Киир

Киир

Бэс ыйын 27 күнэ аан дойдуну да, биһиги дойдубутун да сатарытар, соһутар сонуннардаах күн буолан биэрдэ. Бу күн Эмиэрикэҕэ CNN телеханаал АХШ бэрэсидьиэнигэр хандьыдааттары киирсиһиннэрбит дебатыгар Трамп Байдены 67:33 ахсаанынан, ыт кус оҕотун тутарын курдук, үлтү убахтаан кэбиспит. Дэмэкирээттэр бэрэсидьиэммит хотторор буолбут диэн ыгылыйбыттар аҕай. Оттон билиҥҥитэ Байден туоруур, дэмэкирээттэр атын киһилэринэн бэйэтин солбуйтарар санаата суох курдук.
 
 
МИГРАЦИЯ ТУҺУНАН КЫРДЬЫК
 
Оттон Арассыыйаҕа ити күн С.-Петербурга аан дойдутааҕы юридическай пуорум “Аныгы Арассыыйа миграцияҕа бэлиитикэтин быраап өттүттэн көрүүлэр” диэн сиэссийэтигэр РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин (СК) бэрэссэдээтэлэ Александр Бастрыкин былаас уонунан сылларга киһилии быһаарбакка, сааһылаабакка дьону кэлэппит миграциятын тиэмэтин дьиксиннэриилээх кырдьыгын арыйан, сытыытык хаарыйда. Таарыччы миграцияны бэрээдэктиир сокуон ылыллан испэтиттэн норуот курдук эмиэ санаата оонньуур быһыылаах: Госдуманы “государственная дура” диэн ааттаабыта ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитин курдук ньириһийдэ. Ити “дьээбэ тыллары” “Царьград” биэрии кэмэнтээрийдэригэр көрбүтүн эттэ эрээри, Госдума сорох өһүргэммит дьокутааттарыттан ураты ким да “сыыһа саҥардыҥ” диэбитэ иһиллибэтэ. Төттөрүтүн, соцситимнэргэ өйөөһүн, хайҕааһын бөҕө.
 
Бастрыкин миграция туһунан норуот хаһан да истибэтэх, чахчы, дьиксиннэриилээх сыыппараларын аҕалла. Кини Арассыыйаҕа билигин 13–14 мөл. мигрант баар диэтэ. Дойдуга 146 мөл. киһи олорор буоллаҕына, ол аата хас онус киһи – мигрант. Александр Иванович бу дьыл бастакы 4 ыйыгар Москубаҕа – 1,2 мөл, Подмосковьеҕа – 880, С.-Петербурга 860 тыһ. мигрант кэлбит диэтэ.
 
Туох да хонтуруола суох кэлэллэриттэн дойдуга миграция эйгэтигэр чахчы уустук быһыы-майгы үөскээбит. 2023 с. миграннар Арассыыйаҕа 38936 буруйу оҥорбуттар, олортон ураты ыарахан буруйу – 32%, ыарахан буруйу оҥоруулара 26% үрдээбит. Элбэх буруй Самара, Челябинскай, Тамбов, Кемерово, Пенза уобаластарыгар, Алтаай кыраайыгар оҥоһуллубут. Экстремистии буруй 147% үрдээбит. “Крокус-Сити” алдьархайын да ылыҥ. Ол иһин Бастрыкин мигрант, омук дойдутун киһитэ буруйу оҥорбутун суут күүскэ накаастыахтаах диэн туруорсар. “Миграннар хайа да буруйтан харчы төлөөтүлэр да быыһаналлар” диэн хоруупсуйаттан дуу, сокуон ситэтэ суоҕуттан дуу үөскээбит өйдөбүл оччоҕо биирдэ кыайтарар.
 
Бастрыкин миграция кыһалҕатынан балачча өр дьарыктанар. Кини биллэр этиилэриттэн биирэ маннык: “АБДь кыттыан баҕарбат миграннар гражданстволарын быһарга” диэн. Арассыыйа гражданина буолла да, дойдуну көмүскүүр эбээһинэһин толоруохтаах диэн турар. Ити санаатын олоххо киллэрбит, былырыын СК иһинэн анал кэмитиэт тэрийэн, пааспар ылар омуктары байыаннай учуокка туруортарбыт. Барыта 30 тыһ. киһини учуокка туруорбуттар, олортон 10 тыһ. киһини АБДь ыыппыттар. Онно баран инники кирбиигэ буолбакка, окуопа хаһыытыгар, байыаннай тутууга үлэлииллэр эбит.
 
 
ТУҺАНА, БУРУЙУ ОҤОРО КЭЛЭЛЛЭР
 
 2e7b4fd44e1bd9c726733fc3d72082c1Хаартыска: rosmigrant.ru
 
Бастрыкин аһаҕастык: “Миграннар манна үлэлии кэлбэттэр, Арассыыйа харчытын, чэпчэтиилэрин туһанаары кэлэллэр. Үс ыйынан гражданство ылаллар, оттон атын дойдулартан кэлбит нуучча хааннаах дьоммутугар сылы сылынан биэрбэттэр”, – диэтэ. “Туһана кэлэллэр” дииригэр киһи сөбүлэһэр. Арассыыйа гражданина буолбут, урут кэпсэппит омуктарым бары, бастатан туран, тугу ылбыттарын, тугу туһаммыттарын кэпсээн барааччылар. Онон, хата, биир улахан салайааччы омуктарга туох баарбытын барытын туран биэрэрбит сыыһа, эбээһинэстээх буолуохтаахтар диэн уот харахха эттэ буолбатах дуо?
 
Кини СК миграннар таах кэлиилэрин хааччахтыыр, миграцияны бэрээдэктиир сокуон бырайыагын Госдумаҕа киллэрэр бырааба суоҕуттан кыһыйар эбит. Оттон оннук бырааптаах, кыахтаах быраабы араҥаччылыыр уорганнар миграцияҕа кыһаллыбаттар диир. Бастрыкин этэриттэн көрдөххө, миграция боппуруоһугар борокуратуураны кытта күүскэ хатыһаллар эбит. СК миграция эйгэтигэр тахсыбыт буруйу көбүппүт холуобунай дьыалаларыттан борокуратуура көтүрбүтэ элбэх эбит. Онон кини борокуратуураны кытары киирсэргэ туспа ньымаламмытын кэпсээтэ. Борокуруордар СК холуобунай дьыалаларын көтүрдэхтэрин аайы, хаттаан саҥаттан көбүтэн иһэр эбит. Оннук сороҕор 3–4 төгүлгэ тиийэ хатыһаллар эбит.
 
Бастрыкин миграннары учуокка туруорууга полиция үлэһиттэрин ортотугар буруйу оҥоруу аҕыйаабатын эттэ. Билигин сокуону кэспит Ис дьыала 77 туһааннаах үлэһиттэригэр холуобунай дьыала тэриллэ сылдьарын эттэ.  
Кини РФ Бырабыыталыстыбатын “миграннарга кыһаллар, адаптацияланар, олохторун таһымын үрдэтэр, ол эрээри аһара элбэх киһи кэлиитин аҕыйатар биир да соруга суох” былаанын кытта сөбүлэспэтин кэпсээтэ. Ити этиитин кини биир мунньахха РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытыттан "дойдуга тутууга хас мигрант нааданый" диэбитигэр, 400 тыһ. диэн хардарбытын эппитэ бигэргэтэр.
 
 
ДУУМАНЫ ХААРЫЙЫЫ
 
original 1pox
Хаартыска: Евгений Разумный / Ведомости
 
 
Дуумаҕа сыһыаннаан Бастрыкин саалаҕа “биир эмэ Госдума дьокутаата баар дуо?” диэн ыйытта. Өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, саалаҕа Госдуматтан соҕотох биһиги Сардаана Авксентьевабыт баар эбит, онон дьокутааттар оннуларыгар эппиэттэстэ. Бастрыкин киниттэн “Дуума дойдуга миграцияны киһилии бэрээдэктиир саҥа үчүгэй сокуоннары ыларга интэриэстээх дуу, суох дуу” диэн ыйытта. Салгыы “очень бы хотелось узнать, когда хорошие законы примет наша Государственная дура, извините” диэбитэ “кынаттанан”, аан дойдуну барытын тилийэ сүүрэн, Бастрыкин Арассыыйаҕа миграннары бэрээдэктииргэ ылсыбыт норуот итэҕэйэр салайааччыта буолбутун көрдөрөр тылларын эттэ.
 
Бастрыкин миграцияны хайдах бэрээдэктиэн баҕарарый? Кини «Самое главное — изменить миграционную политику России, точно обосновать необходимость, а может быть, даже вообще сделать так, чтобы внутренние ресурсы решили свои политические, экономические, национальные и другие проблемы» диир. Кини “үлэ биэрээччилэр миграннары ылалларыгар хайаан да дойдуга куттал суох буолуутунан салайтарыахтаахтар” диэн биисинэскэ туһаайан эттэ. Сэбиэскэй кэм уопутун туһанан, үлэҕэ бэйэбит дьоммутун дьоһуннаах хамнастаан, усулуобуйа тэрийэн туһанарга ыҥыран: «Самое главное — изменить миграционную политику России, точно обосновать необходимость, а может быть, даже вообще сделать так, чтобы внутренние ресурсы решили свои политические, экономические, национальные и другие проблемы», – диэтэ.
 
 
БЭЙЭБИТ ДЬОММУТУН ҮЛЭҔЭ ТАРДЫАҔЫҤ
 
IMG 2295 11zonХаартыска: СИА
 
 
Кырдьык, Сталин индустриализациятыгар, кэлиҥҥи Бүтүн Сойуустааҕы тутууларга ССРС атын дойдулартан миграннары аҕалбата, дойду ис кыаҕын, бэйэтин дьонун түмэн, үчүгэй хамнастаан, усулуобуйа тэрийэн баран мунньан быһаарара. “БАМ-ы тут, оҥор диэн баартыйа ыҥырда” диэн ырыаны саныаҕыҥ. Оттон билигин үлэтэ суох, быстах хамнаһынан сылдьар эр дьон, эдэр ыччат олус элбэх. Бу дьоҥҥо үлэ тэрийэргэ, хамнастыырга болҕомто ууруллубат диэн билиниэххэ. Ол түмүгэр, эр дьон АБДь-га эрэ бардахтарына, үрдүк хамнастаныахтарын сөп балаһыанньата үөскээтэ буолбатах дуо?
 
Биһиги мигрант үксэ тутууга, ыарахан үлэҕэ кэлэр диэн саба быраҕан саныыбыт. Онтубут баара, кэлбит дьон 13% эрэ тутууга баар эбит. Ити Бастрыкин Арассыыйаҕа туһалыы буолбакка, туһана эрэ кэлэллэр диэн этэрин өссө төгүл бигэргэтэр курдук.
 
СӨ ИДьМ 2024 с. тохсунньу 1 күнүн дааннайынан Саха сиригэр 21992 омук гражданина баар эбит. Таджикистантан – 10186, Кыргызстантан – 8463, Узбекистантан – 7078, Арменияттан – 1866, Казахстантан – 1474. 2023 с. 1466 мигрант Арассыыйа гражданина буолбут. Манна туох дьиктиргэтэрий? Кыс ортото 22 тыһ. киһи тугу үлэлээн айахтарын ииттэллэрий, дойдуларыгар дьиэ кэргэннэригэр хантан харчыланан ыыталларый? Балтараа тыһыынча киһи биир сылга гражданин буолбут буоллаҕына, отучча сыл устата баһаам элбэх киһи (50 тыһ.) буоллаҕа. Бу дьон оҕолоро итэҕэллэрин, Арассыыйа дьонуттан атын сыаннастарын тута сылдьаллара саарбахтаммат.
 
Биһиги бүддьүөппүтүгэр омуктар кэлэн хамнастаналларыгар анаммыт ыстатыйалар, хаһыстахха, суох буолбатахтар. Ити харчыны сыл аайы итинтэн уос-тиис салаһар тойоттор оҥороллор диир сыыһа буолбата буолуо. Холобур, сэбиэскэй кэмтэн “косметическай өрөмүөн” диэн “холтуурсук омуктар” ылар харчылара билигин да көрүллэр. Аны өр турар хаачыстыбалаах, үйэлээх гына оҥорууну, эппиэтинэһи ирдээбэппит. Сыл аайы куораттарбытыгар, сэлиэнньэлэрбитигэр бордюр хостооһуна, уларытыыта, аспаал өрөмүөнэ, дьиэлэр истиэнэлэрин штукатурката, кырааската, дьон сылдьар тротуардарын билииккэлэрин уларытан биликтэһии уо.д.а. курдук үлэлэр уонна саамай кылаабынайа – тутуубут миграннар хамнастаналларыгар анаан оҥоһуллар курдук.
 
Сонньуйан эттэххэ, быйыл куораппыт киинигэр саҥа маастар-былаанынан ууруллубут билииккэлэри көрдөххө, үчүгэйдэрэ бэрт. Ол эрээри эһиилгиттэн “эргэрдэ, сыыһа ууруллубут” диэн уларытан барыахтарын сөп диэн санаа көтөн түһэн, киһи хараастар. Оттон ити үлэҕэ бэйэбит дьоммут сатаан үлэлиир кыахтара суох дуо?
 
Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев: “Тутуу күүскэ баран, бүддьүөттэн үбүлэнэр элбэх эбийиэк дьэндэйдэ, олору хааччыйыыга, хомунаалынай хаһаайыстыбаны тутууга 4–5 сылынан бүддьүөт үбэ тиийбэт үлүгэрэ буолуо”, – диэтэ. Онон бүддьүөтү кытаанахтык эрэбиисийэлиэххэ наада. Ол иһигэр ити “миграннары хамнастыырга” анаммыт быстах үлэлэри аҕыйатыахха.
 
Сайдыылаах дойдулар үрдүк таһымнаах исписэлиистэри ыҥыраллар, олор дойдуларын сайыннараллар. Оттон биһиэхэ үөрэҕэ суох, нууччалыы да сатаан саҥарбат, олохтоох омуктары убаастаабат, бэйэлэрин бэрээдэктэрин эрэ олохтуур миграннар кэлэллэрэ сыыһа. Чэпчэки, сүөгэйин эрэ баһан ылар үлэҕэ хото сылдьалларын бары көрөбүт. Таксига үлэлииллэрэ бобуллубута да, омук таксиһа хара баһаам. Гражданин буолбут дьон туһана сырыттахтара.
 
Түмүктээн эттэххэ, үөрэхтээх, билиилээх миграннар креативнай экэниэмикэбитин, АйТи салаабытын, атын да салааларбытын үрдүк технологияларынан сайыннара кэллиннэр – утарбаппыт. Оччоҕо бүддьүөппүт үбүлэниитин элбэтэн, А.И. Еремеев этэр улахан кыһалҕатыттан быыһаан абыраатылар диэн махтаныахпыт этэ.
 
Владимир Степанов.
Хаартыска: © Руслан Шамуков, Росконгресс

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар