Киир

Киир

Бу нэдиэлэ бүтүүтүгэр, кулун тутар 15 – 17 күннэригэр, дойдубут бэрэсидьиэнин талыахпыт. Буолаары турар быыбар туох уратылааҕын туһунан СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Иван Андросовтан сурастыбыт.
 
БЫЙЫЛГЫ БЫЫБАР УРАТЫТА
 
unnamed
 
– Быйылгы бэрэсидьиэн быыбара туох уратылааҕый?
 
– Үс улахан историческай суолталаах. Бастатан туран, быйылгы быыбар омук дойдуларын сааҥсыйаларын кэмигэр, уустук бириэмэҕэ, ыытыллар. Онон, дьон өйүн-санаатын бутуйуу, ыһыы, таһыттан дьайыы элбэх буолуон сөп. Оннук буола да турар диэххэ сөп. Ол иһин быыбар хаамыытын кэтээн көрүү, кини сөпкө, чиэһинэйдик барарын туһугар үлэ-хамнас хаһааҥҥытааҕар да күүһүрэн турар. Быыбар федеральнай буоларын быһыытынан, РФ Киин быыбардыыр хамыыһыйата ыытар. Биһиги – толорооччуларбыт.
 
Иккиһинэн, быйылгы быыбарга Арассыыйа түөрт саҥа субъега бэрэсидьиэн быыбарыгар аан бастакытын кыттыаҕа. Үсүһүнэн, Арассыыйаҕа бэрэсидьиэн быыбара эмиэ бастакытын үс күн устата ыытыллар. Судургутук эттэххэ, быыбардааччы бырааба кэҥээтэ, хаһан куоластыырын талар кыахтанна.
 
 
САҤА ТЕХНОЛОГИЯЛАР
 
illustration largeimage cc9dbeabb87bbca5ad0204b20722ae67mos.ru
 
 
– Кэм, технология сайдар. Ол сиэринэн куоластыыр ньыма элбээтэ дуо?
 
– Быйыл Арассыыйа 29 субъегар дистанционнай-электроннай куоластааһын киирдэ. Биһиги сирбит-уоппут киэҥинэн, түргэн тэтимнээх интэриниэт өрөспүүбүлүкэни 100% хаппатынан, оннук ньымабыт суох. Бэлиэтээн эттэххэ, электроннай куоластааһын киирдэҕинэ даҕаны, кини куоластыыр ньыма эрэ быһыытынан баар буолуон сөп. Электроннайы таһынан, урукку курдук урналар, уустук суоллаах-иистээх түөлбэлэр, эбии учаастактар, о.д.а. син биир баар буолар. Бырааппыт эрэ кэҥиир.
 
– Аҕыйах сылтан бэттэх Дьокуускайга КОИБ (комплекс обработки избирательных бюллетеней) диэн барытын бэйэтэ ааҕар-суоттуур тэриллэр баар буолбуттара. Кэлин ахсааннара элбээтэ дуо?
 
– Быйыл Дьокуускайга барыта 64 КОИБ үлэлиэҕэ. Атын сирдэргэ – суох. КОИБ биһиги үлэбитин биллэ чэпчэттэ. Холобур, урут бүлүтүөнү сарсыарда 5 – 6 чааска диэри эт илиибитинэн ааҕар эбит буоллахтына, ити тэриллэр чаас иһинэн барытын бэйэлэр ааҕан-суоттаан биэрэллэр.
 
– Оттон уот бардаҕына?
 
– Кырдьык, саас уот ситимигэр ханна да өрөмүөн үлэтэ ыытылларынан, уот барар үгэстээх. Ол эрээри, биһиги уот барбатын туһугар энэргиэтиктэри кытта 3 ый устата үлэлэстибит. Онон, барыа суохтаах. Оттон туох эмэ саахал тахсар түгэнигэр, эрэсиэрбэ ыстаансыйалар тута холбонуохтара. Дьокуускайга да, улуустарга да.
 
 
“ИНФОРМ УИК” ДИЭН ТУГУЙ?
 
929uckl6h6m2ppo99j04zebuzfr9xbom 800x480ufa.rbc.ru
 
– Быйыгы быыбарга ыалы кэрийэн кэпсиир-ипсиир анал дьон баар буолбуттар... 
 
– Бу быыбарга урут баар буола сылдьыбыт эрээри, кэлин умнуллубут “Информ УИК” диэн быыбардааччылары сирэй көрсөн кэпсэтэр, быыбар, хандьыдааттар тустарынан билиһиннэрэр-сырдатар, дьон хайдах куоластыыра табыгастааҕын билсэр бырайыак киирдэ.
 
– Ыалы кэрийии... Итинник миэрэ тоҕо эргийэн кэллэ? Кэлин дьон быыбарга сылдьара аҕыйаабытынан көҕү уһугуннарар сыаллаах дуо? Дьиҥэр, билиҥҥи сибээс үйэтигэр киһи быыбар туһунан информацияны хантан баҕарар булан ааҕыан сөп эбээт.
 
– Дьон информацияны араас суолунан ылара баар суол, ону ким да боппот. Оттон “Информ УИК” диэн информацияны куоластааччыга чопчу тиэрдэр өссө биир мэхэниисим. Ити мэхэниисим чэрчитинэн биһиги 308 тыһыынча ыал дьиэтигэр (домохозяйство) сылдьар былааннаах эбит буоллахпытына, бүгүҥҥү туругунан (11.03.2024 с. кэпсэтии – “Кыым”), 298 857 хаһаайыстыба дьиэтин аанын тоҥсуйдубут (былаан 97%-на). Онтон 73% дьон аанын арыйда, кэпсэттэ. Онно барыта олунньу 17 күнүттэн бэйэтин үтүө баҕатынан 2649 киһи талыллан үлэлээтэ. Дьиҥэр, урут ити курдук ыалынан сылдьан иһитиннэрэр үгэс баара. Мин бэйэм хомсомуоллуу сылдьан элбэх ыал дьиэтин кэрийэн турабын.
 
– Дьон хайдах ылынна?
 
– Үчүгэйдик. Дьон: “Почта дьааһыгыттан аҥаардас кумааҕыны-хаһыаты ылан аахпыттааҕар, быыбар хамыыһыйатын чилиэннэрин кытта атах тэпсэн олорон кэпсэппиппит үчүгэй, ахтыбыт эбиппит”, – дэһэллэр. Үчүгэйэ диэн, биһиги билигин ити ахтыллыбыт 73% дьон хайдах куоластыыра табыгастааҕын биллибит. Холобур, “Баайаҕа куулатыгар олорор Иванова кэлэр кыаҕа суох, дьиэтигэр тиийэрбит ордук” диэбит курдук. Ким ол күн бастакытын быыбардыыр, ким эрэ атын эрэгийиэҥҥэ доруобуйатын көрдөрө, үлэлии барар... Ону биллибит.
 
 
КУТТАЛ СУОХ БУОЛУУТА
 
2887468012a665e4086b62835b5d3855mytyshi.ru
 
– Уустук кэмҥэ быыбар кэмигэр куттал суох буолуутун хааччыйыы – туспа боппуруос. Итини чааһыгар туох үлэ барда?
 
– Бастатан туран, кулун тутар 1 күнүгэр диэри бары быыбардыыр учаастактар баһаартан уонна террортан сэрэхтээх буолуу бэрэбиэркэтин ааспыттара. Иккиһинэн, Арассыыйа үрдүнэн 40 тыһыынча быыбардыыр учаастакка видеонан кэтээн көрүү оҥоһуллуохтаах. Ол аҥаардас дьон хайдах куоластыырын, үлэ-хамнас хаамыытын кэтээн көрүү эрэ буолбатах. Аан дойду интэриэһэ улаханынан, быыбар түмүгэ сиэрдээх, кырдьыктаах, аҕаһас буоларын туһугар эмиэ оҥоһуллар. Саха сиригэр барыта 800-тэн тахса быыбардыыр учаастак баар буоллаҕына, онтон 283 учаастагар иккилии камераны холбоотубут. Ол устуутун быһа көрүөххэ сөп. Оттон онно хапсыбатах учаастактарга көннөрү “видеофиксация” диэн оҥоһуллуоҕа. Судургутук быһаардахха, оннук учаастактарга 15 чыыһылаҕа сарсыада 8 чааска көннөрү камералары холбоон баран, 17 чыыһылаҕа түүн куоластааһын ааҕыллан бүттэҕинэ араарыахпыт. Уһуллубут матырыйаал 3 ый устата анал сиргэ хараллыаҕа.  
 
– Камералар тугу усталларын киһи барыта көрүөн сөп дуо?
 
– Уопсастыбаннай кэтээн көрөр пууннар диэн бааллар. Холобур, оннук пуун Дьокуускайга Курашов уул. 22 дьиэтигэр, Идэлээх сойуустар дьиэлэригэр, 6 этээскэ баар. Өрөспүүбүлүкэ араас муннугар үлэлии турар камералар устууларын “быһа эфиргэ” онно көрүөххэ сөп. Биллэн турар, киһи барыта буолбатах. Арай  хандьыдааттар, баартыйалар бэрэстэбиитэллэрэ, дьон быраабын боломучунайдара, РФ ХБК-та, Сыыппара министиэристибэтэ, аккредитациялаах суруналыыстар, о.д.а. көҥүллээх дьон көрүөхтэрин сөп.
 
 
ТАСТАН ДЬАЙЫЫ
 
photo 2023 09 08 06 58 50yk24.ru
 
– Эмиэрикэ, Дьобуруопа бэлиитикэтэрэ “Арассыыйа биһиги быыбарбытыгар ороосто” диэн айдааралларын мэлдьи истэбит. Оттон кинилэр биһиэхэ “орооһуохтарын” сөп дуо?
 
– Арассыыйа бары эрэгийиэнин, этэргэ дылы хас биирдии улууһун-оройуонун хабар, ГАС “Выборы” диэн сабыылаах анал тиһик баар. Ол күүстээх, судаарыстыбаннай таһымнаах көмүскэллээх. Учаастактар быыбардарын түмүгүн онно угаллар, ол информация быһа биһиэхэ, Москубаҕа ааһар. Онно бэрт аҕыйах киһи киирэр көҥүллээх. Көмүскэлэ улахан бэрт. Быыбар кэмигэр тиһиккэ, бэл, биһиги кыайан киирбэппит. Онон тас дьайыыттан көмүскэллээхпит.
 
Оттон провокация-диверсия туһунан эттэххэ, билиҥҥи туругунан, ол ордук арҕааҥҥы эрэгийиэннэргэ суоһуон сөп, сэрэхтээх. Ол иһин ИДьМ, Росгвардия, быыһыыр сулууспалар, уопсайынан, элбэх структура ити чааһыгар үлэлэһэ сылдьар. Ол да буоллар Саха сиригэр 333 быыбардыыр учаастакка тимири көрдүүр детектор турда. Онтон 128 – улуус кииннэригэр, 103 – Дьокуускайга. Детектор суох сирдэригэр тимири көрдүүр дьоҕус тэриллэри туһаныллыахтара. Учаастак аайы полиция үлэһитэ баар буолуоҕа.
 
– Быыбар күн сорох киһи үлэтигэр-дьуһуурустубатыгар, сорох балыыһаҕа-атын сиргэ сылдьар буолуон сөп. Оннук дьон эрдэттэн сайабылыанньа биэрэн атын сиргэ куоластыыр бырааптаахтара. Төһө элбэх сайабылыанньа киирдэ?
 
– “Мобильный избиратель” мэхэниисим нөҥүө сайабылыанньаны тохсунньу 29 күнүттэн кулун тутар 11 күнүгэр диэри тутабыт (бу кулун тутар 11 күнүнээҕи кэпсэтии – “Кыым”). Ол быһыытынан, кулун тутар 8 күнүнээҕи туругунан, баар буолар сирдэринэн куоластыырга 42 913 сайабылыанньа киирбитэ. Ол иһигэр МФЦ нөҥүө – 555 киһи, ТИК нөҥүө – 8 940 киһи, УИК нөҥүө – 2815 киһи, “Госуслуги” нөҥүө – 30 603 киһи.
 
БЫЫБАРДААЧЧЫ АХСААНА
 
gorod yakutsk2manezh-saratov.ru
 
– Быйылгы туругунан, Саха сиригэр хас куоластааччы баарый?
 
– 2024 с. тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, 638 429 быыбардааччылаахпыт.
 
– Бу быыбарга нэһилиэнньэ хас бырыһыана кыттыа диэн сылыктыыгыт?
 
– Биһиги оннук сабаҕаны оҥорбоппут. Биһиги быыбар тэрээһинин хааччыйабыт, этэҥҥэ барарын туһугар үлэлиибит. Оттон хас киһи кыттыан сөбүн атын эспиэрдэртэн, ырытааччылартан ыйытыаххытын сөп буолуо.
 
– Иван Михайлович, кэпсээниҥ иһин махтал!
 
Альберт КАПРЫНОВ.

Бүтэһик сонуннар