаастаан, этэҥҥэ тиийэллэригэр Үрдүк Айыыларбытыттан алгыс түһэрэн өйүүллэригэр көрдөһүөҕүҥ.
Владимир Степанов.