Киир

Киир

Соторутааҕыта Национальнай бибилэтиэкэҕэ үлэ бэтэрээнэ, 80 саастаах Алексей  Николаевич Саввин «Көҥүл туругурарын туһугар – «Албан ааттаах өлүүнү» талбыт конфедералистар» диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр элбэх дьон, Хаҥалас улууһун урукку баһылыга, Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччыта буола сылдьыбыт А.С. Владимиров, Горнай улууһун баһылыга Н.В. Андреев бу дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтиигэ кытыннылар.

1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ «Декларация о государственном суверенитете Якутской-Саха Советской Социалистической Республики» диэн улахан суолталаах докумуон ылынан турар. Ол декларацияны ытыктаан, күн бүгүҥҥэ диэри сыл аайы балаҕан ыйын 27-гэр Судаарыстыбаннаспыт күнүн бэлиэтиибит. Декларация үгүс балаһыанньата конфедералистар бырагыраамаларыгар олоҕуран оҥоһуллан турар. Оттон 1992 с. ылыллыбыт Төрүт сокуоммут ити декларацияҕа олоҕурбута. Декларация 11 ыстатыйалаах, онтон сорох ыстатыйатын санаттахха, ыстатыйа 2: «Действия актов  РСФСР и Союза ССР, вступающих в противоречие с суверенными правами народа Республики, приостанавливаются Верховным Советом Республики. Разногласия между Якутской-Саха  ССР, РСФСР и Союза ССР в этих случаях разрешаются в порядке, устанавливаемом Федеративным договором».

Дьиҥинэн, Арассыыйа Төрүт сокуонун дьүүллэһиигэ, маҥнайгы барыйаан быһыытынан холбоһуктаах боломуочуйаҕа Арассыыйа “рамочнай” сокуоннары ылыахтааҕа. Оттон субъектар онно олоҕуран, бэйэлэрин усулуобуйаларын учуоттаан сокуоннарын ылыахтаахтар этэ. Госдума маҥнайгы ыҥырыытыгар баар бэрт  элбэх дуолларынан миллионердар уонна миллиардердар бэйэлэрин туһаларыгар элбэх либеральнай сокуону ылынар кыахтаммыттара. Онон арҕаа диэки охтуу олус улахан этэ, ол Арассыыйа сайдыытыгар туормас буолбута саарбахтаммат.

Учуонай Е.Филиппова үлэтиттэн көрдөххө, сенатор уонна Госдума дьокутаатын дуоһунастара 2 мөл. дуолларга атыылана сылдьыбыттар. Сокуон барылын  анньан киллэрии – 1 мөл. дуоллар, «сөпкө» куоластааһын 2 тыһ. дуоллар буола сылдьыбыттар. Олох уларыйдар даҕаны, оччолорго ылыллыбыт сокуоннар  билигин да олохпутугар дьайа  тураллар.

Итинэн сибээстээн, Үөһээ Бүлүү дьокутааттара, баһылык Поскачин В.С. илии баттааһыннаах туруорсубут боппуруостарын саамай сөптөөҕүнэн ааҕабын. “Ыт  уонна балбаах туһунан” федеральнай сокуоннар  Арассыыйа киэҥ эйгэтин учуоттаабаттар. Юристарга сокуон ылылынна да, уҥа-хаҥас хамсаабаккын, толоруллуохтаах диэн бигэ өйдөбүл баар. Ол гынан баран сокуон араастаах, иһэ эриэннээх буолар. Сиэри-майгыны утарар сокуоннар (они  ничтожны) толоруллуо суохтаахтар диэн, былыргы аан дойдуга биллэр бөлүһүөктэр этэн тураллар. Оттон биһиги оннук сокуоннар үлэлээбэттэрин туруорсуохтаахпыт эбэтэр улахан көннөртөрүү киллэртэриэхтээхпит.

Ол эрээри, ити эттэххэ судургу курдук гынан баран, уустуктардаах. Тоҕо диэтэххэ, Арассыыйа таһымыгар субъектары кытта дуогабар түһэрсии  сыһыаннаһыыларыттан аккаастанан тураллар. 2000 сыллар кэннилэриттэн дойдуга аһара кииннээһин барда. Билиҥҥи балаһыанньаҕа арҕаа дойдулар, АХШ түөрүйэлэриттэн арахсар, Кытайы, Индияны кытта чугас сыһыаннаах түгэммитигэр түргэн соҕустук социалистическай  хайысхалаах сокуоннары ылыныахпытын наада этэ. Уһун кэмнээх либэрээллии экэниэмикэ дьайыытыгар олорор табыллыбата көһүннэ.

Декларация 3-с ыстатыйата: «Якутская-Саха ССР имеет свое гражданство и охраняет честь, достоинство, здоровье, законные интересы своих граждан на территории республики и за ее пределами» диэн этэрэ. Онон ханна да сылдьыбыттарын иһин, өрөспүүбүлүкэ дьоно бэйэни сэнэммэккэ, чиэстэрин, дьоһуннарын өрө тута сылдьыахтаахтар. Билигин хайдах эрэ «Москуба туох  диир?» диэн сэрэхэдийии, ньимийэ сылдьыы баар курдук. Ити өттүгэр Кадыровтан, Руцкойтан  холобур  ылыахха сөп.

2021 с. өрөспүүбүлүкэ биллэр, саамай ытыктанар уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ: Үрдүкү Ытык Сүбэ, Бэтэрээннэр сэбиэттэрэ, Уопсастыбаннай палаата, Ил Түмэн уонна Ил Дархан Айсен Сергеевич  Николаев ааттарыгар «Саха сирин Дьоруойа» диэн үрдүк ааты олохтуохха диэн сурук ыыппыттара. Сирэй кэпсэтиигэ спикер Еремеев Алексей Ильич, сүрүн кэмитиэттэр бэрэссээдэтэллэрэ уонна дьокутааттар: В.М. Прокопьев, Ф.В. Габышева, М.Н. Христофорова уо.д.а. өйөөбүттэрэ. Үрдүкү Ытык Сүбэ Айсен Сергеевиһи кытта көрсүһүүтүгэр Ил Дархан бу боппуруос өйөнүөн сөп эбит диэбитэ. Үрдүкү Ытык Сүбэ ытыктабыллаах кырдьаҕастара К.Е. Иванов, Л.Н. Григорьева, И.И. Горохов, И.В. Бочкарев, У.А. Винокурова, Б.Д. Слепцов, о. д. а. “дьоруойбут боппуруоһа ханна тиийдэ?” диэн  сураһа олороллор. Хас да улуус хаһыаттарыгар бу этиини өйөөн, дьүүллэһии таҕыста.

Туруорсуу Саха сирин дьоно чиэстэрин уонна дьоһуннарын үрдүктүк тутуохтаахтар диэн ис хоһоонноон суруллубута. Аҕа дойду сэриитигэр Кульбертинов, Протодьяконов, Степанов, Оллонов курдук улуу буойуннарбыт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойугар түһэриллэн баран, ити үрдүк аата ылбакка хаалбыттара. Оччолорго даҕаны омугун көрөн, омук ахсаанын аахсан лимииттээһин баар этэ дииллэр. Ол билигин да баар курдук.

Биһиги, К.Е. Иванов, М.М. Яковлев, П.Д. Осипов, А.С. Борисов бириэмэтигэр сөп түбэһиннэрэн Кондаковка, Степановка, Мироновка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын бэрдэрэн турабыт. Оччолорго К.Е. Иванов, П.Д. Осипов уонна мин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин тутаах кэмитиэттэрин салайааччылара этибит.

Билиҥҥи туругунан 6 субъекка: Кемерово, Краснодар уобаластарыгар, Калмыкияҕа, Дагестаҥҥа, Чечняҕа, Приморскай кыраайга Дьоруой үрдүк аата олохтонно. Приморскай кыраайга күбүрүнээтэр О.Кожемяко этии киллэриитинэн, байыаннай эпэрээссийэ икки кыттыылааҕар кыраай мунньаҕынан иҥэрилиннэ. Ону ааһан Донецкай уонна Луганскай Өрөспүүбүлүкэлэр эрдэттэн дьоруой аатын олохтоон, Украина фашистарын кытта сэриигэ элбэх дьоруойдаахтар. Бу соторутааҕыта   Рамзан Кадыровка Чечня Дьоруойун аатын иҥэрдилэр. Онон билиҥҥи туругунан барыта 8 субьекка Дьоруой үрдүк аата олохтонно.

Анал эпэрээссийэ бара турар кэмигэр саха буойуннара дьоруойдуу быһыыны элбэхтэ көрдөрдүлэр. Тоһоҕолоон эттэххэ, эрэдэбиэй састаапка, байыаннай училищены бүтэрбэтэх буойуннарга Арассыыйа Дьоруойун аатын иҥэрии син биир лимииттээх, уустук буолуо.

Иҥэрэр да буоллахтарына, бииртэн ордугу биэрбэттэрэ чуолкай. Үөһээ Бүлүү буойуна Руфов, бүтэһик ботуруонугар диэри кыргыһан баран, билиэн түбэһимээри,  кыранаатанан бэйэтин үлтү тэптэриммитэ. Сахалар билиэн барбаттарын өссө төгүл көрдөрдө. Степанов биир кыргыһыыга биэс тааҥканы суох оҥордо. Колесов дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун ким да билбэт, сураҕа, дьоруойга туһэрбиттэрэ  ырааппыт да, туох да эппиэт суох. Чугуйуу кэмигэр дьоруойдуу быһыыны көрдөрбүт, онон бэриллибэт курдук үһү. Дьиҥинэн, дьоруойга түһэрии докумуона ротаттан, батальонтан, пуолкаттан, дивизияттан барбытын дуу, суоҕун дуу билиллиэхтээх. Баҕар, аара “чаардаан” хаалбыт буолуон эбэтэр докумуон итэҕэс оҥоһуллан, ааспатах буолуон сөп. Баҕар, тылынан эрэннэриллэн баран, хамандыыр туох эрэ, ол иһигэр аахсыллар биричиинэнэн, наҕараада суруга түһүө суоҕа. Эбэтэр уордьанынан эрэ муҥурданыахтарын сөп. Генеральнай ыстаапка докумуон тиийбитин биһиэхэ туоһулаһар, билэр-көрөр туһааннаах уорганнар бааллар. Ол эрээри дьоҥҥо үлэлэрин түмүгүн сырдаппаттара куһаҕан.

В.Даниловка Арассыыйа Дьоруойун иҥэрэргэ дьэ “уһуктан”, илии баттааһын хомуйа сылдьабыт. Киһи өйдөөбөтө үгүс, кыргыһыы хонуутугар дьоруойдуу охтон  кэлбит буойуннарбытын тыаһа-ууһа суох кистээн кэбиһэбит. Уулуссаларбытыгар  дьоруойдарга анаммыт баннердар көстүбэт кэриэтэлэр. Атын уобаластарга дьоруойдуу кыргыспыт буойуннарга уулусса аайы баннеры хойуутук ыйыыллар эбит.

Билигин патриоттуу иитии күүскэ барар тоҕоостоох кэмэ кэллэ. Биһиги дьоммут-сэргэбит буойуннарга анаан  көмө бородуукта, таҥас-сап ыытыылара, гуоспуталларга сытар бааһырбыттарга  көмөлөрө атын субъектарга бастыҥ холобур буолар. Ити өттүгэр үлэ күүскэ барар диэххэ наада. Норуот онтон үөрэр эрэ. Тус бэйэм Екатеринбург куоракка сытар бааһырбыт байыастарга көмөнү тэрийистим. Күүстээх структуралар генераллара бэйэлэринэн тиийэн көрсө сырыттылар. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин анал эпэрээссийэ буойуннарыгар анаан судаарыстыба пуондатын тэрийэргэ сорудах биэриитэ, хас биирдии  бэтэрээҥҥэ анал социальнай үлэһити сыһыарыыта, буойуннар дьиэ кэргэннэригэр анал пааспар оҥоруу улаханнык биһирэнэр.

АХШ уонна НАТО Арассыыйаны судаарыстыба быһыытынан суох оҥоро сатыыр тыҥааһыннаах күнэ-дьыла кэллэ. Бу кэмнэргэ “Саха сирин Дьоруойа” үрдүк ааты  олохтооһун биһиги буойуннарбыт хорсун быһыыларын учуоттааһын, үрдүктүк сыаналааһын буолуо этэ. Саха сирин Дьоруойун ыстаатыһа Арассыыйа Дьоруойуттан  намыһаҕа суох буолуохтаах. Социальнай харысхал өттүгэр ордук да буолуон  сөп. Билигин Арассыыйа Дьоруойа ыйга 60 тыһ. солк. эбии төлөбүр  ылар. Оттон, киһи сөҕүөн курдук, уордьаннарга туох да чэпчэтии, эбии төлөбүр көрүллүбэт.

Саха сирин Дьоруойун балаһыанньата икки хайысхалаах буолуон сөп. Биир хайысха – үлэҕэ, успуорка, судаарыстыбаннай салалтаҕа үрдүк ситиһиини көрдөрбүт дьоҥҥо. Иккис хайысха – экстремальнай быһыыларга, дойду көмүскэлигэр, ол иһигэр Аҕа дойду сэриитигэр уһулуччулаах хорсун быһыыны көрдөрбүт дьоҥҥо.

Үрдүкү Ытык Сүбэ, Бэтэрээннэр  сэбиэттэрэ, Уопсастыбаннай палаата курдук ытыктабыллаах уопсастыбаннай тэрилтэлэр бачыымнарын Саха сирин бар дьоно өйүө диэн баҕа санаалаахпын.

Макар Яковлев,
Үрдүкү Ытык Сүбэ
солбуйар бэрэссэдээтэлэ,
ХИФУ бэрэпиэссэрэ