Киир

Киир

Тохсунньу 25 күнэ – аан дойдуга Устудьуон күнэ, ол эбэтэр Татыйаана күнэ бэлиэтэнэр. Киһи олоҕун саамай ураты кэрэ кэрдиис кэминэн устудьуоннуур сыллара буолар. Үгүс көлүөнэ дьон устудьуоннаабыт сылларын ахтар-саныыр, оччотооҕу кэм истиҥ иэйиитигэр сылаастык куустарар. Устудьуон өрүү үөрэх-билии, сайдыы суолунан хаамар, таптыыр уонна таптатар аналлаах. Бу барыта киһи сирдээҕи олоҕун бэлэҕэ, эдэр сааһын киэргэлэ уонна саамай сүрүнэ талыахтаах идэтигэр көмө тирэҕэ буолар.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр баар суос-соҕотох сахабыт салаата үгүс элбэх көлүөнэ ыччаты иитэн-үөрэтэн, олоххо уонна төрөөбүт тылга бэриниилээх гына иитэн таһаардаҕа. Ол инникитин кэнэҕэски ыччаты үрдүккэ, сырдыкка угуйуо турдаҕа. Араас кэмҥэ үөрэнэн ааспыт дьону кытта устудьуоннаабыт сылларын туһунан кылгастык ыйыталаһан билистим. Билигин кинилэр бары талбыт идэлэригэр бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар, Сахабыт сирэ сайдарын туһугар олуктарын уураллар.

окорокова

Варвара Борисовна Окорокова, тыл билимин дуоктара, ХИФУ “Саха литэрэтиирэтэ” хаапыдыратын бэрэпиэссэрэ:

- Устудьуон сыллар - киһи олоҕор саамай умнуллубат кэрэ көмүс сыллар. Көҥүл, үөрүү, кыһалҕата суох эдэр саас. Кэрэ дьоҥҥэ, учууталларга үйэм тухары сүгүрүйэбин. Үтүө доҕоттору кытта күн бүгүнүгэр диэри бииргэ алтыһан олох олоробут. Талан ылбыт идэбин олус таптыыбын. Билиҥҥээҥҥэ диэри үлэлии сылдьабын. Оттон билигин атын куораттарга, тас дойдуларга үөрэнэр оҕолор наһаа үрдүк сыаллаахтар уонна ону ситиһэллэр. Биһиги устудьуоннарбытыгар ол тиийбэт, атаахтар, бэлэмҥэ сылдьаллар. Чэ, үөрэнниннэр, олоххо ситиһиилээх, кыайыылаах дьон буоллуннар.

крылова

Наталья Крылова, В.М. Членов аатынан Дьокуускайдааҕы саха индустриальнай-педагогическай коллеһын преподавателэ:

- Саха судаарыстыбаннай үнүбэрсиэтигэр үөрэммит үтүө сылларым, устудьуоннуур кэрэ кэмнэрим эдэр сааһым биир умнуллубат түгэнэ буолар. Төрөөбүт дойдуларыгар, ийэ тылларыгар, талан ылбыт идэлэригэр бэриниилээх, дириҥ билиилээх учуонай учууталларга үөрэммиппиттэн олуһун киэн туттабын. “Саха тылын учуутала сайдыыны түстүүр, бары өттүнэн дэгиттэр буолуохтаах” диэн этиилэрэ өйбөр билиҥҥэ диэри баар, онон тыа сиригэр үлэбин эрчимнээхтик саҕалаабытым. Оттон былырыын 2023 сылга Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай үнүбэрсиэт норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн “Культурология” хаапыдыратын иһинэн үлэлиир “Региональнай култуура” магистратуратын кыһыл дьупулуомунан бүтэрбитим. Бу үөрэххэ, науканан утумнаахтык дьарыктанан өбүгэлэрбин чинчийэн, сааһылаан, төрүччү оҥорон, үлэбин ситиһиилээхтик көмүскээбитим. Аймах-билэ дьоммор дьоһуннаах бэлэх буолла дии саныыбын. Хаапыдырам туох баар уһуйааччыларыгар, салайааччыларбар Г.С. Попова-Санаайаҕа, С.С. Протопопов-Арчын Уоттуга уонна Н.С. Шкуркоҕа махталым, тапталым муҥура суох. Киһи дьонунан баай дииллэринии, устудьуон сылларым миэхэ эрэллээх доҕоттору, киэҥ билиилээх, сайдыылаах дьону кытта билсэн алтыһарбар кыаҕы биэрбититтэн билигин астына, махтана саныыбын уонна бэйэбин толору дьоллооҕунан ааҕынабын.

IMG 0930

Сандаара Тобонова, Булун улууһун Бороҕон орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.

- Устудьуоннуур кэмнэрим Сэргэлээххэ ааспыттара... Баҕар урукку кэми аһары романтизациялаан дуу, эбэтэр дьылҕам сирдээн кулбута дуу? М.К. Аммосов аатынан ХИФУ норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн “Саха литэрэтиирэтин” хаапыдыратыгар “Айар үлэһит - 16” үөрэҕэр олоҕум биэс чаҕылхай сыла ааспыта. Кырдьык умнуллубат үтүө кэрэ кэрдиис кэм буоллаҕа. Устудьуон, эн билигин саҥа сыл сынньалаҥыттан кэлэн үөрэх хаамыытыгар дьэ саҥа үктэнэн эрэрин буолуо. Биһиэхэ эмиэ оннук этэ. Туман быыһынан ыксыы-ыксыы сессия туттарыыта, аан таһыгар бииргэ үөрэнэр оҕолоргун күүтүү. Уопсайбыт үчүгэй, ыраас да этэ. Үлэҕэ, ырааска үөрэппитэ. Билигин онон оргууйдук хааман аастахпына сүрэҕим күүскэ тэбэн ыларга дылы буолар. Хаһан эрэ диэн... Чаҕылхай кэмнэр, түгэннэр кырдьык олус элбэх этилэр. Түһүү, тахсыы да элбэҕэ. Мунан хаалыы суола эмиэ баара. Ол эрэн хайа эрэ кэмҥэ уһуктаҕын. Онон, сүбэлиэм этэ – мин курдук хойутуу уһуктаайаххыт. Бириэмэни кытта оонньообокко, араас бэриллибит түгэни хаба тардан, инниҥ диэки куттаммакка баран ис диэхпин баҕарабын. Баҕар, ити урукку бэйэбэр сүбэ буолуо. Чахчы даҕаны айар үлэһит курдук “Сэргэлээх уоттара” диэн литературнай куруһуокка киирбит күммүтүттэн сырдаан барбыта. Бэйэҥ курдук айар дьоҕурдаах оҕолору кытта алтыһыы. Кинилэр ис дууһаларын арыйыы. Ол эмиэ бэйэтэ чаҕылхай түгэн этэ. “Сэргэлээх уоттара” мин олохпор туспа улахан ураты миэстэни ылар. Устудьуоннуур кэмнэрбит, ама, маннык түргэнник бүтүө диэн сэрэйэр этибит дуо? Суох буоллаҕа дии. Билигин номнуо учууталлыы сылдьан ол кэрэ кэмнэри саныыбын ээ. Устудьуон, бу кэмнэри, түгэни умнума. Бу кэм хаһан даҕаны эргийиэ суоҕа.

молоткин

Айаал Молокотин, Саха НКиК Уус-Алданнааҕы филиалын кэрэспэдьиэнэ:

- Устудьуоннаабыт сылларым саамай умнуллубат кэрэ кэмэ 2015 сыл буолар. Үөрэхпэр ситиһиилэнэн, ити сылга дойду тэбэр сүрэҕэр Москубаҕа Ороһооспо сынньалаҥар хапсаммын, баран күүлэйдээн, үөрэн-көтөн кэлбитим. Оттон сайын Алтайга, Хакасияҕа устудьуоннары кытта комплекснай научнай экспедицияҕа сылдьыбытым. Манна түүр омуктар литэрэтиирэлэрин, култуураларын бэйэбит сахабыт омугун кытта тэҥнээн көрбүппүт. Ол олохпор биир умнуллубат үтүө түгэн буолар. Итиэннэ устудьуоннаабыт сылларым бэлэхтээбит доҕотторун кытта күн бүгүнүгэр диэри сибээспитин быспаппыт, бары бииргэ сылдьабыт тутуспутунан. Онон, устудьуоннуур кэмҥитигэр үгүс үчүгэй, элбэх эрэллээх доҕоттордонуҥ уонна үөрэххитиэр ситиһиилэри баҕарабын. Харса суох научнай конференцияларга кыттан иһиҥ, уопсастыбаннай дьыалаларынан дьарыктаныҥ, оччотугар Ороһооспо сынньалаҥар барарга хапсыаххытын сөп.

Кэпсэттэ Артем Осипов

Бүтэһик сонуннар