Томпо улууһун Саһыл дэриэбинэтин киинигэр толору хааччыллыылаах дьиэ ыраахтан дьэндэйэн көстөр. Мин түһүөхтээх ыалым манна олороллор. Бастаан киэҥ-куоҥ кыбартыыраны көрөн-истэн “тыа сиригэр дьон олороругар үчүгэй да усулуобуйа тэриллибит” диэн испэр сөхтүм-махтайдым. Ол эрээри таһа эрэ дуйдаах-солотуулаах буоларын хантан билиэмий?! Ис дьиҥин хоноһолоон эрэ баран биллэҕим.
Чэ, ол туһунан саас-сааһынан... хаартысканан уонна бэйэм устубут биидьийэбинэн кэпсиим.
Дьиэлэр икки ардылара тыаһы таһаарбат бүрүөһүннэрэ (звуковая изоляция) суох, кэпсэтэр саҥалара дуорааннанан иһиллэр. Чэпчэтинэр уонна баанна хоһун туһунан этэ да барыллыбат. Тэхиниичэскэй батарыайа уутун күннээҕи олохторугар туһаналлар. Сирэй, тиис суунарга сыта амырыын... “Мэлдьи маннык сыттаах уунан суунаҕыт дуо?” диэн интэриэһиргээтим. Онуоха: “Ааспыт сайын саҥа турбалары уларыппыттара. Ол кэнниттэн итинник сыттаах. Сотору кэминэн ааһыаҕа диэбиттэрэ”, – диэтилэр. Дьэ, ким билэр...
Хас да ыалга баанналарын кафела саҥардыы олорон истэхтэринэ, курулаан түспүт түгэннэрэ баар эбит. Ол аата удамыр, хаачыстыбата мөлтөх суурадаһыннары туттубуттарын түмүгэ буоллаҕа. Ону, хата, уларыппыттар.
Дьиэ хамсыырыттан эбитэ дуу, 50 кыраадыс тымныыга кыбартыыра түннүгэ кыайан сабыллыбакка аҥайан турарын сотторунан, таҥаһынан саба бүрүйэн туралларын муодаргыы көрөбүн. Хата, батарыайа итии буолан, түннүгүнэн киирэр тымныыны биллэрбэт эбит. Дьиэ сыбаайата хамсыырын түмүгэр кыһыннары-сайыннары өрө түллэҥнээн, хамсыы турар буолан, истиэнэ испиэскэтэ көөрөттөн түһэ турар. Муоста лүнүөлүмүн аннынааҕы хаптаһын тоһоҕото курдаттаан, киһи атаҕын оһоллуох курдук. Сэрэнэн сырыттахха сатанар. “Маннык буоллаҕына, сотору кэминэн эмиэ хаарбах туруктаах дьиэҕэ кубулуйуо дуо?” диэн ыйытыгы сэмээр бэйэбэр биэрэбин. Нуорма быһыытынан, мас дьиэ 20 сыл кэнниттэн биирдэ өрөмүөҥҥэ барар дииллэр. Оччотугар олохтоохтор уонунан сыл кэтэһэллэригэр тиийэллэр.
Томпо улууһун Саһыл бөһүөлэгин Зелёная уулусса 8-с дьиэтин тас эркинигэр ыйанан турар дуоскаҕа суруллубутунан, тутааччы “Алеарт” ХЭУо (муниципальнай хантараак №09-102), онтон көһөрүүгэ эппиэтинэстээх УПГИ кылаабынай-исписэлииһэ-кылаабынай архитектор П.В. Третьяков ыйыллыбыттар. Онно суруллубутунан, дьиэ 2017 сыл атырдьах ыйыгар үлэҕэ киирбит (?).
Дьиэ 2018 сыл күһүнүгэр тутуллан, олохтоохторун кынатын анныгар олохсуппут. Онон олорбуттара 6 сыл буолбут. Манна 10 ыал олорор. Онтон 5 ыал приватизациялаан, 5 ыал уларсыкка (социальный найм) олороллор. Бу дьиэҕэ 2018 сыл балаҕан ыйыгар хаарбах дьиэ бырагырааматын чэрчитинэн көһөн киирбиттэр. Бу иннинэ ааспыт үйэҕэ тутуллубут арболит дьиэҕэ олорбуттар. Бастаан көһөн кэлэллэригэр киэҥ-куоҥ, сырдык кыбартыыраларга киирэн сүрдээҕин үөрбүттэрин кэпсииллэр. Таһыттан көстүүтэ, биллэн турар, туруга үчүгэй.
Киирэ түһээти кытта уун-утары хоско дьиэ өрөмүөнүттэн хаалбыт бөх-сыыс “уруйдуу-айхаллыы” көрсөр. Ыйыталаһан билбитим, дьиэ тутуллан киириэҕиттэн 6 сылы быһа “харах аалыыта” буолан сытаахтыыр эбит. Икки этээһинэн муоста билиитэлэрэ алдьанан, хамсыы сыталлар. Манна хоноһолообутум тухары оҕолор хамсыы сытар билииккэлэр үрдүлэринэн кэлэ-бара сылдьалларын, оонньуулларын бэлиэтии көрдүм.
Дьиэ, сүрүннээн, гипсокартон матырыйаалынан бүрүллүбүт. Бастаан көһөн киирэллэригэр иһэ-таһа кэрэ көстүүтүнэн, дьиэ иһэ киэҥинэн-куоҥунан олохтоохтор үөрүүлэрин сүөм үрдэппит. Олорбуттара биир сыл буолбутун кэннэ, дьиэ ис эриэнэ кубулҕатын көрдөрөн барбыт.
Олохтоохтор этэллэринэн, бу дьиэни 3 бэдэрээтчит туппут. Онон билигин итэҕэһи-быһаҕаһы туораталларыгар, ирдэһэллэригэр балаһыанньа уустугурбут. Ону олохтоохтор “уопсайынан, тиэндэринэн биир бэдэрээтчит хампаанньа ылан тутуохтаах эбит” диэн санааларын этэллэр. Ол курдук, биир биригээдэ кэлэн дьиэ көҥдөйүн тутар, иккиһэ – ититиитин, атына уотун-күөһүн тардар. Бүтэһигэр ким эппиэти сүгүөхтээҕэ биллибэккэ, бары, саһыл курдук ньылбыйан, сүтэн-иҥэн хаалбыттар.
Хараххын быһа симэ-симэ, араастаан да көрбүтүҥ иһин, тутуу мөлтөҕө ырылыччы көстөр, мөкүтэ сүппэт. Судургу, чэпчэки сыаналаах матырыйаалынан тутуллубутун балай, алаа да киһи илиитин иминэн тутан билэр, сэрэйэр. Сэтинньигэ иккис этээскэ тахсар кирилиэскэ үөһэттэн ыарахан мас сиҥнэн түспүт. Хата, ол кэмҥэ оҕолор суох буолан биэрбиттэр. Ол маһы 4 киһи нэһиилэ көтөҕөн таһаарбыттарын ороһуйа кэпсииллэр. Манна даҕатан эттэххэ, дьиэлээх оҕолор бары көрүдүөргэ мустан оонньуур, алтыһар эбиттэр.
Тутуллан олоххо киирбитэ 6 эрэ сыл буолбут дьиэ ордук ис өттүттэн түөрт эркинэ хайыта барар буолбута. Ону олорор дьон ис өттүн утарынан сыбаан иһээхтииллэр эбит. 30-ча, 40-ча сыллааҕы тутуу эбитэ буоллар, баҕар, сөбүлэһиэххэ сөп этэ.
Дьиэ ис туругун иһиттэн билээри, биир кыбартыыраны тоҥсуйан киирэбин. Аҕам саастаах дьон олороллор. Хостору, сааланы кэрийэ көрөбүн. Хосторун истиэнэтэ быйыл улаханнык хайа барбытын күүгэнинэн ыстарбыттар. Барахсаттары аһына көрдүм... “Кырдьар сааспытыгар сынньалаҥнык олорор усулуобуйаҕа киирдибит” диэн, истэригэр төһөлөөх үөрбүттэрэ, астыммыттара буолуой?!
Уопсайынан, дьиэ “буоллун-хааллын” диэн көтүмэхтик тутуллубута харахха быраҕыллар. Дьиэ икки этээһин кэрийэ сылдьан көрдөххө, тутуу сүрүн матырыйаала гипсокартон буолара биллэр (ол барыта ыстатыйа аллараа өттүгэр сыһыарыллыбыт куар код биидьийэтигэр ырылхайдык көстөр. Төлөпүөнү даҕайан ону көрүөххэ сөп).
Таһырдьаттан көрдөххө, сыбаайаҕа тутуллубут дьиэ тула өттө эргийэ бүрүллүөхтээҕэ эбитэ буолуо да, ол туһунан “умнан” кэбиспиттэр бадахтаах. Дьиэ аллараа өттө тутууттан хаалбыт матырыйаал тобоҕунан-ибэҕинэн туолан сытара – бэрдэ суох көстүү. 6 сыл устата тоҕо даҕаны дьаһаллыбатах муҥа эбитэ буолла? “Тоҕус төгүл тоҕо?” ыйытык үөскээн тахсар. Тыа сиригэр маннык дьиэлэргэ үөрдэ-көтүтэ киллэрэн баран, үчүгэй усулуобуйаны тэрийбэтэхтэрэ хомолтолоох эбит диирбитигэр тиийэбит.
Олохтоохтортон “тутуллубут дьиэҕит хас эрэ сыл мэктиэлээҕэ (гарантия) буолуо, баччааҥҥа диэри итэҕэһи-быһаҕаһы туораталларыгар тоҕо туруорсубатыгыт?” диэн ыйыттым. Онуоха: “Хас да хампаанньа үлэлээбит буолан, ким даҕаны “сүгэһэр” гыныан баҕарбат”, – дииллэр. Онон “Сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар”, “Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр” диэн бириинсибинэн, ханна, кимиэхэ баран туруорсуохтарын мунааран олороохтууллар.
Суолласта Саргылаана БАГЫНАНОВА. Дьокуускай–Саһыл (Томпо)–Дьокуускай.