Сир иэнэ киэҥ, саха ыччата ханна-ханна тиийбэтэҕэ, үөрэммэтэҕэ, үлэлээбэтэҕэ баарай? Аан дойду бастыҥ университеттарыгар граҥҥа кыайбыт оҕолортон биирдэстэрэ, Дьокуускай куорат 17-с №-ээх оскуолатын кыһыл көмүс мэтээллээх бүтэрбит Айаал Никитин буолар. Харбиннааҕы политехническай университекка 1+4 бырагырааманан сахаттан 100%-наах граны ылбыт бастакы устудьуон. Этэҥҥэ сэмиэстирин түмүктээн, дойдутугар кэлэ сылдьарыгар түбэһэ биэрэн кэпсэттибит.
Харбиннааҕы политехническай университет 1920 сыллаахха тэриллибит. Күн бүгүн 30 дойду 150 университетын кытта үлэлэһэр, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах үөрэҕи биэрэр Кытай биир улахан уонна ТОП-10 иһигэр киирэр үрдүк үөрэх кыһата. Чинчийии, патент өттүнэн Гарвард, Стэнфорд, Беркли үөрэхтэрин кэнники сылларга куоһарар эбит. Ордук инженерия, тутуу, архитектура, авиация, автоматизация хайысхаларыгар Кытайга бастыҥ көрдөрүүлээх.
– Айаал, дьэ, кытай курдук уустук тыллаах дойду биир саамай эриэйтиннээх үөрэҕэр хайдах туттарсан киирдиҥ?
– Муусука оскуолатыгар үөрэнэ сылдьаммын, остуол тиэнниһин сөбүлээн, успуорка баран хаалбытым. Биһиги Монголияҕа ыытыллыахтаах “Азия оҕолоро” оонньууга сааспытынан хапсар этибит. Мин Саха сирин хамаандатыгар хандьыдаат быһыытынан сылдьыбытым, 6-с, 8-с кылаастарга Харбиҥҥа биирдии ыйдаах эрчиллиигэ барбыппыт. Онон Кытайы кытта билсиим оскуолаттан саҕаланнаҕа дии. Инники идэбин архитектураны кытта сибээстиир былааннаах этим. 10-с кылааска ийэбиниин үрдүк үөрэх кыһаларын сыымайдаабыппыт, ол иһигэр омук дойдуларын эмиэ көрбүппүт. Оннук сылдьан, Харбиннааҕы политехническай университекка иҥнэ түспүппүт, аан дойду таһымыгар эриэйтинэ да үчүгэй этэ. Оскуолам кэннэ ХИФУ архитектура үөрэҕэр испииһэккэ иккис киһинэн киирбитим. Онтон Харбинтан бэлэмнэнии кууруһугар ааспытым туһунан сөбүлэҥ кэлбитигэр докумуоммун ылан, Кытай үөрэҕэр сыалламмытым. Ол саҕана хоруона хамсыга туран, сыл аҥаара онлайн үөрэммиппит, онтон сааһыары кыраныыссаны арыйаннар, миэстэтигэр үөрэнэ барбыппыт. Преподавателлэр бастаан аангылыйа тылынан саҥараллара, онтон устунан кытай тылыгар көспүппүт. Сыл бүтүүтэ HSK-4 (кытай тылын билии таһыма, уопсайа кытай тыла 6 таһымнаах) таһымҥа күннээҕини быһаарсар буолбутум. Туттарсыыга аттестаты көрбүттэрэ уонна тылы баһылаабыт таһыммын. Баҕалаахтар 30-ча этибит, граҥҥа иккиэ буолан тиксибиппит. Кытайдар бэйэлэрин истэригэр туттарсыы күрэһэ олус күүстээх эбит, омук оҕолоругар оччо айылаах кытаанах ирдэбил суоҕа. Бөлөхпүтүгэр 60-чабыт, Арассыыйаттан 5 устудьуон баар, соҕотох сахабын.
– Университетыҥ туһунан кэпсээ, үөрэтэллэрэ хайдаҕый, төһө ыарырҕа-таҕын?
– Үөрэхпитигэр кытайдары кытта тэҥҥэ үөрэнэбит. Ыарахана диэн – үрдүкү математика. Кытай оскуолата 12 кылаастаах, үрдүкү математиканы оскуолаттан үөрэтэллэр, инньэ гынан балтараа, икки сыл урутаан иһэллэр. Арай бастакы лиэксийэҕэ тиийбиппэр, түргэн баҕайытык хатылааһыны ааһан кэбистилэр. Мин тугу да өйдөөбөтүм, “чэ, бүттэхпит дии, үүрүллэрим буолуо” дии санаатым. Бастаан утаа преподаватель саҥарарын 30% эрэ өйдүүр этим. Тиэрмин эҥин элбэх буоллаҕа, киһи тута быһаарсыбат. Тылбар улахан болҕомто уурдум, үөрэҕим кэнниттэн бибилэтиэкэҕэ эбии дьарыктанан бардым. Ордук математикабар кыһалынным. Хата, син ситистим, бырагыраама 90%-нын ылынар буоллум. Хас сэмиэстир аайы күүстээх тургутугу ыыталлар, үчүгэйдик туттарбыт эрэ устудьуон салгыы үөрэнэ хаалар. Мин сэмиэстирбин этэҥҥэ саптым. HSK-5 туттарыахтаахпын. Архитектура үөрэҕэ ыарахан буолан, 5 сыллаах бакалавриат. Бэлэмнэнии кууруһун аахтахха, уопсайа алта сыл үөрэнэбин. Преподавателлэр ирдэбиллэрэ барыларыгар биир, атын дойду оҕото диэн чэпчэтии эҥин көрүллүбэт. Уһуйааччыларга эмиэ баал систиэмэтэ диэн баар эбит, бу сынньалаҥҥа сырыттахпына, “преподавателлэргэ баалла туруор” диэн иһитиннэрии кэлбитэ. Киһи соһуйара диэн, биир эрэ киһиэхэ 10 баал туруораҕын. Холобура, миигин алта киһи үөрэтэр, онно барыларыгар да үрдүк баалы кэрэйиэм суох этэ. Онтум биир эрэ преподавательгэ 10-ну туруорабын, аттыттарга 9, 8, 7 диэн сыаналыыр эбиппин. Онон үөрэтии чааһыгар устудьуоннарга эрэ буолбакка, уһуйааччыларга эмиэ улахан ирдэбил турар.
– Тыый, оччотугар устудьуоннар сыанабылларынан көрөн, преподавателлэргэ туһунан эриэйтини таһаараллар эбит дии. Хата, олус интэриэһинэй эбит, ол аата, үөрэтээччи эмиэ кыһаллар буоллаҕа, дьиҥ хаачыстыбаҕа үлэлиир. Оттон олорор, аһыыр усулуобуйаҥ хайдаҕый?
– Университет иһэ улахан кампус: уопсай дьиэҥ, аһыыр, үөрэнэр куорпустарыҥ – барыта биир сиргэ. Усулуобуйа олус үчүгэй. Хоспор соҕотох олоробун, дуус, туалет, орон, остуол, олоппос, ыскаап баар. Уопсай дьиэҕэ астыыр көҥүллэммэт, иккис этээскэ остолобуойдаахпыт. Университекка элбэх омук үөрэнэр буолан, араас бүлүүдэни астыыллар. Мин туустаах, тумалаах аһыы аһы сөбүлээбэппин, көннөрү ириис, хортуоппуй, куурусса, эт, сымыыт сиибин. Төлөбүрү этэр буоллахха, уопсайга олоруу ыйга – 6 тыһыынча, остолобуойга 150 солкуобайга киһи тото-хана аһыыр. Ол эрээри маҕаһыыннар киэһэ 22 чааска сабыллан хаалаллар, онон түүннэри уруок ааҕар буоллахпына, аһылыкпын эрдэ маҕаһыынтан ылан кэбиһэбин. Сыана былырыын чэпчэки курдук этэ, бу кэнники юань 15 солкуобайга тэҥнэстэ дии, ол хармааҥҥа биллэр буолла.
– «Атын омуктар элбэхтэр» диэтиҥ, устудьуоннары кытта төһө билистиҥ? Сахалар бааллар дуо? Бэрээдэк хайдах быһыылааҕый?
– Мин институппар кэриэй олус элбэх, ону сэргэ Африка, Аргентина, Британия, Бахрейн, Непал, Малайзия устудьуоннара бааллар. Бастаан кэлиибэр кэриэйдэри кытта аангылыйалыы кэпсэтэр этибит, билигин кытайдыы кэпсэтэр буоламмыт, аангылыйам тыла умнулла быһыытыйда. Сахалар бу сылга син кэлбиттэрэ эрээри, соччо билсэ иликпин. Мин көрдөхпүнэ, кытайдар бары биир сирэйдээхтэр (күлэр). Ачыкылаахтар, майгыннаһар соҕус куопталаахтар, үрүсээктээхтэр, киһи кыайан араарбат. Биирдэ лиипкэ биир уол бирибиэттэспитэ, “миигин өйдүүгүн дуо?” диэн ыйыппыта. Хайалара эбитэ буолла? Бу диэн кимниин да эн-мин дэһэр гына доҕордоһо иликпин. Нууччалары кытта кэпсэтээччибин, атын устудьуоннары кытта дьиэҕэ үлэни быһаарсааччыбыт. Ыарахан биридимиэккэ, холобур, математикаҕа, алталыы киһилээх бөлөххө арахсан уруок ааҕаллар. Уонна кытайдар да, кэриэйдэр да фортепианоҕа оонньууллар. Университет иһинэн оркестр баар. Олохтоохтор олус бэрээдэктээхтэр, үөрэхтэригэр кыһаллаллар, этиһии-охсуһуу диэни көрбөккүн. Атын да устудьуоннар үчүгэйдик сылдьаллар.
– Иллэҥ кэмҥэр тугу дьарыктанаҕын, тиэннистиир эҥин буолаайаҕын? Куораты төһө көрдүҥ-иһиттиҥ? Дьоно-сэргэтэ хайдаҕый?
– Суох, манна кэлэн баран биирдэ да тиэннистии иликпин. Пааркаларга оҕонньоттор оонньууллар, уопсайынан, уулуссаҕа элбэх киһи онон-манан дьарыктанар, физкультуралыыллар, үҥкүүлүүллэр, саастаах дьон олус хамсаналлар. Миэхэ үөрэхпиттэн бириэмэ да ордубат. Куораты да бу диэн көрө иликпин. Софийскай собуор, Нууччалар уулуссаларын диэки биирдэ эмэ баран кэлэбин. Дьоно-сэргэтэ олус элэккэй, кэпсэтинньэҥ. Өрүү үөрэ сылдьар дьон, бастаан кэлэн баран наһаа дьиибэргээбитим. Онтон дойдубар кэлэн баран, “дьон тоҕо үөрбэттэрий?” дии саныыбын (күлэр).
– Эн ааккын сатаан саҥараллар дуо?
– Кытай тылыгар “л” буукубанан тыл бүппэт, онон ааппын саҥаралларыгар ыарырҕаталлар. “Айааооо” диэн курдук иһиллэр эбэтэр араспаанньабар майгыннатан “Нисидин” (Никитин) диэн ыҥыраллар. Биһиэхэ, сахаларга, “ү”, “ө” дорҕоонноох буоламмыт, саҥарарга судургу, холобура, нууччаларга тылларын өҕүллүүтэ уустук.
– Дьоҥҥун, дьиэҕин ахтарыҥ буолуо?
– Ахтан. Вайфайынан эбэтэр кытай симкалаахпын, онон нэдиэлэ аайы кэпсэтэбит, бассаабынан суруйсабыт. Атын сиргэ үөрэнэ барбыт оҕо син биир бастаан утаа дьиэтин-уотун, ийэтин аһын-үөлүн ахтар буоллаҕа. Үөрэҕим ыарахан да буоллар, тулуйан, бачча үчүгэй университекка гранынан киирэн бараммын, үөрэхпин бүтэрэр баҕалаахпын. Киһититтэн бэйэтиттэн тутулуктаах, кыһалыннахха, баҕалаах буоллахха, барытын кэмигэр туттаран, бүтэрэн-оһорон истэххэ, хайдахтаах да үөрэх кыайтарыа дии саныыбын. Иккис куурустан физика киириэхтээх, бу сынньалаҥмар, таах сытыахтааҕар, кытайдыы физиканан дьарыктанабын, эрдэ-сылла көрөбүн, үөрэтэбин. Идэбин толору баһылыыр сыаллаахпын-соруктаахпын. Дьиэ кэргэним тутуунан дьарыгырар, онон мин эмиэ тутуу диэки сайдыам этэ.
– Дьэ, маладьыас, кытаат! Аны хоруона кэмигэр Кытай хайдахтаах курдук кытаанах хааччахха олорбутун билэбит, билигин балаһыанньа хайдаҕый?
– Биир да киһи мааска кэппэт. Ол эрээри кэлин дьаҥ күүстээх долгуна кэлэн ааста. Мин эмиэ онно хаарыйтаран ыллым, дьиҥэ, антитела үөскүөхтээҕэ буолуо да, мутация түргэнэ бэрт быһыылаах, тута иккистээн ыалдьан хаалбытым. Хата, дьиэбиттэн эмтээх-томтоох кэлбитим абыраата.
– Билигин күн-дьыл хайдаҕый, Харбиҥҥа тымныйда дуо?
– Бу кыһыҥҥы ыйдарга – 20 кыраадыс тымныы. Сииктээх буолан, киһи сирэйин быһа охсор хаҕыс тыаллаах, курдары үрэн кэбиһэр. Оттон Саха сиригэр “турар” тымныы буолан, салгына тымныыта суох курдук. Харбиҥҥа хаар биирдэ түһэн кэбиһэр, кэлэ-кэлэ түс да түс буолбат. Олунньуттан сылыйбытынан барар. Сайын наһаа итийэр, биһиги, арааһа, бэс ыйыгар бүтэрбит буолуо.
– Дойдугуттан ыраах, буолаары буолан, кыраныысса таһыгар үөрэнэриҥ хайдах эбитий?
– Сөбүлүүбүн, атын дойдуга туттарсыбыппын олох кэмсиммэппин. Харбин университета кэскиллээх, хаачыстыбалаах үөрэҕи биэрэр аан дойду биир үрдүк көрдөрүүлээх кыһата уонна биир сүрүн сыалым – норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах дьупулуому тутуу.
– Айаал, үөрэххэр ситиһиини баҕарабын! Кытай биир бастыҥ кыһатыттан киэҥ билиилээх исписэлиис буолан таҕыс!
Айаана Ларионова.