Киир

Киир

Соҕурууттан эрийбиттэрэ көстө сылдьар олох билбэт нүөмэрбэр эппиэттээбэппин. Урут бааннар наар кирэдьиит сыҥалыыллара эбэтэр тэрилтэлэр тугу эрэ атыылаһыннара сатыыллара. Оттон билигин “төлөпүөн түөкүттэрэ” олордубат да, туруорбат да буоллулар. Ити түөкүттэр улахан кутталламмыттарын Арассыыйа киин баана, элбэх баан, судаарыстыба уорганнара сахалыы-нууччалыы “төлөпүөн массыанньыктарыттан сэрэниҥ” диэн муннук аайыттан сэрэтэллэр.

Сүүһүнэн мөлүйүөммүтүн уораллар
 

СӨ Борокуруорун бастакы солбуйааччы С.Губин СМИ-гэ 2022 с. төлөпүөн түөкүттэрэ Саха сирин олохтоохторуттан 583 мөл. солк., 2023 с. – 869 мөл. солк. “сойботон” ылбыттар диэбитэ. 2022 с. харчыны массыанньыктаан уоруу (кибер-уоруу диэххэ) 2,5 тыһ. тахсыбыт буоллаҕына, 2023 с.
3,2 тыһ. тиийбит. Цифровизация тех­нологиятын туһанан уоруулара элбээн иһэр. Төлөпүөн түөкүттэрэ ыраах олорон – уоруулара арыллара олох кыра, регистрацияламмыт буруй 13% эрэ ылар.

Массыанньыктар улахан сууманы бассаапка уонна телеграмҥа тэрилтэ салайааччытын аккаунун алдьатан киирэн, кини аатыттан харчы көрдөөн, албыннаан ылаллар эбит. Буҕаалтырга “50 мөл. солк. ыыт” диэн дириэктэртэн бассаапка кэллэҕинэ, толорор буоллаҕа, албынын хантан билиэй? Уоруйахтар идэмэрдэрэ сүрдээх, бэл, “быраабы араҥаччылыыр уорганнартан эрийэбит, баан үлэһитэ харчыгытын уоран ыытан эрэр, онон харчыгытын куоттара охсуҥ, өссө бу эрэллээх счёкка быраҕыҥ” диэн сүбэлииллэр эбит. Албыҥҥа ылларбыт дьон “улахан алдьархайтан быыһанабыт” диэн итэҕэйэн, өйдөрүттэн тахсан, харчыбытын куоттарабыт диэн массыанньыктарга ыыталлар. Өссө тылларыгар киллэрэн, бааннары кэритэ сылдьан улахан суумалаах кирэдьииттэри ыллараллар. Бааннар урут кирэдьиит ылан саарбах счёкка ыытар дьону сэрэтэллэр эрэ эбит. Онтон “килийиэн тыла – сокуон” диэн, түөкүттэргэ ыытан кэбиһэллэр. Оттон төлөпүөн эпэрээтэрэ тэрилтэлэр массыанньыктарга интэриэстээх да курдуктар. Хас биирдии эрийии иһин кинилэргэ харчы киирэр.

Быйыл да Саха сиригэр балаһыанньа уларыйбата, түөкүттэр харчы уораллара өссө күүһүрбүт. 2024 сыл 6 ыйыгар аныгы сыыппара, информация технологияларын туһанан дьон харчытын уоруу 518,1 мөл. солк. тиийбит. Сыл бүтүүтэ олох күүскэ бопсубатахха, массыанньыктар милийээрбитин да уоруохтарын сөп. Ити дьулатар сыыппаралар Ил Дархан А.Николаев салайан ыыппыт СӨ быраабы, бэрээдэги хааччыйыыны сүрүннүүр мунньаҕар этиллибиттэрэ. Төлөпүөн массыанньыктарын утары “киирэн биэримэҥ”, “билбэт нүөмэрдэргитин ылымаҥ” эҥин диэн сэрэтии эрэ ситэтэ суоҕа чахчы.

Украина массыанньыктары үлэлэтэр

Үгүспүт “массыанньыктар Арассыыйа соҕуруу куораттарыгар, Мос­кубаҕа, Питергэ саһан олорон, харчыбытын уораллара буолуо” дии саныыбыт. Онтубут олох да оннук буолбатах эбит.

Киһи саамай сөҕөрө, биһиги харчыбытын уорарга Украинаҕа анаан түөкүттэри тэрийэн, хонтуоралаан үлэлэтэллэр эбит.

Сбербаан бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Станислав Кузнецов быһайын “Известия” хаһыакка биэрбит интервьютугар төлөпүөнүнэн массыанньыктааһын судаарыстыбаҕа кутталламмытын кэпсээбитэ. Сбербаан эспиэрдэрин сыанабылынан, РФ гражданнарын утары үлэлиир колл-кииннэр (төлө­пүөн түөкүттэрин хонтуоралара) 90% Украинаҕа бааллар. Арассыыйа гражданнарыттан харчыларын уоруу кээмэйэ ааспыт сыллаахха 250 млрд солк. тиийбит. Кини этэринэн, Украинаҕа Арассыыйа дьонун үптэрин анаан-минээн массыанньыктаан уорар 350–400 хонтуора тигинэччи үлэлиир эбит.

С.Кузнецов этэринэн, 2024 с. төлө­пүөнүнэн түөкүннээһин сиэрэ суох улаатта, дойдуга буруйу оҥоруу 38% кибер-уоруу оҥоруу ылар буолбут.

Украинаҕа “төлөпүөн сиэртибэтэ” буолар кыахтаах дьону көрдүүр саамай элбэх колл-киин Днепр (уруккута Днепропетровскай) куоракка баар. Билигин АБДь кэмигэр 2,5 төгүл аҕыйаабыттар да, ол оннугар тэхиниичэскэй сэбилэниилэрэ, дьону албынныыыр технологиялара тупсан, актыыбынайдык үлэлииллэр. Массыанньыктар хонтуораларыгар хас да сүүһүнэн тыһыынча киһини үлэлэтэллэр. “Биирдии киһи ыйдааҕы хамнаһа 3 тыһ. дуолларга тиийэр” дииллэр.

Массыанньыктар Арассыыйа дьонугар күҥҥэ 20 мөл. тиийэ эрийэллэр эбит. Дьону итэҕэтэргэ, сүрүннээн, куттуур араас албаһы туһаналлар.

Эспиэрдэр “100 киһиттэн биир киһи түөкүттэри итэҕэйэр” дииллэр. Ол аата, ити 20 мөлүйүөнтэн 200 тыһ. киһи биир суукка иһигэр сиэртибэ буолуохтарын сөп.

Арассыыйа Киин баана “ааспыт сылга массыанньыктар 16 млрд солк. уорбуттар” диир, ону ИДьМ 157 млрд солк. диэн көннөрөр. Оттон Сбербаан эспиэрдэрэ сыаналыылларынан, 2023 с. массыанньыктар Арассыыйа дьонуттан 250-тан тахса млрд солк. уорбуттар. Уоруу кээмэйэ биир сыанабыла суоҕа, судаарыстыба күүскэ ылса илигин көрдөрөр.

2024 с. саҕаланыыта Украина түө­күттэрэ Сбербаан килийиэннэрин 150 млрд солк. уораары гыммыттарын арыйан тохтоппут. «Национальный индекс тревожности» диэн сыл аайы ыытыллар эриэйтин-чинчийии Арассыыйа дьоно саамай улаханнык “террор уонна төлөпүөн түөкүттэрин сиэртибэтэ буолартан” ордук дьиксинэллэрэ көстүбүт. Ити аата, төлөпүөнүнэн массыанньыктааһын дойду үбүн эрэ уорбат, дьоммут ньиэрбинэй систиэмэлэрин кэрбиир.

“Сбербаан” “анаан дьарыктанан харчы саарбах эпэрээссийэтин 99,8% тохтотор аптамаат систиэмэлээхпит” диир. Сорох түгэҥҥэ баан үлэһиттэрэ төлөпүөнүнэн эбэтэр баан офиһыттан албыннатан эрэр дьон харчылара уорулларын тохтотор буолбуттар.

Сокуон уларыйан, кыраныысса таһыттан эрийэри хонтуруоллууллар. Ол эрээри түөкүттэр саҥа албастарынан: “Облачный АТС”, мессенджердэринэн тахсаллар. Онно анаан электроннай SIM-карталары атыылаһан эрийэр албастаммыттар. Тиэхиньикэ сайдыытын туһанан, массыанньыктар бүөлээтэҕиҥ аайы атын үүтү-хайаҕаһы булаллар. Биһиги сокуоммут атын дойдулар гражданнара ID-каартанан SIM-калары атыылаһалларын толору бобо илик. Эмиэ Сбербаан эспиэрдэрин этиилэринэн, ый аайы 1 мөл. дьону албынныырга туттар SIM-каарталары атыылаһаллар эбит. Онон Арассыыйаҕа SIM-каарталары пааспарынан эрэ атыылаһар сокуон киирдэҕинэ, массыанньыктааһын лаппа аҕыйыахтаах.

Түөкүттэр уорбут харчыларын Укра­инаҕа таһаарарга бытарытан, бы­рыһыаҥҥа ыраас харчынан устан биэрэр, карточкаларын уларсар эбэтэр ыытар дьон (дроптар) өҥөлөрүн туһаналлар. Бу дьон карточкаларын, счёттарын массыанньыктарга бырыһыаҥҥа тиксэргэ, уос-тиис салаһарга биэрэллэр эбит. Арассыыйаҕа биллибэт харчыны бырыһыаҥҥа “ырааһырдан” биэрэр 2 мөл. киһи баар дииллэр. Ити былырыыҥҥытааҕар 2 төгүл элбэх үһү. Сбербаан үлэ ыытан, уоруу быйыл биллэ аҕыйаабыт.

Белоруссия үтүө холобура

Кузнецов түөкүттэри утары охсуһууга Белоруссияны холобурдуур. Онно картаны, интернет бааны атын дьоҥҥо уларсан харчы уоруутугар кыттыбыт дьону 10 сылга диэри хаайыыга ыыталлар эбит. Арассыыйаҕа итинник эппиэтинэс киирэ илик.

Украина түөкүттэрэ Арассыыйаттан уорбут харчыларын 20% колл-кииннэри хонтуруоллуур былаас уорганнарыгар биэрэллэр. Арассыыйа дьонун албынныыр колл-кииннэр үлэһиттэрэ сэриигэ барартан босхолоноллор эбит. Ол аата, Украина былаастара кинилэр массыанньыктаан Арассыыйа дьонун харчыларын уораллара инники кирбиигэ аптамааттаах сыталларынааҕар ордук көдьүүстээх диэн ааҕаллар. Өссө 20% “түөкүн үлэһиттэр” хамнастарыгар, 20% түөкүттэри салайар дьоҥҥо барар. Хаалбыт 40% – Украина Арассыыйаны утары сэриитин үбүлээһиҥҥэ. Ол аата, былырыын уорбут 250 млрд солкуобайдарыттан 100 млрд биһиги аармыйабытын утары сэриигэ ыыппыттар. Иэдээн алдьархай итиннэ сытар эбит.

Быйыл от ыйыттан дьон харчытын түөкүттэр ылалларын утарбатах бааннар уоруллубут харчыны төннөрөр эппиэтинэстэрэ киирбит. Урут баан килийиэн харчыта саарбах счёкка баран эрэрин көрөн туран, киһи эппитин толорон ыытар буоллахтарына, билигин бэрэбиэркэлиэхтээхтэр.

Көрөргүт курдук, Украина төлө­пүөн түөкүттэрин аармыйатын Арассыыйа харчытын уоран ылан үбүлүүр улахан индустрия оҥостубут. Онон бу ыраахтан олорон кибер-уору­йахтааһыны утары биирдиилээн тэрилтэнэн, баанынан буолбакка, судаарыстыба таһымынан ылыстахха тохтотуллар кыахтаммыт.

Сыыппара харчыга көһүү өссө эрдэ

Туруннахха, анаан-минээн дьарыктаннахха, массыанньыктааһын кыайтарыан сөп эбит. Арассыыйа киин баанын көрдөрүүтүнэн, быйыл иккис кыбаартал түмүгүнэн 257 тыһ. солк. уорар массыанньыктыы эпэрэссийэ ыытыллыбыта бэлиэтэммит. Ити бу иннинээҕи түөрт кыбаарталтан ортотунан 14,9% кыччаабыт.

Бу кэмҥэ төлөпүөн түөкүттэрэ 16,3 мөл. төгүл Арассыыйа бааннарын килийиэннэрин 2,3 триллион солк. уора сатаабыттара тохтотуллубут. Ити сонун үөрдэр, ол аата Украина уоруйахтара биһиги харчыбытын уоран аармыйаларын сэбилииллэрэ кыччаабыт.

Массыанньыктар сиэртибэлэрин көмүскүүр саҥа сокуонунан бааннар саарбах эпэрээссийэлэри килийиэнтэн көҥүлэ суох бэрэбиэркэлиир, саарбахтаатахтарына, тохтотор бырааптаммыттар. Ону таһынан бааннар түөкүттэри арыйарга сокуону араҥаччылыыр уорганнарга наадыйбыт ыспыраапкаларын толору биэриэхтээхтэр.

“Цифровизация, информационнай технологиялар, научнай тэхиниичэскэй өрөбөлүүссүйэ кэмэ, хас биирдии дэриэбинэҕэ интэриниэт киирдэ, олохпут остуоруйа курдук сайынна” диэн кэпсээн, эрэкэлээмэлэнии элбэх. Ол дэриэбинэлэргэ, бэл, үүтээннэргэ дьон бассаапка, атын да соцситимнэргэ олорор, “Тик-Ток” дьээбэлэрин көрө-көрө күлүү-үөрүү, сайынныбыт диэн астыныы бөҕөтө.

Сыыппаралаах барыта муода буолан иһэр. Сотору сыыппара харчы, солкуобай киириэхтээх. “Киһи төбөтүгэр оҥорон көрбөт сайдыыта кэллэ” дииллэр. Өйдөөх дьон харчыларын былыргылыы сыттык анныгар буолбакка, криптовалютаҕа туталлар, оннук муода кэлэн эрэр дииллэр. Соҕуруу крипто-кумааһынньыга суох киһини олохтон хаалбыт, түҥ былыргы хааһах курдук көрөр буолбуттар. Криптолар инники сайдыылаах кэм дьонноро үһүлэр, атыттар – “лохтар”.

Ол эрээри хайа баҕарар сайдыы күлүк өттүлээх. Москубаҕа биир криптобиржа арыйбыттар. Онно 400 мөл. солк. угуллан, атыы-тутуу бөҕө баран истэҕинэ, уот барбыт да, харчылара умайан хаалбыт. Билигин ол “сайдыылаах дьон” харчыларын төннөрө сатаан эрэйдэнэ сылдьаллар эбит.

Сыыппара, интэриниэт сайдыыта, дьиҥэр, туһата элбэх. Ол эрээри сайдыыны сэргэ кириминээлэ биир оччо элбэх. Сыыппара массыанньыктааһыҥҥа киирэн биэрии 90-с сыллардааҕы С.Мавроди МММ-ын уурааччыларын дьылҕаларыттан туох да атына суох. Түмүгэ биир – албыҥҥа киирэн Леня Голубков курдук “партнёр” диэн аатыра сылдьан, харчыта суох хаалар кыахтааххын.

Судаарыстыба сыыппара саҥа технологияларын олоххо күүскэ киллэрэр. Онон судаарыстыба сыыппара сайдыыта куттала суох буолуутун бастакы уочарат көрүөхтээх. Дьонугар кыһаллыахтаах – көннөрү киһи көстүбэт сыыппара араас дьээбэтин хантан өйдүөй? Онон судаарыстыбаттан эрэ көмө көрдүүр. Билигин оҥоһуу интеллект (ИИ) диэн муода барда. Киһи дьиктиргиирэ диэн, ити үлүгэрдээх өйдөөх массыына гражданнарбыт харчыларын төлөпүөн түөкүттэриттэн кыайан көмүскүү илик.

Оччотугар харчыны былыргылыы сыттык, матараас анныгар уурунуу ордук эрэллээх курдук буолбатах дуо? Дьэ, онон аныгы сыыппара олоҕун “олорбуппут сыччах” диэххэ сөп. Дьэ, көр диэтэҕиҥ.

Владимир Степанов.